Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын туһунан сокуон» ылыллыбыта 30 сылын туолла.

Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын туһунан сокуон» ылыллыбыта 30 сылын туолла.

Бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэн дойду үрдүнэн бүрүүкээбит сатарыйыы, ыһыллыы-тоҕуллуу, бэлиитикэ уонна экэниэмикэ кириисиһин саамай уустук кэмигэр үлэлээбитэ, сокуону оҥоруу саҥа тиһигин олохтообута.

Сонун, саҥа, умсугутуулаах

Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһын уонна олохтоох былаас уорганнарын үлэтин салайыыга төрүт буолар, судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтөр сокуоннар ылыллыбыттара. Парламент нэһилиэнньэ бары араҥатын интэриэһин таарыйар, кириисис ыар тыыныттан араҥаччылыыр сокуоннарга болҕомтотун уурбута, тыйыс айылҕалаах хотугу сир уратытын учуоттуур сокуоннары ырытан оҥорууну дойду эрэгийиэннэриттэн бастакынан саҕалаабыта. Ити  сокуоннар экэниэмикэ таҥнары түһүүтүн тохтоторго, күннээҕи олоҕу-дьаһаҕы, үлэни-хамнаһы сүрүннүүргэ сүрүн ырычаах буолбуттара. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ, бөлүһүөк Виктор Данилов 2020 с. суруйбутунан, «бу түһүмэх парламентскай романтика тыыныгар уйдарбыта, революционнай өрө күүрүү уххана биллэрэ. Барыта сонун, саҥа, умсугутуулаах этэ».

И_-02.jpeg

«Эркээйиттэн» саҕалаан

Бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакынан бигэргэппит сокуоннарыттан  биирдэстэрэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын туһунан» сокуон буолар. Бүгүн биһиэхэ бу сокуону оҥорсубут Арассыыйа Федерациятын ыччат бэлиитикэтигэр бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Михайловна Ильина ыалдьыттыыр. Ол кэм туһунан маннык кэпсиир:

– 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар оскуола орто сүһүөх үөрэнээччилэрин иитиигэ тирэх буолбут пионерскай хамсааһын оннугар саҥа, оччотооҕу кэм ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр уопсастыбаннай хамсааһыны тэрийэр наада буолбута. Мин оччолорго Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын уонна пионерскай тэрилтэлэр сойуустарыгар үлэлиирим. М.К.Аммосов аатынан СГУ бэрэпиэссэрэ, педагогика билимин дуоктара Анастасия Оконешникованы кытары Национальнай кэнсиэпсийэ чэрчитинэн, оҕону төрүт үгэскэ, төрүт култуураҕа тирэҕирэн иитэр-үөрэтэр «Эркээйи» бырагыраама барылын оҥорбуппут. Ону Бэрэсидьиэн Михаил Николаев биһирээбитэ уонна ситэрэргэ сорудахтаабыта. Онон, 1992 сыллаахха бастакы сезоҥҥа 300 оҕону кытары 30 улахан киһи буолан, «Океан» лааҕырга тиийэммит, бырагыраамабытын салгыы чочуйбуппут. «Эркээйи» бырагыраама саҥа Арассыыйаҕа оҕону иитиигэ туһуламмыт бастакы бырагыраама этэ, инньэ гынан, атын эрэгийиэннэргэ холобур быһыытынан туһаныллыбыта.

Ити саас Москубаҕа, ыччат уонна оҕо уопсастыбаннай хамсааһыныгар анаммыт мунньахха сылдьыбытым. Ол кэнниттэн Үөрэх министиэристибэтин кэллиэгийэтигэр кыттыбытым. РФ Бырабыыталыстыбата оскуолаҕа оҕолору 9-с кылааска эрэ диэри бүддьүөт суотугар үөрэтэр, 10-11 кылаастарга «туйгуннук» үөрэнээччилэри эрэ босхо үөрэтэр, атыттар (ким баҕалаах) төлөөн үөрэниэхтээхтэрин туһунан балаһыанньаны оҥорбут этэ.

Оо, оччолорго биһиэхэ национальнай оскуола кэнсиэпсийэтинэн улахан хамсааһын саҕаламмыт, урукку тоҕус кылаастаах оскуолалар орто оскуола буолан, күүрэн-хааран үлэлээн ахан эрэр кэмнэрэ этэ дии.

– Дьэ ол иһин мин кэллиэгийэҕэ ити балаһыанньаны утаран тыл эппитим, улаатан эрэр оҕолору саамай быһаарыылаах кэмнэригэр үөрэхтэн матарыы таһырдьа ылан бырахпыкка тэҥнээҕин эппитим, кыһыйбыт-абарбыт уохпар: «Что за дурацкое решение?!» – диэбитим. Атын эрэгийиэннэртэн хас да киһи миигин өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, «Арассыыйа Федерациятыгар булгуччулаах уопсай (9 кылаастаах) үөрэхтээһин туһунан» уураах ылыллыбыта... Дьокуускайга кэлбитим – РФ Үөрэҕин министиэристибэтэ миигин үлэбиттэн устарга ирдиир суруга кэтэһэн сытара.

И_-_01.jpeg

Көмүскэлисокуонунан

Өрөспүүбүлүкэ Үөрэҕин министиэристибэтигэр ол төрүөтүн быһаарбыппар, оччолорго миниистир Будимир Слепцов: «Сөпкө эппиккин», -- диэбитэ. Бу кутталлаах дьаһалтан оҕолорбутун хайдах араҥаччылыыр, уопсай орто үөрэхтээһин оскуолаларын хайдах туруулаһар туһунан кэпсэппиппит. Будимир Дмитриевич өрөспүүбүлүкэ борокуруорун кытары сүбэлэһэн баран, анал сокуон наада эбит диэн, ону оҥорор оробуочай бөлөҕү тэрийбиттэрэ. Инньэ гынан, салайааччынан өрөспүүбүлүкэ борокуруорун солбуйааччы Алексей Данилов, сүрүннээччинэн мин ананан үлэлээбиппит. Даҕатан эттэххэ, 1990 сыл бэс ыйын 13 күнүгэр ССРС «Оҕо быраабын туһунан» Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ 1989 сыллаахха ылыммыт Конвенциятыгар сөбүлэһэрин биллэрэн илии баттаабыт буолан, Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэлэрэ бэйэлэрин тустаах сокуоннарын ылынар бырааптаах этилэр.

1993 сыл күһүнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын туһунан сокуон» барылын уонча варианынан оҥорбуппут, 23 улууска сылдьан педагогтары, уопсастыбаннаһы, оскуола үөрэнээччилэрин уонна кинилэр төрөппүттэрин кытары көрсөн дьүүллэһиилэри тэрийбиппит. Ити кэмҥэ салайааччыбыт ыалдьан хаалан, оробуочай бөлөх үлэтин мин салайбытым.

1994 сыл саҕаланыытыгар саҥа сокуон барылын Бырабыыталыстыбаҕа киллэрбиппит, дьүүллэһиигэ араас санаа этиллибитэ. Холобур, үп миниистирэ уонна ис дьыала миниистирэ утарбыттара. Манна Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Штыров өйөбүлэ быһаарар суолталаммыта. Кини: "Биһиги өрөспүүбүлүкэ кэскилин туһугар, өрөспүүбүлүкэ ис кыаҕын туһаҕа таһаарар туһугар үлэлиибит. Ол оҕолорбутун дьоһун, үөрэхтээх, анал идэлээх, бэйэлэрин дойдуларыгар, норуоттарыгар бэриниилээх дьон гына ииттэхпитинэ эрэ ситиһиллиэҕэ, онон бу олус наадалаах сокуон", – диэбитэ. 

Салгыы сокуон барыла Ил Түмэҥҥэ, чопчулаан эттэххэ, Бэрэстэбиитэллэр Балааталарын пленарнай мунньаҕар көрүллүбүтэ. Сүрүн дакылааты мин оҥорбутум. Дьүүллэһии уһуннук, икки чаастан ордук кэмҥэ барбыта. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын быһаарыыларын утарар кэккэ дьаһаллары ылынар итиэннэ бүддьүөккэ үгүөрү ороскуоту көрөр ирдэнэр этэ. Өссө оскуола дириэктэрэ оҕону оскуолаттан улуус баһылыгын сөбүлэҥэ суох устар бырааба суоҕун, оскуолаттан уһуллубут оҕо салгыы ханна үөрэнэрин биитэр үлэлиирин улуус баһылыга быһаарарын туһунан ыстатыйа эмиэ баара. Сокуон барылын бастакынан норуот дьокутааттара Варвара Петрова, Анатолий Гольдман итиэннэ саамай сүрүнэ Бэрэстэбиитэллэр Балааталарын Бэрэссэдээтэлэ Афанасий Илларионов өйөөбүттэрэ. Уопсайынан, дьокутааттар бары даҕаны саҥа сокуон барыла ылылларын сөптөөҕүнэн аахпыттара итиэннэ бу сокуоҥҥа биир сүрүн тирэх буолбут «Эркээйи» бырагырааманы үрдүктүк сыаналаабыттара. Ол түмүгэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын туһунан сокуон» ылыллыбыта. Ити 1994 сыллаахха, от ыйын 1 күнүгэр этэ.

ТМ_-_2.jpeg

Дойдуга бастакынан

Тыый, Татьяна Михайловна, онтон ыла лоп курдук 30 сыл ааспыт дии!

– Дьэ бу сокуон саҥа, сэбиэскэй былаас кэннинээҕи Арассыыйаҕа оҕо быраабын араҥаччылыыр бастакы сокуон этэ. Биэс бастааҕа, 36 ыстатыйалааҕа. Бу сокуоҥҥа тирэҕирэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын араҥаччылааһыҥҥа улахан үлэ ыытыллыбыта. Бастатан туран, оҕо барыта булгуччулаах орто үөрэҕи ылар кыахтаммыта, ону таһынан «Кыыс Куо», «Үрүҥ Уолан» уо.д.а. курдук кылааһы таһынан дьарыктарга күннээҕи олоххо олус наадалаах идэлэри баһылыыр, айар-тутар, ыллыыр-туойар дьоҕурдарын сайыннарар буолбуттара. Ол кэмҥэ федеральнай сокуон ситэтэ суох орто үөрэҕи эрэ мэктиэлиирэ.

Тустаах биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр гимназиялар, лиссиэйдэр аһыллыбыттара. Урукку өттүгэр сокуону кэспит буруйдаах оҕолор өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр холуонньаҕа ыытыллар буоллахтарына, кинилэргэ анаан Хатаска анал интэринээт-оскуола баар буолбута. Бырабыыталыстыба  иһинэн Оҕо аймах боппуруостарыгар департамент үлэлээбитэ: Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын сойууһун Нина Барашкова сүрүннээбитэ. Кэлин Оҕо быраабын боломуочунайын үнүстүтүүтэ тэриллибитэ.

Олох биир сиргэ турбат, ол сиэринэн кэккэ уларытыыларынан байытыллан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабын туһунан сокуон» күн бүгүн үлэлиир-хамсыыр, аналын дьоһуннук толорор.

Хаартыскалар Т.М. Ильина архыыбыттан

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34