Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Георгий Балакшины Саха Сиригэр билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини саха норуотугар өрөгөй үөрүүтүн бэлэхтээбит спортсмен, буоксаҕа Олимпийскай оонньуулар боруонса призера (Пекин, 2008 с.), Европа үс төгүллээх, Арассыыйа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, РФ успуордун үтүөлээх маастара. Оттон бүгүн хаһыаппытыгар Георгий Руслановиһы норуот дьокутаатын быһыытынан сырдатыахпыт.

Георгий Балакшины Саха Сиригэр билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини саха норуотугар өрөгөй үөрүүтүн бэлэхтээбит спортсмен, буоксаҕа Олимпийскай оонньуулар боруонса призера (Пекин, 2008 с.), Европа үс төгүллээх, Арассыыйа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, РФ успуордун үтүөлээх маастара. Оттон бүгүн хаһыаппытыгар Георгий Руслановиһы норуот дьокутаатын быһыытынан сырдатыахпыт.

Георгий Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ийэтэ Зинаида Алексеевна, аҕата Руслан Дмитриевич Балакшиннар биэс уол оҕолоохтор. Георгий 1980 сыллаахха төрдүс уолунан күн сирин көрбүтэ. «Уолум кыра сылдьан буоксанан дьарыктанарын, кистээбэккэ эттэхпинэ, сөбүлээбэт этим, - диэн кэпсиир Зинаида Алексеевна, - уҥуоҕунан кыратын иһин охсуохтара, кырбыахтара диэн наһаа долгуйарым. Георгий оннооҕор ыарыйдаҕына дьарыгын тохтоппото. «Сыт, эмтэн, үтүөрдэххинэ дьарыктаныаҥ буоллаҕа» диирбин истибэккэ дьарыгар барара. Ити курдук, кини кыра эрдэҕиттэн бойобуой майгылаах. Олус үлэһит, бэйэтигэр да, атын да дьоҥҥо ирдэбиллээх, кыһаныгас, болҕомтолоох сыһыаннаах».

Георгий Русланович билигин бэйэтэ үс уол оҕо амарах аҕата. «Дьиэ кэргэним этэҥҥэ буолара олоҕум сүрүн ситиһиитэ, оҕолорум этэҥҥэ сылдьаллара – бу мин дьолум», - диэн санаатын үллэстэр.

1_copy_copy.jpg

Георгий Балакшин 2008 сылтан бэлиитикэ эйгэтигэр уһаарыллан, уопуттаах бэлиитик быһыытынан биллэр. Ол курдук, 2008-2013 сс. СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) IV ыҥырыытын дьокутаата, 2010-2013 сс. РФ Федеральнай Мунньаҕар Ил Түмэн бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, 2013-2016 сс. СӨ успуордун миниистирин бастакы солбуйааччыта, онтон успуорт миниистирэ, 2021 сылтан СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ, 2023 сылтан Ил Түмэн VII ыҥырыытын дьокутаата, Ыччат дьыалатыгар, физическэй култуураҕа уонна успуортка сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

Норуот туһугар туруулаһыы

--  Бэлиитикэҕэ маҥнайгы хардыылары оҥорорбор миэхэ уопуттаах дьокутааттар сүбэ-соргу буолбуттара, холобура, мин биир дойдулааҕым Владимир Михайлович Прокопьев, Юрий Михайлович Николаев о.д.а. Дьокутаат диэн, бастатан туран, норуотун туһугар туруулаһар киһи. Сокуону оҥоруу таһынан кини дьонун-сэргэтин кыһалҕаларын быһаарар. Ол курдук, кими эрэ уопсайга олохтуур, кими эрэ суһаллык балыыһаҕа эпэрээсийэҕэ киллэрэр эбэтэр ким эрэ үөрэҕин боппуруостарын быһаарар. Итинник араас кыһалҕалаах дьоҥҥо күүс-көмө буолар соруктаахпыт.

2_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Ньурбатааҕы уокурук дьокутаата буоларым быһыытынан, төрөөбүт Ньурбам сайдыытыгар быһаччы кыттыыны ылабын. Ол курдук, билигин Ньурбаҕа «Сунтаар-Ньурба»110 кВт үрдүк күүрүүлээх уот линиятын тардыы итиэннэ Куоначчаан муостатын тутуу боппуруостарын Владимир Михайловичтыын быһаарарга үлэлэһэбит. Тохсунньу ыйга Ньурбаҕа "Якутскэнерго" генеральнай дириэктэрэ Г.Н. Алексеев тахса сылдьыбыта уонна үрдүк күүрүүлээх уот линиятын тардыыга туох үлэ ыытыллыахтааҕын чопчу быһаарбыта. Куоначчаан үрэҕин туоруур муоста тутуллар сирин муниципальнай бас билииттэн өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр көһөрүү үлэтэ ыытыллыбыта, салгыы тырааныспар министиэристибэтин кытта үлэлэһэбит. 2027 сылга Ньурбаҕа Саха Сирин норуоттарын успуорт Оонньуулара ыытыллыахтаах. Онно анаан элбэх үлэ-хамнас бара турар, баараҕай эбийиэктэр тутуллаллар. Тэрийэр кэмитиэккэ баар буолан, күүскэ ылсан үлэлиибит. Салгыы, атын быһаарыллар сыаллар-соруктар элбэхтэр.

Физическэй култуура уонна успуорт эйгэтэ

Ил Түмэн IV ыҥырыытын кэмигэр, 2013 сыллаахха, РФ Судаарыстыбаннай Дуума физическэй култуураҕа уонна успуортка кэмитиэтин бэрэстэбиитэллээх дэлэгээсийэтэ Дьокуускайга кэлэрин ситиспиппит. Дэлэгээссийэ састаабыгар тустаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Игорь Ананских, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Николай Валуев, Владислав Третьяк, Сергей Поддубный, Вадим Харлов о.д.а. бааллара. Биһиги ыалдьыттарбытыгар Саха Сирин хайдах баарынан көрдөрбүппүт, олохпут үөһүгэр киллэрэргэ, билиһиннэрэргэ кыһаллыбыппыт. Холбоһуктаах үлэ түмүгэр Федеральнай сокуоҥҥа успуорт национальнай көрүҥнэрин өйүүр туһунан уларытыылар киирбиттэрэ. Холобура, Арассыыйа успуорка национальнай көрүҥнэрин тириэнэрдэрэ хамнастарын да, үлэлэрин ыстааһын да ааҕыыга успуорт классическай көрүҥнэрин тириэнэрдэрин кытта биир тэҥ кыахтаах буолалларын ситиспиппит. Маны таһынан, успуорт национальнай көрүҥнэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы успуорт көрүҥнэрин эрэйиэстэригэр киирбиттэрэ, о.э. бу көрүҥнэр успуорт олимпийскай көрүҥнэрин кытта биир кэккэҕэ турбуттара. Урут национальнай көрүҥнэринэн дьарыктанар спортсменнарбыт СӨ успуордун маастарын эрэ ылар буоллахтарына, билигин кинилэр Арассыыйа Федерациятын уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах успуорт маастардарын, итиэннэ үтүөлээх үрдүк ааттары ылар кыахтаахтар. Бу улахан үлэни мин дьокутаат быһыытынан сүрүн ситиһиим диэн сыаналыыбын.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Дьокутаат үлэтэ, бастатан туран, сокуону оҥоруу. Ол кэннэ дьэ бэрэстэбиитэллээх үлэ, холобура, мин ыччат бэлиитикэтин итиэннэ физическэй култуура уонна успуорт эйгэлэригэр үлэлэһэбин. Сокуону оҥорууга РФ сокуоннарыгар эрэгийиэннээҕи сокуоннары сөп түбэһиннэрэр үлэни ыытабыт. Күн бүгүн «СӨ физическэй култуура уонна успуорт туһунан» уонна «СӨ успуорт национальнай көрүҥнэрин туһунан» сокуоннарга уларытыылары киллэрии былааннанар. Онно чуолаан, успуордунан дьарыктанар дьон көҕүн үрдэтэр сыаллаах, ГТО нуорматын туттарарбыттарга эбии сынньалаҥ күннэрин биэрии туһунан этиллэр. Холобура, кыһыл көмүс значогу ылбыттарга үс күн, үрүҥ көмүс – икки күн, боруонса – биир күн сынньалаҥ. Оттон национальнай көрүҥнэри ылар буоллахха, биһиги мас тардыһыыбыт, национальнай ыстаныыларбыт уонна остуол оонньууларбыт Арассыыйа да, Аан дойду да таһымыгар үчүгэйдик таҕыстылар.

Кэмитиэппит үлэтин чэрчитинэн биһиги бу сыл балаҕан ыйыгар Москубаҕа уонна Екатеринбурга ыытыллыахтаах «Доҕордоhуу Оонньуулара» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт күрэхтэhиилэрин бырагырааматын көрдөрөр чааһыгар, мас тардыhыытын киллэрэри ситистибит. Инникитин, бу национальнай успуорт көрүҥүн тэрээһин сүрүн бырагырааматыгар киллэрэр туһунан кэпсэтии барар.

Ыччат бэлиитикэтэ

Ыччат бэлиитикэтигэр үгүс үлэни ыытабыт. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ Алдан улууһугар ыччат бэлиитикэтин боппуруостарыгар Төгүрүк остуол ыыппыппыт. Бэрт сэргэх, сытыы боппуруостары таарыйар сэһэргэһии буолбута. Уопсай көрдөрүүнү ыллахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 60 эрэ исписэлиис ыччат бэлиитикэтин боппуруостарынан дьарыктанар. Ол аата 60 эрэ киһи Сахабыт Сирин 364 нэһилиэктэригэр олорор ыччаттары кытта үлэлэһэр. Холобура, Анаабыр улууһугар ыччат бэлиитикэтигэр биир эрэ исписэлиис баар. Бу соҕотох киһи нэһилиэктэрин ыччатын барытын хабан, ыччат бэлиитикэтин бары хайысхаларынан үлэлиир, араас тэрээһиннэри тэрийииттэн саҕалаан патриоттуу иитиигэ тиийэ. Үгүс нэһилиэктэргэ ыччат лиидэрдэрэ хамнаһа суох уопсастыбанньык быһыытынан үлэлииллэр. Саха Сиригэр ыччат бэлиитикэтигэр тахсыылаахтык үлэлиир улуустар бааллар. Холобура, мин төрүт дойдубар Ньурбаҕа уонна Горнай улууһугар ыччаты кытта үлэ бэрт үчүгэйдик ыытыллар уонна бары нэһилиэктэригэр ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр исписэлиистэр бааллар. Маны сэргэ бу эйгэҕэ мөлтөхтүк үлэлиир, хаалан иһэр улуустар бааллар. Ол иһин, төгүрүк остуол тэрийэн ыыппыппыт уонна бу тэрээһиҥҥэ киирбит этиилэри өссө чопчулааммыт үөрэтиэхпит, баар кыһалҕалары туоратарга кыһаллыахпыт. Төгүрүк остуолга бырабыыталыстыба ыстандаарт оҥороругар этии киирбитэ, быһа холоон, 500 киһиэхэ ыччат бэлиитикэтигэр үлэлиир биир исписэлиис баар буолуохтаах диэн ис хоһоонноох. Бу ыстандаарт олоххо киирэригэр үлэлэһиэхпит.

СӨ ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ куонкуруһу ыытан, 50 мөл. солкуобайдаах субсидияны улуустарга биэрэр этэ. Быйыл ити үп ситэ быһаарылла илик, 10 мөлүйүөнэ чопчуламмыта, оттон 40-на көннөрүүгэ турар. Министиэристибэ куонкуруһу биллэрэр, муниципалитеттар бырайыак оҥорон онно кытталлар уонна субсидияны ыллахтарына, былааннаммыт тэрээһини ыыталлар. Холобура, “Түмэр түгэн”, “Табыс” диэн эдэр ыччат бэстибээллэрэ ити субсидиялары ыланнар тэриллибиттэрэ. Ньурбаҕа «Түмэр түгэн» бэстибээлгэ сылдьыбытым. Онно ыччаттар секцияларынан үлэлииллэр, үөрэнэллэр, күрэхтэһэллэр. Олус үчүгэй өрө күүрүүлээх тэрээһин ааспыта. Эдэр ыччакка аналлаах саамай улахан, сылын аайы ыытыллар тэрээһининэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муус устар» бэстибээл буолар. Бу курдук, ыччат көҕүн үрдэтэр араас таһымнаах тэрээһиннэр ыччат бэлиитикэтэ көдьүүстээх буоларыгар сүрүн оруоллаахтар.

4_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Парламент быйыл 30 сыла. Бу кэм устатыгар үгүс дьокутаат үлэлээтэ, элбэх сокуон ылылынна. Холобура, олох-дьаһах кытаанах тобохторун харайыыга сокуон киириитэ балай эмэ кэми ылбыта, ол да буоллар, биһиги парламеммыт туруорсан, ааспыт ыйга сокуоҥҥа көннөрүү бастакы уонна бүтэһиктээх ааҕыыны ааста. Инникитин да, нэһилиэнньэбит туруктаах буоларын туһугар сокуоннарга көннөрүүлэри федеральнай таһымҥа киллэрэн, көдьүүстээхтик үлэлиэхпит турдаҕа. Үлэ элбэх, үлэлиэххэ эрэ наада.

Антонина НЕУСТРОЕВА

Хаартыскалар Г. Балакшин архыыбыттан

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением