Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Алтынньы 22-23 күннэригэр Ил Түмэн уочараттаах, тохсус пленарнай мунньаҕа ыытыллар. Норуот дьокутааттара бастакы ааҕыыга биир сүрүн боппуруоһунан быйылгы бүддьүөккэ көннөрүүлэри киллэриэхтэрэ уонна кэлэр икки сылга былааннанар бүддьүөт барылын көрүөхтэрэ. Онно бэлэмнэнэн сис кэмитиэттэр ахсын мунньахтар тэриллэннэр, норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ  тустаах салааларынан бүддьүөт хайдах таҥыллан эрэрин дьүүллэстилэр.  

Алтынньы 22-23 күннэригэр Ил Түмэн уочараттаах, тохсус пленарнай мунньаҕа ыытыллар. Норуот дьокутааттара бастакы ааҕыыга биир сүрүн боппуруоһунан быйылгы бүддьүөккэ көннөрүүлэри киллэриэхтэрэ уонна кэлэр икки сылга былааннанар бүддьүөт барылын көрүөхтэрэ. Онно бэлэмнэнэн сис кэмитиэттэр ахсын мунньахтар тэриллэннэр, норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ  тустаах салааларынан бүддьүөт хайдах таҥыллан эрэрин дьүүллэстилэр.  

Тустаах сүбэлэри бигэргэттилэр

Алтынньы 11 күнүгэр Ил Түмэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин мунньаҕын Алексей Корнилов иилээн-саҕалаан ыытта. Бэбиэскэҕэ икки боппуруос туруорулунна. 

Бастакынан бүддьүөт барылын ырытыы буолла. Дакылааты үп миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев туруорда. Сокуон барыла 2025-2027 сыллардааҕы Саха Сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын  былааныгар, 2023 сылтан олоххо киллэриллибит судаарыстыбаннай бырагырааммаларга, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуоттаах чааһыгар сүрүн администратордар барыллааһыннарыгар олоҕурбут.

Норуот дьокутааттара арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылыырга бириэмэтинэн, усулуобуйатынан уонна миэстэтинэн эбии хааччахтааһыны олохтооһун туһунан сокуону көрдүлэр. Бу боппуруоһунан ыытыллыбыт Төгүрүк остуолга  Ил Түмэҥҥэ, урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм эйгэтигэр, Ис дьыала министиэристибэтигэр туһуламмыт  сүбэлэри бигэргэттилэр.

Дьокутааттар Виктор Фёдоров, Иван Данилов, Эдгар Константинов кэккэ чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр.

Эмиэ ити күн Ил Түмэн Хонтуруоллуур сис кэмитиэтин мунньаҕын Андрей Николаев салайан ыытта. Маҥнайгы боппуруоһунан бүддьүөт барыла көрүлүннэ. Норуот дьокутааттара Светлана Давыдова, Алёна Атласова, Александр Атласов чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр.

Федеральнай бүддьүөттэн тутулуктаах

Алтынньы 11 күнүгэр Ил Түмэн Наукаҕа уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева кэмитиэт мунньаҕын ыытта.

Бүддьүөт барылыгар сүрүн иһитиннэриини үп миниистирин бастакы солбуйааччы Елена Хиль оҥордо. “СӨ үөрэҕирии сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагыраама туолуутугар 2025 сылга барыллаан 69 460 396,4 тыһ. солкуобай көрүллүбүт. 2026 сылга – 65 417 552,2 тыһ. солк., 2027 сылга – 62 121 561,0 тыһ. солкуобай. “СӨ научнай-технологическай сайдыы” судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа 2025 сылга барыллаан 288 369,2 тыһ. солк., 2026 сылга – 288 369,2 тыһ. солк., 2027 сылга – 288 369,2 тыһ. солк.

Норуот дьокутаата Иннокентий Романов тоҕо бүддьүөт былааннаммыт көрдөрүүлэриттэн аччаабытын туоһуласта.

Елена Хиль быһаарбытынан, сокуон барылын маҥнайгы ааҕыытыгар национальнай бырайыактарынан көрүллэр үп учуоттаммат, ол иһигэр “Үөрэҕирии” нацбырайыак киирэр. Инньэ гынан, федеральнай бүддьүөт иккис ааҕыытын кэнниттэн сыыппаралар чопчуланыахтара.

Дьокутаат  Иван Данилов 2030 сылга диэри Нерюнгри уонна Дьокуускай куораттар маастар-былааннарынан үөрэх тэрилтэлэрин дьиэтин тутуу боппуруоһун ыйытта.

Үп миниистирин солбуйааччы Иван Елисеев 2030 сылга диэри 12 оскуола, 18 уһуйаан тутуллара былааннанарын эттэ. 2025 сылга бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 79,2 млрд. солк. суумалаах сайаапка киирбит. Бу суумма федеральнай бүддьүөт иккис ааҕыытын кэнниттэн учуоттаныахтаах эбит.   

Норуот дьокутааттара бүддьүөт барылын маҥнайгы ааҕыыга бигэргэттилэр.

Саҥа судьуйалар

Ил Түмэн Тутууга, дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин мунньаҕын парламент бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров салайан ыытта.

Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун бэрэссэдээтэлин э.т. Игорь Верхотуров, үп миниистирин э.т. Иван Алексеев, үп миниистирин солбуйааччы, юстиция судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Иванов, Ааҕар-суоттуур палаата бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Рейнбуш, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын, борокуратуура, юстиция управлениетын эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.

Сис кэмитиэт чилиэннэрэ пленарнай мунньахха туспа киллэриллиэхтээх боппуруоһу – Муомаҕа, Ленскэйгэ, Бүлүүгэ суут учаастактарыгар мөрөбүөй судьуйалары анааһыны көрдүлэр. Бүлүүгэ Иван Соловьев, Ленскэйгэ Вадим Бабёнов, Муомаҕа Любомира Горохова кандидатураларын ырытан, сиэссийэ көрүүтүгэр киллэрэргэ быһаардылар. 

Иван Алексеев бүддьүөт барылын билиһиннэрдэ, ону норуот дьокутааттара маҥнайгы ааҕыыга бигэргэтэргэ эттилэр.

Ыйытыы, этии элбэх

Алтынньы 14 күнүгэр ыытыллыбыт Ил Түмэн доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтин мунньаҕар норуот дьокутааттара Иван Луцкан, Афанасий Постников, Никита Тимофеев, Ольга Горюнова, Егор Григорьев, Татьяна Шарова, Наталья Сидоркина, Иван Данилов кытыннылар. Ону таһынан үп миниистирин маҥнайгы солбуйааччы Елена Хиль, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева, Ааҕар-суоттуур палаата аудитора Елена Лукина, Мэдиссиинэ ирдэнэр страховкалааһынын территориальнай пуондатын дириэктэрэ Александр Горохов, министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ сырыттылар. 

Мэдиссиинэ ирдэнэр страховкалааһынын территориальнай пуондатын 2025 сылга, былааннанар 2026-2027 сс. бүддьүөтүн туһунан сокуон барылын туһунан иһитиннэриини Александр Горохов оҥордо.

Дьокутааттартан кэккэ боппуруостар киирдилэр. Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова искэн ыарыыны эрдэ булааһын хайысхатыгар төһө үп көрүллүбүтүн, тоҕо бу салааҕа 2024 с. ууруллубут бүддьүөт туолбатаҕын туоһуласта, “суол каартатын” оҥорорго, сыл бүтүөр диэри бүддьүөтү толорорго эттэ. Суһал мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорууга нуормалар улааппатахтарын бэлиэтээтэ. 

Дакылааччыт 2025 сылга хирургическай эпэрээссийэни оҥорууга, чэбдигириини ааһыыга, маммографияны, КТ, ФЛГ, МРТ оҥорууга, 18-тан 49 саастарыгар диэри нэһилиэнньэҕэ репродуктивнай доруобуйаны көрүү бырагырааматыгар көрүллэр харчы кээмэйэ улааппытын, “С”, “Д” гепатит бөлөҕүн диагностыырга бүддьүөт ааспыт сыллардааҕар икки төгүл үрдээбитин эттэ.

Норуот дьокутааттара Иван Данилов, Иван Луцкан, Егор Григорьев Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыам ыйынааҕы уурааҕар олоҕуран, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр хамнас үрдээһинин, Аартыка улуустарын мэдиссиинэ тэрилинэн хааччыйыы, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр дьиэ куортамын харчытын толуйуу туһунан туоһуластылар. Мунньах түмүгүнэн, сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыга ылынарга бигэргэттилэр.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн барылын Елена Хиль туруорда. Дьокутааттар мэдиссиинэ-санитарнай көмө, балыыһалар матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаларын хаҥатыы, саҥа эбийиэктэри тутуу, өрөмүөннээһин салааларыгар үбүлээһини чопчуластылар. 

Светлана Давыдова бүддьүөт көрүүтүн бигэргэтиигэ уонна көннөрүүгэ сылын ахсын турар боппуоруостарга тохтоото:

-- Бастатан туран, босхо эминэн хааччыллыы бырагырааматын 100 % үбүлээһин биһиги сүрүн сорукпут. 2030 сылга киһи олоҕун уһуна  орто көрдөрүүтэ 78 саастан үрдүк буоларын ситиһиэхтээхпит. Бу олох-дьаһах хаачыстыбатын сыаналыырга биир тутаах көрдөрүү буолар. Билигин эминэн-томунан хааччыллыыга үбүлээһин 50 %-ҥа эрэ  тэҥнэһэр. Онтон бу сорох эмтэртэн  дьон олоҕо тутулуктанар, -- диэтэ.

Дьокутааттар санитарнай авиацияҕа үбүлээһини улаатыннарарга этии киллэрдилэр. Быһыыны оҥоруу федеральнай эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэтээҕи халандаарынан толору барарыгар эбии үп ирдэнэрин бэлиэтээтилэр. Холобур, кыргыттарга киһи папилломатын вируһун утары быһыылары оҥорууга.

Ити курдук, Ил Түмэн хас биирдии сис кэмитиэтин мунньаҕар норуот дьокутааттара бүддьүөт туһунан сокуон барылыгар кэккэ этиилэри киллэрдилэр, сокуон барылын маҥнайгы ааҕыытын кэмитиэккэ бигэргэтэргэ сүбэлэстилэр итиэннэ пленарнай мунньахха киллэрэргэ быһаардылар.  

Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалларыттан таҥан оҥордо Галина МАТВЕЕВА

Хаартыскалар Ил Түмэн пресс-сулууспатыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04