Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -16 oC

Алтынньы 24 күнүгэр Дьокуускайга «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга «Ураты оҕолорго  -- ураты кыаҕы» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум ыытылынна. Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэргэ араас бырайыактары билиһиннэрэр быыстапкалар, консультациялар тэрилиннилэр.

Алтынньы 24 күнүгэр Дьокуускайга «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга «Ураты оҕолорго  -- ураты кыаҕы» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум ыытылынна. Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэргэ араас бырайыактары билиһиннэрэр быыстапкалар, консультациялар тэрилиннилэр.

Пуоруму Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ, Уопсастыбаннай палаата уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр киин тэрийдилэр. «Харысхал» аһымал пуондатын, «Ураты оҕо» киин, «Эрэл сардаҥата» уопсастыбаннай, «Снегири» кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр, социальнай эйгэ исписэлиистэрэ, төрөппүттэр, эспиэрдэр, дьокутааттар, барыта сүүстэн тахса киһи кытынна.

Граҥҥа тирэҕирэн  

2023 с. доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр киин  «Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит оҕолору өйүүр пуонда» ыыппыт социальнай бырайыактарга куонкуруһугар кыайбыт. Ол грант көмөтүнэн Дьокуускайга 12 оҕоҕо, Хаҥалас, Нам, Бүлүү, Горнай улуустарыгар 40 оҕоҕо көмө оҥоһуллубут.

Чөлүгэр түһэрэр киин дириэктэрэ Зинаида Максимова бэлиэтээбитинэн, оҕолору чэбдигирдэр үлэ тиһигин быспакка ыытыллар эрээри, грант көмөтүнэн, үлэ ордук көдьүүстээх буолбут.

3

«Ураты оҕолорго – ураты кыаҕы» бырагыраама икки салаалаах. Бастакыта – дьиэттэн кыайан тахсыбат, доруобуйаларыгар ыарахан кэһиилэрдээх оҕолор дьиэлэрин иһигэр чэбдигирдэр дьоҕус кииннэри тэрийии.

– Бу оҕолор күннэтэ көмөҕө наадыйаллар. Исписэлиистэр нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьан, чэбдигирдэр тэрээһиннэри оҥороллор. Ол курдук, бары өрүтү хабар диагностика ыыталлар, онтон төрөппүттэргэ, эпэкииннэргэ уйулҕаларын бэрэбиэркэлииллэр, оҕону көрөллөр, чинчийэллэр. Дьэ, ол кэнниттэн, оҕоҕо анаммыт былаан бигэргэнэр. Маннык көрүүлэргэ дефектолог, психолог, массаас оҥорооччу, ЛФК устурууктара кытталлар.

Иккис хайысха бастакыны кытары дьүөрэлэһэр, көмө улуустарга олорор оҕолорго ананна. Үлэһиттэрбит социальнай харысхал ипсэлиистэрин кытары көрсөн кэпсэттилэр, сүбэлээтилэр-амалаатылар, -- диэн кэпсэээтэ.

Бу күн чөлүгэр түһэрэр киин үлэһиттэрэ бырайыакка туһанарга анаан оҥорбут «чымадааннарын» билиһиннэрдилэр. Манна оҕо дьиэтигэр дьарыктанарыгар аналлаах барыта баар: үөрэтэр хаартыскалар, саарыктар, оонньуурдар, диагностика ыытарга туттуллар тэриллэр уо.д.а.

5

Сокуоннар тупсарыллан иһэллэр

Ил Түмэн Социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова инбэлиит оҕолорго ыытыллар үлэ туһунан иһитиннэрдэ.  Сүрүн дакылаат иннинэ 20 сыл анараа өттүгэр искэн ыарыынан ыалдьыбыт оҕолорго көмөлөһөр «Олох бырааһынньыга»  аһымал пуонда үлэтин туһунан кэпсээтэ. Кини бу тэрилтэ төрүттээчитэ уонна салайааччыта эбит. Пуонда дойду үрдүнэн биллэриллибит маҥнайгы граннарга кыттан, өйөбүлүнэн туһаммытын, ол төһүү күүс буолбут.

– Үтүө дьыала түмүктэрин көрөртөн, туһатыттан астынартан ордук туох да суох. Граннарынан оскуолаларга «Үтүө санаа уруоктарын»  ыытарбыт, икки төгүл өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бэстибээллэри тэрийбиппит. Элбэх оҕо пуонда көмөтүнэн туһанан, кынаттанан, билигин таһаарылаахтык араас эйгэҕэ үлэлии сылдьаллар, -- диэтэ.

1

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго бары өрүтү хабар сокуонунан чэпчэтиилэр киирэллэр. Сахабыт Сиригэр маннык улахан соругу толорорго Алена Николаевна үлэлэспитэ, сыратын киллэрбитэ ыраатта диэтэхпинэ сыыстарбатым буолуо. Ол курдук, Ил Түмэн VI ыҥырыытыгар дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сис кэмитиэтин, билигин, VII ыҥырыылаах мунньахха социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэти салайар.

Норуот дьокутааттара инбэлиит оҕолору өйүүр сыалтан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инбэлииттэргэ социальнай өйөбүл эбии дьаһаллара»  уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстааһын» сокуоннарга уларытыылары киллэрэн, инбэлиит оҕолор мэдиссиинэ өҥөтүн уочарата суох ылар бырааптаахтар, балыыһаҕа төрөппүттэринээн сытан эмтэнэллэр. Маныаха төрөппүккэ миэстэ уонна аһыыр аһа босхо хааччыйыллар. Дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын туһаныы кэрискэтэ кэҥээн, оҕо уонна төрөппүт  үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ өҥөтүн ыла баралларыгар бырайыас төлөбүрүгэр туһаныахтарын сөп буолла.

-- Сэттис ыҥырыылаах мунньах үлэтин саҕалыыр кэмигэр, мин «РФ инбэлииттэр социальнай көмүскэллэрэ» диэн федеральнай сокуон барылын дьүүллэһиигэ кыттыбытым. Ол курдук, 2025 сыл кулун тутар 1 күнүттэн киириэхтээх сокуон барылыгар «инбэлиит оҕо» диэн өйдөбүл чопчуланна. Маны тэҥэ, «Төрүөҕүттэн үс сааһыгар диэри инбэлиит оҕоҕо эрдэтээҥҥи көмө», «Инбэлииттэр биир кэлим чэбдигириилэрэ уонна реабилитациялара»  диэн өйдөбүллэр киирдилэр. Инбэлииттэр федеральнай кэрискэлэригэр иһитиннэрии болдьоҕо, хаамыыта бигэргэннэ, -- диэтэ.

Алена Атласова эбэн эппитинэн, ментальнай кэһиилээх инбэлиит оҕолорго иһитиннэрии, үөрэтии табыгастаах, өйдүүллэригэр чэпчэки буоларыгар, РФ норуоттарын тылларын туһаныы көҥүллэннэ. Бу уларытыыны биһиги дьокутааттарбыт туруорсан киллэрбиттэрэ үөрүүлээх.

Инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолорго көдьүүстээх эйгэ олохтонуута сытыы боппуруос буолар. Биир оннук кыһалҕаны көрсөр араҥанан көрбөттөр буолаллар. Онон, сис кэмитиэт «Көрбөт инбэлииттэр бырааптара уонна мэктиэлэрэ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон туолуутугар ыытыллыбыт үп төһө көдьүүстээхтик туһаныллыбытын бэрэбиэркэлииргэ Счетнай палаата аудит оҥорорун көҕүлээбит. Бэрэбиэркэ түмүгэ сэтинньи 14 күнүгэр тахсар, ол кэнниттэн ырытыллыахтаах, итэҕэстэри туоратар үлэ ыытыллыахтаах эбит. 

Дакылаакка инклюзивнай үөрэхтээһин боппуруоһа эмиэ таарыйылынна. Доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна инбэлиит оҕолорго, улахан да дьоҥҥо анал усулуобуйа тэриллиэхтээх. Маныаха сис кэмитиэт «2026 сылга диэри инклюзивнай үөрэх эйгэтин тэрийиигэ эрэгийиэн халыыба» диэн биэдэмэстибэ бырайыагын пааспарын бигэргэппит. Ол түмүгэр, аны аҕыйах сылынан инклюзивнай үөрэҕинэн доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна инбэлиит оҕолор 80 %-нара хабыллыахтаах. Норуот дьокутаата түмүгэр инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ өйөбүл буолуохтаах «Забота (“Арчы”)» социальнай өйөбүл бакыатын билиһиннэрдэ. 

 2

Тиһигин быспакка ыытыллар 

Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова сайдыыларыгар улахан кэһиилээх оҕолорго чөлүгэр түһэрии ураты суолталааҕар тохтоото.

Атын эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыбыттара пуорум далааһынын кэҥэттэ. Калуга куораттан  «Доброта» чөлүгэр түһэрэр киин дириэктэрэ Елена Икаунекс кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр судаарыстыбаннайдары кытары таһаарыылаах, көдьүүстээх алтыһыыларыгар тохтоото. Онлайн киэбинэн «Наш солнечный мир» диэн оҕо саастарыттан улаатыахтарыгар диэри инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэр киин төрүттээччитэ, салайааччыта, Арассыыйа таһымнаах кэриэксиэйэлиир педагог, психолог, уопсастыбанньыкүлэлэһэр Игорь Шпицберг кытынна. Кини иһитиннэрбитинэн, «Наш солнечный мир» 1991 с. төрүттэммит биир маҥнайгы реабилитациялыыр киин буолар. Билигин кинилэргэ дойду эрэгийиэннэриттэн эрэ буолбакка, тас да дойдулартан көмө көрдөһөн кэлэллэр. Оҕолорго, ыччакка көмөнү сэргэ, исписэлиистэргэ, төрөппүттэргэ үөрэх арааһын ыыталлар, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин кытары ыкса үлэлииллэр.

* * *

Пуорум чэрчитинэн олус элбэх этиилэр киирдилэр, санаа, уопут атастаһыыта буолла. Сыл устата ыытыллыбыт «Ураты оҕолорго – ураты кыаҕы» бырайыак түмүгэ эрэ буолбакка, быһаарыыны эрэйэр кыһалҕалары ырытыыга, доруобуйаларынан уратылаах оҕолорго чөлүгэр түһэрэр көмө көдьүүһэ улаатарыгар исписэлиистэр кэпсэтиилэрин түһүлгэтэ тэрилиннэ.  Үтүө түмүктэрдээх пуорум өссө даҕаны ыытылла турарыгар баҕа санаабын тиэрдэбин.

Галина МАТВЕЕВА

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением