Бэлиэ мунньах арыллыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Норуот сомоҕолоһуутун күнэ улахан суолталааҕын, ону биһиги бары өйдүөхтээхпитин тоһоҕолоон эттэ.
--Бүгүн биһиги элбэх норуоттаах дойдубутугар улахан суолталаах улуу быраһынньык – сомоҕолоһуу күнэ. Бу күн биһиги дойдубут норуоттарын күүһүн, өйүн, үтүө үгэстэрин, историятын түмэр бырааһынньык. Хас эмэ үйэлээх Арассыыйабыт историята хотторуу диэни билбэтэтэх улахан кыайыыларынан биллэр. Хомойуох иһин, аныгы да кэмҥэ кыахпытыгар, күүспүтүгэр тургутуу салҕанар. Ол эрээри, киэҥ-нэлэмэн Арассыыйа норуотун сомоҕолоһуута, биир буолуута – бу биһиги күүспүт. Уопсай кыайыыбыт туһугар тыылга өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии олохтооҕо кылаатын киллэрсэр, оттон байыастарбыт анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуларын чиэстээхтик көмүскүүллэр, -- диэн эттэ уонна байыастарга наҕараадалары, үөрэхтэригэр туйгун, үрдүк көрдөрүүлээх, ситиһиилээх алта оскуола үөрэнээччитигэр бастакы пааспардарын туттарда.
Илиҥҥи байыаннай уокурук хамандыырын байыаннай-бэлитиичэскэй үлэҕэ солбуйааччы, байыаннай-бэлитиичэскэй управление салайааччыта, генерал-лейтенант Роман Греков өрөспүүбүлүкэ дойдуга бастакынан көҕүлээбит фашизмы утары иккис пуорума үүнэр көлүөнэҕэ олус улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
--Илиҥҥи байыаннай уокурук командованиетын аатыттан бүгүҥҥү Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Анал байыаннай дьайыыга Саха Сириттэн 8000-тан тахса киһи чиэстээхтик кытта сылдьар. Балартан тоҕус киһи Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ыллылар, үгүстэр уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн бэлиэтэннилэр. Холобурдаан эттэххэ, «Алеша» тааҥка экипаһын хорсун быһыыта дойду үрдүнэн биллибитэ. Манна Саха Сириттэн Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев бааллар. Биһиги икки сылтан ордук өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Горнизоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев, РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Андрей Бычков ыалдьыттаабыттара. Араас хайысхаҕа боппуруостары тэҥҥэ быһаарсабыт, ол иһигэр байыастарга социальнай өйөбүл туһунан. Эһигиттэн кэлэр аадырыстаах баһыылкалар, гуманитарнай көмө уолаттарга олус улахан суолталаахтар, көмө, өйөбүл буолаллар. Саха Сирин хас биирдии олохтооҕо оҥорор өҥөтүн үрдүктүк сыаналыыбыт. Маннык сыһыанынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар өйөбүлгүтүн биллэрэҕит. Бу командировкам кэмигэр волонтердарга сырыттым. Манна боростуой, уйан санаалаах иистэнньэҥнэр иллэҥ кэмнэригэр биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөллөрүттэн уйадыйдым, киэн тутта санаатым.
Ыччат дьыалатыгар миниистир э.т., Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин эҕэрдэ тылыгар: «Мин дагестанецпын, чечеммин, ингушпун, мордвиммын, татариммын, нууччабын диэн дойдубут Бэрэсидьиэнин этиитэ биһиги элбэх национальностаах күүстээх дойду буоларбытын бигэргэтэр. Бүгүн наҕараада туттарыыта биһиги өбүгэлэрбит хорсун быһыыларын туоһута буолар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги өбүгэлэрбит эмиэ хорсун-хоодуот быһыыны көрдөрөн кыайбыттара. Ыччат дьыаларарыгар министиэристибэ аатыттан Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин», — диэтэ.
Тэрээһиҥҥэ Саха Сириттэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар бастыҥ байыастары чиэстээтилэр, Оборуона министиэристибэтин үрдүкү наҕараадаларын туттардылар. Маны тэҥэ кинилэргэ үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадалар эмиэ туттарыллыахтаахтарын эттилэр. Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ 25 байыас кыттыыны ылыа диэн иһитиннэрдилэр.
Дьоро киэһэни Хотугулуу-илиҥҥи байыаннай уокурук «Мы есть мы» байыаннай вокальнай-инструментальнай ансаамбыл киэргэттэ. Ансаамбыл анал байыаннай дьайыы буола турар сирдэринэн кэнсиэртиир эбит. Онтон сорох нүөмэрдэрин киин куорат олохтоохторугар көрдөрдүлэр. Хас биирдии ырыа иннинэ дууһаны таарыйар хоһооннооҕо уратытык иһилиннэ. Хас биирдии нүөмэр дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0