Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

 “Netflix” сервискэ саҥа тахсыбыт “Игра в кальмара” сериал аҕыйах күн иһигэр аан дойдуну аймаата. Аҥаардас бастакы күннэригэр 135 мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүт.

 “Netflix” сервискэ саҥа тахсыбыт “Игра в кальмара” сериал аҕыйах күн иһигэр аан дойдуну аймаата. Аҥаардас бастакы күннэригэр 135 мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүт.

Сахалар да онтон хаалсыбаттар: номнуо оонньуу айан, сүрүн дьоруойдар курдук көстүүмнэри тиктэн, бэлиэлээх бэчиэнньэлэрин кытта астаан, саҥа сүүрээҥҥэ “олорсо” сылдьаллар. Бу иннинэ “Игра престолов” сериалынан үлүһүйбүттэрэ. Оннооҕор ааптара Джордж Мартиҥҥа анаан үрүҥ көмүстэн бэлэх оҥорон, Эмиэрикэҕэ илдьибиттэрэ. Ол туһунан Канадаҕа олорор Жанна, Дмитрий Ушкановтар кэпсээбиттэрин сэһэргиэм. 

игра престол

Ыгым-ыксал түгэннэр

--Ханна баарый, кураанынан аатырар “Дикий Запад” диэҥҥит? Олох да ыаҕастаах уунан курулаччы кутар буолбаат?! -- дии-дии, маннык дохсун ардахха быраабыланан чааска 10 км айанныахтааҕын, наһаа ыксыыр буолан, 40 км/ч үктээн, барыларын ситэн ааһар. -- Чэ, дойдубар кыһын маннааҕар чысхааннаах дьыбары ортотунан ойутарым, сайынын хойуу быыл быыһынан сылдьарым. Биһиги суолбутугар тэҥнээтэххэ, бу диэн остуол ньуура буоллаҕа, -- диэн бэйэтин уоскутунар.

 Чаһытын көрбүтэ, 16.00 буола охсубут. Киэһэ тоҕуска регистрацията бүтэр. Оттон бу Санта-Фе куораттан Денвер аэропордугар диэри 120 км/ч ускуораһынан үс аҥаар чааһынан тиийиэххэ сөп. Маннык сыылыннаҕына, хойутуура чуолкай.

 Саатар, бу уларсыбыт көлөтүн оруобуна 20.00 чааска туттарыахтаах. Мүнүүтэ да аастаҕына, өссө биир суукканы эбии төлүүр ночоото буолар. Онон хайыыр да кыах суох, түргэтииригэр эрэ күһэллэр. “Айыыларым араҥаччылааҥ!” – диир да, уол курулас ардах ортотунан түһүнэн кэбиһэр. 

Уолуйуу уонна уоскуйуу

Киһини кыынньаан, төлөпүөнүгэр сотору-сотору “Күүстээх тыал түһүө. Санта-Фе уонна Денвер икки ардынааҕы суол быстыан сөп” диэн сэрэтэр СМС-илдьит кэл да кэл буолар. Ону ааҕа-ааҕа, дэлби уолуйа ыксыыр.

 Аны, көлөтүн уларсыбыт хампаанньата массыынаны толору баах бэнсииннээх эрэ тутар. Онон Денвер куоракка киирээт, аара сапараапкаланан ааһар. Бириэмэтэ онно номнуо 19:51 буолар. Дьэ, ыксал диэтэҕиҥ! Кутта охсоот, 140 км/ч үктүүр. Хата, биир мүнүүтэ хаалбытын кэннэ, прокаттыыр киин тиэргэнигэр киирэр. “Һуу!” -- диэн өрө тыынар. 

Дьэ, билигин аны рейсин куоттарымыан наада. Эмиэ сүүрүү-көтүү, сүпсүлгэн... Дьолго, кыл мүччү баттаһар.

Сөмөлүөккэ киирэн уоскуйан, ыгылыйбытын ыһыктан, сыыйа нухарыйан барар... Хараҕар бу ааспыт күннэрэ күлүм гынан көстөн ааһаллар: Оттава--Нью-Йорк--Сан-Франциско--Денвер—Санта-Фе ...

 Ити куораттары кэрийэн, ол иннинэ Атлантическай акыйааны туораан,  онуоха диэри өссө Урал хайаларын, Сибиир тайҕатын нөҥүөлээн, “Эллэй – страж Стены” диэн статуэтка “Песнь Льда и Пламени” роман ааптарыгар, суруйааччы Джорд Мартиҥҥа этэҥҥэ тиксэрилиннэ.

эллэй престол

Үөскээбит төрүөтэ

  Бу бэлэҕи “Игра престолов” сериал Саха сиригэр олорор сүгүрүйээччилэрэ кыттыһан бэлэмнээбиттэрэ. Үрүҥ көмүс киэргэллэрин биэрэн, ону уулларан, айымньы дьоруойа Джон Стоун курдук быһыылаан-таһаалаан, сахалыы соҕус сирэйдээн, Георгий Романов кутан оҥорбута. Эллэйбит турар дьэс алтантан үктэлин сэлии муоһунан Александр Булугас киэргэппитэ. Бүрүммүт сабылык сонун ыстаалтан Николай Михайлов, Егор Петров кыһаллан-мүһэллэн ситэрбиттэрэ. Илиитигэр туппут кылыһын “обсидиан” диэн өстүөкүлэ таастан Дмитрий Красильников кыһан чочуйбута. Ол болот тутааҕар түҥ түүрдэр күнү ойуулуур харысхал бэлиэлэрэ баар.

 Икки аҥаар киилэ ыйааһыннаах, 30 см үрдүктээх, сүүһүнэн тыһыынча сыаналаах статуэтканы анал кырасыабай хааҕа уган эрэ ыытар буоллахтара. Ол иһин Альберт Ивановка хоппо оҥорторбуттара.

  Эллэй хайдах төрөөбүтүн туһунан аҕыннахха итинник. Оттон үөскээбитэ эмиэ остуоруйалаах. 2016 сыллаахха Леонардо Ди Каприоҕа үрүҥ көмүстэн “Оскар” оҥорон бэлэхтииргэ сүгүрүйээччилэрин көҕүлээбит Татьяна Егорова бу да сырыыга “Игра престолов” фанаттарын кини “собуоттаабыта”. Биир бастакынан скульптор Николай Чоччасов өйөөбүт, эскиһин уруһуйдаан биэрбит. Идиэйэ олоххо киирэригэр Татьянаҕа дьүөгэлэрэ, биир интэриэстээхтэрэ Гела Красильникова, Виктория Дегтярева көмөлөспүттэр. Оттон бу бэртээхэй бэлэҕи тиэрдээччилэринэн Ушканов буолбуттар.

престол эллэй

    Сындалҕаннаах сырыы

Дьэ, ити ардахха баттата-баттата, рейсигэр хойутуу сыыһа-сыыһа, Нью-Мексико штатын Санта-Фе куоратыгар баран кэлбит киһибит Дмитрий Ушканов – тай-боксаҕа аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ. Билигин Канадаҕа олорор, Оттава куоратыгар тириэньэрдиир.

--Бэлэҕи улуу суруйааччыга тиксэрэр эппиэтинэстээх сорудаҕы Жанна Скрябина-Доари эрийэн эппитэ. Кини:“Дьокуускайтан Нью-Йорк куоратыгар диэри Дарья Ядерная диэн илдьэ барыаҕа. Көрсөн ылаарыҥ”, -- диэбитэ. Итиччэ эрэнэн көрдөспүтүн быһа гымматахпыт, тута сөбүлэспиппит. Бэйэбит да Эмиэрикэ Калифорниятыгар массыынабытынан барар санаалаах сылдьар этибит.

Бастаан Оттава--Нью-Йорк – Сан-Франциско – Лас-Вегас – Санта-Фе хайысханан айанныырга быһаарыммыппыт. Ол гынан баран, бу олоххо барыта былаан быһыытынан барбат аналлаах. Туох эрэ мэһэй көстөн, болдьоммут күҥҥэ сатаан тиийбэт буолбуппут. Ол иһин Нью-Йорктан чугас Нью-Джерсигэ олорор саха кыыһа Ольганы көрдөспүппүт. Кини Дарьяттан ылан, балтараа нэдиэлэ, биһиги тиийиэхпитигэр диэри, Эллэйи дьиэтигэр харайан сытыарбыта, -- диэн кэпсиир Дмитрий.

ушканов

--Статуэткабытын ылан баран, Нью-Йорк тэбэр сүрэҕэр -- Көҥүл статуятыгар – Эллэйбитиниин хаартыскаҕа түспүппүт. Онтон төттөрү Оттаваҕа төннүбүппүт. Онно Эллэйбитин эмиэ “күүлэйдэппиппит”: “Парламентский холм” архитектурнай комплекска, “Золотые ворота” диэн диско стиллэх муостаҕа, Тиихэй акыйааҥҥа тиийэн фотосеттаабыппыт. Историяҕа хаалар түгэни хаартыскаҕа үйэтиппиппит. Ол кэнниттэн өйүүнүгэр Дима бэйэтэ соҕотоҕун Сан-Францискоҕа көппүтэ, -- диэн кэпсэтиигэ кыттыһар Дмитрий кэргэнэ Жанна Ушканова.

 -- Эмиэрикэ киэҥэ бэрт буолан, штаттара бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сыталлар. Ол иһин Сан-Францискоттан (Калифорния) Денвергэ (Нью-Мексико) сөмөлүөтүнэн эрэ тиийэҕин. Денвер аэропордугар сүүнэ улахан сылгы пааматынньыга баарын бэркиһээбитим. Киһи дьулайыах, хараҕа хараҥаҕа кыһыл уотунан умайар. Скульптора Луис Джименес 15 сылы быһа оҥорбут уонна, тиһэҕэр тиэрдибэккэ, бу таас атыгар баттатан өлбүт. Дьиибэ дии? Фантаст суруйааччыга кэллим диэх курдук, хара ааныттан итинник барыта фэнтези курдук буолбута... Ардах арыаллаах айаным туһунан билэҕин. Оннук сындалҕаннаах сырыыны сылдьан, Санта-Фе куоракка Джордж Мартин “Jean Cocteau” киинэ тыйаатырыгар тиийэн, суруйааччы көмөлөһөөччүтэ Жанет Северанс диэн кэрэ аҥаарга Эллэйи туттарбытым.

Дууһалаах курдук

-- Эллэй айаныгар, хата, ким да: “Туох көмүһэй?”—эҥин диэн тордуохтаспатаҕа дуо?

-- Дьэ, баара. Кыраныысса ахсын арыйан көрдөрөрбүт, аэропорт аайы сүөкээн таһаарарбыт. Аны, ону төттөрү сааһылаан хомуйуохха, өйдүүллэрин курдук быһааран кэпсиэххэ диэтэххэ -- туһугар туспа күчүмэҕэйдээх этэ. 

-- Канадаттан АХШ түгэҕэр барыахха диэтэххэ, бээ, ороскуот бөҕө буоллаҕа дии...

--Инстаграммытыгар суруйаллар этэ: “Абыраммыт да дьоҥҥут. Хата, босхо күүлэй бөҕө буоллаххыт” диэн. Ааҕа-ааҕа кыһыйарбыт. Тоҕо диэтэххэ, бу -- кэмиэрчэскэй бырайыак да, судаарыстыба сорудаҕа да буолбатах. Дьон бэйэтин баҕатынан оҥорбут бэлэҕэ. Уонна оннук үтүө санаа ньыматынан Джордж Мартиҥҥа айаннаан тиийбитэ. Айаммытын бэйэбит уйуммуппут. Кылаабынайа, биир дойдулаахтарбыт көрдөһүүлэрин толордохпут дии. Онтон олус үөрэбит. Бу бэртээхэй идиэйэ олоххо киирэригэр сэмэй кылааттаахпытынан киэн туттабыт.

-- Тоҕо чуолаан Джон Сноу персонаһын оҥорбуттарай?

-- Джон Сноу биһирэмнээх, итиэннэ сүрүн дьоруойдартан биирдэстэрэ буоллаҕа дии. Кини сериалга икки сүүс миэтэрэ үрдүктээх муус хайаҕа, бэйэлэрэ ааттыылларынан Стенаҕа тиийэн, “ночной дозордары” кытта  харабыл буолар. Оттон ол Стена биһиги Өлүөнэ очуостарбыт кыһыҥҥы кэмҥэ барыһан туралларыгар майгынныыр буолбаат?

-- Статуэтканы Саха сириттэн Эмиэрикэҕэ диэри ол ханнык Дарья Ядерная аҕалбытай?

-- Дьэ, ити кыыһы Татьяна Егорова “теория шести рукопожатий” көмөтүнэн булбут. Дьокуускайтан Нью-Йорк куоракка, баҕар, ким эмэ барара буолаарай диэн, социальнай ситимнэринэн илдьит ыыппыт. Ол кэмҥэ оруобуна Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы институгар лиэксийэ ааҕа, соҕурууттан МГИМО уонна Британия дизайнҥа үрдүкү оскуолатын куратора Дарья Ядерная кэлэ сылдьар эбит. Кини АХШ-га барыахтааҕын эппиттэр. Ону көрдөһөн, биһиэхэ ыыппыттар.

-- Сүпсүлгэн бөҕөтүнэн ситиһиллибит бэлэҕи суруйааччы көмөлөһөөччүтэ судургу баҕайытык ылан эрэ кэбистэ дуу?

-- Жанет Северанс үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Тымныы кыһыннаах дойду олохтоохторугар эҕэрдэтин ыыппыта уонна миэхэ (Дмитрийгэ) өйдөбүнньүк бэлэхтэри биэрбитэ. Джордж Мартин бэйэтэ суоҕа. Ол эрээри кини илии баттааһыннаах хаартыскаларын бэлэмнээн хаалларбыт этэ.

эллэй мартин

--Эллэйи бэйэҕит төһө сөбүлээтигит?

-- Кинини статуэтка аатын курдук “кавычкалаан” суруйумаар. Дьон таптала, махтала, кыһамньыта иҥмит буолан, ураты энэргиэтикэлээх. Санаабытыгар, дууһалаах курдук. Ол иһин киһи курдук, Эллэй диибит.

Эйэ Эллэйэ

Эллэй айана тугу өйдөттө? Бастатан туран, Саха сирэ ханна эрэ сир түгэҕэр баар буолбатаҕын, баҕалаах киһиэхэ ыраах да чугаһыырын. Ол иһин ойдом олорор курдук санаммакка, аан дойду аартыктарын арыйан, омук үтүөлэрин кытта тэҥҥэ алтыһан сайдыаххайыҥ. Иккиһинэн, дьон сырдык санаатыгар итэҕэли күүһүртэ. Бары сөбүлэһэн, ылынан, өйөөн, бу саҕалааһыны тиһэҕэр тиэртилэр, сыалын ситиһиннэрдилэр. Үсүһүнэн, сомоҕолоһуу күүстээҕин туоһулаата. Бары туруннахпытына, тугу баҕарар кыайыахпытын сөп эбит.

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением