Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Сэтинньи 2 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын саҥа килиибин сүрэхтэниитэ А.Г. уонна Н.К.Чиряевтар ааттарынан Саха национальнай гимназиятын уораҕайыгар буолла.

Сэтинньи 2 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын саҥа килиибин сүрэхтэниитэ А.Г. уонна Н.К.Чиряевтар ааттарынан Саха национальнай гимназиятын уораҕайыгар буолла.

«Күн көрө» ырыаны Былатыан Ойуунускай тылларыгар Валентина Романова-Чыскыырай суруйбут. Килииби режиссер Любовь Борисова, оператор Семен Аманатов уһуллулар. Килиипкэ сүрүн оруолу кэпсээнньит ойуун уобараһыгар Саарын уһуллан, дьонугар-сэргэтигэр отой атын амплуаҕа көһүннэ. Килиип кэрэ айылҕалаах Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Манчаары алааһыгар уһуллубут. 

Үөрүүлээх тэрээһини арыйыыга Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыската Татьяна Легантьева “Күн көрө” хоһоону ис сүрэхтэн иэйэн туран аахта, кыл кырыымпаҕа Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан национальнай үҥкүү тыйаатырын аркыастырын артыыһа Дьулустан Никифоров доҕуһуоллаата. Алгыс сиэрин-туомун Дмитрий Артемьев Саарын хомуһун доҕуһуолунан ыытта.

1 1

“Күн көрө” хоһоону Ойуунускай 1926 сыллаахха суруйбут. Манна даҕатан эттэххэ, улуу убайбыт хоһоонугар саҥа ырыа сүрэхтэниитэ быйыл ураты суолталаах. Ол курдук, сэтинньи 11 күнүгэр саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээбит дэгиттэр талааннаах суруйааччы, учуонай, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сылын бэлиэтиэхпит. Маны тэҥэ алтынньы 31 күнүгэр Платон Алексеевич өлбүт күнэ.

Биир сыллаах үлэ 

Сүрүн оруолга Саарын бэйэтэ оонньоон, атын уобараһы арыйбытын мустубут дьон бары да бэлиэтээтибит. Килиипкэ ойуун репрессия миэлиҥсэтигэр түбэһэрэ, үрүҥ күн күндүтэ, көҥүлгэ талаһара көстөр. Тэрээһин иннинэ Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын кыра интервьютугар маннык кэпсээтэ:

-- Бүгүн сүрдээх бэлиэ күн буола турар. Ол курдук, быйыл сайын Былатыан Ойуунускай “Күн көрө” хоһоонугар, Валентина Романова-Чыскыырай матыыбыгар килиип устубуппут сүрэхтэниитэ. Режиссер Любовь Борисова, оператор Семен Аманатов айымньылаахтык үлэлэстилэр. Килиип уратыта диэн, уус-уран киинэтиҥи уһуллуулаах, дьону толкуйдатар, анаартарар.

Килиипкэ кылабачыйар таҥа­һым суох, гириимим атын, онон, бэйэм да соһуйуохпар диэри, амплуабыттан уратыбын. Муусука да өттүнэн этно истииллээх буолла. Ол өйдөнөр, Чыскыырай уонна Ойуунускай тыыннара ураты, күүстээх.

“Бу ырыаҕа тоҕо Былатыан Ойуунускай тылларын таллыҥ?» – диир буоллахха, Чыскыырай миэхэ ырыаны бастаан иһитиннэрбитин олус сөбүлээбитим, ким тыллара буоларын ыйыппыппар, Ойуунускай диэн соһуппута. Сөбүлээбиппин хайаатар да ылынар идэлээхпин.  Ырыаны сылы быһа оҥорбуппут. Көрдөөтөҕүнэ көрдөөн иһэр айымньы: сороҕор тугу эрэ тиийбэт, сороҕор матыыба табыллыбат. Ону барытын уларытан, үөрэтэн сыл барда. Бэйэм санаабар, бу хоһоонугар улуу убайбыт ыраах сылдьан соҕотохсуйуута, дойдутугар ахтылҕана көстөр. Биһиги аламай күммүтүнэн ол ахтылҕана суруллубутун ырыанан тиэрдэ сатаатыбыт.

Истээччилэрбит килииби “Саарын” диэн көрдөөн YouTube ханаалга көрүөхтэрин сөп. Маны тэҥэ “Саха” НКИХ ханаалыгар эмиэ тахсыаҕа. Түгэнинэн туһанан Бөкө дьаһалтатыгар, Мэҥэ Хаҥалас култуураҕа управлениетыгар, килииби устубут хамаандабар махталбын тиэрдэбин.

Килииби оҕолорго көрдөрүөххэ!

Култуура миниистирэ Афанасий Ноев эҕэрдэ тылыгар улуу убайбыт хоһоонугар Чыскыырай ырыа айан, талааннаах дьоммут холбоһон, эттээн-сииннээн, уобарастаан, бэртээхэй айымньыны таһаардылар диэн эттэ:

5

-- Биһиги күн өркөн оҕолоро, Ойуунускай сиэннэрэ буоллахпыт. Быйыл Сардаана Платоновна Ойуунускайа дьоро, кэрэ күннэрэ литэрэтиирэ мусуойугар, саха тыйаатырыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыттара. Онно Сардаана Платоновна, кини оҕолоро, Ойуунускай сыдьааннара Былатыан Ойуунускай айымньыларын ытыктаан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ сылдьарбытын, тарҕатарбытын көрбүттэрэ.

Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын бу тэрээһинигэр ыҥырбытыгар үөрүүнэн кэллим. Эдэр дьоммут бэйэлэригэр эппиэтинэһи ылынан, саха тылын үйэтитиигэ кылааттарын киллэрэллэриттэн, саха буоларым быһыытынан, киэн туттабын, астынабын. Холобур, бу Ойуунускай хоһоонугар Валентина Романова-Чыскыырай матыып айбыт. Кини бэйэтэ туспа суоллаах-иистэх, тыллаах-өстөөх, билиҥҥи көлүөнэҕэ ускуустубаны тириэрдэр биир чаҕылхай талааннаах киһибит буолар. Ырыа Саарынныын алтыһан тахсыбыт айымньы норуот быһыытынан тылбытын-өспүтүн, итэҕэлбитин илдьэ сылдьарбытын кэрэһэлиир.

Килиип ааптардара олус сөпкө тайаммыттар диэн сыаналыыбын. Ойуунускай биһиги сахалар -- күн өркөн ыччаттара буолабыт диирэ. Ол тыйыс сиргэ олорор буоламмыт, күн тахсарын, сылааһын, итиитин ийэбит сылааһын курдук ылынарбытыттан, күүс эбинэрбититтэн буолуо дии санаатым. Ойуунускай ыарахан олоҕун режиссуранан наһаа үчүгэйдик таппыккыт. Кини бу хоһоонугар олоҕун бүтэһик күннэригэр күнү көрөн, сүгүрүйэн бардарбын даа дии санаабыта көстөр. Ол эрээри, килииби киһи киһи араастык көрүө турдаҕа.

Александр Дьячковскай ырыа­һыт эрэ буолбакка, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа. Андрей Саввич кинини  сөпкө таба көрөн ылбыт эбит диэн сыаналыыбын. Ис иһиттэн сахалыы тыыннаах эдэр ыччаппыт. Суол арыллан, артыыс, ырыаһыт быһыытынан Олоҥхо испэктээхтэригэр кыттан, бэл Индияҕа көстөн улахан биһирэбили ылбыта холобур буолар.

Килиип национальнай гимназияҕа сүрэхтэммитэ суолталаах. Сахалыы тыыннаах үөрэх кыһатын истиэнэлэригэр ырыа кута, күүһэ иҥэн хааллын. Килииби оҕолор, ыччаттар көрөллөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Айар бөлөххө саха итэҕэлигэр, тылыгар, духуобунай бэлиитикэтигэр кылааккытын эдэр көлүөнэҕэ тарҕатаргытыгар махтанабын, үөрэбин.

Кыталык курдук үөһэ көтөн бара турдун

6

Саха норуодунай суруйааччыта, Былатыан Ойуунускай аймаҕа Елена Слепцова-Куорсуннаах ырыа Былатыан Ойуунускай олоҕун-дьаһаҕын атыннык көрдөрөр, реабилитациялыыр да курдук диэн эттэ:

-- Валентина Романова-Чыскыырай ырыа тылларын матыыпка дьүөрэлээн олус үчүгэйдик арыйбыт. Килиип отой атын турукка киллэрэрдии тахсыбыт диэн наһаа астынным. Куйаас күн турдаҕына, хоһоон тылынан “сырылатан күн да күн” диэн этэбит. Ип-итиигэ киһи от охсо турарын хараххар ойуулаан көрөҕүн. Ол киһи былыргы хаалыылаах олохтоох дьон билигин  сайдыыга  тахсаммыт, бурдук үүннэрэммит, атын олоххо тиийэн кэллибит диэн үөрүүтэ.

Килииби бастаан быстах көрөн баран: “Ырыаҕа барсыбат, күн көрө дии, тоҕо Ойуунскай трагедията киирдэ”, -- диэбитим. Онтон билигин, килииби толору көрөн баран, атын санааҕа кэллим. Хайдах эрэ Булгаков “Мастер и Маргарита” айымньытыгар прокуратор Понтий Пилат Христоһу өлөртөрөн баран, бэйэтэ наһаа хараастарын санатта. Ону килиипкэ артыыс Роман Дорофеев үчүгэйдик биэрдэ. Маннык киһибитин тоҕо суорума суоллаатыбыт диэн хараастар, норуотум буруйдуо диэн билэр эрээри, ол кэмнээҕи былаас, репрессия массыыната тыҥаан турар, онтон тахсар кыаҕа суох. Килиипкэ артыыстар олус үчүгэйдэр. Сүрүн оруолга Саарын оонньообутун бастаан көрөн баран билбэтэҕим.

Онон килиип реабилитация курдук буолан тахсыбыт. Бу биһиги маннык чулуу киһибитин чөлүгэр түһэрии, бырастыы гыныы.

Валентина уонна Александр, ырыаҕыт тылыгар баарыныы килиипкит “кыталык курдук үөһэ көтөн бара турдун” уонна барыаҕа дии саныыбын.

Түмүккэ

Бу дьоро киэһэ Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын айымньытыгар сүгүрүйээччилэр, ырыаны-тойугу, ускуустубаны сэҥээрээччилэр, доҕотторо, аймахтара, айар бөлөх мустан, килииби көрөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, ырытыһан тарҕастылар. Элбэх үтүө тыл этилиннэ.

Килиип кэнниттэн олус элбэх толкуй санаа киирэр. Ол курдук, дириҥ ис хоһоонноох айымньы буоллаҕа. Онон, күндү ааҕааччыларбыт, килииби көрүҥ, сэргээҥ, оҕолоргутугар көрдөрөн ааспыт сыллар устуоруйаларын сэгэтиҥ.

27 18

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением