Нюргуяна Иннокентьева - худуоһунньук Иннокентьевтар династияларын бэрэстэбиитэлэ, Дьокуускайдааҕы П. П. Романов аатынан худуоһустубаннай училищены, В. И. Суриков аатынан Москубатааҕы худуоһустубаннай үнүстүүтү кыһыл дипломунан бүтэрбит, Кыргыстаан киин куоратыгар Бишкеккэ олорор, худуоһустубаннай училищеҕа преподавателлиир, Кыргыстаан худуоһунньуктарын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ. Ыам ыйыгар саха суруналыыстарын VIII аан дойдутааҕы пресс-тууругар (салайааччы Г.А.Бочкарева) сылдьан, биир дойдулаахпытн көрсөн, билсэн кэпсэттибит.
-- Нюргуяна Николаевна, Кыргыстаан сиригэр Саха Сирин суруналыыстара кэлэ сылдьабыт. Манна олохтоох сахалары көрсөн билистибит уонна эйигин кытта кэпсэтиэхпин баҕарабын. Кэбээйилэр биир дойдулаахпыт, аатырбыт скульптор Петр Алексеевич Захаров үөрэнээччитэ буоларыҥ ордук интэриэһиргэттэ. Баһаалыста, эн хантан хааннааххын, кимтэн төрүттээххин билиһиннэр эрэ.
-- Мин аҕам Николай Николаевич Иннокентьев – норуодунай худуоһунньук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Ньурба Маалыкайыттан төрүттээх, ийэм Раиса Михайловна Покровскайтан тардыылаах. Мин кыра эрдэхпиттэн худуоһунньуктар эйгэлэригэр улааппытым, уруһуйдуур этим, ол иһин атын идэлэри көрбөт этим, худуоһунньук буолуом диэн бигэ эрэллээх улааппытым. Аҕам мэлдьи уруһуйдуурун көрөөччүбүн. Биһиги үс балыстыылар: эдьиийим Мария Санкт-Петербурга И. Репин аатынан худуоһустубаннай үнүстүүтү бүтэрбитэ, балтым Айталина, мин курдук, В.И. Суриков аатынан үнүстүүккэ үөрэммитэ, бары аҕабытын утумнаан худуоһунньук буоллубут. Бастаан Дьокуускайга худуоһустубаннай училищены бүтэрбитим. Кураторым Людмила Даниловна этэ, кини кэргэнэ Петр Алексеевич Захаров биһиэхэ бастакы кууруска скульптура, лепка диэн дьиссипилиинэлэри биэрбитэ. Манна кини скульптуратын аан бастаан көрөн бараммын наһаа соһуйбутум, сэбиэскэй кэмҥэ араас өрөспүүбүлүкэлэр симпозиумнара буолбут, онно Петр Алексеевич чороонноох саха дьахтарын оҥорон хаалларбыт.
- Учууталыҥ Петр Алексеевич эйгэтигэр уһуйулуннаҕыҥ дии, кини туһунан тус санааҕыҥ этиэҥ буолаарай?
- Наһаа үтүө санаалаах, муударай, бэйэтин дьыалатын үчүгэйдик билэр диэн өйдөөбүллээхпин.
- Үөрэммит кэмнэриҥ туһунан кэпсии түс эрэ...
- Училищены бүтэрэн бараммын 19 саастаахпар Москубаҕа үөрэнэ барбытым. В. М. Сидоров диэн биллиилээх улуу худуоһунньук мастарыскыайын бүтэрбитим. Миигин олус сөбүлүүрэ, бүтэрбитим да кэнниттэн мэлдьи үтүөтүк саныы сылдьара. Кэргэммин кытта Москубаҕа үнүстүүккэ билсиспитим. Кини Аскар Турумбеков диэн, скульптор. Мин бастакы кууруска үөрэнэрим, кини бүтэрэн эрэрэ. 90-нус сыллар олус уустук кэмнэр этилэр, путч буолбута. Үнүстүүккэ кыргыыстар элбэх этилэр. Сөбүлэһэммит ыал буолбуппут. Ол иһин манна, кини дойдутугар, кэлэн олохсуйан олоробун. Үс кыыстаахпыт: Туяра, Айдана уонна Саине. С.А. Чуйков аатынан худуоһустубаннай училищеҕа үлэлээбитим 19 сыл буолла. Живопись, уруһуй уонна композиция бэридимиэттэрин үөрэтэбин.
- Худуоһунньук буоларга аан маҥнайгыттан дьулуспуккун. Хайдах эйгэний?
- Худуоһунньук буолар уустук, ол эрээри айар үлэ буолан, олоххун барытын аныыгын. Композитордар, суруйааччылар курдук мэлдьи толкуйдуу, айа сылдьаҕын. Олус интэриэһинэй. Мин бэйэм эйгэбин, идэбин олус сөбүлүүбүн. Дьиэ кэргэним бары худуоһунньуктар, Иннокентьевтар - худуоһунньуктар династиялара. Кэргэним дьиэ кэргэнэ эмиэ бары худуоһунньуктар, ийэтэ прикладной ускуустубанан дьарыктанар, Кыргыстаан норуодунай худуоһунньуга, аҕата карикатурист-график, билигин олох сэдэх көстүү, убайдара, балта эмиэ уруһуйдууллар.
- Кыргыыс уонна саха омуктар уруулуубут дии, эн санааҕар, майгыннаһар өрүттэрбит ханныктарый?
- Миигин ким даҕаны саха диэбэт, бары кыргыыскаҕын дииллэр, атын киһи кэллиҥ диэн атыҥыраабаттар. Олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, ылыммыттара. Кыргыыстыы кыратык саҥарабын, өйдүүбүн. Тыаҕа олохсуйбуппут буоллар, толору саҥарыам эбитэ буолуо, кэргэним куорат, онон күннээҕи туттуллар тылларынан нууччалыы кэпсэтэбит, саҥарабыт.
- Баһаалыста, сахаҥ дьонугар тус үлэҕин билиһиннэр эрэ.
- Манна 1994 сыллаахха кэлбитим, оҕолонон үс сыл уоппускаҕа олорон баран, үөрэхпин ситэрэ хаттаан Москубаҕа барбытым. Бүтэрэн кэлээппин кытта, тута Кыргыстаан худуоһунньуктарын сойуустарыгар ылбыттара. Онтон 1995 сыллаахха быыстапкаҕа аан бастаан кыттыбытым, ол онтон ыла билигин мэлдьи кыттабын. Худуоһунньуктар манна элбэхтэр, сойуус бырабылыанньатыгар сүүрбэччэбит. Бырабылыанньа састаабыгар үһүс болдьохпун үлэлиибин. Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун 2002-2003 сс. стипендиатабын. Өрөспүүбүлүкэ култууратын туйгунабын. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Аан дойдутааҕы араас быыстапкаларга кыттабын. Үлэлэрим Кыргыстаан түмэллэригэр уонна чааһынай кэлиэксийэлэргэ бааллар.
- Аптарытыаттаах уонна ситиһиилэрдээх буолаҥҥын бу эппиэтинэстээх үлэҕэ сыһыардахтара дии. Сөбүлээн дьарыктанар ньымаҥ ханныгый?
- Маслянай живопиһы наһаа сөбүлүүбүн. Билигин саҥа акриловай кырааскалар кэллилэр. Холонон көрөбүн, сөбүлээтим. Маслянай живопись уруккуттан сайдыбыт көрүҥ, онтон акриловай саҥа хайысха, технология, сорох үлэлэри акриловай кыраасканан оҥорор ордук. Син биир маслянай живопиһынан уруһуйдуубун, бу көрүҥү уларыппаппын. Элбэх натюрмортары, пейзажтары сөбүлээн оҥорор этим. Билигин музейдарга улахан темалах хартыыналары суруйабын. Урут атыылыыр этим, билигин оннук интэриэһим суох. Мин устуоруйаҕа сыһыаннаах бөдөҥ хартыыналаары суруйуохпун баҕарабын, устуоруйаҕа киирэрин курдук. Икки сыллааҕыта Максим Кирович Аммосов мэтириэтин суруйаммын быыстапкаҕа кыттыбытым. Күһүн Кыргыстаан үбүлүөйдээх сылыгар быыстапкаҕа улахан форматынан кыттаары сылдьабын. Чаҕылхай Махсыым Казахстааны, Кыргыстааны өрө көтөхпүт сүдү киһи буоларын умнубаттарын курдук үлэни оҥороору гынабын.
- Аны кэргэниҥ үлэлэриттэн билиһиннэр эрэ.
- Кэргэним скульптор. Эппитим курдук, В.И.Суриков аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай худуоһустубаннай үнүстүүтү 1994 сыллаахха бүтэрбитэ. 1996 сылтан Кыргыстаан Өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ. КӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. Аскар Асанбекович бөдөҥ монументальнай үлэлэри оҥорор, нэһилиэктэргэ, Бишкеккэ элбэх үлэтэ баар. Сорохторо Г. Айтиев аатынан Кыргыстаан национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын түмэлигэр тураллар итиэннэ араас дойдуларга чааһынай кэлиэксийэлэргэ бааллар.Сүрүн үлэлэрэ: «Шабдан баатыр» монументальнай скульптура бааматынньыга, Ю.Абдрахманов бюст-бааматынньыга. Иккиэн Бишкеккэ тураллар. «Жайыл баатыр» бааматынньыга Кара-Балтаҕа баар. Кеминскэй оройуонугар Мемориальный комплекс оҥорбута.
- Интэриэһинэй эбит. Нюргуяна Николаевна, бүгүн биһиги пааркаҕа сылдьан, Петр Захаров «Якутка с чороном (Гостеприимство)» диэн үлэтин көрдүбүт. Чорооно уонна скульптура бэйэтэ хас да сиринэн эмтэрийбит. Кырдьыга, күн-дьыл ааһан ырааттаҕа даҕаны дии. Ону саҥардан, тупсаран биэриэххэ сөп эбитэ дуу?
- Таастан оҥоһуу, чөлүгэр түһүөн сөп буоллаҕа дии. Холобура, М. К. Аммосов бааматынньыгын кэргэним туругуттан көрөн оҥорон биэрэр. Ити Александр Николаевич Жирков сорудаҕынан. Саха диаспората тахсаммыт манна субуотунньуктуубут, ыраастыыбыт.
- Иннокентьевтар династияларын бэрэстэбиитэлэ, биллэр-көстөр худуоһунньук, Кыргыстаан сиригэр олохсуйан олорор дьон буоларгыт быһыытынан куорат салалтатын, култуура министиэристибэтин кытта ыкса үлэлээн, болҕомтоҕутун ууруоххут этэ диэн Кэбээйи улууһун дьонун аатыттан көрдөһөбүн. Бүгүн социальнай ситимнэринэн видео ыыппыппытын сахабыт дьоно сэргээтэ, интэриэһиргээтэ. Бишкеккэ кэлбит сахалар чаҕылхай Махсыым уонна саха дьахтарын скульптуратын көрөөрү бу пааркаҕа биһиги курдук кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Кыргыстаан сиригэр кэлэммит биһиги элбэҕи көрдүбүт, биллибит. Үтүө санаалаах, бэйэбитигэр майгынныыр аймахтыы норуот ортотугар дьоһуннаахтык олороргутуттан, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаргытыттан үөрэбит, өссө да ситиһиилэри баҕарабыт.
Сэһэргэстэ Ия ИМ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
Хаартыскалар Н. Иннокентьевна архыыбыттан.
-
Информация о материале
-
Ия Им
Ия Им
-
-
997