Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -7 oC

Саҥа дьыл буолара аҕыйах хонук хаалла. Төһө бэлэмнэнэн эрэҕит? Кэлэн иһэр сыл сахаларга Айыыһыт сыла буолар. Бары да кэриэтэ Кытай гороскобунан Дракон сылыгар бэлэмнэнэҕит эрээри, айыы үөрэҕин, төрүт үгэстэрбитин умнуо суохтаахпыт. Саха билиҥҥи халандаарынан, ааһан эрэ сыл Дьөһөгөй сыла эбит буоллаҕына, быйылгыбыт – Айыыһыт Хотун сылынан биллэр.

Саҥа дьыл буолара аҕыйах хонук хаалла. Төһө бэлэмнэнэн эрэҕит? Кэлэн иһэр сыл сахаларга Айыыһыт сыла буолар. Бары да кэриэтэ Кытай гороскобунан Дракон сылыгар бэлэмнэнэҕит эрээри, айыы үөрэҕин, төрүт үгэстэрбитин умнуо суохтаахпыт. Саха билиҥҥи халандаарынан, ааһан эрэ сыл Дьөһөгөй сыла эбит буоллаҕына, быйылгыбыт – Айыыһыт Хотун сылынан биллэр.

Холобур, кулун тутар 21 күнүгэр – ол аата сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр кэмигэр, сырдык баһыйан барар кэмигэр, – саха төрөөбүт күнэ диэн улахан туом ыытыллар. Онон саха төрөөбүт күнүн быһыытынан ааҕыллар.

Кут-сүр

Саха халандаарынан 2024 сыл бэлиэтэ – Айыыһыт Хотун. Айыыһыт дьиэ-кэргэн, таптал айыыта. Өбүгэ саҕаттан айыы үөрэҕин санатар буоллахха маннык. Айыы үөрэҕин саамай тирэх өйдөбүлэ кут уонна сүр диэн тылларга иҥэр. Бу икки тыл холбоһон  киһи духуобунай ис хоһоонун бэлиэтиир тылга кубулуйаллар. Кут-сүр диэн билиҥҥи өйдөбүлүнэн  киһи эйгэтин экологията диэн өйдөнөр. Ол курдук, кут диэн тыыннаах буолууну биэрэр күүс. Саха саныырынан от-мас, кыыллар, көтөрдөр бары куттаахтар.  Киһи үс куттаах – ийэ кут, буор кут уонна салгын кут. Ийэ куту Үрүҥ айыы биэрэр, ити кут үүнэн буор куттанан, салгыы салгын куттанан киһи буолар. Оттон сүр диэн олоҕу сүрүннүүр күүс. Сүр бу үс кут туругуттан тутулуктаах. Куттар чөл буоллахтарына сүр күүстээх.

94af65c8dc68412b9e3650cd5711

Айыылар

Этиллибитин курдук, айыыларбыт киһини-сүөһүнү, көтөрү-сүүрэри араҥаччылыыр, көрөр-истэр, өрүһүйэр аналлаахтар. Аан дойдуга туох буола турарын барытын билэллэр, көннөрөн, оҥорон, салайан биэрэллэр, ол гынан баран сөбүлээбэтэхтэринэ, кытаанах сокуоннарынан дьүүллүүллэр. Кинилэргэ сүгүрүйэн, араас сиэрдэри-туомнары толоруохтааххын. Ол иһин саха итэҕэлэ «айыы итэҕэлэ» диэн ааттанар.

Айыыһыты итэҕэйии киһи – аймах элбиирин, дьон – сэргэ, саха омук өлбөт – сүппэт инники кэскилин түһэ буолар. Итэҕэл диэн норуот олоҕу анаарар ураты көрүүтэ, кини сайдыытын туоһута. Итэҕэллээх эрэ буоллахха, ил – эйэ, көҥүл, дьоллоох – соргулаах олох чэчирии сайдар, кэрэ эйгэтэ кэҥиир диэччилэр. Итэҕэлэ, туохха эмит эрэлэ суох норуот диэн суох.

Айыыһыт сыла сахаларга туох-ханнык суолталааҕын, туох уларыйыылары аҕалыаҕын аныгы халандаарынан даҕаны, архыып матырыйаалларыгар суруллубутунан даҕаны сирдэттэххэ хайдах эбитин көрүөҕүҥ. Сылы ааҕыы үгэһин быһыытынан, билигин олорор кэммит: Олоҥхо бырамана (сир-халлаан үөскээһинин саҕанааҕыны итинник этэллэр), Эллэй үтүмэнэ – Эллэй кэлиэҕиттэн быһа холоон 1000 сыл, Нуучча кэмэ (Наступление Русского мира) – 400-чэ сыл, Дьөһөгөй мөһүлгэтэ – 1990 сылтан 2049 сылга диэри, Нус түгэнэ – 2013 сылтан 2025 сылга диэри, 2022 сылы ыллахха – Одун Хаан, 2023– Дьөһөгөй Тойон, оттон 2024 – Айыыһыт сыла диэн кэмҥэ-кэрдиигэ киирэбит.

Корякин И.И. Ый кыыha

Айыыһыт

Маҥнайгы халлааҥҥа  Айыыһыт олорор.  Айыыһыт -  таптал, ускуустуба таҥарата. Кини дьиэ-уот тэринэргэ туһаайар - оҕону үөскэтэр айыы. Киһини олоҕун устатын тухары араҥаччылыыр, олох очурдарын туоруурга күүс-кыах биэрэр аналлаах. Өбүгэлэрбит бу айыыны намыын мөссүөннээх, толору эттээх-сииннээх толуу-мааны дьахтар быһыытынан көрөллөр. Майгытынан эйэҕэс, ол гынан баран олус өһүргэс эбит. Дьоҥҥо өһүргэннэҕинэ, кыыһырдаҕына оҕо кутун биэрбэт. Ол алгыс тылыгар көстөр: «Инники да өттүгэр биһиги уорукпутун өҥөйөөр».

Олоҥхолорго Айыыһыт уонна Иэйиэхсит өрүү бииргэ ахтыллаллар, сорох алгыска ааттара тэҥник ааттаналлар. Онон Айыыһыт уонна Иэйиэхсит ийэ хотун биир өрүттээх таҥаралар буолан тахсаллар, Ахтар Айыыһыт, Иэйиэхсит, Дьөһөгөй, Ынахсыт, дойду иччитэ уонна кини оҕолоро бары аҕас – балыстар диэн өйдөбүл эмиэ баар. Бу Айыыһыттар бары үтүө санаалаах, эрдэрэ суох кыргыттар, дьахталлар уонна эмээхситтэр эбиттэрэ үһү.

Айыыһыт Хотун оҕо төрүүрүгэр кэлэр. Кини ыарахаттары этэҥҥэ туоруурга көмөлөһөр, төрөөбүт оҕону алҕыыр уонна оҕо төрөөбүтүн кэннэ дьиэлээхтэри үһүс күнүттэн хаалларар. Саха итэҕэлинэн, Айыыһыт Хотун күн тахсар сиригэр олорор. В.Л. Серошевскай суруйбутунан, Үрүҥ Айыылар сүрүн таҥаралара Айыыһыт Хотун буолар. ХХ үйэ саҕаланыар диэри сахаларга сиэри-туому тутуһуу ордук бу таҥараны кытта  сибээстээхтэрэ биллэр. Холобур,Каратаева С.Н. алгыһыгар Айыыһыт Хотун маннык хоһуйуллан ойууланар:

Оҕуруолаах сотолоох,

Дьэрэкээннээх дьилбэхтээх,

Киргиллээх киис саҥыйахтаах,

Yргэлээх үүс тыhа бэргэhэлээх,

Көйүүлээх ойбон саҕа

Көмүс чөрүгэй туоhахта,

Илин-кэлин кэбиhэрдээх.

Суолтата

Айыыһыт Хотун дьиэ-кэргэн, таптал айыыта. Кини сардаҥарар сырдык ньуурдаах, куруук күлэ-үөрэ сылдьар буолар. Айыыһыт хайыспыт сиригэр үөрүү олохсуйар, кини үктэммит сиригэр уйгу-быйаҥ түһэр.

Айылҕаны санатыыта

Киһи эр киһи буоллаҕына, кини аҥаара дьахтар буолуохтаах. Киһи дьахтар буоллаҕына, кини аҥаара эр киһи буолуохтаах. Оччоҕо толору буолар. Онон киһи этигэр-сиинигэр аҥаары көрдөөһүн имэҥин Айыылар биэрбиттэр. Ити имэҥ, Айыыһыт киирдэҕинэ, уһуктар. Айыыһыт киирэн киһиэхэ айылҕатын санатар, ол аата аҥаары көрдүүргэ күһэйэр.

Айыыһыт эр киһиэхэ Хороҥ Айыыһыт буолан киирэр, бөҕө-таҕа уолан киһи дьүһүннээх буолар. Айыыһыт кыыска Ньэлбэҥ Айыыһыт буолан киирэр, нарын кыыс буолан көстөр.

Таҥара кэмэ

Айыыһыт чугаһыыр кэмэ муус устар ый. Онон бу ый таптал, кэрэ ый буолар. Тапталы көрдөрүү араас ньымалара: кэрэтик таҥныы, туойсуу, хоһооннору айыы, үҥкүү – бу кэмҥэ күннүүр. Айыыһыт түһэр кэмигэр төрөөбүт оҕо ити сабыдыалы иҥэрэн улаатар. Айыыһыт маны таһынан таптаһар кэмнэргэ уонна дьахтар төрүүрүгэр түһэр. Ол дьыл кэмиттэн тутулуга суох. Айыы суола тоҕус кэрдиистээх, олортон бастакылара Айыыһыт кэрдииһэ буолар. Онон, дьиҥэр, Айыыһыт айыы суолун арыйыы төрдө буолар.

Хайдах көрсөбүт?

Айыыһыт диэн киһиэхэ саамай чугас Айыы. Ол иһин Айыыһыттаах арылы маҥан халлаан, Иэйиэхситтээх Илин халлаан диибит. Айыыһыт үтүөнэн сылдьар дьону көрөр-истэр, абырыыр, өрөһүйэр. Онон Саҥа дьыллааҕы сандалыга эттэн, балыктан араас бүлүүдэни ууруоххутун сөп. Бу Айыыһыт оҕо кутун Үрүҥ Айыы Тойон биэрбитин ылан, оҕону үөскэтэр. Онон Саҥа дьылы хампаанньанан ыла сатаамаҥ, ол оннугар дьиэҕит иһинэн, дьиэ кэргэҥҥитин, чугас дьоҥҥутун кытта чөкө олорон, сэмэйдик бэлиэтээҥ.

Киһи айылҕа айар күүһэ баарын билэр да, билбэт да буолбутун эбитин иһин, киһиттэн тутулуга суох баар уонна дьайар күүс. Бу күүс арҕаһыттан тэһииннээх диэн бэйэтин ааттанар саха киһитин олоххо тутуһар тулаһата, сап саҕаттан салҕанар дьылҕатын ситимин эйгэтэ. Маннык Айыыһыт эйгэтигэр дьүөрэлээх олоҕун дьаһанар киһини Айыыһыта арчылыыр, араҥаччылыыр, олоҕун устата аргыстаһан олох очурдарын сиэрдээхтик туорууругар күүс-кыах биэрэр. Айыыһыт үөрэҕин ис хоһооно дириҥ уонна дьоллоохтук, соргулаахтык, Айыыһыты кэлэппэккэ олорорго ис сүрэхтэн баҕаран туран ылынар киһиэхэ күүстээх сырдык сүргэни иҥэрэр.

Алгыһа

Дьээ-буо!

Ичигэс тыыҥҥынан билин,

Эйэҕэс хараххынан көр,

Уҕараабат уоххун аҕал,

Сүрэхпин сылаанньыт.

Дом!

  • 7
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением