Бу ССРС-ка ыччаты иитиигэ аналлаах саамай бөдөҥ уонна көдьүүстээх үлэлээх уопсастыбаннай тэрилтэ буолара. Билиҥҥи ыччат төрөппүттэрэ, аҕа көлүөнэ дьон бары даҕаны Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун (ЫБСЛКС) чилиэттэрэ этилэр. Комсомолга 14 сааһын туолбут оҕоттон саҕалаан, ЫБСЛКС Устаабын билэр уонна ону тутуһарга бэлэм ыччат ылыллара. Комсомолецтар түөстэригэр пролетариат сирдьитэ В.И.Ленин төбөлөөх комсомольскай значоктаах буолаллара.
Комсомолецтар судаарыстыба тутула, экономиката, култуурата уонна дойду нэһилиэнньэтин олоҕун уйгута бары өртүнэн сайдыытыгар, ССРС-ка социализмы тутууга сүдү оруоллаахтара. Гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр геройдуу охсуспуттара. Дойду туох баар баараҕай тутуулара кинилэр күүстэринэн барара.
Комсомол бэйэтин чилиэннэрин, ыччаты дойдуга ытыктабыл, таптал, бэриниилээх буолуу уонна доҕордоһуу тыыныгар иитэрэ. Ол кэмнэрдээҕи комсомолецтар оччотооҕу иитиилэрин сабыдыалынан, бүгүн даҕаны бары эйгэҕэ үлэ-хамнас үөһүгэр инники кирбиигэ сылдьаллар, үтүө суобастаахтык уонна таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр иитиллибит комсомольскай тэрилтэлэрин туһунан үтүө өйдөбүлү сүрэхтэригэр куруук иҥэринэн сылдьаллар, мэлдьитин махтаналлар, ахталлар-саныыллар.
Биир оннук киһинэн мин дьүөгэм, ГУП ДьУоКХ «Коммунтеплосбыт» филиалын Уус Алданнааҕы учаастагын начаалынньыга Любовь Семеновна Сивцева буолар. Кини эдэр сааһыгар «Дүпсүн» сопхуоска босхоломмут комсомольскай сэкирэтээринэн, ЫБСЛКС оройуоннааҕы кэмитиэтигэр учуот секторын сэбиэдиссэйинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Оччотооҕу Уус Алдан ыччатын биир чаҕылхай лиидэрэ этэ. Ол да иһин бэйэтин эдэр сааһын «суолдьут сулуһун» - комсомолун - ытыктыырын, киниэхэ махтанар бэлиэтин комсомолга аналлаах бэртээхэй коллекциятынан көрдөрөр.
Любовь Семеновна мунньуунан үлүһүйбүтэ, дьарыктаммыта балачча буолла. Коллекционердар улуустааҕы «Умсулҕан» кулууптарын көхтөөх чилиэнэ. Сүрүннээн комсомол уонна Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин туһунан үгүс матырыйааллардаах: значоктары, открыткалары уонна кинигэлэри мунньар. Тоҕо диэтэххэ, кини бэйэтэ ийэ, эбэ буолан туран, ыччаттарга аҕа көлүөнэ дьон, чуолаан, хос-хос эһэлэриттэн эбэлэригэр тиийэ олорбут олохторун уонна дойдуларын историятын билиэхтээхтэр диэн бириинсиптээх.
Ол да иһин бу коллекциятын оскуола оҕолоругар, ыччакка уонна нэһилиэнньэҕэ көрдөрөр, кэпсиир. Онуоха үөрэнээччилэр интэриэстэрин тартаҕына, оҕолор сэҥээрдэхтэринэ олус үөрэр уонна эдэр көлүөнэ историяны билэригэр туһалаах дьыаланы оҥорорун өссө төгүл итэҕэйэр.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0