Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэрэсидьиэн дуоһунаһа 1992 сыллаахха ылыллыбыт саҥа Төрүт сокуоммутугар быһаарыллан бэриллибитэ. Бэрэсидьиэн, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ Көнүстүүссүйэтин, киһи уонна кырасданьыын быраабын уонна көҥүлүн мэктиэһитэ буолар. Ити бэрэсидьиэҥҥэ киэҥ быраабы биэрэр.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэрэсидьиэн дуоһунаһа 1992 сыллаахха ылыллыбыт саҥа Төрүт сокуоммутугар быһаарыллан бэриллибитэ. Бэрэсидьиэн, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ Көнүстүүссүйэтин, киһи уонна кырасданьыын быраабын уонна көҥүлүн мэктиэһитэ буолар. Ити бэрэсидьиэҥҥэ киэҥ быраабы биэрэр.

Кини Көнүстүүссүйэ буукубатынан эрэ салайтаран буолбакка, өссө дириҥ өйдөбүлүттэн тирэнэн, быраап систиэмэтигэр көрсүллэр көтүтүүлэри толорон, бэйэтин көрүүтүнэн дьаһанарыгар кыаҕы үөскэтэр. Ол курдук, Көнүстүүссүйэнэн көрүллүбэтэх олоххо тахсыталыыр арааһынай быһыыга-майгыга эппиэттээн, бэрэсидьиэн судаарыстыбаннай сүбэринитиэккэ уонна сир-уот биир кэлим буолуутугар, өрөспүүбүлүкэ сокуоннарын уонна Көнүстүүссүйэтин тутуһууга, ылыныллыбыт судаарыстыбалар уонна өрөспүүбүлүкэлэр икки ардыларынааҕы эбэһээтилистибэлэргэ мэктиэһит быһыытынан ылыныллар. Бэрэсидьиэҥҥэ  Көнүстүүссүйэ мэктиэтин функциятын биэрии, кини судаарыстыба баһылыгынан буоларын сабаҕалыыр. Судаарыстыба баһылыгын анал туруга,  бэрэсидьиэн былаас уорганнарын систиэмэтигэр ураты миэстэлээҕин уонна кини былаас ханнык да салаатыгар быһаччы киирбэтин туоһулуур. Ол эрээри бэрэсидьиэн былааһа атын былаастары үрдүлэринэн сылдьыбат. Көнүстүүссүйэҕэ былаастар хардарыта сыһыаннарын сүрүннүүргэ туһаайыллыбыт кыатаныы, туттунуу наадалаах систиэмэтэ угуллан сылдьар.

николаев фото

М.Е.Николаев 1991 сыл ахсынньытыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар олорбута. Бу гынан баран, кини 1990 сыл муус устар 25 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар талыллаат, дьиҥнээҕинэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга буолбута. Онон судаарыстыбаннай сүбэринитиэт олохтонуута быһаччы кини аатын кытта сибээстэнэрэ үчүгэйдик быһаарыллар уонна өйдөнөр. Бэрэсидьиэн уопсастыбаннай өйү-санааны букатын билиммэт буолар туһа суох, тоҕо диэтэххэ, судаарыстыба талбыт кууруһун кыраасданнар баһыйар үгүстэрэ өйүөх тустаахтар. Онон бэлитиичэскэй быһаарыылары ылынарга уопсастыбаннай өй-санаа булгуччу учуоттанар.

Манна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр анаан ыытыллыбыт, Арассыыйа уонна СӨ бэрэсидьиэннэрин үлэлэрин-хамнастарын таарыйар социологическай ыйытык дааннайдара интэриэһинэйдэр. 1992 сыллаахха, сүбэринитиэт олоххо киирэр бастакы кэмигэр, бэрэсидьиэн М.Е.Николаев кууруһун өйөөччүлэр, чуолаан нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин боппуруоһугар, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Б.Н.Ельцинтэн балтараа-икки төгүл элбэх этилэр. Маныаха өссө биир интэриэһинэй түгэн көстөн тахсыбыта: уопсастыбаннай санаа судаарыстыбаҕа, кини былаастаах устуруктуураларыгар уонна үнүстүүттэригэр сирэйдээн, итэҕэйбэтин туоһулаабыта. Ол оннугар бэрэсидьиэҥҥэ, ол эбэтэр  дьиҥнээҕинэн судаарыстыба баһылыгар итэҕэйэрин биллэрбитэ.

ельцин фото

1994 сыл алтынньытыгар өрөспүүбүлүкэбит бөдөҥ бырамыысыланнай куората Нерюнгрига ыытыллыбыт федерализм уонна судаарыстыбаннас  кыһалҕаларыгар социологическай чинчийиигэ, Арассыыйа уонна СӨ бэрэсидьиэннэрин үлэлэрин-хамнастарын сыанабылыгар сыһыаран, ыйытык бэриллибит эбит. Ыйытыкка кыттыбыттартан РФ Бэрэсидьиэнэ ыытар кууруһун уонна бэлиитикэтин 26,6%-ра өйөөбүт, СӨ Бэрэсидьиэнин өйөөччү – 63,3%-ҥа тэҥнэспит. Арассыыйа 90-с сыллардааҕы иэдээннээх социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатын туһунан тугу эмэ этэ барар да наадата суох. Барыта биллэр уонна өйдөнөр. Сахабыт сиригэр хаһан да көһүтүллүбэтэх араас ыарахаттар төһө да ааҥнаабыттарын иһин, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин үчүгэйдик толкуйдаммыт социальнай уонна национальнай бэлиитикэтин түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоҕор өйгө-санааҕа олорон хаалар түктэри куһаҕан түбэлтэ тахсыбатаҕа. Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлэ суох хаалан хаалбатаҕа.

Судаарыстыбаннай сүбэринитиэт туһунан Дэкилэрээссийэ өрөспүүбүлүкэ позициятын, федеральнай былаастарга сыһыаннаан, олох чуолкайдык быһаарбыта – Арассыыйа судаарыстыбатын биир кэлим гео-бэлитиичэскэй сирин-уотун харыстааһыҥҥа дьулуһуу, дьиҥнээх федерацияны төрүттээтэххэ эрэ уонна, Дуогабар төрүтүгэр, судаарыстыбаннай былаас федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэлэрдээҕи уорганнарын икки ардыларыгар боломуочуйалары чуолкайдык тыырсыы эрэ түмүгэр ситиһиллиэҕин. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ маннык позицияттан тирэнэн, атын субьектары кытта бииргэ,  Федеративнай дуогабары суһаллык түһэрсии иһин күүстээхтик туруммута.

1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр илии баттаммыт Федеративнай дуогабар үс араас докумуонтан турара. Олортон хас биирдиилэрэ федерация  субьектарын туһааннаах категорияларын уонна федеральнай бырабыыталыстыбаны кытта сыһыаны олохтууллара. Федеративнай дуогабарынан олохтоммут субьектар үс тииптэрэ 1) РФ састаабыгар сүбэриэннэй өрөспүүбүлүкэлэр; 2) кыраайдар, уобаластар уонна федеральнай баһылатыылаах куораттар (Москва уонна Санкт-Петербург); 3)аптаныамынай уобаластар уонна уокуруктар. Сүбэриэннэй өрөспүүбүлүкэлэргэ Федеративнай дуогабарга илии баттаһыы төлкөнү быһаарар  суолтата маннык түгэннэргэ дьэҥкэрэн кэлэрэ: 1)Федеративнай дуогабар аан бастаан өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай сүбэринитиэттэрин саарбахтааһына суох билиммитэ; өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбанан ааттанар бырааптарын уонна судаарыстыбаннас атрибуттарын (былааҕы, Көнүстүүссүйэни, парламены, бэрэсидьиэни) хаалларбыта; манан, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин норуоттарын устуоруйатыгар, үгэстэригэр, култуураларыгар, тылларыгар уонна национальнай дьоһууннарыгар убаастабылы көрдөрбүтэ. 2) Федеративнай дуогабар өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар баар айылҕа ресурсаларын бас билэр бырааптарын билиммитэ, итинэн наассыйалар уонна норуодунастар олорор эйгэлэрин састаабыгар киирсэр баайы-дуолу баһылыыр, туһанар уонна дьаһайар бырааптарын чөлүгэр түһэрбитэ; 3) Федеративнай дуогабар наассыйалар бэйэлэрин бэйэлэрэ бас билинэр бырааптарыттан сиэттэрэн уонна биир кэлим судаарыстыбаҕа өрөспүүбүлүкэлэр сайдыыларын национальнай уратыларын учуоттаан, саҥа федерацияны ситэрэн тэрийии национальнай-судаарыстыбаннай бириинсибин бигэргэппитэ; 4) Федеративнай дуогабар өрөспүүбүлүкэлэр үтүө көҥүллэринэн кииҥҥэ бэриллибит боломуочуйаларыттан ураты, бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар былаас толору көрүҥүнэн туһаналларын билиммитэ.

Федеративнай дуогабар историческай суолтатын сыаналыырга тыл ситэри тиийбэт. Арассыыйа территорията үрэллиитин бу дуогабар тохтоппута, Арассыыйа Федерациятын биир кэлим судаарыстыба быһыытынан оннунан хаалларбыта. Федеративнай дуогабар саҥаны киллэрэр идиэйэлэрэ Арассыыйа судаарыстыбаннаһа цивилизациялаах сайдыы суолугар үктэнэригэр ааны аһан биэрэр күлүүһүнэн буолбута. Федеративнай дуогабар аан бастакытын, өрөспүүбүлкэлэри кытта бииргэ, эрэгийиэннэринэн (кыраайдарынан, уобаластарынан) илии баттаммыт чахчыта бириинсиптээх төрүттээх этэ. Итинник түгэн федерация айылгытын төрдүттэн уларыппыта, ол иннинэ федерация субьектарын букатын даҕаны болҕомтоҕо ылбат этилэр. РФ субьектарын уопсай ахсааннара урукку өттүгэр 32 эбит буоллаҕына, ол үс төгүл кэриҥэ элбээн, 89 эдинииссэҕэ тэҥнэспитэ. Маннык майгынан, РФ субьектарын састаабын туһунан боппуруос концептуальнайдык быһаарыллыбыта. Субьектартан хас биирдиилэрэ бэйэтин устуоруйатыгар, култуурунай уонна национальнай-этническэй балаһыанньатыгар сөп түбэһиннэрэн, бэйэтин судаарыстыбаннай-правовой ыстаатыһын сокуоҥҥа олоҕурдар.

Федеративнай дуогабар баар сокуонунан үөскүүр сүүнэ суолталаах обьективнай историческай процесс салҕанан барыытын курдук ылыныллыбыта.

федерация фото

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Федеративнай дуогабары бастакынан илии баттаан туран, Арассыыйа Федерациятын састаабыгар сүбэриэннэй судаарыстыба быһыытынан киирэрин биллэрбит Көнүстүүссүйэтин ылыммыта. 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр күүһүгэр киирбит саҥа Көнүстүүссүйэни ылыныы сүбэриэннэй өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар уһулуччу дьоһун суолталаах дьиҥ историческай кэрдиис кэминэн буолбута. Судаарыстыбаннай сүбэринитиэт туһунан Дэкилэрээссийэ төрүтү уурар бириинсиптэрэ көнүстүүссүйэлээх нуорманан буолбуттара. Саҥа Көнүстүүссүйэ хойуккутун буолуохтаах уларыйыыларга төрүтү уурбута, саҥа Саха сирин тутуу правовой баазатын үөскэппитэ.

Судаарыстыбаннай сүбэринитиэт туһунан Дэкилэрээссийэни бигэргэтиини сэргэ, Үрдүкү Сэбиэт ол историческай күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ саҥа Көнүстүүссүйэтин бырайыагын бэлэмнээһиҥҥэ көнүстүүссүйэлээх хамыыһыйаны тэрийэр туһунан уурааҕы ылыммыта. Хамыыһыйа үлэтин саҕалаатын, кыраасданнартан уонна уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй холбоһуктартан, түмсүүлэртэн, тэрилтэлэртэн элбэх этиилэр, бэл көнүстүүссүйэлэр бырайыактара кииртэлээн барбыттара.

Таатта оройуонунааҕы «Саха омук» уопсастыба бөлөҕүн 1990 сыл  алтынньы 25 күнүнээҕи кэмпириэнсийэтигэр бигэргэтиллибит 71 ыстатыйаттан уонна 11 разделтан турар бырайыагар, өрөспүүбүлүкэ тутулуга суох судаарыстыбанан биллэриллэрин туһунан, саха тыла судаарыстыбаннай тылынан, оттон нуучча тылыгар официальнай ыстаатыһы биллэрэр туһунан этиллибитэ. Бу бырайыакка өссө икки палааталаах парламент туһунан этиллэрэ. СГУ доцена Е.Е.Алексеев 7 разделтан уонна 38 ыстатыйаттан турар бырайыагар «өрөспүүбүлүкэҕэ симэлитии бэлиитикэтин туормастааһын» туһунан модьуйуу киирбитэ. Лиичинэс быраабыгар уонна кырасдааныстыба уустуктарыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар туһуттан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин этносоциальнай ыстаатыһынан 6 категорияҕа араартыырга этии киллэрбитэ. Маны таһынан, бырайыакка бэрэсидьиэн салайыытын киллэрии, былаас олохтоох уорганнарын салайааччыларын быыбарын туһунан, о.д.а. этиилэр киирбит этилэр.

Терентий Ермолаев,

устуоруйа наукатын хандьытаата,

ГЧИ наукаҕа үлэһитэ.

«СӨ судаарыстыбаннаһа олохтонуута уонна сайдыыта» монография

Прокопий ИВАНОВ бэчээккэ бэлэмнээтэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением