Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -18 oC

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Тараҕай нэһилиэгиттэн 168 киһи барбытыттан 85 эрэ киһи эргиллибитэ. Үгүстэрэ төһө да инбэлиит буолан кэллэллэр, норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Тараҕай нэһилиэгиттэн 168 киһи барбытыттан 85 эрэ киһи эргиллибитэ. Үгүстэрэ төһө да инбэлиит буолан кэллэллэр, норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Аҕата бастыҥ сылгыһыт,

эдьиийэ бастакы хомсомуолка

Мин бүгүн учууталым Николай Николаевич Аргунов туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини 1918 с. күһүн Тараҕай нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Ийэтэ Анфиса Гаврильевна иккис оҕотун, Николайы, төрөтөн баран өр буолбатах, ыалдьан өлбүт.

Аҕата Николай Петрович Аргунов-Микиэйэп холкуос бастыҥ сылгыһыта этэ. 1952, 1953 сыллар түмүктэринэн, биэттэн 96 % төрүөҕү ылан, биир да сылгыны энчирэппэккэ 96 % иитэн, 1954 с. Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыбыта.

Аргунов_отец.jpg

Ийэлэрэ өлбүтүн кэннэ Николайы уонна Фекланы эбэлэрэ көрбүт. Фекла нэһилиэк биир бастакы хомсомуолката буолар. Дьокуускайдааҕы педтехникуму 1935 с. бүтэрэн, учууталлаабыта, 1953--1963 сс. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин кэнсэлээрийэтин салайбыта. Кэргэнэ Роман Гаврильевич Васильев өрөспүүбүлүкэ таһымынан салайар үлэҕэ сылдьыбыт үтүөкэн киһи этэ.

Николай Бүтэйдээх сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайга сибээс техникумугар үөрэнэ киирбитэ.

Инники кирбиитэ

Сибээс техникумугар үөрэнэ сылдьан, 1940 с. күһүн Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Читаҕа тутуу батальонугар сулууспалаабыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмытыгар, Омскайдааҕы байыаннай пехотнай училищены түргэтиллибит бырагырааманан бүтэрэн, младшай лейтенант званиетын ылбыта. 1006 %-дээх стрелковай полк үһүс батальонун бастакы ротатыгар взвод хамандыырынан анаммыта. Николай Николаевич  1966 сыллаахха сэтинньигэ маннык кэпсээбитэ:

– Биһиги 1942 сыл сэтинньи 7 күнүгэр Дон өрүс анныгар турабыт. Эргиччи сэрии тыаһа ньиргийэр. Күһүҥҥү хасхаат тыал синиэлбитин курдат үрэр. Эйэлээх кэмнээҕи үгэспитинэн, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин 25 сылын бэлиэтииргэ сананан, плакат суруйан миитиҥҥэ бэлэмнэнэбит. Мин дойдубун саныыбын, билигин Табаҕаҕа оскуола оҕолоро мустан миитиннээн эрдэхтэрэ. Холкуостаахтар бу күҥҥэ өрөөбүттэрэ буолуо дуо? Онно да сэрии тыына биллэн эрдэҕэ. Биһиэхэ бырааһынньыктыыр түгэн тиксибэтэҕэ. «Сотору иннибит диэки барабыт, хомунуҥ» диэн буолбута. Түргэн маршынан Доннааҕы-Ростов анныгар быраҕыллыбыппыт, – диэн.

Ити курдук инники кирбиигэ сылдьан, младшай лейтенант Николай Аргунов ынырыктаах хаан тохтуулаах кыргыһыыларга взводун атаакаҕа киллэртиирэ.

Арг_--_2.jpg

18 оскуолак!

Ахсынньы 18 күнүгэр өстөөх оборуонатын инники кирбиитин ыларга бирикээс кэлбитэ. Взводун хамаандалаан кимэн киирэн испиттэрэ. Өстөөх хара бастакыттан суоһарыылаах уоту аспыта. Буулдьа тыаһа чуп-чубугурас этэ. Байыастар элбэх сүтүгүнэн өстөөх окуопатын ылбыттара. Өссө инники сыҕарыйаары, взводун бэрэбиэркэлии, дьонун ситиһиннэрэ турдаҕына, үрдүнэн снаряд тыаһа иһиирэн эрэрэ баара да... Өйдөнөн кэлбитэ, үрдүгэр сулустар кыыспыттар, харахтара бэйэтин истибэт курдуктар, халтаһалара ыараан сабылла тураллар. Атахтарын, илиилэрин хамсатыах буолбута, барыта ыбыс-ыарахан, туох эрэ хам баттыырга, ыбылы тутарга дылы. Өндөйүөх буолбута, төбөтө «чуҥ» гынар, эмиэ өйүн сүтэрэр. Төһө өр сыппыта биллибэт. Хараҕын аспыта, сулустара бааллар, сэрии дорҕооно ханан эрэ кэлэргэ дылы. Кулгааҕа куугунас. Ким эмит баара буолаарай диэн, күүһүн түмүнэн: «Ребята!» – диэн хаһыытаата да, онтуката ынчык эрэ курдук иһилиннэ. Хата, аттыгар көмөлөһөөччүтүн саҥата: «Товарищ командир, я здесь!» -- диирэ иһилиннэ. Үксүн көтөхтөрөн-сүктэрэн, кэнникинэн өйөтөн хааман, халлаан сырдыыта санчааһы булбута.

Эмчиттэр аахпыттара 18 оскуолак таппыт, онтон түөрдэ төбөтүгэр түспүт! Биилигэр, илиитигэр баастардаах, эбиитин улахан контузия ылбыт. Хайдах тыыннаах ордубутун эпэрээссийэлээбит быраастар бэйэлэрэ сөхпүттэрэ. Кыл саҕаттан ордуу диэн итини этэр буоллахтара. Мин учууталым бойобуой сырыыларыттан биир кылгас түгэни аҕынным.

Николай Николаевич госпиталга сыл кэриҥэ эмтэммитэ. 1943 с. бүтүүтүгэр Харьков уобалаһын Двуреченскай оройуонун байанкамаатыгар инструкторынан ананан үлэлээбитэ. 1945 с. саас демобилизацияламмыта. Ыам ыйын 8 күнүгэр ахтылҕаннаах дойдутугар, Табаҕаҕа, кэлбитэ.

Аргунов_с_женой.jpg

15 сыл учууталлаабыта

Бастаан Дьокуускайга араадьыйа кэмитиэтигэр үлэлээбитэ. Физкултуура учууталларын анал куурустарын бүтэрэн, Ытык Күөл орто оскуолатыгар учууталлаабыта, онтон дойдутугар кэлэн, Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үлэлээбитэ.

Мин оскуолаҕа 1954 с. киирбитим. Николай Николаевич физкултуура уонна уруһуй уруоктарыгар үөрэппитэ. Бастаан көрөөт, бэркэ саллыбытым. Хайдах эрэ учууталлартан таһыччы атын, ураты этэ: сып-сап курдук түргэн-тарҕан туттунуулааҕа, көбүс-көнөтүк туттан хаамара, айылҕаттан айдарыллыбыт хамандыыр курдуга. Барыбытыгар биир тэҥ үчүгэй сыһыаннааҕа. Оҕо чэгиэн-чэбдик буоларын туһугар дьаныардаахтык үлэлиир учуутал этэ. Сарсыарда аайы сылаас кэмҥэ таһырдьа, халлаан тымныйдаҕына дьиэ иһигэр сэрээккэ оҥоттороро.

Оскуолабыт спортивнай снарядтарынан үчүгэй хааччыллыылааҕа. Сыанаҕа турник, көрүдүөргэ «козел», «ат», гимнастическай бэрэбинэ, үөһэ кольцо, тардынан тахсар мас, ханаат, эркиҥҥэ кирилиэс бааллара. Дьэ, ити снарядтары туһанан үөрэтэрэ. Үрдүкү кылаас уолаттара турникка, кольцоҕа араас уустук хамсаныылары оҥороллоро. Кэлин штангаҕа спорт маастара буолбут Михаил Скрябин, артыыс Федор Колесов турникка «күнү» оҥороллоро, кольцоҕа аатырбыт гимнаст Азарян эрчиллиилэрин хатылааччылар бааллара. Оо, ити сылларга гимнастика этюдтарын оҥоруу олус күүскэ сайдыбыта, оннооҕор кэнсиэртэргэ нүөмэр быһыытынан киллэрэллэрэ. Учууталбыт биллэн турар, хабылык уонна хаамыска курдук саха төрүт оонньуутугар эмиэ үөрэтэрэ.

Хайыһарга, тустууга, чэпчэки атлетикаҕа утумнаахтык дьарыктыыра. Оройуоннааҕы күрэхтэһиилэргэ Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатын хамаандата куруутун кыттара. Биир саас Төҥүлү оскуолатын кэннигэр хаалларан, Майа оскуолатын кэнниттэн оройуоҥҥа иккис миэстэни ылан турардаах. Бу фронтовик-учуутал Николай Аргунов дьулуурдаах үлэтин түмүгэ этэ. Тустууга дьарыктаабыт уолаттарыттан Дмитрий Негнюров, Николай Старостин, Вацлав Марков биллэр-көстөр ситиһиилэммиттэрэ.

Николай Николаевич иитэр-үөрэтэр үлэҕэ олоҕун 15 сылын анаабыта. 1961--1973 сс. эт-үүт оройуоннааҕы кэмбинээтин Табаҕатааҕы тутар пуунугар үлэлээбитэ. «Коммунистическай үлэ ударнига» буолбута, хаартыската оройуоннааҕы «Бочуот дуоскатыгар» тахсыбыта. Сэриигэ ылбыт баастара көбөн, ордук контузията охсон кулгааҕынан истэрэ мөлтөөбүтэ, сүрэҕэ ыалдьар буолбута, онон кэлин кыладыапсыктаабыта.

Аргунов_с_Валерианом.jpg

Утум салҕанар

«Хорсунун иһин» мэтээл кавалера, 18 оскуолагы инчэҕэй этигэр ылбыт учууталым барахсан 1976 сыл кулун тутар 22 күнүгэр, баара-суоҕа 58 сааһыгар олохтон туораабыта.

Николай Николаевич оҕолоругар: «Эһиги дьолгут тардан, тыыннаах ордубутум», – диир эбит. Кини кэргэнэ Мотрена Егоровна саха дьиҥнээх Далбар хотуна этэ. Нэһилиэккэ биир бастакынан Дьоруой Ийэ үрдүк аатын ылбыта. Мин кинилэр улахан кыыстара Анфисаны кытта оскуолаҕа бииргэ үөрэммитим. Аргуновтар бары үөрэххэ, успуорка олус дьоҕурдаах, үчүгэй иитиилээх, туруу үлэһит оҕолор этилэр.

Билигин учууталым аҕыс оҕото баар. Кини утумун 16 сиэн, 23 хос сиэн салгыыллар. Аҕалара, эһэлэрэ хорсуннук сэриилэспитин умнубаттар. Саас аайы Кыайыы күнүн параадыгар кини хаартыскатын тутан, «Өлбөт үйэлээх полк» кэккэтигэр хаамаллар.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Саҥа мастарыскыайдар

Таатта улууһун Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар…
07.11.24 19:33