Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Спорду сэргиир, спордунан дьарыктанар эрэ буолбакка оннук хамсааһыны тэрийээччи, салайааччы дьоннордоохпутунан киэн туттабыт. Бүгүҥҥү кэпсээним Кондратьев Руслан Николаевич - эрэллээх кэргэн, абыраллаах аҕа, эйэҕэс эһээ, астык атас, үчүгэйкээн доҕор туһунан буолуо.

Спорду сэргиир, спордунан дьарыктанар эрэ буолбакка оннук хамсааһыны тэрийээччи, салайааччы дьоннордоохпутунан киэн туттабыт. Бүгүҥҥү кэпсээним Кондратьев Руслан Николаевич - эрэллээх кэргэн, абыраллаах аҕа, эйэҕэс эһээ, астык атас, үчүгэйкээн доҕор туһунан буолуо.

Руслан Николаевич оскуола эрдэхтэн бэйэтин кыанар, дэгиттэр спортсмен буоларын ааһан, түмэр, сомоҕолуур талааннаах. Оччолорго физкультура уруоктарын, ону таһынан дьарыктары олбуордарынан, зоналарынан хоккейга тиийэ дьарыктаналлар этэ. Онно каток оҥоруута, волейбольнай площадкаларга остуолба туруоруута, сетка ыйааһына, мээчик булуута - дьэ манна сүүрээччи-көтөөччү дьоннортон биирдэстэрэ Руслан Николаевич буолара.

Кэлин дойдуга ыһыллыы-тоҕуллуу, мунуу-тэнии кэмигэр муҥатыйа олорбокко, аҥардас күүстээх баҕа санаа кынатыгар олорсон, бэйэтэ үбүлээн тэрийбит күрэхтэрэ аҕыйаҕа суох. Холобура, хас да сыл ''Сайылык оҕолоро'* диэн тэрээһини тэрийиэххэ диэбитин олохтоох дьаһалта өйөөн, сэргэхсийиини, түмсүүнү, сомоҕолоһууну аҕалбыттара. Сыал ытыыта, волейбол, канат тардыһыыта, ''Бэһиэлэй эстафета'' ыытыллан урукку сопхуос эрдэҕинээҕини санаан үөрбүт, сэргэхсийбит, мэктиэтигэр эдэрдэригэр түспүт биир дойдулаахтарбытын көрөр үчүгэй да этэ.

Аны туран, саха норуотун ''Мас тардыһыыта'* диэн көрүҥэ аан дойду таһымыгар тахсарыгар улахан өҥөлөөх. Биллэн туран ол үлэ Хатастан саҕаламмыта. Бэйэтин массыынатынан таһан, бириис олохтоон, бэйэ оҥоһуута тренажердары оҥорсон этэргэ дылы күүстээх хамсаныылары оҥортообута. Манна кини эйэҕэс-сайаҕас, кэпсэтинньэҥ-ипсэтинньэҥ, киһини тылыгар киллэримтиэ буолан, кини тула биир санаалаахтара элбэхтэрин бэлиэтиэххэ наада. Кини бэйэтэ эмиэ сайдан-үүнэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах судьуйаҕа тиийэ үүммүтэ.

Руслан Николаевич дьиэ-кэргэҥҥэ чөл турук, өйдөһүү-өйөһүү, былааннааһын-барыллааһын баар буоллаҕына үп - харчы эрэ өттүнэн буолбакка өй-санаа өттүнэн сайдыы-үүнүү, инники хардыы баар буоларын этинэн-хаанынан билэр. Бэйэтин дьиэ - кэргэнин ааһан аймах-билэ дьонугар тирэх буолар.

Хатас сонуннарыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением