Икки этээстээх комплекс барыта 2,8 тыһ кв. м иэннээх. Манна трибуналаах, 400 киһи киирэр саала уонна уус-уран гимнастикаҕа, боксаҕа дьарыктанар саалалар бааллар. Тиэргэнигэр сынньанар зона, спорт былаһаакката уонна массыыналар турар сирдэрэ оҥоһуллуохтара.
Спорт комплекса Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн оҥоһуллубут «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй култуураны уонна спорду сайыннарыы» хос бырагырааманан, «2017-2032 сс. Дьокуускай куорат социальнай инфраструктуратын кэлим сайыннарыы» муниципальнай бырагырааманан, Дьокуускай куорат 77-с кыбаарталыгар тутуллар. Тутуу учаастагын начальнига Валерий Прохоров иһитиннэрбитинэн, эбийиэк 70 %-а бэлэм, билигин ис үлэтэ ыытыллар эбит. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0