Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

«Ыал буолар дьону оҕо кута холбооттуур» диэн саха билэр бигэ билиитэ баар. Аныгы сахаларга дьоллоох оҕо тапталтан төрүүр диэн буолар, ол эбэтэр тапталтан дьоллоох оҕо төрүүр дэнэр. Дьиҥэр саха төрүт өйдөбүлэ таптал буолбакка, Анал дэнэр. Уол оҕо, эр киһи Аналын булан ыал буолар, оттон кыыс оҕо Аналын күүтэр. Ыал дьон олоҕун доҕордуу сыһыан бигэтик тутар, кэргэнниилэр, эр-ойох икки бэйэ бэйэлэрин «Доҕоор!» - дэһэллэр.

«Ыал буолар дьону оҕо кута холбооттуур» диэн саха билэр бигэ билиитэ баар. Аныгы сахаларга дьоллоох оҕо тапталтан төрүүр диэн буолар, ол эбэтэр тапталтан дьоллоох оҕо төрүүр дэнэр. Дьиҥэр саха төрүт өйдөбүлэ таптал буолбакка, Анал дэнэр. Уол оҕо, эр киһи Аналын булан ыал буолар, оттон кыыс оҕо Аналын күүтэр. Ыал дьон олоҕун доҕордуу сыһыан бигэтик тутар, кэргэнниилэр, эр-ойох икки бэйэ бэйэлэрин «Доҕоор!» - дэһэллэр.

«Кыыс оҕо олох төрдө – ийэ буолар аналлаах» – бу саха өһүн хоһооно, саха кыыс оҕону киһи оҥорор үөрэҕин сүрүн өйө, идиэйэтэ.

Бу өй иккис быстыспат салаата, аҥаара «Уол оҕо олох ууһа – аҕа буолар аналлаах» диир өс хоһооно.

Оттон бу икки өс хоһоонун холбуу тутар тутаах этии: «Оҕо – олох дьоло, ыал ымыыта».

Салгыы иэримэ дьиэ эйгэтигэр киирдэххэ, алаһа дьиэ айылгытын арыйдахха, аал уокка ыксаластахха: «Оҕолоох ыалтан уот иччитэ үөрэр».

Оҕо туһунан маннык этиилэр ыал сэһэнин сүнньүн тута сылдьаллар.

Оҕону киһи оҥорор үөрэх сүнньүн тутааҕа үстэр – кэм-кэрдии эргиирэ, ахсыы тутула итиэннэ эйгэ.

Кэм-кэрдии эргиирэ ый-күн-сир-халлаан алтыһыытынан хонук, ый, сыл, мөһүлгэ, улахан мөһүлгэ, икки улахан мөһүлгэ диэн ааҕыллар ис тутуллаах. Киһи олоҕун хаамыыта 12 сыллаах мөһүлгэнэн салалларын булгуччу баардыыланар.

Ахсыы тутулун сүрүн тутааҕа – киһиэхэ сыһыаран көрүүгэ үс ахсыыттан тууралаах, ол туура киһи үс куттаах айыллыыбытыттан төрүттээх. Туттарыыта киһи үс кутуттан. Аны үс кут хас биирэ үстүүлээҕин быһыытынан, ис тутула тоҕустаах – тоҕус харахтаах төрүт ийэ тутул.

Ajwwhwt 1

 Тоҕустаах тутул

Тыһы ахсыы кыыс оҕо сайда аһыллыытын салайар, атыыр ахсыы уол оҕо тура туруутун торумнуур.

Оҕону киһи оҥорор үөрэх икки сүрүн эйгэтэ ыал эйгэтэ уонна олоҥхо эйгэтэ икки. Бигэ туруктаах ыал нэһилиэги систиир, инньэ гынан улууһу тутар, бүтүн норуоту тыынныыр. Олоҥхобутугар өс номохпут, устуоруйабыт, бөлүһүөпүйэбит үһүөн тиһиллэ сылдьан оҕо киһиэхэ кыратыттан толору толкуйу, сахалыы санааһыны олохсуталлар. 

Бу үс тутаах хас биирдэрин тустарынан туспа анал билии баар, ол билии уолга-кыыска сыһыаран айылҕатынан тус-туһунан анал сааһылаах – саас-сааһынан аһыллан-арыллан оҕоҕо этитиинэн  тиллэн, этиллэн, иҥэн иһиэхтээх.

Оҕо үс кутун көрдөбүлэ диэн баар, ону толунар эйгэлээх буолар тустаах. Ол эйгэ сахаҕа сахалыы буолуохтаах. Манна эмиэ тоҕус харахтаах, тоҕустаах туспа тутул (матрица) баар. Кыыс-дьахтар, уол оҕо – эр киһи куттарын айылгылара көрдүүрэ туспалаах. Ону хайаан да толуйуллар. Кутун көрдөбүлүн киһи бары бэйэтэ толунар эрээри, оҕоҕо көмөлөһүү, үөрэх, уһуйуу-такайыы, салайыы кэмигэр көрөн ирдэнэр, ону сатаан табары билигин иитии-үөрэтии диибит. Манна оҕо бэйэ сайдар кыаҕын былдьыыр – ол алдьатар ити иитиини-үөрэтиини. Оҕоҕо бэйэтигэр буола, көҥүл биэрэри сатыыр баар – олох мындыра.

Тутул диэн сыһыан. Хайа да ситим тутулун кини өлүүлэрин-чаастарын икки ардынааҕы сыһыан быһаарар. Киһи да, оҕо да сүнньүнэн үс суол сыһыаҥҥа киирэр: 1) айылҕаҕа сыһыан; 2) дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан; 3) бэйэҕэ сыһыан. Ыал олоҕо сыһыантан тутулуктаах. Сүрүн тутаах сыһыан – доҕордуу сыһыан. Эрэллээх, дьиҥнээх доҕортон ордук киһи суох.

Оҕо киһи буоларга бэлэмнэнэр сүрүн ньымата – оонньуу – айымньылаах, айар дьарык. Уол-кыыс оҕо оонньуута, оонньуура туспалаах. Ый ахсын атын-атын оонньуу Айыы суолун бата ис хоһоонунан уларыйан кэлэн иһэр. Оонньуу арааһа эмиэ үс кутунан ааннанар. Сатаан оонньуур диэн ол аата сатаан киһи буолан эрэр бигэ бэлиэ.

Оҕо тустаах үлэтэ-дьарыга эмиэ үс хайысхалаах – ону аныгы үөрэх эмиэ сөпкө ыйар: оҕо үөрэнэр, айар-тутар уонна дьону-сэргэни алтыһан дьарыгырар – бу эмиэ үс кутунан ааннанар. Кыыс-уол оҕо дьарыга атыннаах, аналынан уратылаах, ону кытаанахтык тутуһуллар. Кэһэр сатаммат.

d2gXJhIewe

Айыы суолун тутуһуу

Оҕо үөрэҕи ылынара эмиэ үс кутунан ааннанар – сайаҕас, сыстаҕас уонна тобуллаҕас буолара үчүгэй. Манна эмиэ кыыһынан-уолунан кыра атыннаах, кыыс оҕо уоллааҕар урутаан аһыллан арыллар, ол гынан баран эмиэ урутаан ситэн тохтуур. Оттон уол оҕо отутугар да диэри ситимиэн син, ону этэллэр «Отох киһи отутугар диэри улаатар» диэн. Ыксатар-ыгылытар куһаҕан, оҕо отуора алдьаныан сөп.

Оҕону ыал буоларга бэлэмниир анал үөрэхтэр бааллар – Айыыһыт үөрэҕин ситимэ уонна Холумтан үөрэҕэ. Бу икки үөрэх утума бүтүн чөл сылдьан билигин этэҥҥэ сурукка киирдэ.

Оҕону ыал буоларга бэлэмниир үөрэх тирэҕэ – Анал туһунан өй (өйдөбүл, өйдөөһүн, өйдөһүү). Ыал буолар дьон аналларынан холбоһоллор – ыал буолар дьону оҕо кута холбооттуура аналынан. Таптал диэн ааһымтыа таарымта, үксүгэр Буор кутунан эрэ тардыстан ылыы. Аналларынан холбоспут дьон үгэс курдук үс куттарынан үһүөннэринэн тапсар буолаллар.

Олох олорор, оҕону киһи оҥорор ньыма, албас, сатабыл, тэрил, бэлиэ – бу биэс суол аныгыга технология дэнэр – төрүт үгэс ыйдарынан сыллааҕы эргиирин аныгы олоххо сатаан тутуу, туттуу, тутуһуу, туттарыы. Ый ахсын уон ордугуна икки кэрдии үөһэттэн эргийэн кэлэн иһэр, ону тилэри, ситэри, ситимнээн утумнаахтык тутуһуллар, толоруллар – оччоҕуна киһи кутун көрдөбүлүн толуйан үөһэ дабайар, сайдар. Маны Айыы суолун тутуһуу дэнэр.

Оҕо киһи буолар билгэ бэлиэлэрэ – эмиэ үс кутунан ааннанар. Ийэ кутунан билинэрэ – саха айыы киһитинэбин диэн дойдутун тыынын билинэрэ. Салгын кутунан билинэрэ – ийэ тылынан санаатын сайа этэн сахалыы саҥарара, киһилии кэпсэтэрэ, айыы сиэрдээх алтыһара. Буор кутунан билинэрэ – уол-кыыс уратытын ис дьиҥинэн сөпкө ылынара, сөпкө сайдан киһи-хара буолара.

Оҕо киһи быһыытынан баайыытыгар таһым быһыы  – үс кутунан бигээн билгэлээн көрөн, оҕону тус бэйэтин кытта кэпсэтэн-кэтээн көрөн, сылыктаан, ис тыынын билэн уонна оҕону кытта бииргэ сылдьан, тэҥҥэ үлэлээн, оонньоон, арааһы бары дьарыктанан кыра, орто, үрдүк баайыылаах киһи тахсыыһы диэн таһымныыр (билгэлиир, барҕалыыр) үгэстээхпит.

Санаайа 2024

Саха киһи туһунан сүрүн өйдөбүлэ: бу сиргэ олох олорон киһи буолаары төрүүбүн! – диэн. Толору киһи алгыһа:

Үс өргөстөөх,

Түөрт кырыылаах,

Кэрэ кэрэмэһэ,

Өркөн кылаана,

Киһи буолан килбэйиим,

Саха буолан сандаарыым,

Урааҥхай буолан ууһуум!

Дом!

Галина Попова – САНААЙА, этнопедагог.

Хаартыскалар Санаайа архыыбыттан, куйаар ситимиттэн. 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением