Сэтинньи 11 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр «Саха омук салбырҕастаах санаатын, саталаах саҥатын саҥарыаҕыҥ» диэн төгүрүк остуол тула дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччылара Сергей Местников, Анатолий Семенов, норуот дьокутааттара, Таатта улууһун дэлэгээссийэтэ, учуонайдар, суруйааччылар, суруналыыстар, архыып үлэһиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа кыттыыны ыллылар. Төгүрүк остуолу тула кэпсэтиини Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин салайан ыытта.
Алексей Еремеев Саха Аптаныамыйатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха чулуу уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолбутунан мустубут дьону ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ. Кини бэйэтин этиитигэр Былатыан Ойуунускай дойдубут инники сайдыытыгар уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй, устуоруйатааҕы оруолун, сүдү суолтатын арыйан кэпсээтэ.
«Кини чугас доҕоро М.К. Аммосовтыын оччотооҕу кимиилээх-киирсиилээх уустук быһыыга-майгыга Саха Сирин судаарыстыбаннаһын туруулаһан туран туруорсубуттара. Кистэл буолбатах, аптаныамыйа буолбакка уобалас буолуохтаах диэн хамыыһыйа чилиэннэрин ортотугар утарылаһар дьон балайда бааллар этэ. Ону Былатыан Ойуунускай Аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ буолуохтаах, билигин буолбатаҕына уонна хаһан диэн эппит. Ону доҕоро М.К. Аммосов хаба тардан ылан биһиги Иркутскай уобалаһыттан тахсаммыт, Якутскай Аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ буолуохтаахпыт диэн күүскэ туруорсаннар саха судаарыстыбаннаһын олохтообуттара. Ол кытаанах киирсиилээх кэмнэргэ М.К.Аммосов Москубаҕа баран аптаныамыйаны туруорса сырыттаҕына саамай эркин курдук эрэнэр киһитэ уонна киниэхэ докумуоннарын, сийиэс уураахтарын ханан да халбаҥнаабат гына үрдүк таһымнаахтык оҥорон, бэлэмнээн ыытар уонна эркин курдук эрэнэр киһитинэн Былатыан Ойуунускай этэ. Билигин анааран көрдөххө, Саха Сирин судаарыстыбаннаһын хорсуннук туруорсар кэмнэригэр Балатыан Ойуунускай 29-х, оттон Максим Аммосов 25 эрэ саастаахтара! Кинилэр доҕордоһуулара номоххо киирбит доҕордоһуу буолар. Онон, Намнар уонна Таатталар Сэбиэскэй былаас саҕаттан ыкса алтыһан, доҕордоһон, араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри бииргэ ыытан күн бүгүҥҥэ диэри ситимнэрин сүтэрбэккэ кэллилэр.
Платон Алексеевич Ойуунускайы биһиги аптаныамыйаны төрүттэспит, салайбыт бастакы салайааччы эрэ быһыытынан буолбакка, биһиги кинини сахалартан бастакы учуонай-лингвист, саха литэрэтиирэтин төрүттээбит, саха бастакы суруйааччыларын норуокка киэҥник таһаарбыт диэйэтэл быһыытынан билэбит. Кэлин кини наука кыһата, үөрэхтээһин норуот быһыытынан сайдыыбытыгар улахан суолталааҕын өйдөөн тылы, литэрэтиирэни үөрэтэр, чинчийэр, харыстыыр институт тэрийбитэ. Ол институт кэлин улаатан, бөдөҥөөн тылбытын, литэрэтиирэбитин, олоҥхобутун, устуоруйабытын чинчийэр, үөрэтэр, тарҕатар улахан институт буола үүммүтэ. Санатан эттэххэ, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ саха норуотун баара-суоҕа 4 эрэ бырыһыана ааҕар-суруйар кыахтаах этэ.
Бу саас биһиги Тааттаҕа Чөркөөххө тахса сылдьан П.А.Ойуунускай аатын сүгэр Судаарыстыбаннас түмэлигэр сылдьыбыппыт. Хомойуох иһин, түмэл туруга соччото суох, эргэрбит, ону чөлүгэр түһэриигэ, сэргэхситиигэ былаан оҥорбуппут. Ол үлэ билигин бара турар. Ороскуотун сметата оҥоһуллан бүттэҕинэ, Хатырыкка баар М.К. Аммосов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин курдук саҥардыллан, тиэхиньиичэскэй өттүнэн мультимедийнай тэрил туруоран салгыы улахан үлэ барыаҕа диэн мэктиэлиибин», - диэн спикер бэлиэтээтэ.
Маны таһынан, Алексей Ильич бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев 1993 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сааһын туолуутун бэлиэтээһинин ЮНЕСКО халандаарыгар киллэттэрэн, бу түгэни аан дойду таһымыгар таһаарары ситиспитин бэлиэтээтэ. Бу кэрдиис кэмтэн судаарыстыбаннаһы олохтообут чулуу уолаттарбытын улахан таһымҥа чиэстээһин, кинилэр үтүө ааттарын тилиннэриигэ, үйэтитиигэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн күүстээх үлэ саҕаламмыта уонна ол үлэ салҕанан барар. Кини Былатыан Ойуунускай 100 сылыгар анаммыт Тааттаҕа буолбут ыһыахха Россия Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцины ыалдьыттаппыта, өрөспүүбүлүкэ бэлитиичэскэй олоҕор улахан суолталаах түгэн буолбута диэн эттэ.
Бу иннинэ 1990 сыллаахха М.Е. Николаев Б.Н. Ельцинныын бастакы көрсүһүүтүгэр Саха Сирэ Декларация ылынан судаарыстыбаннай суверенитеты олохтооһуна устуоруйа да өттүнэн Россия уонна Саха Сирэ сыһыаннаһыыларыгар сөптөөх быһаарыныы буолар диэн биир санааҕа кэлбиттэрэ. «Саха Сирэ уонна да атын субъектар Декларация ылынан Россия күүһүн-уоҕун намтаппакка, төттөрүтүн сайдыылаах субъектартан тирэхтэнэн модун Россия өссө кыаҕырыытыгар олук ууруоҕа», - диэн Борис Николаевич ол көрсүһүүгэ ылыннарыылаахтык эппитин санатта.
Алексей Еремеев бу устуоруйатааҕы түгэннэри санатан туран, Былатыан Ойуунускай билигин даҕаны төрөөбүт норуотун, дойдутун салгыы сайдыыга сирдии уонна инникигэ туһаайа турара барыта дьикти ситимнээҕин уонна Ойуунускай ураты аналлааҕын көрдөрөр диэн бэлиэтээтэ.
Парламент спикера Былатыан Ойуунускай аатын үйэтитиигэ, кини хаалларбыт сүдү духуобунай нэһилиэстибэтин үөрэтиигэ санааны түмэргэ, ыччаттарга хайдах тарҕатан көлүөнэлэри ситимнииргэ, дойдутугар Чөркөөххө өссө тугу оҥоруохпутун сөбүй диэн санааннан салайтаран, кэпсэтиини салгыырга ыҥырда.
Салгыы СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников Былатыан Ойуунускайга анаммыт тэрээһиннэр тустарынан, ханнык кэскиллээх былааннар олоххо киирэллэрин сырдатта. Кини салгыы өрөспүүбүлүкэ сүрүн тэрээһиннэрэ Былатыан Ойуунускайы кытта ыкса ситимнээхтик бары хайысханы хабан хайдах барыахтаахтарын туһунан билиһиннэрдэ.
Былатыан Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былааны» билиҥҥи кэм сайдыытын сүүс сыл анараа өттүгэр өтө көрөн суруйбутун туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов кэпсээтэ. Кини олох тэтимнээх сайдыытын, көтөр аалбытын, тимир суол кэлиитин, экэниэмикэ, тыа хаһаайыстыбата, технология сайдыытын, бэл, киинэ баар буолуоҕа диэн сабаҕалаан эппитэ киһи-аймаҕы сөхтөрөр диэн эттэ. Кини Ойуунускай бу үлэтэ күннээҕинэн олорбокко, кэлэр кэмин былаанныырга билиҥҥи көлүөнэни туһаайарын, холобур оҥостон «Столетний план развития» диэн бырайыак оҥорон үлэтэллэрин туһунан сырдатта. «Бу бырайыак чэрчитинэн улуустарга тахсан өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк инникитин хайдах көрөллөрүн, былаанныылларын туһунан дьон, ыччат санааларын истибиппит уонна биир докумуон оҥордубут. Сүрүн сыалбыт – төһө кыалларынан элбэх дьону тардан өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытын, кини ханнык хайысханнан сайдыахтааҕын туһунан стратегияны оҥоруу уонна үөрэтии буолар. Улуу Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былаана» манна олук буолла уонна көлүөнэлэр ситимнэрин салгыырга туһуланна» , - диэн кини кэпсээтэ.
Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев дириҥ ис хоһоонноох дакылаатыгар улуу суруйааччы аатын үйэтитиигэ кэккэ санааларын үллэһиннэ. Кини Орджоникидзе болуоссатыгар Ойуунускай аатын иҥэрэрии боппуруоһа быһаарыллар кэмэ кэллэ диэн бэлиэтээтэ.
Былатыан Ойуунускай тоҕо итинник ааттаммытын туһунан кини хаан-уруу аймаҕа, бэйиэт, прозаик Елена Слепцова-Куорсуннаах сырдатта. Кинилэр аҕа уустарыгар аар саарга аатырбыт ойууттар-удаҕаттар, олоҥхоһуттар, кэпсээнньиттэр, тойуксуттар уутуйан үөскүүллэрэ. Аҕа ууһун ойуун идэлээх киһи төрүттээбитин быһыытынан, «Ойуун ууһа» диэн ааттаабыттар диэн кэпсээтэ. Ийэтэ Дьэбдьиэкэй уонна эһэтэ Унаар Уйбаан кэрэ кэпсээнньит, остуоруйаһыт дьон этилэр. Эһэтигэр Дьүлэй нэһилиэгэр хоноһолуу сылдьан уолчаан улуу олоҥхоһуттары батыһа сылдьан истэрэ, кинилэргэ уһуллара. Оҕо сааһын, олоҥхоҕо уһуйуллан тыл баайдааҕын, тыл күүһүн, эрчимин иҥэринэн улааппыта айан хаалларбыт айымньыларыгар көстөр. Бэйэлэрин улуу төрүттэринэн Таатта сирин иччилээбит Кээрэкээн кинээһи, Дьохсоҕон ойууну ааттыыллара. Бу Нойуоха Тураах Ойуун ыччаттарыгар биллэринэн хойукка диэри кыдьыктаах дьон төрүүллэрэ диэн кэпсээтэ.
Саха Сирин суруйааччылларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал эрэдээктэрэ Гаврил Андросов Былатыан Ойуунускай уонна аныгы кэм туһунан санааларын үллэһиннэ. Билигин Ойуунускай холугар, таһымыгар тэҥнээтэххэ бэрт кыра боппуруос тирээн турар: кини мэҥэ өйдөбүнньүгэ уонна кини аатын сүгэр саха академическай тыйаатыра турар болуоссаттарыгар кини сырдык аатын иҥэрии туһунан диэн этиннэ.
Салгыы А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин дириэктэрэ, улуус Олоҥхоҕо Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Изабелла Сивцева санаатын үллэһиннэ.
«Аптаныамыйаны туһанан Аммосов, Ойуунускай уонна Барахов норуоттарын харыстыыр сыалтан үрүҥнэргэ сылдьар саха дьонугар амнистияны биллэртэрэллэр. Көҥүл олох идеятын туруулаһыы оччолорго икки өттүттэн да күүстээх этэ. Ойуунускайдаах Аммосов дьон ытыктыыр дьонун түмэн, ол иһигэр Өксөкүлээҕи, Алампаны киллэрэн Эйэлээх хамыыһыйа тэрийэллэр. Оннук гынан, биир өттүнэн үрүҥ хамсааһынын мөлтөтөллөр, иккис өттүнэн дьоннорун-сэргэлэрин хаан тохтуутуттан быыһыыллар. Ойуунускай бэйэтин хоһоонноругар көҥүл кылын төлө тардан дьон-сэргэ, баттанан олорбут дьадаҥы араҥа, ыччат дьон саҥа олоҕу этинэн-хаанынан ылыммыт, дьону түмпүт, үлэҕэ-хамнаска сирдээбит. Ол курдук дьон түргэнник өйдөөн, ылынан эйэлээх саҥа олоҕу тутуу саҕаламмыта. Утарыта туруу бүгүҥҥү быһыыга-майгыга да сытыытык турар кыһалҕа. Онон Ойуунускай айымньыларын түмэн көрдөххө үгүс ыйытыкка эппиэти ылыахха сөп. Айылҕа, киһи, уопсастыба биир сокуоннаах, биир тутул буоларбытын хаһан да умнуо суохтаахпыт уонна ыччакка ону тиэрдэр соруктаахпыт», - диэн кини бэлиэтээтэ.
Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат Былатыан Ойуунускай 1960-с сылларга тахсыбыт талыллыбыт айымньыларын саҥалыы таһаарыыны ситиһэргэ тыл эттэ.
Сахалартан маҥнайгы философ-учуонай А.Е. Мординов кыыһа, Платон Алексеевиһы тыыннааҕар көрбүт, ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ Галина Мординова ааспыт кэм кытаанах кэмнэрин туһунан кэпсээтэ.
«Мин аҕам А.Е. Мординов Ойуунускай бииргэ үлэлээбит чугас доҕоро этэ. Кини Ойуунускай Москубаҕа бардаҕына институт дириэктэрин үлэтин солбуйан хаалара. Биир киэһэ дьиэбэр кэлбитим икки кыра, хап-хатыҥыр кыргыттар оонньуу сылдьаллар этэ. Ким оҕолорой диэн ыйыппыппар төрөппүттэрим тугу да эппиэттээбэтэхтэрэ. Атырдьах ыйын бүтүүтэ биир сырдык мичээрдээх киһи кэлэн кыргыттарын ылан барбыта. Кэлин билбитим П.А.Ойуунускай кэлэн барбыт эбит. Төрөппүттэрим оччолорго репрессия суостаах сылларыгар Ойуунускай оҕолорун саһыаран, кимиэхэ да эппэккэ сытыарбыттарын кэлин билбитим. Онтон Ойуунускайы тутан хаайбыттарын туһунан сурах кэнниттэн кини доҕорун, аҕабын А.Е. Мординовы үлэтиттэн устаннар түөрт оҕолоох киһини үлэтэ суох хааллараллар. Кэлин үлэһит буолан университекка үлэлии сылдьан биир быраас дьахтары кытта билсибитим. Кини Дьокуускайга кэлэн баран эдэркээн кыыс ас-таҥас кырыымчык кэмигэр Дзержинская уулуссаҕа баар хаайыыга дьиэ сууйааччынан үлэлии киирбит. Ол сылдьан, хааллан олорор Былатыан Ойуунускайы кытта кэпсэтэр эбит. Кини кыыска хайаан да үөрэн диэн сүбэлээбит. Ойуунускай биирдэ туох эрэ кумааҕыларын бөх биэдэрэтигэр кистээн таһаар диэн көрдөспүтүн ылынан таһааран эрдэҕинэ ньиҥнийэн булан ылаллар. Сарсыныгар кэлбитэ Ойуунускай кырбанан, тииһэ көтүру охсуллан сытарын көрөн олус аһыммыт. «Ол туһунан тоҕо баччааҥа диэри кимиэхэ да кэпсээбэккин» диэн ыйыппыппар, кини «мин тугу да кэпсиэ суох буолан араспыыска биэрбитим» диэн хоруйдаабыта. Дьэ, итинник уустук кэмнэр кэлэн ааспыттара. Ону ыччат судаарыстыбаннаһы туруулаһыы хайдахтаах уустук кэмнэргэ ааспытын, норуоппут чулуу уолаттара олохторун толук ууран туран, хайдах ону ситиспиттэрин, устуоруйар кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтэрин наада. Бу дойдубут сотуллубат устуоруйата, кэһиллибэт кэс тыла», - диэн Галина Авксентьевна Мординова уйадыйа кэпсээбитэ кэпсэтии сүрүн сыалын ситэрэн биэрдэ.
Хаартыскалар Василий Кононов түһэриитэ, Ил Түмэн
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0