Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Степан Максимович Аржаков (1899-1942) төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт дьаһаллар киин куоракка сэтинньи 8-9 күннэригэр тэриллэн ыытылыннылар. (Ол туһунан хаһыакка сиһилии ааҕыаххыт).

Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Степан Максимович Аржаков (1899-1942) төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт дьаһаллар киин куоракка сэтинньи 8-9 күннэригэр тэриллэн ыытылыннылар. (Ол туһунан хаһыакка сиһилии ааҕыаххыт).

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар ыытыллыбыт үөрүүлээх мунньахха Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы, С.М. Аржаков 125 сылыгар анаммыт дьаһаллары тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Георгий Михайлов тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар С.М. Аржаков аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин «Дайыына» бааһынай хаһаайыстыба баһылыгар  Надежда Поповаҕа (Нам) туттарда.

Д_-_3.jpeg

Надежда Попова Нам орто оскуолатын 1978 с. бүтэрэн, "оскуола -- производство -- үрдүк үөрэх" диэн ыччат ортотугар киэҥник тарҕаммыт девиһинэн салайтаран, М.К. Аммосов аатынан сопхуос Маймаҕатааҕы отделениетын хомсомуол ыччат пиэрмэтигэр икки сыл ыанньыксыттаабыта. Салгыы улахан куонкуруһу ааһан, Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ киирбитэ, үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, бэтэринээр быраас дипломнаах дойдутугар үлэли кэлбитэ. Кэргэнин Петр Кустурович Слепцову кытары сүбэлэһэн, 1999 с. «Дайыына» бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммитэ. Бастакы сылларга оҕуруот аһыгар уонна хортуоппуйга идэтийбитэ, салгыы ынах сүөһүнү иитиигэ ылсыбыта. Сыллата сүөһүтүн элбэтэн, улууска биир бастыҥ көрдөрүүлээх хаһаайыстыба буолбута, улууһугар үс төгүл «Ынах сүөһүнү иитиигэ бастыҥ хаһаайыстыба» номинациянан бэлиэтэммитэ. 2011 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна», 2020 с. «Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ» аатынан бэлиэтэммитэ. Слепцовтар «Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы» федеральнай бырагырааманан грант ылан, ол үбүгэр тирэҕирэн, 2021 с. сүөһү иитэр комплексы туттан үлэҕэ киллэрбиттэрэ.

Д_-_2.jpeg

Дьиэ кэргэнинэн өр сыллаах сыралаах үлэбит сыаналанан, Судаарыстыбаннай бириэмийэ дауреата буолбуппуттан олус соһуйдум да, үөрдүм да. Күн бүгүн уолбун Александр Слепцовы кытары икки хаһаайыстыба кыттыһан, икки хотонунан 280 сүөһүнү, ол иһигэр 130 ыанар ынаҕы кыстатан турабыт. Күҥҥэ 800 киилэ үүтү ыан, «Эрэл» кэпэрэтиипкэ туттарабыт. Кыстыыр аспыт-үөлбүт баар, аҕыйах оту эбии атыыласпыппыт, 500 туонна сиилэстээхпит. Сааскы халаан уута сиилэспит траншеятын ылбыта, ону бырахтаран, өрөмүөннээн, куурдан чөлүгэр түһэрбиппит, – диэн кэпсиир Надежда Ивановна.

Сири оҥоруу наркомунан (билиҥҥинэн тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн) 1932-1937 сс. үлэлээбит С.М. Аржаков аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ 2015 с. олохтоммута. Араас сылларга лауреат аатын ылбыттара: бульдозерист Афанасий Терехов, «Ворошилов» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Аксиния Левина, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сүрүн зоотехник-технолога Елена Рычкова, «Өлүөхүмэ кыладабыайа» ХЭТ сүрүн зоотехнига Светлана Слепцова, Аһылык технологиятын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин салайааччы Розаида Гудуева уо.д.а.

Хаартыскалар Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин саайтыттан.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

“Көмүлүөктэр” көхтөөхтөр

Дьокуускай куорат Октябрьскайдааҕы уокуругар “Көмүлүөк” диэн бэтэрээннэр кулууптара…
21.11.24 12:29