Ол эрэн, кэнники сылларга, төһө да сокуонунан бобуулааҕын үрдүнэн, булчуттар "электроманок" диэн тэрили хото туттар буоллулар. Сорох ардыгар кусчуттар сытар алаастарыгар, күөллэригэр кэллэххэ, кус-хаас саҥата толору буолар. Эппиккэ дылы, "иирбит бараах" дойдутун быыһыгар сылдьар курдук сананаҕын. Ааһа баран эттэххэ, аттыгар турар киһи саҥатын да дьүүллэн истибэт үлүгэрэ. Оттон кыырай халлаан үрдүгүнэн көтөн ааһан эрэр биир чөркөй кус барахсаны ытан ылаары, уонунан саа уоһуттан биирдэ уот курбуу субуллар, ону кытта этиҥ тыаһа ньиргийэр. Дьэ, ити билигин үгүс алаастарга, күөллэргэ, түөлбэлэргэ буолаары турар көстүү... Саха киһитин сиэригэр баппат көстүү.
Ол эрэн, кэлиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон бэйэлэрин санааларыттан "электорманоктан" аккаастанан, айаҕынан куһу ыҥырар тэрили хото туттар буолан эрэллэр. Ол туһунан Чурапчы Мындаҕаайытын олохтооҕун Александр Епифановы кытары кэпсэтэ сырыттым.
Александр бэйэтэ сэлиэнньэтигэр баар ОДЬКХ хочуолунайыгар оператордыыр эбит. Саас, күһүн хайаан да куска-хааска сылдьар, оттон кыһынын үлэтин быыһыгар көҥүл ылан, саарбалыыр.
— Айаҕынан куһу ыҥырар маногу туттубутум сэттэ сыл буолла. Бастаан көннөрү, дьээбэҕэ диэн саҥардар этим. Кэлин үөрэнэн, билигин сааскы куска-хааска өрүү илдьэ сылдьабын. Манна диэн эттэххэ, сөпкө ыҥыртардахха, ити этэр "электроманоктарынааҕар" ордук кэлэллэр. Кэлиҥҥи сылларга айаҕынан куһу ыҥырар маногу тыаһатыыга күрэхтэһиилэри ыытан эрэр буолбуттара сэҥээрдэр. Бу, бастатан туран, сиэрдээх бултааһыҥҥа ыҥырар тэрээһин диэн көрөбүн. Мин бэйэм маннык күрэхтэһиигэ үһүс сылбын кыттабын. Олус интэриэһинэй, умсугутуулаах күрэх диэн этиэххэ наада. Дьүүллүүр сүбэ куска уонна хааска диэн тус-туспа сыаналыыр. Аны туран, кинилэр сабыылаах бүрүөһүн нөҥүө олорор буоланнар, манок саҥардар киһи көстүбэт. Инньэ гынан күрэхтэһии ыраастык ыытыллар эбит. Пандемия кэмигэр интэриниэт нөҥүө онлайн ыыта сылдьыбыттара. Сонуннук ааспыта, — диэн сэһэргиир.
— Сааскы булт кэмигэр эр киһи, сүрүнэ, айылҕалыын алтыһар, доҕотторун-атастарын көрсөр, кутаа иннигэр олорон сэһэргэһэр, уопсайынан, куттуун-сүрдүүн сынньаныахтаах. Оттон ити "электроманогунан" ыҥыртаран ылан, бэлэм кэлбити ытан эрэ ылан баран, хайдах да дуоһуйбаккын. Тус бэйэм саарбахтыыбын. Төһө да сайдан, араас тэриллэр үөдүйбүттэрин иһин, тыынар тыыннаахха кыах (шанс) биэриэхтээххин дии саныыбын. Барытын имири эстэхпитинэ, кэлин тугу бултуубут диэн баар. Аҕыйах сылтан бэттэх тыыйаах аҕыйаата диэн көрөбүн. Олус мончуугумсах, манокка кэлимтиэ баҕайы кус. Инньэ гынан "электроманокка" тута кэлээхтээн биэрэр.
Бэйэм "подсадной" үс кустаахпын уонна дьиэ хааһын ииттэбин. Өрүс уҥуор тахсан кустуубут. Тэристии, сүпсүлгэн үгүс. Ороскуотун сабынар дуо, диэ. Харчытыгар таһаардахха, хайдах да сабыммат. Эппиккэ дылы, "окорочка" ылбыт көнө. Оттон кутаа иннигэр олорон айылҕа уһуктуутун истэр сэдэх түгэни кытта сыаналаатахха, сабынар дии саныыбын, - диэн Александр Германович кичэм санаатын үллэстэр.
Дөрүн-дөрүн интэриниэт ситимигэр бастакы көҕөнү бултаабыт хаартыскалар, видеолар тахсыталаан эрэллэр. Ол ахсын булчут саха киһитэ хаана оонньуур, биир сиргэ таба олорбот. Күнүн ааҕар...
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0