Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Тэпилииссэлээх, оҕуруоттаах ыал аайы баччаларга оҕурсу, помудуор, кабачки ситэр, өлгөм аһы дэлэгэйдик биэрэр кэмэ. Ол иһин сыаната эмиэ түһүөхтээх диэн санаанан салайтаран, Дьокуускайга баар Бааһынай ырыынагар тиийэ сырыттым.

Тэпилииссэлээх, оҕуруоттаах ыал аайы баччаларга оҕурсу, помудуор, кабачки ситэр, өлгөм аһы дэлэгэйдик биэрэр кэмэ. Ол иһин сыаната эмиэ түһүөхтээх диэн санаанан салайтаран, Дьокуускайга баар Бааһынай ырыынагар тиийэ сырыттым.

Сэрэйбит курдук Сатал, Жатай оҕурсута киилэтэ 100 солк., «Саюри» 350-380 солк. сыананы тутан олорор. Дьон чэпчэки сыаналаах кылгас оҕурсуну бакыатынан тобус-толору ылаллар, арааһа тууһууллара буолуо.

f6353e1a 6764 4664 9c53 374a2e77de5d

Дьаабылаканы төгүрүк сыл сиибит, оттон уҥуохтаах, сымнаҕас, минньигэс фрукта сайын эрэ баар. Узбекистаантан кэлбит абрикос, нектарин 400 солк., арыый бөдөҥ турецкай эмиэ баар 450-500 солк., слива, персик 300-350 солк., төгүрүк лэппиэскэҕэ майгынныыр персик 450 солк.  Быйылгы виноград 550 солк.

Марха клубниката 2500 солк.

Мин оҕуруот аһын уонна фруктаны атыылыы турар саха курдук көрүҥнээх эрээри, атын омуга биллэр толору эттээх эдэр дьахтарга чугаһаан кэпсэтэбин. Аата Шахноза, күннээх Узбекистаантан төрүттээх.

627cb3fc 82df 44ee a181 0237ed46bf02

«Черешня үүнэн бүтэр, ол иһин киилэтэ 600 солк., бу иннинэ 300 солк. атыылыы  сылдьыбыппыт. Мархаҕа клубниканы үүннэрэллэр, киилэтэ 2500 солк., 100 гыраама 250 солк. 

Кытай, Узбекистаан арбуһа 100 солк., дыня 250 солк., арбуз ситиэ диэн дьон атырдьах ыйын күүтэллэр, дьиҥэр, билигин ситэр кэмэ, оттон кэлэр ыйга ууланар, сымныыр. Сотору Дагестаан арбуһун аҕалыахтара.

Оҕурсу сыаната 300-350 солк. муҥутаан түһэн, билигин 100-130-150 солк. атыылыыбыт, Саталга Степан Степанович олордон, биһиэхэ аҕалан батарар. Ону таһынан, Тулагыттан, Мархаттан аҕалан туттараллар. Уссурийскай помудуора 220-250 солк», — диэн кэпсиир кини.

825e97cf b81e 411f a34b 9a0d0a843ff9

Кэлии клубника 1500 солк.

Краснодартан кэлбит үрүҥ хортуоппуй киилэтэ 100 солк., кыһыла 120 солк.  Казахстаан эриэппэ лууга 100-120 солк., маннааҕы хаппыыста 120-140 солк., кабачки 70 солк., укроп, петрушка киилэтэ 350 солк. Дьон үксэ чэпчэки сыаналаах оҕурсуну, помудуору, хаппыыстаны хамаҕатык атыылаһар. Фрукта куйаас күннэргэ атыыга барар, нектарины, абрикуоһу, сливаны, арбуһу ылаллар эбит.

869f2d39 015d 4d5e 9a98 241d042c3570

Салгыы хааман истэххэ, кэлии бөп-бөдөҥ малина, крыжовник, клубника, сугун миигин ыл диэбиттии кэчигирэһэ сыталлар. Мүөт курдук мип-минньигэс сыта ыраахтан дыргыйар. Хап-хара, бөдөҥ ежевика, малина киилэтэ 2800 солк., Краснодар клубниката 1500 солк., крыжовник, сугун 1800 солк. Амма, Таатта дьэдьэнэ тоҕо эрэ көстүбэт, олохтоох моонньоҕон, сугун эмиэ буһа илик быһыылаах.  

72ac844d b6f6 4523 8814 a9e488027fbf

Азербайджантан төрүттээх Самир ааһар дьону барыларын: «Манна минньигэс, чэпчэки, кэлиҥ!», — диэн ыҥыра турар. Миэхэ клубниканы босхо амсатаары утары ууммутун: «Сууйуллубатаҕы сиэбэппин”, — диэн аккаастанным. Оттон урут куттаммакка биэрбиттэрин харса суох амсайан, ырыынактан тотон тахсар этибит уонна ким да ыалдьыбат этэ.

Хамсык кэнниттэн билигин барыта куттал, илиигин суунан, испиирдээх салпыакканан соттон баран биирдэ аһыыгын.

Самир дьиэ кэргэнэ дойдутугар бааллар, кинилэргэ үлэлээбит харчытын ыыта турар.

47fb646e 875c 4384 a939 a58a84d6ccbc

Баклажаны буһардахха, тэллэй курдук

Ырыынакка оҕуруот аһын, фруктаны атыылыыр сахалар эмиэ бааллар, Надежда Дмитриевна Андреева Бааһынай ырыынагар үлэлээбитэ сүүрбэччэ сыл буолла. 61 саастаах диэтэххэ, уонча сыл балыс көрүҥнээх, үп-үрүҥ тиистээх, оруосабай помадалаах, сырдык мичээрдээх, киэҥ төгүрүк харахтаах, хара хаастаах, ханан да мырчыстыбатах маҥан сирэйдээх.

Биэс оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх күн-күбэй ийэ, эбэ, ону таһынан, дьону илбийэр салоннаах, иистэнэрин сөбүлүүр, ырыаҕа-үҥкүүгэ, тойукка дьарыктанар. Устудьуоҥкабын диэн күлэр, Пекиннээҕи академияҕа биоэниэргийэнэн илбийиигэ үөрэнэр.

Кыһын сылаас дьиэҕэ, сайын таһырдьа туран атыылыыр, халлаан сылаас кэмигэр сарсыарда 9 ч. кэлэр, киэһэ 20-21 ч. биирдэ дьиэтигэр барар.

«Моркуоп, эриэппэ луук, хортуоппуй, биэрэс, баклажан барыта кэлии, биһиэнэ өссө ситэ илик. Баклажаны чараас гына кырбаан баран арыыга ыһаарылаатахха, масленок тэллэй курдук буолар, наһаа минньигэс. Кабачогу теркалаан баран уутун ыгаҕын, икки сымыыты эбэҕин, кыратык бурдуктуугун уонна алаадьы курдук буһараҕын. Узбекистаан чеснога биир улахана 100 солк., кырата 50 солк., эрэдиискэ сыаната түстэ 70-100 солк.

Олохтоох оҕуруот аһын чааһынай дьон туттараллар, кинилэр урбаанынан дьарыктанар докумуоннара суох, ол иһин биһиги атыылаан биэрэбит. Кинилэр утары харчытын ылаллар», — диэн этэр.

275512f5 91bd 4bae b3c6 966379821d09

Эргэрбити сыанатын түһэрэллэр

Ырыынакка күнү супту икки атаххар туран атыылыыр бэрт ыарахан үлэ эрээри, кэпсэппит дьонум төһө даҕаны үлэ чааһа бүтэн эрэрин үрдүнэн, бары үөрэ-көтө, сэниэлээх сылдьаллар. Ким даҕаны сылайан, көлөһүнүн туора-маары соттон, сиһин туттан олорбот: «Киһи үөрэнэн хаалар», — дэһэллэр.

Били 100 солк. оҕурсуларын атыылаһан, дьиэбэр аҕалан быһан көрбүтүм иһэ кубарыччы маҥхайан хаалбыт, эргэрбити сыанатын түһэрэн атыылыыллар эбит. Онон улахан аҥаара быраҕылынна. Ол эрэн кыһын эмиэ сыаналаах «Саюри» оҕурсута иһэ төгүрүччү маҥхайан, кубарыйан хаалбыт буолааччы, оттон таһа үчүгэй курдук. Чахчыта даҕаны, атыылаһыаҥ иннинэ амсайбыт ордук. 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ. 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31