Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Арассыыйаҕа Саллааттар ийэлэрин кэмитиэтэ 1989 сыллаахха тэриллибитэ. Биһиэхэ 1991 сыллаахха. Онон быйыл 30 сылын туолла.

Арассыыйаҕа Саллааттар ийэлэрин кэмитиэтэ 1989 сыллаахха тэриллибитэ. Биһиэхэ 1991 сыллаахха. Онон быйыл 30 сылын туолла.

 11ca6f69 665b 4eb9 a223 740d30c1a464

 Итинтэн 20-тэн тахса сыл кэмитиэти Мария Егоровна Емельянова салайан кэллэ.

873e45e0 9414 44b8 b5d4 d8f4ebe003a5

"Биэнсийэлээх эмээхсин: “Сөп буоллум, сылайдым”, -- диэн аккаастанан кэбиһиэхпин сөп этэ да, санаам буолбат. 20-тэн тахса сыл олоҕум истиилэ оҥостон кэлбит дьарыгым буоллаҕа дии. Дьиҥэр, бу хамнаһа суох уопсастыбаннай үлэ ээ. Ол иһин ким да ылсыбат, солбуйар киһим да билиҥҥитэ суох. Соҕотох бэйэм эрэ сүүрэбин", -- диэн былырыын интервью биэрэригэр этэн аһарбыта.

10b2a7c2 abc7 4aa7 9f00 2c5e3d34213a

--Хата, саллааттарым, мотуруостарым махтанааччылар: “Эһиги аармыйаҕа кэллэххитинэ, ийэбит кэлбитин курдук буолара”, -- диэн. Былырыын оптуобуска мааскалаах, сэлээппэлээх олоробун. Арай Росгвардия уола кэлэн: “Мария Егоровнаҕын дуо? Сулууспалыы сырыттахпына, эн тиийэн, саха саллааттарын түмэн, ыһыах ыспытыҥ. Күрэхтэһэн, сахалыы аһылыгы тото-хана сиэн, наһаа дуоһуйбуппут”, -- диэн үөрдүбүтэ.

6bd5163a 1f2a 4d12 a5b6 625b776a3b55

--Ыһыахтары 40-тан тахса чааска тэрийэбин. Киэһэ аайы буһа-хата алаадьылаан, быыппах көөнньөрөн тахсабын. Урут артыыстарым айаннарын төлөбүрүн бэйэм уйунарым. Аны олорум гонорар көрдүүр буолбуттара. Ол миэхэ кыаллыбат буоллаҕа дии. Ол иһин кэлин сиэннэрбин соһор буолбутум. Кинилэр хомустаан, оһуокайдаан киэргэтэллэр. Бириис, чороон, салама, таһаҕас бөҕөлөөх, дьэ, айанныыбын ээ. Саатар, поезтар тохтобуллара 2 эрэ мүнүүтэ. Онно кытаанах сүүрүү буолар. Ол ыксалга биирдэ төлөпүөммүн вагоҥҥа умнан, докумуоннаах суумкабын таксига хаалларан... Билигин санаатахха, мүччүргэннээх сырыы курдук эрээри, кэмигэр уолуйан, ыгылыйан ылар да түгэннэр бааллара.

09aac5a0 3574 4d12 9746 f0584cd10fbc

  Мария Егоровнаны саллааттар уонна мотуруостар: “Ийэбит тэҥэ киһи”, -- дииллэр. Кини бу күннэргэ Чита, Борзя, Улан-Удэ, Кяхта, Благовещенскай, Белогорскай, Свободнай, Серышево, Екатеринославскай, Хабаровскай, Обор, Вятскай, Князеволконскай, Анастасьевка, Бикин, Уссурийскай, Сергеевка, Монастырище, Галенки, Раздольнай, Угольнай, Владивосток байыаннай чаастарыгар ыһыах ыста. Ол туһунан сулууспалыы сылдьааччылар бэйэлэрэ  уонна төрөппүттэрэ махтанан суруйбуттарын ааҕыҥ.

2f6fce0d 9c93 488c 8d9e 889d03225639

Убаастабыллаах Мария Егоровна!

Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгиттэн элбэх оҕо ийэтэ Боярова Меланья Егоровна суруйан эрэбин. Хас биирдии уол оҕо Ийэ сиригэр эбээһинэһин толорон сулууспалаан кэлиэхтээх. Бэйэм дьыссаакка физическэй инструкторынан үлэлиибин, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн патриотическай тыыҥҥа, санааҕа иитэр-үөрэтэр педагог буолабын. Түөрт уол оҕолоохпун. Улахан уолум Бояров Денис 2014-2015 сс. Уссурийскайга ВДВ сулууспалаабыта. Иккис уолум Бояров Игорь бу дьыл ыам ыйын 26 күнүгэр Улан-Удэттан ВДВ-га этэҥҥэ сулууспалаан кэллэ. Икки уол барыахтаахтар. Уолаттар иккиэн сулууспалаан кэлэн баран: “Ийэлэр кэмитиэттэрэ диэн баар эбит”, -- диэн үөрэ-көтө кэпсээбиттэрэ, махтанан аҕай кэлбиттэрэ. Дойдуларыттан ыраах, тэйэ сылдьар оҕолорго күүс-көмө буоларгытыгар барҕа махтал буолуохтун! Бу курдук оҕолорго куруук күүс-көмө, дурда-хахха буола сылдьыҥ, сыралаах үлэҕитигэр ситиһии эрэ сиэттистин, дьон-сэргэ, эдэр ыччат махтала куруук арыаллыы эрэ сырыттын!

6c1b9359 98b4 42e1 94ed e5d0efe415a2

Убаастабыллаах Мария Егоровна !

Хабаровскай куорат курдук ыраах сиргэ кэлэҥҥит, биhиэхэ, дойдубутуттан тэйиччи сылдьар ыччакка, ыhыах ыспыккытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Сахабыт Сирин төрүт аhылыгынан мааныланан, алаадьынан айах тутан, быырпаҕынан күндүлээҥҥит, дьиэбит, ийэбит минньигэс аһын астына аһаабыт курдук сананныбыт. Аҕа дойдубутугар ытык иэспитин толорон сулууспалыы сылдьар уолаттар ааттарыттан биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Ийэлии сылаас сыhыаныҥ күүс-көмө буолар, өрүү сүбэ-ама буола сырыт! Бары бу курдук биир санаалаах, түмсүүлээх, сомоҕолуу буолуохха!

Махталы кытта

Бикин куорат саллааттара,

Хабаровскай кыраай, бэс ыйа 2021 с.

ed7aec52 d6e2 4047 b4cc 58eb48e483f1

Бүгүн Белогорскай куоракка Саха Сирин саллааттарын ийэлэрин кэмитиэтиттэн убаастабыллаах Мария Егоровна кэлэн барда. Астына дуоһуйдубут, саха саллааттарын көрсөн, күлэн-үөрэн оһуохайдаатыбыт. Алаадьы амсайдыбыт, дэлби хаартыскаҕа түстүбүт. Дойдубутугар сылдьыбыт курдук сананан ыллыбыт.

165-с артиллерийскай биригээдэ саха саллааттара.

42b2cc29 0270 448c a39f c746ee9fa671

Дьэ, Мария Егоровна, махтал! Нэрээккэ баран хааллым, саатар, эмиэ тахсыһа сылдьыахтаах этим. Чэ буоллун. Олох аан бастаан билсибит күммүтүттэн, хайдах эрэ, наһаа сылаастык ис дууһабар киирэҥҥит, чугас киһим курдук буолан хааллыҥ. Тоҕо оннуга буолла, миэхэ эрэ буолбатаҕа буолуо, хас биирдии саллаат эйигин сылаастык, чугас киһилэрин курдук ылыммыт буолуохтаах. Эн үлэҕин көрдөхпүнэ, этэриҥ да курдук, ыарахан баҕайы дии санаатым. Ол эрээри сүрдээх улахан үтүө дьыаланы оҥороҕун. Махтанарым диэн, норуоккут, кэнчээри ыччат туһугар, Сахаҥ сирин аатыгар үлэлиириҥ иһин. Кэпсээбиккэр дылы, хас генерал, полковник эйигин билиэр диэри туруулаһаҕын ыччатыҥ туһугар. Онон саха норуота хайдах курдук түмсүүлээхпитин, ис туруктаахпытын Россия үрдүнэн көрдөрө, бигэргэтэ сылдьаргар махталлаахпыт.

d3d775d0 a7c9 41ed a10a 0b5a8bf0d106

Мария Егоровна барахсан олох санаатынан, баҕатынан, хайдах сатыырынан уонна бэйэтин кыаҕынан сулууспалыыр уолаттарга тиийэн, санааларын көтөҕөр. Бэйэтэ айылҕа оҕото буолан, айылҕата этэринэн, боростуой тылынан алҕаан, хайдах саныырынан үтүөнү баҕаран, сиэри-туому тутуһан, ыһыахтары ньиргиттэ. Аһары уустаан-ураннаан да саҥарбатар, күннээҕи саҥарар тылынан санаатын сөпкө тиэрдэн, алгыс этэр. Ханнык да улуу алгысчыт эппитининээҕэр ис сүрэҕиттэн тахсыбыт тыла куйаарга тиийэр күүстээх, ханнык да хомоҕой тыллааҕар ордук чугастык иһиллэр.

9ddc54e8 01d9 4f60 94cd 131b09acb5fc

Ытыктабыллаах Мария Егоровна! Эн күүстээх санааҕын ууран туран, бу буулаабыт ыарыыттан куттаммакка, Сахабыт Сириттэн 50 чаастарынан тарҕанан сулууспалыы сылдьар саллааттары, мотуруостары көрсөн, кинилэр хайдах сылдьалларын көрөн-истэн, хонтуруоллаан, уолаттарга күүс-көмө буола сылдьаргытыттан олус үөрэбит, хорсун быһыы дии саныыбыт. Кырдьыгынан билиннэххэ, биһиги биригээдэбитин таарыйбаккыт буолуо диэн, улаханнык күүппэтэхпит, ол эрээри испит түгэҕэр ханна эрэ эрэл кыыма син биир баара. Уолаттар: “Мария Егоровна кэлбит үһү”, -- диэн соһуччу үөрүүлээх сонуну тарҕаппыттара. Бу маннык, биһиги курдук, дьиэлэриттэн тэйиччи атын дойдуга, сиргэ-уокка сылдьар оҕолор бэйэбит биир дойдулаахпытын көрүстэхпитинэ, кырдьыга даҕаны, хайдах эрэ, төрөөбүт Сахабыт сирин салгына субу сайа охсорго дылы буолар... Ол биһиэхэ туохтааҕар да күндү! Эн бу маннык уолаттары кытта көрсүһүү оҥорон, илэ-хоро атах тэпсэн олорон кэпсэтэн, сонуҥҥутун үллэстэн, оонньотон, күллэрэн кэлэн барарыҥ иһин махталбыт муҥура суох.

Махталы кытта 155 отдельнай биригээдэ морпехтара,

Владивосток 11.06.2021.

***

61cb39be 7f29 418a aeca 82d6f786a208

Бу биһи Улан-Удэ куоракка ВДВ биригээдэтигэр сулууспалыы сылдьабыт. Сулууспа этэҥҥэ баран иһэр, элбэххэ үөрэннибит, парашюттаах ыстанныбыт, байыаннай дьыаланы баһылаатыбыт, ийэ дойдубутун көмүскүүргэ бэлэммит. Ийэлэр кэмитиэтэ ыһыах тэрийэн, олус үөртэ. Сахабыт аһын -- алаадьыны сиэн, кымыһы иһэн -- олус дуоһуйдубут, оһуокай үҥкүүлээн, тустууга, мас тардыһыыга күөн көрсөн, отой дойдубутугар сылдьардыы сананныбыт.

Улан-Удэ куоракка ВДВ биригээдэтэ.

***

Сиэммит сулууспалыы сылдьар Горнай Забайскальскай кыраай 56313 байыаннай чааһыгар сылдьыбыккын.Оҕобут үөрэн ахан ийэтигэр эрийбит. “Эт сиэтибит, кэпсэттибит, хаартыскаҕа түстүбүт”, -- диэбит. Улахан-улахан баһыыба.

***

a067e0ec 2d9a 435f bac3 0b9c6f920647

Кэрэ дьахтар килбиэннээҕэ

Кэллэ саллаат олоҕор,

Ыраах сылдьар ыччакка,

Ыһыах ыһан үөртэ.

Доҕордоһуу туһүлгэтэ

Дойдуларын санатта,

Саха аһа барахсан

Саха тыынын биллэрдэ.

Оһуокайбыт барахсан

Олус киэркэйэ тубуста.

Саха омук бэртэрэ

Күрэхтэһэ  оонньоотулар.

Хапсаҕайбыт тустуута,

Сымса буолуу бэлиэтин

Сыыйа-баайа көрдөрдө.

Мас сүмэтин ыган таһаарар

Мас тардыһыыта тэнийдэ,

Тарбах күүһүн уһугуннарда.

Уран тылга уһуйуллубут

Ураты туруктаах Маарыйа

Уйгу быйаҥ ыһыаҕа

 Дойду тыыны аҕалла!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением