Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Кинилэр олус соһуччу көрүстүлэр диэҕи, эмиэ да атын курдук. Син уруккуттан бэйэ-бэйэлэрин билэр этилэр да, табаарыстыы сыһыантан атын суох курдуга. Оттон бу көрсүһүүнү ким да былааннаабатаҕа. Ол курдук кинилэр биир үтүө күн көрүстүлэр, кэпсэттилэр уонна бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаах курдук буолан хааллылар. Чэ, бэйи, саас-сааһынан.

Кинилэр олус соһуччу көрүстүлэр диэҕи, эмиэ да атын курдук. Син уруккуттан бэйэ-бэйэлэрин билэр этилэр да, табаарыстыы сыһыантан атын суох курдуга. Оттон бу көрсүһүүнү ким да былааннаабатаҕа. Ол курдук кинилэр биир үтүө күн көрүстүлэр, кэпсэттилэр уонна бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаах курдук буолан хааллылар. Чэ, бэйи, саас-сааһынан.

Сулустаайа -- соҕотох дьахтар. Кини биир эрэ киһини таптаабыта. Мыынаҕыт дуу? Суох, Сулустаайа дьүһүнүнэн да мөкү буолбатах, майгы да өттүнэн олус кэрэ киһи. Сүгүрүйээччитэ да элбэҕэ. Бастаан устудьуоннуур сылыгар үрдүкү куурус уолаттара: «Көрүҥ, эрэ, куба кыыс ааста!» – диэн саҥа аллайдахтарына, олус кыбыста саныыра. Ол кини маҕанын иһин буолбатах, үксүн сырдык таҥаһы таҥнара, олус чочуйан оҥоһуллубут курдук быһыытын-таһаатын көрбүт эрэ сөҕөрө. Оннооҕор кыргыттар ордуҕургуур этилэр да, кинини, кууруһугар саамай балыс кыыһы, бары харыстыыллара. Сулустаайа билигин ол дьикти долгутуулаах кэмнэрин олус истиҥник саныыр. Саас уһун, хойуу суһуоҕун ыытан, үрдүк хобулук үрдүгэр сэгэйэ хаамтаҕына, «Летящею походкой...» ыллыы хаалар уолаттар бааллара. Оннооҕор биирдэ эдьиийэ: «Уой, Сулустаайа, оруосабай дьүһүн эйиэхэ барсар да эбит! Атаҕыҥ үчүгэйиин! Эн иннигинэ Сэргэлээххэ Туйаара эмиэ атаҕынан «оонньуур» этэ. Эйигиттэн атына диэн, муус маҥан этэ уонна кугас баттахтааҕа. Ханнык Туйаара диигин дуу? Оттон аҕаҕынан эдьиийиҥ! Дьон хараҕа хатанар кыргыттара буоларгыт хааҥҥытыгар да баар быһыылаах. Кэрэ үйэтэ суох, онон харыстаа кэрэ сэбэрэҕин», – диэбитэ уонна учуутал быһыытынан эмиэ сүбэлээн барбыта.

Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, Сулустаайа бастакы таптал, бастакы уураһыы диэни билбитэ. Миша кинини араастаан атаахтатара, минньигэс кэмпиэтинэн, оччолорго сэдэх фруктанан күндүлүүрэ. Мэлдьи илии тутуурдаах, араас кэһиилээх буолара. Билигин санаатаҕына үчүгэй, кимиэхэ да суох суһуох туттарар заколкалары соҕуруу бара сылдьан аҕалбыта. Аата, онно ымсыырбыт кыыс элбэҕэ. Эмиэ буоларын курдук, кинилэр тапталларын харыстааччы, араҥаччылааччы элбэҕэ. Сулустаайа хаһан да соҕотоҕун сылдьыбытын тоҕо эрэ өйдөөбөт. Мэлдьи эдьиий курдук дьүөгэлэрэ арыаллыы сылдьаллара. Тапталларын араастаан биллэрэ сатаан эрэйдэммит уолаттары Сулустаайа ардыгар аһынара, ардыгар ис-иһиттэн күлэрэ. Ардыгар мүччү-хаччы туттаран биирдэ-иккитэ киинэлээн, театрдаан баран эйэ-дэмнээхтик атыҥҥа анаммытын биллэрэрэ.

Иэдээн эмискэ кэлбитэ, Миша улаханнык ыалдьыбыта. Бу кэмҥэ кинилэр ордук чугаһаспыттара, Сэргэлээх барыта кинилэр тапталларынан олорбута. Оннооҕор урут Сулустаайа мичээрин бэлэхтэтэ сатаабыт уолаттар Миша тапталын туһугар ыалдьыбыттара, баардарынан-суохтарынан көмөлөһө сатаабыттара. Кыыс тапталыгар бэриниилээҕин иһин ордук ытыктаабыттара. Миша кэргэн ылыахтаах кыыһын олус харыстыыра, төһө да түгэн элбэхтик тосхойбутун иһин, Сулустаайатын тыыппатаҕа. Барахсан инникигэ эрэлин ыһыктыбакка, Сулустаайа илиитин сылааһыгар бигэнэ сытан, ол дойдуга күрэммитэ. Ол күнтэн ыла Сулустаайа тоҕо эрэ «мин огдообобун» диэн санаммыта. Миша бэлэхтээбит биһилэҕин тарбаҕыттан араарбатаҕа. Кэлин үөрэҕин бүтэрэн, тыа сиригэр баран үлэлээһин, үлэнэн эрэ муҥурданыы саҕаламмыта

Эр киһи диэнтэн Сулустаайа букатыннаахтык тэйбит курдуга. Кини эр дьоҥҥо хараҕын кыратык да хатаатар, киниэхэ кэлиэхтээхтэрин билэрэ, сэрэйэрэ. Оттон кини аттыгар олорбут, тоҕо эрэ, саҥата-иҥэтэ элбээн, иҥээҥнээн барара.

– Эн аптаах быһыылааххын, – диэтэхтэринэ күлэн эрэ кэбиһэрэ. Сулустаайа бэйэтэ эрэ билэр ол кистэлэҥин. Кини – имэҥ дьахтар. Кэнники бэйэтиттэн тымныы тыыны диэххэ дуу, салгыны диэххэ дуу ыытарга үөрэммитэ. Кини диэки салаллар имэҥи утары салайарга үөрэммитэ. Оттон бу көрсүһүүгэ ити ньымата туһалаата дуу, суох дуу? Сандал ис-иһиттэн саҥара-иҥэрэ олорбута. Сулустаайа, бэйэтэ да билбэтинэн, эр киһи тыына биллибэтэҕэ ырааппыт дьиэтигэр чуҥкуйар эбит. Бастаан Сандал тылларыгар болҕомтотун уурбатаҕа. Сандал олус дьиибэлээҕи кэпсии олорон, хомойбут куолаһынан.

– Киһи төлкөтө, олоҕо диэн баар эбит, олус уустук. Таҥнарыы диэни билэн, бүтэн баран сылдьабын. Оҕолорум эрэ тустарыгар олоробун, – диэбитэ.

Сулустаайа эрдэттэн Инесса сырыыларын билэр этэ. Сандал, төһө да умна сатаатар, син биир хомолтото кыратык да уҕарыйбатах эбит. Сулустаайа туох диэҕэй? Арай ыйытта:

– Хас биирдии киҺи олоҕо туох эрэ мэһэйдээх, туох эрэ кэрэлээх буоллаҕа. Эн кэргэҥҥин хайдах да бырастыы гынар кыаҕыҥ суох дуо?

– Суох. Инесса тоҕо эрэ атыҥҥа аралдьыйбыта баар. Мин төһө кыалларынан үчүгэйдик сыһыаннаһа сатаатым. Билигин тугу кистиэхпиний, ардыгар иэстэһэн, бэйэм да туора хаамыталыахпын сөп. Инесса олох өйдөөбөт эбит, бэйэтэ хаһан эрэ кэһэйбитэ баар буолуо.

Кинилэр олох, таптал, таҥнарыы туһунан элбэҕи кэпсэппиттэрэ, эдэр саастарын санаабыттара. Биирдэ-иккитэ эрэ алтыһан ааспыт кэмнэрин ахтыһан, ис-истэриттэн тэбэнитирэн күлбүттэрэ-үөрбүттэрэ.

Сандал бу киэһэ, хаһааҥҥытааҕар да итийэн-кутуйан туран, элбэҕи саҥарбыта. Иккиэн туох эрэ кистэлэҥнээх курдук арахсыбыттара.

Онтон хайдах этэй? Бүтэһик көрсүһүүлэригэр Сандал Сулустаайаттан эр киһи дьахтартан мээнэ көрдөспөт көрдөһүүтүн быктарбыта. «Биирдэ уонна бүтэһигин... Эн үөрүөҥ, махтаныаҥ...» диэн тыллартан Сулустаайа ордук соһуйбута. Сандал кинини имэрийэр сылааһыгар бэриммэтэҕэ. Кини кыратык да этин-сиинин сымнаттар, Сандал киниттэн арахсыа суоҕун сэрэйэрэ. Биирдэ буолбут салҕанан барыахтааҕын Сандал хайдах өйдөөбөтүттэн сонньуйбута эрэ. Сандал уураабытыттан төһө да долгуйдар, ону биллэрбэтэҕэ:

– Доҕордуу арахсыах, мин эйиэхэ хом да санаабаппын, кыыһырбаппын даҕаны, – диэбитэ

Сандал эмискэ өйдөммүттүү, кыбыстыбыттыы тахсар ааны былдьаспыта. «Хайдах дьон тапталларыгар бэриниилээх буолаллара буолуой? Оттон миэнэ? Инесса, эн биһиэхэ таптал диэн баара дуо?» – диэн иһийбит чуумпуттан, барыйбыт хараҥаттан ыйыта испитэ.

Ити күнтэн ыла Сулустаайа бэйэтэ да билбэтинэн уларыйбыта. Бастаан бэйэтин бэйэтэ өйдөөбөтөҕө. Тоҕо эрэ, Мишам хомойуо диэн, саныан да куттанар курдуга. Ити санаатын түүлэ киэр кыйдаабыта.

Түүл... Эмиэ да илэ курдук, эмиэ да хаһан эрэ буолан ааспыт курдук... Кини тапталлааҕын көрбүтэ... Үөһэ былыттарга олорон, илин диэки устан эрэрэ. Көрөр, мичээрдиир, саҥата суох быраһаайдаһан, илиитэ күөрэҥниир. Сулустаайа ыҥырар курдук да, саҥата кыайан тахсыбат. Эмискэ Миша кып-кыһыл сардааналары тамнаабыта көбүөр буолан тэлгэнэн истэ. Ол көбүөр устун Сулустаайа олус чэпчэкитик хаамар уонна Мишаҕа эмиэ илиитинэн далбаатаан быраһаайдаһар. Иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр мичээрдэһэллэр. Сулустаайа хараҕын арыйаат, бастаан ханна баарын өйдөөбөтө... Этэ-сиинэ эчи чэпчэкитин! Өйө-санаата дьэҥкэрбитин! Бу түүлэ мээнэ түүл буолбатаҕын эндэппэтэ. Кини олоҕу салгыахтаах эбит! Мишата онно көҥүл биэрэр эбит! Бээ-бээ, Сандал туох диэтэ этэй? «Махтаныаҥ». Кырдьык даҕаны! Сандал бэйэтэ да билбэтинэн утуйан хаалбыт кыыс-дьахтар кутун уһугуннарбыт дии! «Эр киһи – мэлдьи эр киһи» диэбитигэр дылы, «дьахтар мэлдьи дьахтар», бэйэтин аналын толоруохтаах эбээт.

оруохтаах эбээт!

… Саҥа дьыл түүнэ. Сулустаайа тэлэбиисэрин холбоон баран олордо. Тугу биэрэллэрин мээнэ көрөр эрэ, санаата олох атыҥҥа. Бу сыл тугу аҕалар? Дьүөгэлэрэ бары дьиэлэригэр ыксаан бардылар. Кини эмиэ түөрт эркини манаан олордоҕо. Дьыбаан киэргэлэ буолан. Санаатыгар, ааны маныыр курдук, ким эрэ киириэхтээх... Ол быыһыгар эмиэ да сэтэриир, эмиэ да кынчарыйар харахтары көрөн аһарда. Тоҕо? Туох иһин?

Санаатын ситимин таһырдьа хоочугуруур атах тыаһа быһан кэбистэ. Иһиллээтэ. Атах тыаһа саарбахтаабыттыы бытаарда, тэпсэҥнээтэ... Сулустаайа сүрэҕин тэбиитэ чабырҕайыгар тиийэ кэйиэлээтэ. Сандал! Хайыыбыный? Үүрэбин? Киллэрэбин? Аан аһылынна...

Сандал, санаатыгар, олус да бытааннык бу күөх харыйа таһыгар турар дьикти иэйиилээх кыыс-дьахтарга, Сулустаайаҕа, кэллэ... Тоҕо кини саҥарбат? Саҥата суох илиитин уунна. Сулустаайа: «Кэбис, дьоҥнун санаа», – диэхтээх этэ да, тыла чороччу тарпыт курдук. Илиитин ууммутун бэйэтэ да өйдөөбөтө... Уоһугар сып-сылаас уос хатана түстэ. Сулустаайа туймааран хараҕын быүа симнэ. Ханна эрэ ыраах намыын музыка кинини сымнаҕас былыкка суулаата. Икки соҕотохсуйбут сүрэх бииргэ, биир күрүстүк тэбэн барда...

Сэгэлдьийэ ЧЭЭЛЭЙ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением