Бэҕэһээ киэһэ үлэбиттэн сылайан кэлэн, параадка барбаппын, быйыл миигинэ да суох параад буолар ини дии санаабытым. Оттон бүгүн сарсыарда, эрдэ уһуктан баран, «Бүгүн ‒ Пиэрибэй Маай!» дии санаат, ороммуттан ойон турдум.
«Ээ, арба, барбаппын диэбитим дии! Бээ, өссө утуйа түһүөххэ!». Төттөрү сыттым, муннук диэки хайыһан утуйардыы оҥоһуннум. Уум кэлиэ баара дуо? «Бу түннүк сабыыта сырдыгы курдат киллэрэр. Хараҥа, халыҥ сабыы наада». Араастаан сыта сатаатым даҕаны, уум кэлбэтэ.
«Оо, дьэ, бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан Пиэрибэй маай параадын көтүппэт этим. Суох, барар эбиппин!». Туран, суунан-тараанан, ыксаабакка кофе буһарынан, килиэпкэ сыыр уулларан аа-дьуо аһаатым. Оҕолорум, устудьуоннар, хайа сах параадка тэбиммиттэр.
«Тымныы-хаҕыс тыаллаах күн...» дии санаан, халтаҥ соммун, сылаас саппыкыбын кэтэн, таһырдьа уон биир ааһыыта таҕыстым. Куорат киинигэр олорор манан бэрт. Таһырдьа бырааһынньык тыына биллэр. Ленин болуоссатыттан диктордар үлэ дьонугар «Уруй-айхал!» түһэрэн ырааппыттар. Биһиги тэрилтэбит сылын аайы «Туйаара» маҕаһыын аттыгар мустар. Бачча хомунан тахсыбыт киһи, аны хойутаан хаалыам диэн, тиэтэйэ-саарайа хаамтым. Ичигэстик таҥныбытым да үчүгэй эбит. Хас эрэ сыллааҕыта үрүҥ плащтаах, төбө сыгынньах параадка барбыппын өйдүүбүн. Оччолорго сылаас буоллаҕа. Оттон кэлиҥҥи кэмҥэ наар истээх саппыкылаах, сааскы бэргэһэлээх, халтаҥ сонноох сылдьыллар буолла. Чалбахтары уҥуордаан, олбуорбуттан тахсан, киин уулуссанан эрчимнээхтик хааман иһэбин. Таһырдьа букатын атын кэм да буоллар, испэр «Утро красит нежным светом стены древнего Кремля, просыпается с рассветом Вся Советская страна...» диэн ыллыыбын. Араас өҥнөөх шариктаах үөрбүт-көппүт дьон хаамсаллар, тула сып-сырдык, чэбдик салгын, бу маннык кэрэ көстүүттэн, чаҕыл сааскы күнтэн ис-испиттэн үөрүөх-көтүөх санаам киирдэ. Параадка баран иһэрим тугун үчүгэйэй! Бииргэ үлэлиир дьоммор түргэнник тиийэ охсуохпун, бу улахан үөрүүгэ дьоммунуун бииргэ буолуохпун баҕардым.
Сүүрэ былаастаан хааман иһэбин, иннибэр биир хараҥа таҥастаах, кыһыл сэлээппэлээх дьахтар, ыарахан баҕайытык үктэнэн хааман, суолбун бүөлээн иһэр. Ситэн ааһыахпын баҕарабын да, тротуар кыараҕас, онон кэнниттэн хаама түстүм, ол гынан баран тулуйбатым:
‒ Аһардыаҥ дуо? – диэтим.
Дьахтарым эргилиннэ. Мин кинини көрөөт биллим.
‒ Хайа, Наташа, привет! Бырааһынньыгынан! Күөх маайынан!
‒ ...
‒ Хайа-а, Наташа, билбэтиҥ дуо? Параадтыы саҥа баран иһэҕин дуу, хайа сах хаамтыгыт дуу?
‒ Ээ, суох, саҥа баран иһэбин. Мин да биллим...
‒ Туох сонуннааххын? Ханна үлэлиигиний?
‒ Сетевой атыыга баарбын. Быйыл биһиги кэккэбит хаҥаан параадка тэринэн баран эрэбит.
‒ Бэрт дии!
‒ Оттон эн ханна үлэлиигин?
‒ Миэхэ барыта уруккубунан, уларыйыы суох, эрэдээксийэбэр оннук үлэлии сылдьабын. Хата, кэпсэтэ түһүөх. Билигин син биир биһиги уокурукпутун ыыппаттар. Хайа, Наташа, оҕолоруҥ улааттахтара буолуо.
‒ Улаатан. Уолум ыал, оҕолоохтор. Тыаҕа олороллор. Кыыһым устудьуонка. Кырам оҕо уһуйааныгар сылдьар.
‒ Даа?! Оччо кыра оҕолооххун да? Маладьыаскын дии! Коляҥ?
‒ Колям бэйэтэ тэрилтэ тэринэн, тутуунан дьарыктанар.
‒ Дьэ, маладьыастар, кытаатан этэҥҥэ эрэ буолуҥ! Эн тускар, хата, наһаа үөрдүм!
Доппуруос аҥаардаах кэпсэтии таҕыста. Наташам аат эрэ харата кэпсэтэр. Чэ, баҕар, урукку олоҕуттан кыбыстара буолуо. Киһи олоҕо, дьэ, араастаах. Хас сыллаахха эбитэ буолла? Арааһа, тоҕуһуонус сыллар ортолоругар биир үтүө күн үлэлиир хоспор ити Наташа кыыһын батыһыннарбытынан киирэн кэлбитэ. Ытаабыт-соҥообут көрүҥнээҕэ.
«Барар сирим баҕана үүтэ буолан бу кэллим... Кэргэним атын дьахтарга иирэн төбөтүн сүтэрдэ. Миигин уонна оҕолорун көрүөн да баҕарбат. Итирэн кэлэ-кэлэ холдьоҕо сатыыр. Куоракка аймах-билэ дьонум суох. Дьонум тыаҕа инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олороохтууллар. Оттон бу бөлүүн отой да саанан тирээн куоттарда...».
Эдэр дьахтар ытаан, сэниэтэ бараммын көрүҥнээҕэ, саҥата иһиттэн барбах тахсан олоҕун кэпсээбитэ. Оччолорго үгүс дьон хаһыаты тирэх көмүскэтэр сир курдук ылынара. Араас дьылҕалаах, кыһалҕалаах дьон кэлэрэ. Дойду үрдүнэн дьиикэй ырыынак бүрүүкээн турар кэмигэр ыһыллыы турбута. Судаарыстыба олоҕун оҥкулун кытта үгүс дьон олоҕо эмиэ огдолуйбута баар суол этэ. Дьон көҥүлтэн төбөтө иирбитэ быһыылаах. Ол Наташа кэргэнэ Коля эмиэ, ыал аҕата буоларын таһы-быһа умнан, көҥүл айбардаабыт этэ. Наташаны, оҕолорун аһынным да этэ!
Тустаах министиэристибэни кытта кэпсэтэн, кинилэри ийэ, оҕо киинигэр кэпсэтэн киллэрбитим. Дьиэтигэр тиийэн, кэргэнин көрсөн, кытаанахтык кэпсэппитим. Аны биирдэ кэргэнин, оҕолорун атаҕастыа даҕаны хаһыакка сирэйин саралыы тардан таһаарыах буолбутум. Билигин хаһыаттан ким куттаммыт үһү, оттон оччолорго өрөспүүбүлүкэ тутаах хаһыатыттан толлуу баара.
«Эн эбэтэр, ол көссүүгүн оччо таптыыр буоллаххына, эр киһи быһыытынан бу дьиэни оҕолоргор хаалларан тахсан барыахтааххын. Биир хостоох дьиэни хас гынан үллэрээри гынаҕын?». «Ээ, туох таптала кэлиэй. Мин кэргэммин, оҕолорбун эрэ таптыыбын ээ, дьиҥэр...» ‒ диэбитэ булкуурдаах олох сиэртибэтэ буолбут киһи.
Биэрбит тылын толорон, арыгытын тосту быраҕан, кэргэниттэн көрдөһөн-ааттаһан, бырастыы гыннаран, салгыы ыал буолан олорбуттара. Ол кэнниттэн, этэргэ дылы, бүтүн олох аастаҕа. Бу соһуччу көрүстэҕим үһү. Хата, дьонум этэҥҥэ олороллорун истэн үөрдүм. Олох очура-чочура ханна барыай...
Куорат тэрилтэтин ахсаана сылын аайы эбиллэн иһэр. Урут киин уокурукка киирээччилэр уон икки чааска параадтаан, сэлэлии хааман киин болуоссакка «Ураа!» хаһыылаах киирэр буоларбыт, оттон билигин икки аҥаарга хоҥнобут. Параад диэн тэрилтэлэргэ босхо реклама буоллаҕа дии. Онон ким хайдах сатыырынан араастаан оҥостон, киэргэнэн-симэнэн ахан колоннанан хаамаллар. Көрүөххэ олус үчүгэй!
Биһиги тэрилтэбит ханнык да сылларга хаалсыбат. Сылын аайы саҥа транспарааннары, биир өҥнөөх саарыктары сакаастыыбыт. Профкоммут сылаас чэй, ас тэрийэр үтүө үгэстээх. Быйыл өссө оҕолорго бэлэх биэрэр буолан, дьоммут оҕолорун илдьэ кэлбиттэр. Оҕо аймах үөрүүтэ-көтүүтэ оройуттан тутуллан, улахан бырааһынньык тэрилиннэ. Астык.
Бииргэ үлэлиир дьону кытта биир тэтимҥэ киирэн параадтыыр олус үчүгэй. Үчүгэйин ааһан туһалаах. Дьон ис туругун тириибинэн билэбин. Кэлэктиипкэ дьон араас. Туох да хос санаата суох, ис сүрэхтэриттэн Маай бырааһынньыгын бэлиэтии кэлбиттэри кытта салайааччыга көстө сатааччылар бааллар. Ол иһин туһалаах бырааһынньык диибин. Тойон-хотун аттыгар туран, этэн көрө-көрө күлэр, илим-салым түһэр дьон, дьэ, бу курдук түгэни мүччү туппаттар.
Хомойуох иһин, туһана эрэ сатааччылар ахсааннара баһыйар. Кинилэри күүстээххэ ньылаҥныырга, бэйэтиттэн намыһахха сэнэбиллээхтик сыһыаннаһарга анаан иитэллэрэ буолуо дуо? Эбэтэр оннук айылаах кинилэр бэйэни харыстанар инстиннэрэ күүстээҕэ дуу? Кинилэри тойон-хотун астынар, буолумуна, тугу санаабыккын-баҕарбыккын тута оҥорон биэрэ сылдьаллара бэрт буоллаҕа дии. Кэтээн көрдөххө, итинник ньылаҥнаан үөһэ тахсыбыттар элбэхтэр. Кыра ычалаах киһи тойон буолара баар ээ! Кини аннынан үлэлиир дьону букатын кулуттарын курдук саныыллар, бэйэлэрин хайдах сэнэнэн ньылаҥныы сылдьыбыттара даҕаны соччонон дьону сордуур адьынаттаахтар. Көҥүл ыһыытаан-хаһыытаан, айбардаан. Дуоһунаска букатыннаахтык олорбут курдук тутахтык сананыы. Киһи көрөн сонньуйар дьоно. Дуоһунас бүгүн баар, сарсын – суох. Киһи туох-ханнык иннинэ киһинэн хаалыахтаах. Оччоҕуна биирдэ дьон-сэргэ ытыктабылын ылаҕын. Арааһа, мөкү майгылаах-сигилилээх дьон бэйэлэрин ытыктаабаттар, ол иһин кими даҕаны сатаан ытыктыыр, сыаналыыр кыахтара суох.
Бу туран, арааһы эргитэ санааһын ханна барыай? Хаартыскаҕа түһэн, буолары-буолбаты кэпсэтэн, итии чэй иһэн бириэмэ биллибэккэ ааста.
Онтон: «Бардыбыт!», ‒ диэн бирикээс кэллэ. Дьэ, колоннаҕа уоннуу буолан туран, сэлэлии хаамтыбыт. Мин аттыбар биһиэхэ соторутааҕыта киирбит эдэрчи, аҥаардас дьахтар хаамта. Улаханнык билсэ иликпит. Оҕотун илдьэ сылдьар. Параадка оҥостон ахан кэлбит, чараас чулкулаах, хобулуктаах саппыкылаах. Тоҥон бүттэ быһыылаах.
Колоннабыт сотору-сотору ньиргийэр «Ураа!» диэн хаһыылаах Ленин проспегынан эрчимнээхтик хаамар, Ленин пааматынньыгын иннигэр турар саламтаҕа чугаһаан иһэн, диктор биһиги тэрилтэбитин ааттаабытыгар өссө эрчимнээхтик хаһыытаатыбыт. Элбэх киһи биир тэтимҥэ киирэн, «ураатыыра» киһиэхэ ураты эрчим биэрэргэ дылы. Уулусса икки өттүнэн мустан турар дьоҥҥо далбаатыы-далбаатыы, опера-балет тыйаатыр диэки бардыбыт.
Саҥа үлэһиппит Ольга Михайловна туохтан эрэ ураты долгуйарын сэрэйдим. Өйдөөн көрбүтүм, кини хараҕын далыгар тэрилтэбит салайааччытын тута сылдьар эбит. Тойоммут, тыйаатырга тиийбэккэ, «Токко» маҕаһыын диэки колоннаттан тахсан барда. Онуоха дьахтар ыксыы түстэ.
‒ Чэ, мантан туораатахха син ини... ‒ диэтэ ыйытардыы.
‒ Суох. Тыйаатырга тиийэн атрибуттары туттарыахха наада.
‒ Бырааһынньык кэннэ да аҕалыам, ‒ диэн баран, тиэтэйбит киһилии туттан, колоннаттан туораата.
Оҕото кэнниттэн сырыста... Ити курдук, икки дьахтар олоҕун таабырынын сэгэтэн ааста быйылгы Күөх маай бырааһынньыга.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0