Дьаһал саха тылын декадатыгар ананар, манна ийэ тыл сүмэтин кэнчээри ыччакка чөл хаалларар туһугар этиилэри ырытыһаллар. Ол эбэтэр сахалыы тылынан түһүлгэлэри тэрийэн, олоххо киирбит үлэни ырытарга, саҥа соруктары чопчулааһыҥҥа, төрөөбүт тыл тыыннаах хааларын туһугар аһаҕас кэпсэтиини тэрийиигэ туһуланар.
Саха алпаабытын бастакынан оҥорбут Сэмэн Новгородов төрөөбүт түөлбэтигэр тылга анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи мунньах ыытыллыбыта ураты суолталаах. Тэрээһин «Айылгы» култуура киинигэр буолла.
Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев эппитинэн, улуус салалтата оҕолор сөптөөхтүк, сиэрдээхтик иитиллэн тахсалларыгар бары өттүттэн хайысхаларга үлэлэһэр. Быйыл Чурапчы улууһугар Ийэ сир сыла, сахалартан бастакы лингвист–учуонай, саха суругун-бичигин төрүттээччи С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сыла, саха литературатыгар роман жанрын төрүттээччи Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сыла, учуонай, историк, саха классик суруйааччыларын ааттарын хорсуннук көмүскээбит Георгий Башарин төрөөбүтэ 110 сыла киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэр. Маны таһынан, саха саарыннарыттан үгүс киһи бэлиэ сылларын улуус бэлиэтиир, кинилэр ааттарын үйэтитэр.
Форуму Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Кронникова иилээн-саҕалаан ыытта.
СӨ Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева бэйэтин эҕэрдэтин Иван Гоголев-Кындыл тылларынан саҕалаата: «Төрөөбүт тылы ахсарбат буолуу – бу норуоту ахсарбат буолуу. Тыл диэн норуот бастыҥ баайа, сүрүн киэн туттуута. Тыл диэн норуот үрүҥ тыына. Тыл өлбөөдүйдөҕүнэ, норуот аһыныгас айыы санаата эмиэ өлбөөрөн барар. Тиһэҕэр – харааран хаалар. Оттон бу алдьархай аньыы, буруй хара санааттан тахсар буолбат дуо?! Дьэ, онон тыла буомурбут норуот бэйэтэ эмиэ буомурар уонна эстиигэ-быстыыга тиийэр. Өрүстэр, муоралар уоллахтарына, улаханнык айманабыт, оттон тыл ииннэҕинэ, хаттаҕына кыһаллыбаппыт. Бу өйбүт-санаабыт дириҥэ суоҕуттан, култуурабыт намыһаҕыттан буолаарай? Ханнык да норуот муудараһа тылга баар. Тылбытын сүтэрэн эрэрбит, былыргы муудараспытын сүтэрэн эрэрбит тэҥэ"... Мин санаабар, бу Иван Гоголев форум сүрүн санаатын эппит курдук».
Феодосия Васильевна эппитининэн, Чурапчы улууһугар төрөөбүт тылга ураты болҕомто ууруллар, атын улуустары кытта тэҥнээтэххэ, эппиэтинэс ордук улахан.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев бырагыраамынай этиитэ олоххо киириитигэр Феодосия Габышева бэйэтин санаатын уонна улуустары кытта салгыы үлэ хаамыыта хайдах барыахтааҕын үллэһиннэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарар сыалтан биэс сыллаах анал бырагыраама ылыныллан, 2021 сылтан үп-харчы көрүллэн, олоххо киирэ турар.
Ааспыт сылга бу бырагыраама чэрчитинэн 55 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ, үлэ-хамнас былааннаммытынан барбыта. Ол иһигэр, төрүт тыллары үөрэтиигэ аныгы ньымалары туһанар бырайыактар олоххо киирдилэр, саха уонна хотугу тыллары үөрэтиигэ учебниктар бэчээттэннилэр.
«Былырыын учебник таһаарыытыгар улахан болҕомто ууруллубут эбит буоллаҕына, быйыл сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ үлэ барыа", -- диэн Ил Дархан туһаайан эттэ. Манна өр сылларга үлэлиир Мордовская Фекла Николаевна, Барашкова Жанна Федоровна саха тылын предмет быһыытынан үөрэтиигэ, сахалыы тыллаах оскуолалар сайдалларыгар улахан кылааттаахтарын бэлиэтээн туран, эппиэтинэскэ туһаайан этиэхпин баҕарабын. Аныгы тахсыбыт учебниктары элбэх ырытыы түмүгүнэн хаачыстыбатын, оҥоһуллуутун экспериментатор-учууталлар быһыытынан, С.А. Новгородов аатынан 1-кы №-дээх Чурапчы оскуолатыгар, Болтоҥо оскуолатыгар уо.д.а. киэҥник кыттыахтара диэн эрэнэбин», - диэн туһаайан эттэ.
Итиэннэ Ил Дархан эппитинэн, официальнай эйгэҕэ, наукаҕа, үөрэххэ саха тылын туттуу инникитин өссө кэҥиэхтээх. Холобурдаан эттэххэ, Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар көрүллэр докумуоннар икки тылынан тэҥинэн – нууччалыы уонна сахалыы -- киириэхтээхтэр.
«Манна Ил Түмэн үлэтин саҕалаата. Ол курдук, тылбаас отделын кэҥэтэн, тыл туһунан сокуоҥҥа уларытыы киллэрэргэ уо.д.а тэрээһиннэри ыытарга, үлэлииргэ бэлэм олоробут», - диэн Феодосия Васильевна иһитиннэрдэ.
Ил Дархан "Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта" аан дойду дьонугар-сэргэтигэр, аан дойдутааҕы таһымнаах тыл култууратын сайыннарыыга биһиги, сахалар, утары уунар бэлэхпит буолар. "Маны куйаар ситимигэр таһаарыахпыт" диэн этиитигэр Национальнай библиотека улахан оруолун Феодосия Габышева ыйда. Информационнай технология нөҥүө куйаар ситимигэр киирбиттэрин эттэ.
«Терминология, таба суруйуу боппуруостарыгар эмиэ элбэх үлэ эрэйиллэр. Манна кыттыһыаххыт, үлэлэһиэххит, бөлөхтөрү тэрийиэххит диэн эрэнэбин», - диэн норуот дьокутаата туһаайда.
Ааспыт сыл ситиһиилэрин ылан көрдөххө, «Тэтим араадьыйа» сахалыы онлайн-сыһыарыыта Россияҕа саамай элбэхтик туттуллар 10 бастыҥ араадьыйа-сыһыарыы ахсааныгар киирдэ.
Феодосия Васильевна санаатынан, бу кыаҕы ситэ туһаммакка олоробут. "Ол иһин араадьыйа сыһыарыытыгар ис хоһоонун байытарга уонна сахалыы тылы тэнитэргэ аналлаах араас сыһыарыыларга дьон көрүүтэ, санаата наада", -- диэн эттэ. Соторутааҕыта ыытыллыбыт "төгүрүк остуолга" Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгиттэн Гаврил Вырдылин сирдэр ааттарын оҥорон, төлөпүөн сыһыарыытын оҥорбутун туһунан кэпсээтэ.
Маны таһынан, Феодосия Васильевна Ил Дархан саха тылын чинчийэр билим уонна үөрэхтээһин биир кэлим киинэ тэриллитин боппуруоһугар бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Итиэннэ оскуолаҕа уонна уһуйааҥҥа оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэр, иитиллэр усулуобуйатын тэрийии, Дьокуускайга сахалыы тылынан үөрэтэр оскуола ахсаана икки төгүл улааппытын, оттон сахалыы тылынан үөрэнэр оҕо ахсаана 1,5 төгүл эбиллибитин, 10 тыһыынчаттан лаппа тахсыбытын, куорат уһуйааннарыгар сахалыы тылынан иитии эмиэ киэҥник киирбитин туһунан норуот дьокутаата бэйэтин көрүүтүн эттэ.
«Үөрэх министерствотын иннигэр туруорбут сорудахпынан, оскуолаларга төрөөбүт тылы уонна литератураны, Саха Сирин историятын уонна култууратын үөрэтии чааhын элбэтэргэ чопчу үлэ ыытыллар. "Бу барыта үөрэхтээһин саҥа федеральнай стандартарыгар олоҕуруо уонна үөрэх былааныгар киириэ», - диэн Ил Дархан Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эппитэ.
Хотугу омуктар тылларын сайыннарар сыалтан Дьокуускай куорат 26-с уонна 38-с №-дээх оскуолаларыгар барыта 46 оҕо эбэҥки тылын уонна култууратын дириҥэтэн, туспа предмет быһыытынан үөрэтэллэр. Бу хайысха инники өртүгэр өссө сайдара, кэҥиирэ сүрдээх кэрэхсэбиллээх буолуоҕа. Хотугу төрүт омуктар тылларын үөрэтиини уһуйаантан саҕалыыр, биллэн турар, ордук.
«Төрөөбүт тылларга олоҕурар үөрэх эйгэтин сайыннарарга кэлим үлэ барыахтаах. Киин куоракка эрэ буолбатах, Саха Сирин бары муннугар. Саҥа үөрэх кыһаларын, уһуйааннары тутуу, төрөөбүт тылынан үөрэнэр оҕо ахсаанын элбэтии, аныгы методиканы туһаныы, кадрынан хааччыллыы – барыта тэҥҥэ сайдыахтаах», - диэн туһаайда.
Салгыы Ил Түмэн ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Гуляев Михаил тыл эттэ.
«Хайа да омук бэйэтэ тыллаах буолан, туспа омук аатырар. Ийэ тылбыт дьылҕата хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын умнуо суох кэриҥнээхпит. Ханнык баҕарар омук бэйэтин төрөөбүт тылын харыстааһын, көмүскээһин -- норуокка бэйэтигэр сүктэриллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламена Саха Сирин норуоттарын тылларын сайдыытын уонна тыл политикатын олоххо киллэриини сокуонунан хааччыйарга ситимнээх үлэни ыытар. Саха сиригэр «Үөрэх туһунан», «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан», «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Хоту сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын тылларын анал туругун туһунан» уонна да атын сүрүн сокуоннар ылыныллыбыттара. Ил Түмэн төрүт тылларбыт былаас уорганнарын үлэтигэр, докумуоҥҥа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ туттуллууларыгар, уус-уран литература, киинэ тахсыыларыгар уо.д.а. атын эйгэлэргэ тарҕаныыларыгар болҕомтотун уурар», - диэн эҕэрдэ тылын саҕалаата.
Кини бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ биир тыын кыһалҕабытынан, Ийэ тылбытын таба туттан, сөпкө саҥаран илдьэ сылдьыыбыт буолар. «Үөрэрим диэн, тыа сиригэр оскуолаларга, уһуйааннарга төрөөбүт тылга болҕомтолорун уурар иитээччилэр, учууталлар кэскиллээх үлэни ыыталлар. Олоҥхо тыла-өһө тарҕанара, үөрэтиллэрэ уонна сыллата Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэрэ саха тыла сайдарын туһугар төһүү күүс буолар», - диэн Михаил Дмитриевич эттэ.
Ол курдук, «Саха Сирэ» хаһыат олунньу 12 күнүнээҕи таһаарыытыгар, «Оҕону ийэ тылынан саҥардыахха» тэрээһин туһунан суруйууга, суруналыыс Людмила Попова «Ийэ тыл сайдыытыгар бастакынан улуустартан хамсааһыны чурапчылар таһаардылар» диэн суруйуутун үөрэ уонна киэн тутта аахпытын кэпсээтэ.
«Быйыл кыһын Чурапчы улууһугар «Тыл – омук тыына» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин ыытыллыбытын, ол түмүгүнэн 35 пууннаах резолюция ылыныллыбытын, Болтоҥо оскуолатын саха тылын дириҥэтэн үөрэтэр, дьиҥ сахалыы тыыннаах оскуола оҥоһулларын, тылга дьоҕурдаах, оҕолорго сайыҥҥы өттүгэр лааҕыр үлэтэ былааннанарын киэҥ эйгэҕэ сырдаппыт», - диэн норуот дьокутаата тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Тыл эйгэтин харыстааһыҥҥа төрөппүттэр, уһуйаан, оскуола бииргэ сомоҕолоһон, түмсэн торум оҥорон үлэлиирбит кэлбитин, кэм көрдөрдө. Хомойуох иһин, оннооҕор тыа сиригэр, кыра оҕолорбут аныгы олох тэтиминэн нуучча тылынан кэпсэтэн оонньуур буолбуттара биһигини дьиксиннэрэр. Ону бары билэ-көрө, истэ сылдьабыт. Үгүс дьиэҕэ баар кыһалҕа буолла.
Олунньу 13 күнүгэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев саха тылын, литературатын, культуратын үөрэтиигэ чаас элбиэ диэбитин эттэ. Итинэн сиэттэрэн, салгыы Михаил Дмитриевич бэйэтин этиилэрин киллэрдэ:
– 1990-с сыллардаахха Сахалыы үөрэх Концепцията киирэн оскуолаларга сахалыы тыын киирбитэ, төрүт култуура, Кыыс Куо, Үрүҥ Уолан диэн уруоктар бааллара. Ити бырагырааматын саҥардан, кылаас чаастарыгар киэҥник үөрэтиэҕиҥ. Бу үлэни улуус үөрэҕин управлениета тэтимнээхтик сүрүннүөх тустаах.
– Ийэ тылбытын өрө көтөҕөр «Аман өс» оратордар күрэхтэрин сөргүтүөҕүҥ. Бу олус кэскиллээх тэрээһин этэ.
– Оскуола оҕолоругар, уһуйаан иитиллээччилэригэр, олохтоохторго төрүт итэҕэлгэ, төрүччүнү үөрэтиигэ күрэхтэ ыытыаҕыҥ. Өбүгэтин, силиһин билбэт киһи олоххо бигэ тирэҕэ суох буолар. Төрүччүгэ декадата анаан, былаан оҥорон, аҕа саастаах дьоммутуттан ыйыталаһан үөрэтэн, сурукка тиһэн ону барытын ситимҥэ киллэрэн дириҥ суолталаах үлэни таһаарыаҕыҥ. Манна хас биирдии нэһилиэк баһылыга болҕомтотун ууруох тустаах.
– Уолаттарга «Өбүгэ оонньууларын» үөрэтэн күрэхтэһиннэриэҕиҥ. Оскуолаҕа сүүмэрдиир күрэхтэһиилэри тэрийэн, сайын Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан, улуус оскуолатын оҕолоругар «Өбүгэ оонньууларыгар» Спартакиадата ыытыаҕыҥ.
– Улуустааҕы «Саҥа олох» хаһыаппытыгар сурутууну киэҥник тэнитэн, Ийэ тылбытыгар аналлаах балаһа киллэртэриэҕиҥ.
– Хас бэнидиэнньик аайы улуус, нэһилиэк администрацияларын мунньахтарыгар, оскуола үөрэнээччилэригэр, уһуйаан иитиллээччилэригэр сахалыы таҥас кэтэллэрин улуус баһылыгын Уурааҕынан бигэргэтиэҕиҥ.
– Интернет ситимигэр ыччаттар, улахан кылаас үөрэнээччилэрэ сахалыы тылы, төрүт саҥаны тарҕатар нууччалыы эттэххэ, страницалары арыйан үлэлэтэллэрин өйүөҕүҥ. Граннарга кытталларыгар тирэх буолуоҕуҥ.
– Уулуссаҕа сахалыы төрүт үгэһи сырдатар, көрдөрөр анал баннердары туруоруоҕуҥ.
– Кэнники сылларга биир дойдулаахтарбыт дьоннорун-сэргэлэрин тустарынан кинигэ таһаараллара элбээтэ. Бу үйэтитиигэ дьоһун үлэ. Библиотекаларбыт фондатын байытар сыалтан, биирдиилээн дьон таһаарбыт кинигэлэрин аҕалан туттаралларыгар ыҥырыыта таһаарыаҕыҥ.
– Ийэ тыл ийэттэн бэриллэр. Ийэ сылын чэрчитинэн күн-күбэй ийэлэрбит тылга иитэр ньымаларын, уопуттарын тарҕатар сыаллаах "төгүрүк остуолу" тэрийиэҕиҥ.
«Төрөөбүт тыл эйгэтин кэҥэтиигэ ситимнээх үлэни сайыннарыаҕыҥ. Кэнчээри ыччаппыт илгэлээх ийэ тылынан иҥнибэккэ, санаатын сааһылаан сайа этэн, аһаҕастык кэпсэтэр буоларын ситиһиэҕиҥ. Хомойуох иһин, төрөөбүт тыл эйгэтин сүтэрии тэтимэ күүһүрэн иһэр. Кини биһигиттэн өрүһүлтэ көрдүүр. Ийэ тылбытын толору иҥэринэн сылдьар дьон, биһиги, тирээбит кыһалҕаҕа харахпытын быһа симэн, кулгаахпыт таһынан аһардахпытына, тылбыт кэхтэр кутталлаах. Онон төрөөбүт тылбытын кэнэҕэски ыччаппытыгар чөл тириэрдии – билиҥҥи дьон барыбыт соруга. Иэгэйэр икки атахтаах, төрүт тылын таба өйдөөн, толкуйдаан сахалыы сайаҕастык саҥарар буоллаҕына, саха тыла үйэттэн үйэҕэ салҕанан сайда-чэчирии туруоҕа», – диэн Ил Түмэн сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Михаил Гуляев түмүккэ эттэ.
Мустубут дьон уопсастыбаҕа ытыктабылынан сыаналанар биир дойдулаахтарын санааларын кытта сөпсөһөллөрүн биллэрдилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0