Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Бэрэсидьиэн Владимир Путин бэс ыйын 27 күнүгэр «Арассыыйа Федерациятыгар Педагог уонна настаабынньык сылын ыытар туһунан» Ыйааҕы таһаарда.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин бэс ыйын 27 күнүгэр «Арассыыйа Федерациятыгар Педагог уонна настаабынньык сылын ыытар туһунан» Ыйааҕы таһаарда.

IMG 20220628 WA0010

Бу Ыйаах тахсыахтааҕын биһиги саайпыт ким хайа иннинэ өссө 2021 сылга сырдатан турар.  Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ол сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр быһа сибээс нөҥүө оскуола учууталларын, үрдүк үөрэх кыһатын преподавателлэрин, үөрэнээччилэри, выпускниктары уонна төрөппүттэри кытта сэһэргэспитэ. Көрсүһүүгэ  Москуба куорат 1514-с  №-дээх оскуолатын выпускнига, ЕГЭ-ни холбоон  400 баалга суруйбут Екатерина Гришина 2023 сылы Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрэр туһунан этиитин дойду аҕа баһылыга сэргээн, сонно тута Бырабыыталыстыбаҕа ол туһунан Ыйааҕы 2022 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр диэри бэлэмнииргэ сорудахтаабыта. Ил Түмэн дьокутаата Феодосия Габышева ити сылы көрсө, иитэр үлэҕэ туһуламмыт  бырайыактары сүрүннүүрүн эмиэ хаста да суруйан турабыт.

Онон иитэр-үөрэтэр үлэһиттэр, ол иһигэр настаабынньыктар, ураты статустарын билинэн, кэлэр 2023 сыл дойдуга Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэриллэр буолла. Итинэн сибээстээн, Бырабыыталыстыба үс ый иһинэн Педагог уонна настаабынньык сылын ыытыыга тэрийэр кэмитиэт састаабын бигэргэтэргэ, сыл сүрүн дьаһалларын былааннарын ырытан оҥорорго, итиэннэ Арассыыйа Федерациятын субъектарын толоруулаах былааһын уорганнарыгар Педагог уонна настаабынньык сылын чэрчитинэн тустаах дьаһаллары тэрийэллэригэр сүбэлииргэ эбээһинэстэннэ.

Любовь ЕГОРОВА, Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх учуутала, "Бочуот знага" уордьан кавалера:

– Бэрэсидьиэн Ыйааҕын бэркэ биһирии иһиттим. Билиҥҥи олох-дьаһах сиэринэн, ол иһигэр Болонскай систиэмэттэн тахсыынан, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ саҥа ирдэбил туруоруллар кэмигэр иитии-үөрэтии кыһаларыгар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо (учууталларга, преподавателлэргэ, иитээччилэргэ, тренердэргэ уо.д.а.) улахан болҕомто ууруллара, кинилэр статустара үрдэтиллэрэ наада. Манна «настаабынньык»» диэн тыл киллэриллибитин патриотическай иитиини күүһүрдүү, урукку сэбиэскэй педагогика бастыҥ үгэстэрин тирэх оҥостуу курдук ылынным.

  • 6
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением