Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -27 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 1995 сыллаахха балаҕан ыйын 18 күнүгэр таһаарбыт уурааҕынан, Саха Сирин норуоттарын I спортивнай оонньууларын Олимпийскай оонньуулар төрүттэммиттэрэ 100 сылын чэрчитинэн, 1996 сыллаахха Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо ыытарга быһаарыллыбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 1995 сыллаахха балаҕан ыйын 18 күнүгэр таһаарбыт уурааҕынан, Саха Сирин норуоттарын I спортивнай оонньууларын Олимпийскай оонньуулар төрүттэммиттэрэ 100 сылын чэрчитинэн, 1996 сыллаахха Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо ыытарга быһаарыллыбыта.

Бу күрэхтэһиигэ Дьокуускай куорат хамаандатын салайан илдьибит, Арассыыйа Федерациятын нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ил Түмэн II, III уонна IV ыҥырыыларга дьокутаата, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Альбина Поисеева маннык кэпсиир:

– Саха Сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара 1996 сыллаахха бэс ыйын 26-29 күннэригэр Бороҕоҥҥо ыытыллыбыттара. Оччолорго мин Дьокуускай куорат мээрэ Спартак Борисов солбуйааччыта этим, куорат хамаандатын салайан илдьибитим.

Стадион саҥа тутуллубут этэ. Күрэхтэһии бэркэ ааспыта, барыта 23 улуустан уонна Дьокуускай куораттан, СГУ-тан, СГТХА-тан 900-тэн тахса спортсмен спорт 13 көрүҥэр күрэхтэспиттэрэ. Аныгыскы Оонньуу Дьокуускайга ыытыллыаҕа диэн, биһиэхэ күрэхтэһии былааҕын туттарбыттара, ол эрээри киин куоракка «Азия оҕолоро» буолалларынан, иккис Оонньуулар Покровскайга ыытыллыбыттара.

Аль_Поисеева_--_3.jpg

Сүүрбэ алта сыл буолан баран, VIII спортивнай оонньуулар эмиэ Бороҕоҥҥо буолан эрэллэр. Онно спорт бэтэрээннэрин хамаандатыгар киирсэммин, кэлэн турабын. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан түмүллэммит, Гаврил Сивцев салалтатынан 50 киһи буолан кэллибит.

Улууска киириигэ олохтоохтор сахалыы алаадьынан, быырпаҕынан айах тутан көрүстүлэр. Бырагыраамаҕа киирсэн, Оонньуулары арыйыыга туспа холуонна буоламмыт, парааттаан киириэхтээхпит. Кэлээт да, күрэхтэһиилэри көрдүбүт. Мин волейболга сырыттым, уолдьах түспүт сирбитигэр буолар эбит, биир дойдулаахтарбар чурапчыларга ыарыйдым. Сарсын остуол тенниһин уонна чэпчэки атлетика күрэхтэһиитин көрүөҕүм.

Бэйэм урут волейболга, остуол тенниһигэр оонньуур этим. 1974 сыллаахха ыытыллыбыт Саха Сирин норуоттарын VII Спартакиадатыгар бу икки көрүҥҥэ кыттыбытым, волейболга хамаанданан чөмпүйүөннээбиппит. Аныгы көлүөнэ спортсменнары киһи үөрэ, киэн тутта көрөр, барахсаттар быһыы-таһаа мааны, экипировка ааттаах, аат-суол да оннук. Ыраата барбакка эттэххэ, остуол тенниһигэр спорт маастардара бааллар, маастарга хандьыдааттары этэ барыллыбат. Саамай элбэх киһилээх Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан уонна Дьокуускай хамаандалара эбиттэр.

Альб_--_4.jpg

Түгэнинэн туһанан, тус санаабын этиэхпин баҕарабын.

Бастатан туран, хамаандалар күрэхтэһиигэ дуогабарынан кими баҕарар, хантан баҕарар аҕалан кытыннаралларын көҥүллээбиттэрэ куһаҕан. Холобур, таатталар Давиденко диэн волейболиһы ыҥыран аҕалбыттар, университет хамаандата эмиэ атын сиртэн спортсмены аҕалбыт дииллэр. Салгыы итинник бардаҕына, Оонньуубут суолтата даҕаны сүтүүһү, дьиҥинэн, бу олохтоохторго, бэйэбит спортсменнарбытыгар ананан тэриллэр күрэхтэһии эбээт! Дэлэҕэ, Саха Сирин Олимпиадата  диэн ааттаныа дуо?

Альб_--_5.jpg

Иккис сөбүлээбэт түгэним: Саха Сиригэр спорт элбэх көрүҥэр күрэхтэһиилээх спартакиада өссө 1950-с сыллардаахтан тэриллэр. Холобур, мин чөмпүйүөннээбит лиэнтэбэр «VII Спартакиада народов Якутии, 1974 год.» диэн ырылыччы сурулла сылдьар, ол эрээри, олорго суолта уурбакка, ахсааны 1996 сыллаахтан эрэ аахпыттарын түмүгэр, быйыл ахсыс эрэ Оонньуу буолар. Дьиҥинэн, Саха Сирин норуоттарын XXX спортивнай оонньуулара диэн буолуохтааҕа. Ааспыт сырыыга Аммаҕа эмиэ туруорсуу оҥоһулла сылдьыбыта да, кыаллыбатаҕа. Аҥаар уоспутунан "Саха Сирин норуоттарын спордун историята дириҥ", – диибит эрээри, саҥа ахсыс эрэ төгүлүн күрэхтэһэр курдукпут. Дьиҥинэн, отутус төгүлүн ыытыллар.

  • 16
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (2)

This comment was minimized by the moderator on the site

Альбина Инн сепке этэр

This comment was minimized by the moderator on the site

Санаабыт, өйбүт биир эбит

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением