Эдэр исписэлиистэри олохсутан үлэлэтэргэ туһуламмыт «Земскэй луохтуур» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан быйыл Саха сирин дьоҕус куораттарыгар уонна улуустарыгар 147 эмчит: 120 быраас, 27 биэлсэр үлэлии барыахтара. Ити иһиттэн 54 быраас уонна 9 биэлсэр Арктика улуустарыгар тиийиэхтэрэ.
Бырагырааманан бэриллэр 247 мөлүйүөн солкуобай харчы 94 %-а федеральнай бүддьүөттэн, 6 %-а өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, «2019-2022 сс. доруобуйа харыстабылын сайыннарыы» бырагырааманан көрүллэр.
2020 сылтан Саха сирин медиктэригэр көрүллэр төлөбүр кээмэйэ икки төгүл үрдэтиллэн, «Земскэй луохтуур» бырагырааманан тыа сиригэр уонна дьоҕус куораттарга үлэлии тиийбит быраастарга 2 мөлүйүөн, биэлсэрдэргэ 1 мөлүйүөн көрүллэр. 50 тыһыынча киһи нэһилиэнньэлээх дьоҕус куоракка үлэлиир быраастарга 1 мөлүйүөн, биэлсэрдэргэ 500 тыһыынча солкуобай көрүллэр.
– Атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, 13 дуогабар түһэрсилиннэ, 8 бырааһы, 5 биэлсэри кытары. Сыл түмүктэниэр диэри 112 быраас, 22 биэлсэр кэлэрэ күүтүллэр, дуогабар үгүс өттө балаҕан ыйыгар уонна алтынньыга оҥоһуллааччы, – диэн Доруобуйа харыстабылын министэристибэтэ иһитиннэрэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0