Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Ил Түмэн экэниэмикэ, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлэ Павел Петров көҕүлээһининэн, байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт сулууспалааччылар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһулунна.

Ил Түмэн экэниэмикэ, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлэ Павел Петров көҕүлээһининэн, байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт сулууспалааччылар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһулунна.

Ол курдук, Маган микрооройуон уонна Марха сэлиэнньэ байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт сулууспалааччылар дьиэ кэргэттэригэр, элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыалларга чоҕунан хааччыйыыга көмө оҥоһулунна.

12 copy

Павел Петров байыаннай дьайыы туһунан санаатын үллэһиннэ уонна дойду үрдүнэн уустук балаһыанньа баарын үрдүнэн, баар ыарахаттары туоратарга кыах баарын бэлиэтээтэ.

- Билигин сүрүнэ бэйэбит күүспүтүгэр эрэ тирэх оҥосторбут наада. Ону сэргэ, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ дойдубутун көмүскүүр уонна куттала суох буолууну хааччыйар уолаттарбытыгар туох кыалларынан барытын оҥорор, - диэн эбэн эттэ. Бүгүн биһиги ыччаттарбыт аҕыс сыл устата барбыт сэриигэ, ДНӨ уонна ЛНӨ дьонун, ону сэргэ дойдуларын көмүскүүллэр. Павел Петров этэринэн, салгыы биһиги көмүскээччилэрбитигэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн көмө оҥоро туруохтара.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24