Биэс эрэгийиэҥҥэ эрэ
Дойду субъектарыттан Еврейскэй автономнай уокурукка, Челябинскай, Воронежскай, Ростовскай уобаластарга уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ туспа бэчээттэниллэр парламент хаһыаттара бааллар. «Ил Түмэн» сахалыы уонна нуучча тылынан хаһыат дойду субъектарыттан биир бастакынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Оттон төрөөбүт тылынан тахсар туспа парламент таһаарыыта соҕотох. Ити өрөспүүбүлүкэ интеллектуальнай сайдыытын биир туоһутунан буолар.
«Ил Түмэн» хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ 1999 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта. Өрөспүүбүлүкэ парламенын иккис ыҥырыытын дьокутааттар туспа бэчээт таһаарыылаах буолалларын туруорсаннар ситиспиттэрэ. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ Палаататын бэрэссэдээтэлэ Василий Филиппов, оттон Бэрэстэбиитэллээх Палаата бэрэссэдээтэлэ Николай Соломов этилэр.
Хаһыат бастакы нүөмэригэр «Парламентская газета учреждена» диэн ыстатыйаҕа спикердэр: «Перед газетой стоит важнейшая задача освещения работы высшего законодательного органа власти республики. Вместе с тем, она не должна ограничиваться публикацией выступлений народных депутатов, законов, постановлений и других нормативных актов, в ней найдется место письмам избирателей, интересным статьям внештатных корреспондентов со всех концов нашей республики. При всех сложностях политической, экономической обстановки газета должна быть выдержанной, уравновешенной, главное, правдивой», — диэн суруйбуттар. Ити кэмтэн ылата 24 сыл ааста.
Бастаан утаа хаһыат атын уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хаһыаттартан улахан уратыта суоҕа. Бу эмиэ өйдөнүллэр. Хайа баҕарар эйгэҕэ саҥаны киллэрии уустуктардаах уонна дьыала иһигэр киирэргэ кэм-кэрдии ирдэниллэр.
Суруналыыс үлэтэ чэпчэкитэ суох. Оттон парламент хаһыатын суруналыыһа буолар икки бүк чэпчэкитэ суох. Бу үлэ киһиттэн үгүс билиини-көрүүнү, дэгиттэр сайдыылаах буолууну эрэйэр. Кэлиҥҥи сылларга дьиҥ парламент хаһыата ааты сүгүүгэ уонна суруналыыстар тустаах тиэмэҕэ идэтийиилэригэр үгүс үлэ ыытылынна.
Оччолорго «Ил Түмэн» хаһыат 16 балаһалааҕа. Үлэһитин ахсаана билиҥҥиттэн икки төгүл элбэҕэ. Маннык усулуобуйаҕа суруллар матырыйааллар хаачыстыбалаах буолаллара саарбаҕа суох. Итини таһынан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр суруйаннар эрэдээксийэ үлэтигэр күүс-көмө буолаллара. Хаһыаппытыгар суруйааччылар ыйга биирдэ «Өлүөнэ сарсыардата» диэн сыһыарыылара тахсара.
Ил Түмэн төрдүс ыҥырыытын бэрэссэдээтэлэ Виталий Басыгысов суруналыыстары сокуоннары суруйууга чугаһаппыта. Кини ити уустук тиэмэни ылсан суруйарга төһүү буолбута.
Парламент бэһис ыҥырыытын бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков суруналыыстары ордук историческай уонна духуобунай тиэмэлэргэ үлэлииргэ туһаайбыта. Ол түмүгүнэн, эрэдээксийэ судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Василий Никифоров-Күлүмнүүргэ аналлаах сахалыы уонна нууччалыы тылынан брошюра таһаартарбыта. Нууччалыы хаһыат суруналыыһа Ирина Романова «Лики истории» диэн кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.
Тираж намтыырын төрүөтэ туохханый?
Билигин дойду үрдүнэн хаһыаттарга уонна сурунаалларга чэпчэкитэ суох кэм үүннэ. Ол курдук, бэчээт таһаарыыларын тиражтара аччыы, намтыы турар. Итини тэҥэ суруналыыс идэлээх дьон ыстаатыстара таҥнары түһэр. Ити быстах кэмнээх көстүү буоларыгар бүк эрэнэбин. Биллэрин курдук, Интэриниэт ситимэ олохпутугар-дьаһахпытыгар тоҕо ааҥнаан киирдэ. Маннык технологическай сайдыыны урукку өттүгэр билэ-көрө илик дьон, ыччат, оҕо итиннэ күүскэ оҕунна. Компьютертан, гаджеттан арахсыбаппыт. Онон киһи Интэриниэт үһү-тамах, буолар-буолбат сонуннарыттан, иһитиннэриилэриттэн «тотон» хаалар. Маны тэҥэ дьон хаһыаты, сурунаалы, кинигэни ааҕартан тэйэр.
Мантан өй-санаа таҥнары түһүүтэ, мөлтөөһүнэ, деградацията саҕаланар. Ити компьютеры, гаджеты өрүү кыҥастаһар киһи хараҕа мөлтүүрүн, доруобуйата айгырыырын ааһан, өйө-санаата сыппыыра, толкуйдуур дьоҕура мөлтүүрэ баар суол. «Мэйии кумааҕыны сөбүлүүр, таптыыр» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Кумааҕыга илиинэн суруллубут сурук, ыстатыйа атын тыыннаах, дууһалаах буоларын эмиэ билэбин. Биллэрин курдук, билигин аан дойду аартыга аһаҕас. Сайдыылаах дойдуларга кумааҕы хаһыаттар элбэхтэрин илэ хараххынан көрөн итэҕэйэҕин. Аны бу дойдулар компьютер, гаджет доруобуйаҕа хайдах курдук охсуулааҕын билэннэр-өйдөөннөр, итинтэн куота, тэйэ сатыыллар.
Суруналыыстыка, пресса оруола хайа да кэмҥэ намтыа суоҕа. Уустук, быыһык уларыйыылаах-тэлэрийиилээх кэмнэргэ суолтата өссө улаатан биэрэр. Усуторуйа хаппахчытын да арыйан көрүөх. Олунньутааҕы уонна Өктөөп өрөбөлүүссүйэлэрин ылан көрүөҕүҥ. Бэчээт устуоруйатын үөрэтээччилэр бу хамсааһыннарга дьон-сэргэ, норуот өйүн-санаатын уларытыыга хаһыаттар, пресса оруоллара баартыйаттан, оннооҕор бэлитиичэскэй диэйэтээллэрдээҕэр улаханын бэлиэтииллэр. Дойдубутугар ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киирэр ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар дьон өйүн-санаатын уһугуннарыыга эмиэ көрдөрөр-иһитиннэрэр средстволар сүҥкэн оруоллаахтарын билэбит.
Сэбиэскэй кэмҥэ хайдах этэй?
Хаһыакка уонна сурунаалга сурутуу сыаната олус чэпчэкитэ. Ыаллар күрэхтэһэ-күрэхтэһэ суруталлара. Итини тэҥэ дойдуга уопсастыба өйө-санаата сайдыбыта. Дьиҥэ, почта сибээһэ судаарыстыбаны үөскэтэр институтунан буолар. Дойду хайа баҕарар муннугар харыыта суох үлэлиэхтээх. Билигин хаһыакка, сурунаалга сурутуу сыаната чэпчэкитэ буоллар, дьон төһө баҕарар сурутуо этэ.
Хаһыаттар ааҕааччылары тардар сыалтан тугу гыныахтаахтарый?
Бастатан туран, хаачыстыбаҕа үлэлиэхтээхтэр. Дьону толкуйдатар, туһалаах ырытар ыстатыйалар элбэх буолуохтаахтар. Хаһыакка төһөнөн элбэх киһи санаата этиллэр, соччонон интэриэһинэй, ааҕыллымтыа буолар. Онон эрэдээксийэлэргэ гонорар фондалара тэриллиэхтээхтэр. Хаһыакка бэйэлэрин салааларыгар аптарытыаттаах личностар толкуйдатар, ааҕааччыга өйү-санааны угар ыстатыйалара элбэхтик бэчээттэниэхтээх. Саха суруналыыстыката манна эмиэ барыстаах усулуобуйалаах. Ол курдук, тыа сиригэр олорор дьон-сэргэ иһитиннэриини эрэ ылбакка, уһун ыстатыйалары ааҕыан, анааран, ырытан көрүөн баҕарарынан туспалаах. Саха киһитэ кылгас сонуну астыммат.
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0