Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Аан дойдуга төрөөбүт тыла суох омук суох. Ол да иһин тыл- омук тыына, дьылҕата, сир сирэйиттэн симэлийбэт суос- соҕотох мэктиэтэ диибит.Ханнык баҕарар киһи айа омук буоларын кэрэһэлиир биир бэлиэтинэн ийэ тыла буолар.

Аан дойдуга төрөөбүт тыла суох омук суох. Ол да иһин тыл- омук тыына, дьылҕата, сир сирэйиттэн симэлийбэт суос- соҕотох мэктиэтэ диибит.Ханнык баҕарар киһи айа омук буоларын кэрэһэлиир биир бэлиэтинэн ийэ тыла буолар.

Төрөөбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.

Төрөөбүт тыл-норуот уһун кэмҥэ олорбут олоҕун устуоруйатын тыыннаах кэрэһитэ. Норуот өйө-санаата, тыына, ис дууһата тылыгар баар. Төрөөбүт тыл норуот киһи аймахха биэрбит, киллэрбит кылаата буолар. Омук тыла сайдыылаах, баай, этигэн, хомоҕой буоллаҕына - омук бэйэтэ эмиэ оннук: өйө-санаата чэбдик, инники олоҕор эрэллээх, бигэ тирэхтээх буолар.

Ханнык баҕарар тыл уонна култуура тыыннаах хаалар, салгыы сайдар кэскилэ, омук имниин эстибэт суола, оҕону уу ньирэй сааһыттан төрөөбүт тылынан иитии, үөрэтии буолар. Кырачаан киһи төрөөбүт тылын этигэр- хааныгар иҥэрэн улаатар. Саха намылхай тылын истэн, ис айылгыта уһуктар. Тыл баай оломугар улааппыт оҕо өйө-санаата тобуллар, уран тылга сыстар, кэрэ оһуор-уустук тыл өйүгэр-санаатыгар иҥэр. Ити холобурун үөрэппит оҕолорбор көрөбүн.

a23911ee 99a9 48b6 b248 6d3cf12db5d7

Чехословакия омук улуу педагога Ян Амос Коменскай оҕо төрөөбүт тыл көмөтүнэн эрэ киһилии иитиллэн тахсыахтааҕын, өссө VII үйэҕэ ыйбыта. Кини: «Ыччаты оскуолаҕа хара бастакыттан төрөөбүт тылынан үөрэттэххэ эрэ, билиини иҥэриэххэ сөп», – диэбитэ.

Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт тыл күүстээҕин, хайа да билими (науканы) бу тылынан баһылыахха сөп диэн ыйбыта. Норуот үөрэҕириитэ оскуола бары кэрдииһигэр, саха тылынан барар кыахтааҕын сиэрдээхтик бэлиэтээбитэ. Онон төрөөбүт тылынан үөрэммэт буоллахха, саха омук кэскилэ сарбылларын саамай сөпкө бэлиэтээбитэ. Саха омук бастакы үөрэхтээхтэрэ төрөөбүт тылынан үөрэх, култуура саҕаланыытыгар элбэх үлэни ыыппыттара. Бу саха киһитэ үөрэхтэнэригэр, сайдыы саҥа суолугар үктэниитигэр олук буолбута. Өбүгэ үгэстэрин, баай байҕал тылбытын  үөрэтии, чинчийии саҕаламмыта.

Ол эрээри «улугуруу» диэн ааттанар кэмҥэ төрөөбүт тылга, саха тылынан уус-уран айымньытыгар, үгэскэ улахан болҕомто ууруллубат буолбута. 1991 сыллаахха Национальнай Кэнсиэпсийэ ылыллыбыта. Бу саха омук олоҕор саҥа сүүрээни киллэрбитэ, тылга болҕомто ууруллубута. Өбүгэ үгэһин үөрэтэр. «Кыыс Куо», «Үрүҥ Уолан» биридимиэттэр киллэриллибиттэрэ. Саха омук сүрүн кылаатыгар, олоҥхоҕо улахан болҕомто ууруллубута.  Норуот ис кута уһуктубута, сэргэхсийии барбыта, үрүҥ тунах ыһыахтар сиэдэрэйдик, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыллар буолбуттара. Сахалыы кылаастар, оскуолалар арыллыбыттара. Бу саха киһитигэр «мин сахабын» диэн киэн туттар санааны үөскэппитэ. Оскуолаларга олоҥхону дириҥэтэн үөрэтэр араас бырайыактар айыллыбыттара, норуот педагогикатыгар сүрүн болҕомто ууруллубута. Уһуйаантан саҕалаан, олоҥхо олуктарын үөрэтии саҕаламмыта, бу оҕо өйө, тыла, өйгө тутар дьоҕура, тыла сайдарыгар төһүү күүс буолбута. Бу кэмҥэ норуот тылынан уус-уран айымньытын араас өттүттэн научнайдык чинчийии ыытылынна, саҥа араҥа научнай эйгэ үлэһиттэрэ үөскээтилэр. Оҕону ийэ тылынан үөрэтии дириҥ суолталааҕын өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей үөрэнээччилэрэ дакаастаатылар.

Аны туран, кэлиҥҥи 4-5 сылга бу «өрө күүрүү» уостубут курдук буолла. «Кыыс Куо», «Үрүҥ Уолан» чаастара суох буоллулар. Киһи хомойоро, кыракый оҕолорбут уһуйаантан саҕалаан нууччалыы эрэ чубугураһар буоллулар. Итини көрө сылдьан, норуот инники дьылҕатын саныыгын. Аны 10-20 сылынан «Төрөөбүт тылбыт чөл хаалыа дуо?» диэн саннаҕа кэлэҕин.

Биһиги, саха тылын учууталлара сүрүн баҕа санаабыт: төрөөбүт тылын үрдүктүк тутар, норуотун туһугар А.Е. Кулаковскай эппитинии «Суон дурда, халыҥ хахха» буолар киһини иитии буолар.

Оҕолорбут тоҕо төрөөбүт тылларынан саҥарбат буоллулар?!

Мин саныахпар, ити сүрүн төрүөтэ төрөппүккэ сытар, төрөппүт нууччалыы кэпсэтэриттэн, оҕотугар төрөөбүт тыл эйгэтин сатаан тэрийбэтиттэн тахсар. Көрүҥ эрэ, кэлии омуктарбытын. Кинилэр оҕолорун төрөөбүт тылынан үөрэтэр уһуйаан да, оскуола да суох. Ол эрэн, оҕолоро бары төрөөбүт тылларынан саҥараллар, үгэстэрин тута сылдьаллар. Ити холобурун мин үөрэппит оҕолорбор көрбүтүм. Кинилэр кыра саастарыгар атын сиргэ улаатан баран кэлбиттэрэ. Саха тылыгар оҕолору кытта тэҥҥэ үөрэммиттэрэ, үчүгэйдик үөрэммиттэрэ. Үс тылы үчүгэйдик билэллэр, аҕаларын тылын (эйгэтэ суох да буоллар) эмиэ. Бу буолар оҕону таба иитии холобура.

Түмүктээн эттэххэ, тыл баар буоллаҕына, норуот өлбөт-сүппэт дьылҕаланар. Маны өйдүөхпүтүн наада. Ордук ыччат манна болҕомтотун уурара сөптөөх.

Үөһээ Дьааҥы улууһа, Эҥэ орто оскуолата

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением