Айылҕалыын алтыспыт, быйаҥын бэриһиннэрбит, уйгутун ууруммут, тэлгэһэтигэр дэлэйдик үүннэрбит, олбуоруттан да оччугуйа суоҕу хомуйбут сааскы салбанар да кэмҥэ кэтэҕириин диэкиттэн хостуурдаах, улаҕа диэкиттэн утары уунардаах буолуо турдаҕа. Сыыйа-баайа таҥаһы-сабы саамылаан, абырахтанары абырахтаан, ситэрэри ситэрэн, куурдан, тэбээн, өҥүн-түүтүн көбүтэн, халыҥатынар кэмҥэ, үллүнэр күннэргэ бэлэм буолуоҕуҥ.
Саха киһитэ барахсан сынньанартан сылайбаттыы, көртөн-нартан салгыбаттыы дьаһанан хамсаммыта барыта наадалаах, түбүгүрбүтэ көдьүүстээх, туппута тупсарга, ылсыбыта ыпсарга, иилээбитэ иллэһэргэ, саҕалаабыта сайдарга буоллаҕа. Аар айылҕа дьыл-кэм хаамыытынан бииртэн биир биэрэрдээх, утуу-субуу уунардаах, күнүн аайы көҕүлүүрдээх, кэмин аайы кэрэхсэтэрдээх, сарсыҥҥытын аайы сэргэтэрдээх, өйүүҥҥүтүн аайы күүттэрэрдээх.
Ону таба тутан ылар да буоллахха, ымсыы санаанан буолбакка, инникини өйдөөн имири эспэккэ, силиһин-мутугун алдьаппакка, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ.
Иллээх-эйэлээх буоллахха, иилэн ыларбыт элбиэҕэ, өйөһөр-өйдөһөр буоллахха, өрө тахсарбыт үксүөҕэ, түмсүүлээх буоллахха тирэхпит чиҥиэҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0