Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Бүгүн саха санаалаах  сарсыардаттан, саргылаах санаанан салайтаран, сэбэрэлиин сэргэхсийэн, Ийэ тыл күнүн көрсүбүт күммүтүгэр Дьокуускай куорат уокуруктааҕы үөрэх, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин  уонна кинилэри кытта бииргэ үлэлиир култуура үлэһиттэрэ тыл бэлиитикэтигэр саҥардыыны уонна бөҕөргөтүүнү киллэрэргэ туһуламмыт  сүбэ мунньах буолла. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолортон саҕалаан, оскуола оҕолорун кытта үлэ чэрчитинэн араас иһитиннэриилэр, көрдөрүүлэр, быыстапка ыытылыннылар. 

Бүгүн саха санаалаах  сарсыардаттан, саргылаах санаанан салайтаран, сэбэрэлиин сэргэхсийэн, Ийэ тыл күнүн көрсүбүт күммүтүгэр Дьокуускай куорат уокуруктааҕы үөрэх, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин  уонна кинилэри кытта бииргэ үлэлиир култуура үлэһиттэрэ тыл бэлиитикэтигэр саҥардыыны уонна бөҕөргөтүүнү киллэрэргэ туһуламмыт  сүбэ мунньах буолла. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолортон саҕалаан, оскуола оҕолорун кытта үлэ чэрчитинэн араас иһитиннэриилэр, көрдөрүүлэр, быыстапка ыытылыннылар. 

Ханнык баҕарар  омук ордук уйан баайа – кини төрүт тыла. Василий Протодьяконов ону бэрт үчүгэйдик маннык диэн турар :

«Омук күүһэ – өйүгэр,

Өйүн күүһэ – тылыгар».

Олох араас эриирин, эргиирин сайдыы кэскилин туһугар туруулаһыыга биһиги өбүгэ дьоммут кэм-кэрдии тэтимигэр киирэн, ол кэм тыынын ылынан, олохторун дьаһахтарын сааһыланан-наарданан, сатабыллаахтык дьаһанан, удьуор утумун тутан, дьоҕуру тобулан, сатабылы сайыннаран, талааннары арыйан киэҥ аартыгы аһар. Саха түсчүтэ Дабыл этэринэн «Айыы киһитин өйө тус туһунан наарданар, ол кини Айыыга, иччигэ сыһыаныттан тутулуктаах – өй хаата, өй-мэйии, өй-төй, өй-санаа, өй-билии уо.д.а. Өйү-санааны сааһылааһын сатабыл сайдыытыгар олус улахан оруоллаах». 2022 сыл сэтинньи ый 22 күнүттэн 24 күнүгэр диэри СӨ саха тылын уонна литэритиирэтин уонна култууратын  учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис сийиэһэ буолбута.  Онно бэлиэтэнэр тиэмэлэриттэн да сылыктаатахха, кэлиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылбытыгар баар көстүүнэн да сыаналаатахха, төрөөбүт төрүт тылбыт дьылҕатыгар саҥа кэрдиис кэм үктэлигэр тахсарга ыйар-кэрдэр, түмэр докумуоннар тахсыахтара уонна саамай сүрүнэ -  кумааҕыга киирбит олуктар олоххо киирэллэригэр эрэлбит улахан.

27

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус  тыл туһунан өйдөбүлү быһаарарыгар «Кыылтан-сүөлтэн атыммыт, уратыбыт, иэдьэгэй мэйиибит эргитиитэ уонна уон бабыа тарбахтарбыт имигэс хамсаныылара эбит» диэн суруйар. Тарбаҕыҥ имигэс сатабыллаах буоллаҕына, өйүҥ – санааҥ да тобуллаҕас буолуохтаах. Дьэ, ол аата, төрөөбүт тылбыт сүмэтин сүөгэйин сүтэрбэт туһугар туох даҕаны сиэри таһынан киэҥ халлаан киэлититтэн дуу, уйаара-кэйээрэ биллибэт куйаартан дуу күүс-уох буолбакка, бэйэбит илиибит иһигэр баар кыаҕы күүһү, үтүө үгэстэрбитин, үөрүйэхтэрбитин умнубакка, хаҥыннарбакка, сайдыылаах олохпут хардыытыгар тэбис тэҥҥэ ханыылаһыннаран, алтыһыннаран сырыттахпытына,    төрөөбүт тыл сүтэр-симэлийэр куттала суох дии саныыбыт.

28

«Олоҥхо олохпут ситимэ» бырагыраама истибити, билбити кэрэхсэтэр өрүтүнэн бу бырагырааманан Хатаспыт тэрилтэлэрэ бары биир ситимҥэ киирэн үлэлиирбит буолар. Ким эт-хаан сайдыытыгар, ким сатабылга, ким тыл-өс сайдыытыгар, ким чөл-чэгиэн олох, о.д.а. оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолортон саҕалаан ытык саастаах дьоммутугар тиийэ хабан айабыт-тутабыт, үлэлиибит. Ол чэрчитинэн, уһун сылларга үлэлээһин түмүгэр, кэккэ ситиһиилэртэн, түмүктэртэн  сырдатар буоллахха  күн бүгүн нэһилиэкпит киинигэр турар «Күөх сирэм» этносквер диэн анал туһуламмыт  ааттанан (бырайыак ааптардара Константинова В.М, Семенова Е.Е ), сынньана, олоро, кэпсэтэ кэлбит дьон аныгы технология көмөтүнэн алгыс ылаллар, өйдөрүн -санааларын сааһыланаллар, сахалыы остуол оонньуутун оонньууллар уо.д.а.

24

Онтон быйыл Дьокуускай куорат дьаһалтатын «Норуодунай бүддьүөт» диэн биһирэбили ылбыт хайысханан үс түһүмэхтээх куонкуруһу ааһан, Колымана Ларионова С. Зверев олоҥхотун туруорбуппут. Хатастааҕы "Тускул" КК көҕүлээһининэн, олохтоох дьаһалта өйөөһүнүнэн, ''Олоҥхо - олохпут ситимэ'' бырагыраама чэрчитинэн, нэһилиэк бииргэ түмсэн кэлэр көлүөнэ ыччаты, оҕо аймаҕы кытта нэһилиэнньэ бары араҥата бары бииргэ  чөл-чэгиэн, чиҥ туруктаах, сомоҕолоһуулаах, төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин иҥэринэн, төрүт үгэстэрин тутуһан, баай хара тыабыт тэҥкэ тиитин курдук дириҥ силистээх -мутуктаах кыраҕа ымыттыбат, оччугуйга оҕустарбат буолуу туһугар үгүһү-элбэҕи оҥорор. Манна өй-санаа өркөнө, сатабыл бастыҥа  биир киһи барыбыт, биир киһи туһугар диэн өйдөбүлүнэн бэйэ-бэйэҕэ тирэх буолан Хатас тэрилтэлэрэ, нэһилиэк олохтоохторо биир элбэх оҕолоох ыал курдук эйэ-дэмнээхтик алтыһаллар.

29

Биһиги  санаабытыгар хас биирдии омук, норуот бэйэтэ аал луук мастаах, ол маһын силиһэ-мутуга дириҥ лабаата элбээн, лаглайан кинини норуот быһыытынан атын дьону кытта бииргэ буоларыгар биир ньыгыл ойуур тыа курдук буолар. Онтон «сайдыылаахтар ээ» диэн  сайыһан, ол диэки салаллан, «бастыҥнар ээ» диэн  ол диэки барсан, «чулуулар ээ» диэн ол диэки чугаһаан истэхпитинэ, кэлин тиһэҕэр хайа атын омук аал луук маһын лабаата эрэ буолан хаалыахпытын сөп.

30

Онтон күн бүгүҥҥү балаһыанньа  - оҕолорбут Интэриниэт куйаарын илимигэр иилистэн, төрөөбүт төрүт тылларын билбэккэ эрэ кыра оҕо эрдэхтэриттэн нууччалыы дуу, өссө ааһа баран атын омук тылынан саҥараллара - ол биһиги төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр саха норуотун иннигэр  сотуллубат  буруйбут буолар. Бу түгэҥҥэ туох да уустугу, буолбаты ыралаабакка, кимиэхэ эрэ сигэммэккэ сахалыы судургутук төрөөбүт тылбытынан, көҥүл түөс толору тыынан, саха буоларынан, киэн туттан туран, оҕону аан бастаан сахалыы саҥарарга үөрэтиэххэ наада. Онно туох да кыаллыбат эбэтэр киһи төбөтүн сынньар ураты уустук туох да мэһэй суох. «Оҕолорбут сахалыы саҥарбаттар» диэн түмүк оҥосто охсон,  оскуола киириэн иннинээҕи саастарыттан ыла нуучча тылын эйгэтигэр киллэрэ охсуу баар суол. Чинчийээччилэр быһаарбыттарынан, тымныы сир, о.э. Саха Сирин олохтоохторун өйдөрүн сайдыыта биллэ үрдүк, атын сылаас дойдулаахтары куоһарар.  Тымныы күн-дьыл сабыдыала киһи толкуйдуур, өйүгэр хатыыр дьоҕурун күүһүрдэр, онтон сылааска, итиигэ киһи мэйиитин үлэтэ бытаарар-сыппыыр.

34

Атыннык эттэххэ, кырдьыга даҕаны, саха киһитэ өйдөөх буолан сатабыллаах - сатабыллаах буолан өйдөөх. Сатыыра, оҥороро элбэх, мындыр буолан айылҕа, атын араас тас  дьайыылартан саллан турбакка. Итинэн сибээстээн, саха киһитин сатабылларыгар үөрүйэх буолууну оҕо эрдэхтэн  эккэ-хааҥҥа иҥэрэргэ туһуламмыт үлэлэри Хатас нэһилиэгэр бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн ыытабыт. Ол курдук, 2022 сылга сүрүн уонна  эбии үөрэхтээһин систиэмэтин кытта «Тускул» КК буоламмыт ситимнээх үлэҕэ сөбүлэҥ түһэрсибиппит. 

26

Дьиҥэр, ити үлэ мэлдьи баара, баар уонна баар да буолуо турдаҕа. Ол гынан баран, докумуоҥҥа киирэн, этэргэ дылы өссө эбии бэрээдэктэнэн, сааһыланан күүһүрэр. Манна баар суох тумус туттар киһибит Мандар уус үөрэҕэр, эппитигэр  олоҕуран биир сүрүн сыал, сүрүн тутулбут орто дойду ханнык баҕарар олохтооҕо (омугуттан тутулуга суох) тус бэйэтин эрэ Ийэ өйө, Ийэ Тыла кини өйүн-санаатын үлэтин түмэн сатабылга, үөрүйэххэ тиийэр.  Итиннэ холобур курдук быһа тардан, Хатаска ыытыллар үлэлэртэн кэпсээн ааһар буоллахха:

  • Сылын аайы ыытыллар “Байанай” күрэххэ хамаанда састаабыгар хайаан даҕаны оҕо баар. Онно кини булчут киһи сатабылыттан ураты араас саастаах дьону кытта алтыһа, көлүөнэ ситимин тутуһа үөрэнэр.
  • Ыһыахха оҕо түһүлгэтигэр – эт-хаан өттүнэн сайдыыга туһуламмыт күрэхтэр.
  • Түөлбэнэн ыраастаныы сиэригэр-туомугар, араас субуотунньуктарга.

Оскуоланы, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин кытта:

  • Элбэх оҕолоох ийэлэр түмсүүлэрин кытта анал былаанынан үлэ. Ордук дьон болҕомтотун, махталын ылбыт бырайыак “Ийэбинээн бииргэ” (ааптар Семенова Е.Е).
  • «Тускул» КК ыытар “Хобо чуораан” күрэҕэ 2001 сылтан күн бүгүҥҥүгэ тиийдэ. Куонкуруска оҕолору таһынан, улахан дьон эмиэ кыттар буоллулар, кыттааччы ахсаанын кытта ааҕыы хаачыстыбата эмиэ үрдээтэ.
  • Төрөппүттэр кэмитиэттэрин кытта анал былаанынан үлэ.
  • Өбүгэ үгэс буолбут сатабылларыгар сыһыарыы – күннээҕи олохтон саҕалаан, ас астааһына, иис-күүс , анал дьаһалларга сайылык, кыстык, аһы-үөлү булунуу, хаһааныы уо.д.а.

Бу туһунан Хатастааҕы “Ситим” айымньы дьиэтин уһуйааччыта Алексей Осипов бэрт сэргэхтик, киһиэхэ тиийимтиэ гына кэпсээтэ, көрдөрдө. Кини кэпсиэн иннигэр Хатастааҕы оҕо ускуустубатын дьиэтин кэлэктиибин кытта бииргэ үлэлээн төрөөбүт тылга анаммыт литературнай монтажка уһуйааччылары кытта уһуйуллааччылар бииргэ буолбуттарын көрбүт эрэ барыта долгуйа ылынна. Алексей Дмитриевич дьон-сэргэ болҕомтотун тардан, санаатын ылбаҕайдык этэ үөрэммит  уонна дьиҥ-чахчы үлэлээбит үлэтин  сэһэргиир буолан да буолуо, бэриллибит сүр кылгас кэмҥэ толору ис хоһоонноох иһитиннэриитэ болҕомтону ылбытын бэлиэтиир наадалаах.

32

Сэһэргээбит үлэтэ – “Төрүт дьарык нөҥүө уол оҕо дэгиттэр сатабылын сайыннарыы” диэн ааттаах. О.э. муус ылыыта, муҥхалааһын, куйуурдааһын, баһаартан куотан сылдьар ыырдарыттан ыраатан, моһуокка ылларбыт тыа кыылларыгар көмөлөһөн, эбии аһыыр сирдэри бэлэмнээһин, тыаҕа сылдьан араас мэһэйдэри-моһоллору эрдээхтик көрсөн, алдьаныы-кээһэнии таҕыстаҕына араас албастары, эбэтэр, маҥнайгы суһал көмөнү таба оҥоруу уо.д.а. туһунан буолла. Кэрэхсэбиллээҕэ - манна төрөппүттэр, эһэлэр, учууталлар, уһуйааччылар бары бииргэ алтыһыылара, сүбэ-соргу буолаллара буолар. Манна даҕатан кэпсээтэххэ,  бу тэрээһиҥҥэ Хатастан өссө 70 №-дээх “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаана ситиһиилээхтик кытынна, ситимнээх үлэни Старкова Вера Никитична сэһэргээтэ.

Дьэ, ити курдук, төрөөбүт төрүт тылбыт төлкөтө бэйэбит илиибит иһигэр буоларын өссө төгүл дакаастыыр тэрээһин түмүктэрэ инникигэ эрэли үөскэттилэр.

  • 8
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31