Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Олунньу 14 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Ил Түмэн» издательскай дьиэ арыгыны атыылааһын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хааччахтааһыны олохтуурга анаммыт төгүрүк остуолу тэрийдэ. Мунньахха норуот дьокутааттара, биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, чөл олох сиэрин тарҕатааччылар кыттыыны ыллылар.

Олунньу 14 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Ил Түмэн» издательскай дьиэ арыгыны атыылааһын бириэмэтигэр, усулуобуйатыгар уонна миэстэтигэр эбии хааччахтааһыны олохтуурга анаммыт төгүрүк остуолу тэрийдэ. Мунньахха норуот дьокутааттара, биэдэмистибэлэр, тэрилтэлэр, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, чөл олох сиэрин тарҕатааччылар кыттыыны ыллылар.

Кэпсэтиини норуот дьокутааттара, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ-кылаабынай эрэдээктэрэ Мария Христофорова уонна Виктор Федоров иилээн-саҕалаан ыыттылар. 2013 с. ылыллыбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгыны атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтыыр туһунан» сокуоҥҥа кэм ирдэбилинэн кэккэ уларытыылары киллэрэр ирдэммитин бэлиэтээтилэр. Саҥа сокуон барыла бастакы ааҕыыны 2022 с. сэтинньи 30 күнүгэр ааспытын, бу ый бүтүүтүгэр иккис ааҕыыга көрүллэрин эттилэр, санаа атастаһыытыгар көхтөөтүк кыттарга ыҥырдылар. 

 Арыгы – ыарыы төрдө   

Норуот дьокутаата, Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ    Владимир Чичигинаров арыгыны атыылааһыны хааччахтааһын, бобуу, чөл олох сиэрин тарҕатыы нэһилиэнньэни араҥаччылааһын буоларын бэлиэтээтэ.  Састаабыгар искэн ыарыы сэттэ көрүҥүн көбүтэр этанол баарын быһыытынан, арыгы (алкоголь) канцерогеннай эттик быһыытынан билиниллибит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр арыгыны иһии көрдөрүүтэ кэнники сылларга төһө да намтаабыт курдук буоллар, сыллата биир тыһыынча киһи бу дьайга ылларар. Арыгыттан эмтээһиҥҥэ психиатр-нарколог быраастар өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаларга уонна улуустардааҕы киин балыыһаларга бааллар. Билигин миэстэҕэ эмтээһини күүһүрдэр эрэйиллэр эбит. Ону таһынан, урукку үгэһи сөргүтэн, Дьокуускайга, Нерюнгрига, Мииринэйгэ, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка  «медвытрезвителлэр» тэриллэр буолбуттар.   

IMG 7622 

Төһөнү иһэбитий?

Норуот дьокутаата Виктор Федоров бэлиэтээбитинэн, арыгыны иһиигэ киһи сыллааҕы кутталлаах кирбиитэ 8 лиитэрэ. Дойдуга 1960-с сылларга бу көрдөрүү 3,2 лиитэрэ эбит,  1980-с сылларга 10 лиитэрэ буолбутугар норуокка этиллэринэн «Горбачев «сухуой» сокуонунан» ааттаммыт сокуон киллэриллэн, арыый түспүт,  2010 с. 26 лиитэрэҕэ тиийбит. 2013 с. Саха Сиригэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгыны атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтыыр туһунан» сокуон киллэриллэрин саҕана, 14 л. эбит. Билигин 6,1 л. буолбут, тоҕус сыллаах үлэ түмүгэр кутталлаах кирбииттэн тахсыбыппыт диэн үөрүөҕү, саҥа төрөөбүт оҕоттон саҕалаан аарыма кырдьаҕаһыгар диэри аахтахха, итинник сыыппара тахсар, оттон 15 сааһыттан саҕалаатахха, син биир 14 лиитэрэ тиксэр эбит.

Саҥа сокуон барылыгар арыгыны 16 чаастан 22 чааска диэри, иитэр-үөрэтэр, доруобуйа харыстабылын уонна спорт эбийиэктэриттэн тэйиччи, анал маҕаһыыҥҥа атыылыыр туһунан киллэриллибит. Сорох маҕаһыыннарга арыгыны таһынан бэчиэнньэ, кэмпиэт баар буолан, онно оҕолор эмиэ сылдьаллара мэлдьэһиллибэт. «Анал маҕаһыын» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх, арыгыны дьон олорбот дьиэтигэр атыылыыры көҥүллээтэххэ, харааска да, ыскылаакка да атыылыахтарын сөп, ол иһин, эргиэҥҥэ аналлаах дьиэ быһыытынан регистрацияламмыт сиргэ маҕаһыын үлэлиэхтээх эбит.

 ал

Эмтээһин хайдаҕый?  

Хааччахтыыр сокуон үлэлиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэҕэ арыгыны иһииттэн сылтаан үөскүүр ыарыы 34 %-нан намтаабытын туһунан Доруобуйа харыстабылын министиирин солбуйааччы Надежда Федорова иһитиннэрдэ.  

– 2022 сыл түмүгүнэн, 100 тыһ. киһиэхэ арыгыттан сибээстээх ыарыыга  1124 киһи  ыалдьар, бу көрдөрүү Арассыыйа үрдүнэн – 818, Уһук Илиҥҥэ – 1201. Маннык сытыы кыһалҕаны утары бары бииргэ ылсан охсуһарбыт ирдэнэр, онуоха саҥа сокуон тирэх буолуоҕа, – диэтэ.

Кинини ситэрэн, Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ демография уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин, эпиэкэ уонна попечительство департаменын салайааччы Елена Сивцева арыгыһыттары эмтээһин туругун  билиһиннэрдэ. Дьокуускайга, Богдан Чижик аатынан уулусса 30/2 №»-гэр баар чөлүгэр түһэрэр салаа 65 эрэ куойкалаах, итиэннэ кыараҕаһын ааһан, эргэ мас дьиэҕэ үлэлиир буолан, эмтэниини толору хааччыйар кыаҕа суох эбит. Ол да буоллар, исписэлиистэр кыһамньыларынан, ааспыт уон сыл устатыгар 1,5 тыһ киһи эмтэммит, ити Арассыыйаҕа үрдүк көрдөрүү буолар. Дьиэ биир өттүгэр «Тирэх» киин баар. Ускул-тэскил сылдьар, иһэр-аһыыр дьону чөл олоххо төнүннэрэргэ сыралаһан үлэлиир тэрилтэлэргэ саҥа дьиэ тутуллуон наада диэн, ону өйүүргэ норуот дьокутааттарыттан көрдөстө.  

 

Арыгыны ким атыылыырый? 

Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ арыгыны атыылааһыны хонтуруоллуур итиэннэ лицензияны биэрэр боломуочуйалаах. Миниистири солбуйааччы Максим Прокопьев арыгыны атыылыырга лицензия биирдэм урбаанньыттарга буолбакка, юридическай сирэйдэргэ бэриллэрин быһаарда. 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 459 юридическай сирэй лицензиялаах (2022 с. – 420, 2021 – 407). Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн арыгыны  атыылыыр 1066 сир, ол иһигэр 819 маҕаһыын, 247 уопсастыбаннай аһылык туочуката баар. Статистика чахчытынан, арыгыны батарыы көрдөрүүтэ биир тэҥ, оттон пиибэни атыылааһын үрдээн иһэр. Ол курдук, 2017 с. – 723 мөл. декалитр, 2022 с. – 765 мөл. декалитр атыыламмыт. Бу толкуйдатар. Арыгыны кистээн атыылааччылары, мөлтөх хаачыстыбалаах арыгынан эргинээччилэри  утары үлэ быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытары ыытыллар.

 Чөл олох – сайдыы төрдө 

Улуустартан чөл олохтоох нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрэ онлайн киэбинэн кытыннылар. Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев арыгыны атыылааһыны хааччахтыыр сокуон өрөспүүбүлүкэҕэ хамсааһыны таһаарбытын бэлиэтээтэ: «Бырагыраамаларга, граннарга кыттарга чөл олоххо ирдэбил турбута нэһилиэктэри сэргэхситтэ, элбэх тутуу ыытылынна, онон бу үлэ салҕаныан наада. Улуус киинигэр арыгыны биир сиргэ атыылыыр буоллахха уонна видеокамера туруордахха, арыгыны атыылааһын бэрээдэктэниэҕэ. Туочукалары утары күүскэ үлэлиэххэ, маассабай дьаһаллары, сыбаайбалары арыгыта  суох ыытар үгэһи олохтуохха», – диэтэ. 

Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Федор Белолюбскай иһитиннэрбитинэн, чөл олох сиэрин тарҕатыыга утумнаах үлэ түмүгэр, 2017 с. Майаҕа арыгыны атыылыыр 17 маҕаһыын баар буоллаҕына, билигин 5 эрэ баар. «Чөл олохтоох улуус», «Чөл олохтоох нэһилиэк» уопсастыбаннай хамсааһын тэриллибит. Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов дьаһалынан, бүддьүөт тэрилтэлэрэ чөл олох территорияларынан биллэриллибиттэр. 

–  Чөл олох сиэрин тарҕатар үлэни күүһүрдүөҕүҥ. Төрүт итэҕэлбитигэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ, арыгыны уонна пиибэни «Олоҥхо», «Байанай», «Дархан» диэн ааттыыры бобуоҕуҥ, – диэтэ.

Атамай нэһилиэгин баһылыга Айсен Павлов этэринэн, Горнай улууһун тоҕус нэһилиэгиттэн аҕыһа чөл олохтоох. Атамайдар улууска бастакынан, 2016 с. арыгы атыылааһынын боппуттар, «туочукалар» үөскээри гыммыттарын тохтоппуттар, онтон ыла үлэлэрэ-хамнастара тупсан барбыт. Бэрэсидьиэн пуондатын гранын куонкуруһугар алта төгүл кыайбыттар.

Таас чохтоох Нерюнгрига чөл олох сиэрин тарҕатыы үлэтигэр ыччат көхтөөхтүк кыттарын туһунан оройуон баһылыгын солбуйааччы Лев Зотов сырдатта.

 

«Култуурунайдык» иһии диэн сымыйа

– Өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун 80 %-а арыгыны утарар, – диэтэ Дьокуускай куорат уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ, «Чөл Саха Сирэ» хамсааһын түсчүтэ Матвей Лыткин. – «Култуурунайдык» иһии диэн бэйэни албыннаныы буолар, барыта кыраттан саҕаланар, арыгы диэн син-биир наркотик, иһэр төрүт сатаммат.

дя

Кэпсэтиини түмүктүүллэригэр модератордар бу хайысханан үлэни кэлимник тэрийэр, ол курдук, аҥардас бобуунан-хааччахтааһынан муҥурдаммакка, өйдөтөр-сырдатар үлэни кэҥэтэр, култуураны өрө көтөҕөр, дьадайыыны утары охсуһар, маассабай успуорду уонна физкултуураны олох сиэрэ оҥорор наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31