— Билигин балык кэмэ тохтоон турар. Муус халыҥаан, дьон үксэ илимин эспитэ. Арай Мөрүөн Ньукулаайабыс хайдаҕа эбитэ буолла? Эһиги ыксаабат буоллаххытына төлөпүөннэһэн баран биллэриэҕим. Илимнэрин эспэтэх буоллаҕына сарсын барсаарыҥ. Хоту сир балыксытын видеоҕа устуо, төрүт дьарык туһунан кэпсэтиэ этигит буоллаҕа. Мөрүөн үгүс кэпсээннээх, элэккэй киһи. Быһа гыммат ини, — диэн Андриан Горохов эппитин үөрэ-эрэнэ иһиттибит. Ол күн үлэбитин түмүктээн, хонуктаан сытар түспүт ыалбыт дьиэтигэр дьүкээбил толбоннурарын сэргии көрө, үөрэ-көтө бардыбыт.
«Хоту дойду» диэн буолла да тута балык диэн өйдөбүл охсуллар. Санааҕар хас күөл, үрэх үрүҥ көмүс хатырыктааҕынан толору уста сытарыгар дылы. Биһиги даҕаны оннук өйтөн-санааттан ырааппатах дьон буолан биэрдэхпит. Эппиккэ диэри сарсыҥҥы күммүтүгэр илим хас хараҕын ахсын балык бөҕөтө иҥнэн турарын курдук.
Сарсыныгар Андриан Христофорович төлөпүөнүнэн тахса сырытта. — Мөрүөн сөбүлэстэ. Тохтообут ыалгытыгар чэй иннинэ тиийиэх буолла. Онтон чугас олорор. Эһиги көһүтээриҥ, — диэн эттэ.
«Дьэ, үчүгэй. Табылыннахпыт» дэһэн, кэллиэгэбинээн Стастыын имнэнсэн кэбистибит.
Үлэспит кэммитигэр сыарҕалаах бураан тигинээн кэлэн тохтоото. Саас ортолоох, сылбырҕа туттуулаах киһи ойон түһэн, утары хааман кэлэн:
— Мөрүөн Ньукулаайабыс Көстөкүүнэп диэммин. Эһиги дуо кэрэспэдьиэннэр? Илим көрсө барсаары гынаҕыт дуо? Чэ, сыарҕаҕа олоруҥ, — диэн буолла.
Хап сабар сыарҕаҕа олорсооппутун кытта, кыахтаах тимир көлө Чондоон үрэҕин диэки хайыһыннаран кэбистэ. Бу бураан диэн ааттыыр тиэхиникэ түргэн сырыылааҕын онно биллибит. Биир кэм хаар өрө ытыллан олорор. Үрэх уҥуор тахсан баран, барбахтыы түһээт, бастакы күөлгэ кэлэн тохтуу биэрдибит.
— Бу эбэҕэ илимниибин. Билигин биэс илими үтэ сытабын. Айахпытыгар эрэ диэн. Баччаларга элбэх илими үппэккин. Мууһа да халыҥа бэрт, — диэн Мөрүөн Ньукулаайабыс сыарҕаттан анньыытын ыла охсон, кулгаах ойбоннорун тэһэ туран сэһэргиир.
— Биһиги Тумакка сылдьар кэммитигэр халлаан -50 кыраадыс этэ. Син халыҥнык таҥныбыт да буолларбыт, тымныы обургу баарын тута биллэрбитинэн барбыта. Арай Мөрүөн ону эрэ аахсыбаттыы, сэһэргии-сэһэргии үлэтин оҥоро сырытта. Бастакы илиммитигэр туох да суох буолан биэрдэ. Ол сырыттахпытына, күөл уҥуор биир бураан иһэрэ көһүннэ.
— Быһыыта, кыттыгастааҕым Дьууруй айаннаан иһэр. Былырыыҥҥыттан иккиэн бииргэ балыктыыбыт - ыраах хаары өрүкүтэн иһэр бурааны көрө туран, Мөрүөммүт кэпсиир.
Дьууруй Хабырылыйабыстыын билистибит. Икки аата икки буоллаҕа. Үлэ да тэтимирдэ. Мин Дьууруйга тиийэн илин-кэлин түстүм.
— Икки сыллааҕыта оҕустаран ыалдьыбытым. Инньэ гынан, аргыый сылдьабын. Аҥаар өттүм үчүгэйдик үлэлээбэт буолан, билигин соҕотох сылдьыбаппын. Ол иһин, Мөрүөннүүн кыттыһан балыктыыбын, — диэн Дьууруй кэпсии сылдьан илимин көрөр. Бу биэс илим тухары биир да балык туппатах.
— Булт диэн итинник. Билигин баччаларга балык улаханнык хамсаабат кэмэ. Күөл балыга муус устартан хамныыр. Ол эрэн, күһүҥҥү курдук буолбатах. Айаххар эрэ. Бу Сыгынньах диэн күөлгэ сайынын эрэ балыктыыбын. Үстүү хонукка балыктаан, онтубутун ыыһыыбыт, тууһуубут. Үрэххэ эмиэ үтэбит. Ордук күһүн. Сүүһүнэн илими үтэбит. Үлэтэ элбэх. Күөллэри кэмиттэн-кэмигэр көрөн сынньатабыт. Инньэ гыннахха, балык үөскүүр, — Мөрүөн Ньукулаайабыс балык туппатаҕыттан санаатын түһэрбэт.
Булт диэн итинник. Бүгүн суох, сарсын баар. Булт бары ымпыгын-чымпыгын билбит дьон быһыытынан, Мөрүөннээх Дьууруй санаалара эрэх. Тиэхиникэҕэ олорсон, сэлиэнньэ диэки хаары ытылыннаран көтүтэ турдубут.
Эбиэттэн киэһээ Дьууруй уолунаан Богдаанныын уонна доҕорунаан хабдьыларга ииппит туһахтарын көрө айанныыр буоллубут. Оҕо сылдьан бу көтөрдөрү син бултаспыт буоламмын, билэбин. Ол эрэн, бэл, түөлбэ-түөлбэ оҕолоро бултуурбутугар, туһах иитэрбитигэр уратылаах буолааччыбыт. Онон, манна да бултааһын уратылаах буолуохтаах диэн бүтэйдии сэрэйэбин.
Чондоон үрэх кытылын бата үүммүт талахтарга хабдьы суола бүттэтэ суох. Үрэҕи кыйа хаарга талаҕы батары анньыллан оҥоһуллубут мэһэйдэргэ тахсар «айахтар» бааллар эбит. Манна Богдан доҕорунаан тиргэлииллэр эбит.
— Биир көрүүгэ сэттэ эҥин хабдьыны ылааччыбыт. Нэдиэлэҕэ иккитэ, үөрэх кэннэ кэлэн көрөбүт. Сүрүн хоромньу таһаарааччылар сэлиэнньэ ыттара буолаллар. Анаан кэрийэн, иҥнибит хабдьылары сииллэр, - диэн Богдан сэһэргиир.
Туһахтарбытын көрөн, чахчы, сэттэ хабдьыны ыллыбыт.
— Оҕолорбутугар төрүт дьарыгы үөрэтэн эрэ буолбакка, олоххо эмиэ көрдөрөбүт. Тыйыс ыраах сытар хоту сир барытыгар бэлэмнээх буолары ирдиир. Инньэ гынан, оҕолор кыраларыттан булка, балыкка сыстаҕастар. Үлэҕэ такайыы, эппиэтинэстээх буолуу төрдө — төрүт дьарык, — диэн учуутал идэлээх Богдан ийэтэ Людмила Горохова оҕолорун кытта тэҥҥэ сылдьыһан, санаатын үллэстэр.
— Булка бииргэ сылдьыстаххыт дии. Бу түөрт хабдьы эһиги өлүүгүт, — Дьууруй Хабырылыйабыс булт кэһиллибэт сокуонун тутуһан, биһиэхэ бултуттан ирээттиир.
Киэһэтигэр Мөрүөн Ньукулаайабыс дьиэтигэр ыалдьыттыы, сэһэргэһэ тиийэ сырыттыбыт. Мөрүөн кэргэнинээн Яна Ивановналыын үөрэ-көтө көрсөн, ас маанытынан тоҥ балыгынан, алаадьынан күндүлээтилэр.
Яна Ивановна биэнсийэҕэ тахсыар диэри уһуйааҥҥа үлэлээбит, онтон Мөрүөн Ньукулаайабыс култуура эйгэтигэр олоҕун үтүө кэмнэрин анаабыт. Мөрүөн СӨ култууратын туйгуна бэлиэлээх, ырыа да ыллыыр, хомустуур даҕаны, тойук да туойар эбит. Дьэ, киһи диэн итинник. Күн мааҕыын балыксыт идэлээх диэн саныы сылдьыбыт киһибит, отойун даҕаны култуура эйгэтигэр сыһыаннаах буолан биэрдэ. Остуолга өрөһөлүү ууруллубут тоҥ балык аҕыйыы быһыытыйбыт кэмигэр ис-испититтэн ирэммит, кэпсээн-сэһэн дэлэйэн, хостон баян уочарата кэлбитэ.
— Сааскы чуумпу киэһэҕэ,
Саһарҕа күлүмүн кэриэтэ,
Эн кэрэ мөссүөнүҥ долгута,
Эдэркээн сүрэхпэр иҥмитэ..., — Мөрүөн ыллаан эҥээрпитин киһи истэ эрэ олоруох курдук...
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0