Үс сыллааҕыта Амма өрүс үрдүгэр гектар сири ылан соҕотох олохсуйбут Нелли Протодьяконова туһунан оройуон хаһыатыгар ыстатыйа суруйан турардаахпын. Онно Нелли хайдах, туох санааттан куорат олоҕуттан арахсан тыаҕа олохсуйбутун сиһилии кэпсээн турар.
«Киһиэхэ, сүрүнэ, ыраас салгын, бэйэ аһылыга уонна кыыс айылҕалыын алтыһыы баар буоллаҕына, олох олорор. Онтон атына барыта – быстах санааны сырсыы, эккирэтии эбээт!» — диэн бүччүм санаатын үллэстибитэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта Неллины кытта сибээскэ тахсан, хайдах олорорун туһунан ыйыталастым.
— Тымныы кыһын кэлэн ааста. Кыраадыс муҥутаан -65 буола сырытта. Өрүс үрдүгэр турар учаастак буолан уорааннаах. Дьиэм быйыл тымныыны тулуйар тургутуутун дьоһуннук ааста диэххэ сөп. Бу сайын дьиэбин уонна хотоммун өрөмүөннээбитим. Аныгы, айылҕаҕа буортута суох матырыйааллартан оҥоһуллубут утеплителинэн каркас хотон туттубуппут. Оһохтообуппут. Улахан да тымныыларга алталыы чаас буола-буола отуннахпына, дьиэм уонна хотонум бэрт сылаастык тураллар. Хотоммор 20-чэ куруолугу уонна сэттэ козаны кыстатан турабын, — диэн Нелли сэһэргээбитигэр, били үс сыллааҕыта кэпсэтиибитигэр «билиҥҥитэ, алта дьиэ кыылын иитэбин. Икки куоска, икки ыт уонна икки хомяк» диэн күлэ эппитин санаан ыллым.
— Түргэнник ситэр кыыллары ииттэр табыгастаах эбит дии санаатым. Ити бэйэм кыахпар тэҥнээн этэбин. Ону икки сыллааҕыта бастаан үс хоруолугу атыылаһан баран билбиппит. Биир атыыр, икки тыһы. Куруолук сэттэ ыйынан ситэр, ууһуур кыахтанар. Биир куруолук сэттэ эҥин оҕолоох буолар эбит. Миэннэрэ «Үрүҥ великан», «Новозеландский белый» диэн боруодалар. Тоҕо эбитэ буолла, үрүҥ өҥнөөх куруолуктары ордоробун. Ырыынакка маннык боруодалар 3-4 тыһ. солк. сыаналаахтар. Онтон көннөрү дьиэ куруолуктара 1,5 тыһ. солк. буолар. Ол эрэн биирдэрэ ыйааһынынан атыттары лаппа баһыйар.
Козаларбын I-кы Хомустаахтан, уопуттаах пиэрмэртэн атыыласпытым. Көрүдьүөс кыыллар. Киһи тута убанар. Ханна да бар, кэннигиттэн батыһа сылдьаллар. Ханан баҕарар сылдьаллар. Күрүө-хаһаа диэнтэн иҥнибэттэр. Биирдэ саһаан үрдүгэр, сорох кэм массыына үрдүгэр баар буола түһэллэр. Быһатын эттэххэ, чуҥкукпаттар. Автодойканан ыыбын. Үүттэрин сыата хойуу. Амтанынан, хос сыта эҥин суоҕунан, ынах үүтүттэн туох да атына суох. Суорат, быырпах астыырга үөрэнним. Бэл, сыыр оҥорорго боруобалаан көрбүтүм. Куһаҕана суохтук сатаммыта диэххэ сөп. Коза барыһа, көрүүтэ судургу эбит. Аҕыйах уу иһэр, сытар сирин кэмиттэн кэмигэр эрэ ыраастыыгын. Сытар сиригэр от тэлгээтэххэ, бэйэтэ сылаас дьапталҕа буолар. Инньэ гынан, төһө да тымныыга бэриммэт, — номнуо бу салааны иһиттэн үөрэппит, уопуттаах киһи тыла иһиллэр.
— Ааспыт сылга саҕалааччы пиэрмэр, ыҥырыа иитээччи уонна сылгыһыт исписэлиис идэтигэр үөрэтэр куурустарга үөрэнэн, диплом ылаттаатым. Инникитин — былааммар гараж, баанньык туттуута. Бу сылга күүрүүлээх уот линиятын тартарыы, дьиэм докумуоннарын чөкөтүү курдук эппиэтинэстээх соруктар тураллар. Маны таһынан, быйыл сибиинньэ оҕолорун ылан иитиэхтээхпин. Сылгы, ынах иитэр туһунан толкуйдуур билигин үп-харчы, бириэмэ өттүнэн эрдэ курдук, — диэн салгыы тугунан дьарыгырар былааннарын туһунан ыйытыыбар хоруйдаата.
— Сайынын тыынан өрүс устун эрдэр олус үчүгэй. Чэбдик салгын, кэрэ айылҕа. Күөгүнэн балыктыырга үөрэммитим. Олус интэриэһинэй, умсугутуулаах, туһалаах дьарык. Кыһыҥҥыга диэн араас эмтээх оттору хомуйабын. Чуумпу, кыһыҥҥы киэһэлэргэ бэйэҥ хомуйбут дьөлүһүөннээх чэйгин иһэ олорон, ырааҕы, үтүөнү саныыртан ордук туох кэлиэй», — диэн түбүктээх үлэ кэнниттэн сынньалаҥын хайдах туһалаахтык атаарарын туһунан Нелли үллэстэр.
Кэлиҥҥи кэмҥэ куораттан тыаҕа тахсан, дьиэ-уот туттан олохсуйар санаалаах дьон элбэхтэрин бэлиэтии көрөбүн. Маны өй-санаа, кут-сүр бөҕөргөөһүнүн чааһынан бэртээхэй диэн анал үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр. Нелли маннык дьоҥҥо-сэргэҕэ туохха бэлэмнээх буолуохтаахтарын, соҕотох айылҕаҕа олоруу уратытын туһунан бэйэтин уопутуттан нэһилиэк, улуус ыытар тэрээһиннэригэр ыҥырыллан үллэстэр эбит.
Кэпсэтиибит түмүгэр билигин глобализация барар кэмигэр Нелли уопута хорсун көстүү дии саныыбын.
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0