Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Төрүт өбүгэбит удьуорун төрдүн ытык ситимин тутаммыт, сардаҥалаах сырдык санаанан салайтаран, өбүгэлэрбит өйүө гынан хаалларбыт үтүөкэн үгэстэрин инники күөҥҥэ тутан кыһарҕаннаах олохтоох кырыа кыһын кыйданыыта Хатаспытыгар 9 төгүлүн “Байанай күрэҕин” ыыттыбыт.

Төрүт өбүгэбит удьуорун төрдүн ытык ситимин тутаммыт, сардаҥалаах сырдык санаанан салайтаран, өбүгэлэрбит өйүө гынан хаалларбыт үтүөкэн үгэстэрин инники күөҥҥэ тутан кыһарҕаннаах олохтоох кырыа кыһын кыйданыыта Хатаспытыгар 9 төгүлүн “Байанай күрэҕин” ыыттыбыт.

Быйыл 2023 сылга СӨ Үлэ сыла биллэриллибитинэн хамаандалар үлэ кэлэктииптэрин аатыттан буоллулар. Этиллибитин курдук үгэскэ киирбит буолан кыттааччылар баһыйар үгүс өттө бу күрэххэ кыттыбыттар. Онон бэлэмнэнии чааһыгар эмиэ наһаа улахан мэһэйдэр-моһоллор суох дэһэллэр хамаандалар. Бу сыллар тухары бу күрэх хааччыллыы да, күрэх түһүмэхтэригэр кыттыы хаачыстыбатын да өттүттэн сайдан-үүнэн кыттааччылар, этэргэ дылы, тиистэригэр тиийэ сэбилэниилээхтэр. Маҥнайгы сылларга туут хайыһар оннугар спортивнай хайыһарынан тоҥуу хаарга батылла-батылла сүүрэр буоллахтарына, билигин ол хайыһар арааһа баар уо.д.а.

aefdc18e 86eb 4d96 8048 d7adcf9ff970

Быйылгы “Байанай” боротуохаҕа – “Оломҥо” буолла. Тэрийээччилэр – Хатас олохтоох дьаһалтата (салайааччы Пермяков Евгений Петрович), тэрийэр хамыыһыйа (уопсастыбанньыктар) эрдэттэн мунньахтаан, сүбэлэһэн хаары күттэрэн, күрэх түһүмэхтэрин бэлэмнээн, түһүмэх аайы наадалаах атрибуттары булан уурталаан, туруорталаан, спонсордары кытта үлэлэһэн, бирииһи дэлэйдик-холойдук булан дьиҥ чахчы үтүөкэн тэрээһин бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик, орун-оннугар ааста.

0f8ff1c7 393a 4df1 a9a4 83a70c7d0504

Айылҕабыт бүгүн күнүн-дьылын туруга, чахчыта да, айылҕа оҕото буоларбытын биллэрэрдии тыалырда, хаардаата, күнүн таһаарда, былытырда, сылыйа да сырытта ааттыын кубулҕаттаах кулун тутар күнэ буолла. Ону ол диэбэккэ, көрөөччү элбэҕэ сөхтөрдө. Биир да сыл көтүппэккэ көрөр, сэргиир Дарья Пермякова, Евдокия Баишева, Николай Сивцев, Ларионовтар дьиэ кэргэттэрин бары көлүөнэтэ, эбэтэр дьиэ кэргэнинэн сылдьар эдэр ыаллар Тимофеевтар, Пермяковтар, Баишев Анатолий, Оконешников Алексей уо.д.а. барыларыгар махтал. Оҕолор күрэх саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри көрөн, ыраас салгыҥҥа сырыттылар, телефонтан аралдьыйдылар, ып-ыраас хаарга тотуохтарыгар диэри оонньоотулар-көрүлээтилэр.

cc3095ca c407 407e b5b3 2c1ffea4c605

Быйылгы күрэх биир сонуна Маҥан нэһилиэгиттэн хамаанда хомуллан кэлэн кыттыста. Барыта 7 хамаанда кыттыылаах, кырдьыга да, көхтөөх күрэх буолан ааста. Кинилэр кимнээҕий:

1)            №8 баһаарынай чаас (салайааччы Гаврильев Николай Николаевич);

2)            СТНГ ХЭГУ (салайааччы Васильев Николай Николаевич);

3)            П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан ХОО (дириэктэр Слепцов Николай Владимирович);

4)            Хатастааҕы эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ (дириэктэрдэр ДШИ - Лемешева Христина Николаевна, “Ситим” айымньы дьиэтэ Стручкова Саргылана Тарасовна ,ДЮСШ – Гоголев Евгений Егорович);

5)            Дьокуускай куоракка үлэлиир биир дойдулаахтарбыт  - салайааччы Ларионов Анатолий Степанович;

6)            Прогресс ХЭХ – Пинигин Алексей Семенович, ПТСК  - Олесов Леонид Александрович;

7)            Маҕан нэһилиэгин сүүмэрдэммит хамаандата.

d194d7eb eff2 4a84 8147 797000ac1ef9

Күрэхпит хаһан да буоларын курдук, мууһу буурунан үүттээһинтэн саҕаланна. Манна СТНГ ХЭГУ хамаандата тэҥнээҕин булбата – тус герой Васильев Николай буолла. Онтон ойбон алларыыта, бу көрүҥҥэ күүтүллүбүтн курдук бу тухары тэҥнээҕин була илик Дьокуускай хамаандатыттан  Ларионов Анатолий быраатынаан Геннадийдыын уонна Владислав Никифоров састааптаах хамаанда бастаата. Ойбон алларыыта күүһү-сэниэни сөпкө туттууну, хамсаныыны сааһыланыыны, бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэспэккэ көмөлөһүүнү эрэйэр көрүҥ буолар, манна бэл тыынардыын бииргэ буоллахха үҥкүү курдук биир тэтимҥэ киирдэххэ кыаллар үлэ.

11a2cd90 b9a5 46ae 8a3e 0fb0d0aa94a1

Бүгүн оннук хартыынаны көрдүбүт, Ларионовтар тутталлара-хапталлара тупсаҕайа, көрдөххө сүрдээх холкутук көйө, аллара сылдьар курдуктар. Дьиҥинэн, итиннэ өй-санаа күүрүүтэ, иҥиир-ситии тардыыта, кыраҕы харах, илии-атах хамсаныытын алтыһыыта буоллаҕа.

Бу кыайыыны-хотууну төрөппүт аҕалара Ларионов Степан Романович көрөн турара саныырга да, көрөргө да үчүгэйин эриэхсит. Үһүс түһүмэххэ, массыынаны соһууга, СТНГ ХЭГУ хамаандата кыайда. Саха киһитигэр уот суолтата сүдү күүстээх, аал уот барахсан араҥаччылыыр, ыраастыыр, ичигэһинэн илгийэр, сылааһынан сыдьаайар, аспытын-үөлбүтүн буһарар, чэйбитин оргутар. Ол да иһин бу түһүмэх куруутун тыҥааһыннаах, киирсилээх, сүрэх өрүкүйүүлээх ааһааччы. Тоҥуу хаарынан сүүрэн тиийэн мас аҕала охсон чууркалаан, тырыыҥкалаан (чыыппааннаан) уоту умата охсон баран, уот күүһүн таба туһанан, ууну түргэнник оргутуу бу манан аҕай дьыала буолбатах. Дьэ манна буолааччы уоту күөдьүтэр баҕаттан кэтэ сылдьар таҥаһы уһула баттаан сапсынан, бэйэтэ туһугар күн үҥкүүтэ оһуохай хамсаныыта. Бастыҥ уот оттооччу, уу оргутааччы аатын СТНГ ХЭГУ хамаандатыттан Жирков Александр, Тарабукин Спартак ыллылар.

Буулдьанан ытыыга тыалы, салгын  хамсааһынын ааҕан-суоттаан, учуоттаан, ытыыга хамсаабат илии, тутар сис, кытаанах санаа олус наадалар. Кыраҕы харахтаах бастыҥ ытааччы, Хатастааҕы эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин хамаандатыттан Алексей Осипов буолла. Манна биир саамай күүрүүлээх, саҥата суох барыахха диэри бары тыҥыахпытыгар диэри түгэн иккис миэстэ буолбут Прогресс ХЭХ, ПТСК хамаандатын бэргэн ытааччыта Алексейдыын биир бииргэ киирсиилэригэр буолла. Бу сырыыга Байанай Алеша диэки буолла.

Ол кэннэ бу күннээҕи түбүк түмүгүн түмэр, этэргэ дылы, “за, что боролись...” диэбити быһаарар күүһү-сэниэни барыыр, тургуутуу, туруулаһыы диэн тугун биллэрэр сэттэ этаптаах эстафета кыайыылаахтар кимнээх буолалларын туох да мөккүөрэ суох быһаарда. Бастакы түһүмэхтэргэ  СТНГ ХЭГУ хамаандата хаардыы хаампыт буоллаҕына кэнники икки түһүмэх ытыы уонна эстафета көрдөрүүлэрэ кыайыылаах ким буоларын быһаарда. Ол курдук бастаан кинилэри кытта  иэл-дьиэл бииргэ айаннаан испит Дьокуускай куорат хамаандата ити түһүмэхтэргэ уһулу ойон тахсаннар кыайыылаах Дьокуускай куоракка үлэлиир-хамсыыр, үөрэнэр уолаттарбыт  хамаандалара  бастаата!

Иккис СТНГ ХЭГУ хамаандата буолла. Үһүс бириистээх миэстэни Прогресс ХЭХ, ПТСК холбоһуктаах хамаандалара ылла. Ыалдьыттарбыт Маҥан нэһилиэгин хамаандата саҥа кэлэн, тутан-хабан, тургутан бардылар, куруутун дьон тилэҕин көрбөтүлэр, син да  сырыы аайы кэннилэригэр кими эрэ хааллардылар, эһиил оҥостон кэлиэхпит диэн бигэ санаалаах бардылар.

Саамай саастаах кыттааччы диэн анал бирииһи бары да билэр, убаастыыр киһибит Гоголев Евгений Егорович уонна саамай эдэр кыттааччы диэни Алексеев Дмитрий ыллылар. Манна даҕатан эттэххэ, Дима бэрт соторутааҕыта НВК кубогар ситиһиилээхтик Хатас хамаандатыгар кыттыбыта. Маны кытта сэргэ эдэр ыччаттарбыт, оҕолорбут араас элбэх күрэхтэргэ улуустарынан сылдьаллар, ким хайыһарга, ким “Үрүҥ Уолаҥҥа” уо.д.а. Судьуйалар хамаандаларыгар уопуттаах Андрей Лукич Малышевы, Никифоров Петр Андреевиһы, Саввин Андрей Андреевиһы, Руфов Андрей Анатольевиһы, Артур Соловьеву, Попов Николайы уо.д.а. кытта быйыл саҥа киирбит Матвеев Николай, Михайлов Алексей уо.д.а бааллар. Судьуйалар үлэлэрэ чуолкай, сааһыламмыт буолан биир да мөккүөр-моргуор тахсыбата, барыта дьэҥкэ, чуолкай.

Күрэхпит бирииһин фондатын сууммата ботуччу, онон хамаандалар бары да өттүк харалаах, илии тутуурдаах бардылар. Бириистэри быһа тардан кэпсиир буоллахха, булка аналлаах күн талбыт мала-сала, эрэһииҥкэ мөһөөччүгэр тиийэ уонна араас сууммалаах сертификаттар. Спонсордар – Артур Соловьев, Окороков Спартак Константинович, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, тимир ууһа Алексей Апросимов Тимур Харитоновтыын,  “Хатас булчуттара” түмсүү, Никифоров Петр Андреевич, Городской Дума депутаттара Парасковья Козлова, Иван Салатюк, Ил Түмэн депутата Дмитрий Семенов, “Серебряный ручей”, “Охотник на Ярославского”, “Бадаар”, SATA маҕаһыыннаЕгерь, Рыболов маҕаһыыннар, "Прогресс" ХЭТ, Магазин Х1"Егерь" "Духовые манки" - "Кынат" хамаандата, Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс. Бүгүҥҥү күммүт ыалдьыттара, бэйэлэрин эрэ эйгэлэригэр бастыҥ буолбакка саха норуотун төрүт үгэстэрин өрө тутууга, салгыы сайдар саҕахтарын аһыыга анаан минээн үлэлэһэр дьоһун дьоннор - 

1)            Дмитрий Александрович Семенов – Ил Түмэн депутата. Манна кини Байанай күрэҕин биир да сыл көтүппэккэ спонсордыырын бэлиэтиэххэ наада. Дмитрий Александрович олох сыал-сорук оҥостон хара сарсыардаттан анаан-минээн, аадырыстаан кэлэн көрөн баран бу күрэх инникилээҕин уонна өссө лаппыйан үөрэтэн, чинчийэн баран, спортивнай да разрядтары ылыллыан сөптөөх уустук, үрдүк көрдөрүүлээх түһүмэхтэр бааллар диэн бэлиэтээн, тоһоҕолоон тыл эппитин ытыс тыаһынан көрүстүбүт.

2)            Ольга Григорьевна Григорьева – “Көмүлүөк” хампаанньа салайааччыта. Кинилэри кытта олохтоох дьаһалта бу тэрилтэ саҥа тэриллэн үлэлиэҕиттэн, биир сыахтан саҕалыаҕыттан ыкса сибээстэһэн үлэлиир. “Көмүлүөктэр” иһит  оҥоһуутунан муҥурдаммакка эйгэлэрэ кэҥээн, үлэлэрэ-хамнастара  дириҥээн иһэриттэн үөрэбит уонна бу курдук дьоһун көмөлөрүгэр махтанабыт.

3)            Молгаров Константин Егорович – угуйууга СӨ абсолютнай чөмпүйүөнэ, Арассыыйа чөмпүйүөнэ, норуоттар икки ардылрынааҕы күрэхтэр призердара. Константин саханы аан дойдуга ааттатар, булчут быһыытынан ылыннарар, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа күүскэ үлэлэһэр, булду сиэһин-аһааһын курдук ылыммакка үтүө үгэс быһыытынан билинэргэ үлэлһэр  “Угуйуу” тэрилтэ тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ буолар. Бу тжрилтэ туһунан хаста да суруйан турардаахпыт. Онон манна хатылаабатым.

Күрэхпитин Сырдык-Алексей Божедонов кэлэн үрдүк айыылартан ааттаһан-көрдөһөн, алҕаан барда. Көрөөччү хаһааҥҥытааҕар элбэх, буолар сирэ ыраах диэбэккэ айанныыр көлө булан тиийэн-тиксэн эклюит ыалдьыттарбытыгар барҕа махтал. Махталбыт улаханын Владимир Владимрович Габышевка уонна хас да көлүөнэ ситим ситиитин быспакка сылдьар хаан-уруу дьонугар. Кини баар буолан бу бүгүҥҥү күрэх түһүмэхтэрин эккирэтэ сылдьан фото, видео матырыйаалынан үйэтитилиннэ.

Күрэх кыттыылаахтарын кытта сэһэргэстэххэ, үлэ тэрилтэлэринэн буолбута хаманданы хомуйарга наһаа табыгастааҕын ордук бэлиэтээн-тоһоҕолоон эттилэр. Уонна бу маннык күрэхтэргэ күннэтэ алтыһар кэллиэгэлэрин атын харахтарынан көрдүбүт диэччилэр эмиэ бааллар. Эбэтэр Байанай күрэх туһунан урут истэр эрэ этим, бүгүн кыттаммын ис дууһабыттан астына-дуоһуйа сылдьабын диэччи эмиэ баар. Биллэн туран уонча сыл субуруччу ыытыллыбыт буолан хамаанда аайы билэр-көрөр дьон эмиэ баар.

Дьэ ити курдук эһиилги үбүлүөйдээх онус күрэхпитигэр географиябыт өссө кэҥииригэр, көрдөрүү өссө тупсарыгар баҕаран туран эһиил көрсүһүөххэ диэри диэн тарҕастыбыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44