Омук сайдар кэскилэ – оҕо. Оҕо хайдах-туох билиилээх, санаалаах, итэҕэллээх, сиэрдээх-туомнаах, кыахтаах киһи буола улаатан тахсара, сүрүннээн төрөөбүт дьиэ кэргэниттэн – ийэтиттэн уонна аҕатыттан тутулуктаах. Оҕо уһуйааҥҥа иитиллэн, оскуолаҕа үөрэнэн, салгыы сааһын ситэн, өйүн-санаатын тутан, идэ талынан, үөрэҕинэн бөҕөргөтөн, үлэһит уонна ыал буолан тахсар.
Олоххо бэйэтигэр сөптөөх суолу-ииһи талара ураты уустуктардаах. Онно кини олох кыра эрдэҕиттэн ийэлээх-аҕата киниэхэ, дьоҥҥо, айылҕаҕа, үлэлэригэр сыһыаннарыттан көрөн, иҥэринэ сылдьар өйдөбүлэ сүрүн оруолу оонньуур. Уһуйаан уонна оскуола иһигэр оҕолорго дьоҥҥо-сэргэҕэ сөптөөхтүк туттан хаптан сылдьар бэрээдэгин, доҕордоһуу, эбээһинэс, ытык иэс өйдөбүллэрин үөрэтэллэр, билии-көрүү суолугар киллэрэн, бигэ олук уураллар. Онон оҕо уонна ыччат иитиитигэр дьиэ кэргэни кытта уһуйаан, оскуола бииргэ холбоһон үлэлииллэрэ ирдэнэр.
Бэйэм Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай диэн кэрэ айылҕалаах Өлүөнэ эбэ хотун хочотугар турар нэһилиэгэр олохсуйан олоробун. Манна ыам ыйын 15 күнүгэр, икки бэйэ-бэйэтигэр сибээстээх, тэрээһин буолан ааста. Бастакыта, кулууп дьиэтэ суох буолан, арочнай успуорт комплексын дьиэтигэр күнүс икки чаастан Ил Түмэн дьокутаатын дуоһунаһыгар хандьыдааттары кытта көрсүһүү буолла. Олортон биирдэстэрэ – успуорт комплексын аатын сүгэр, олохтоохтор киэн туттар киһилэрэ Егоров Иванович бииргэ төрөөбүт быраата, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа эбит. Төһө да үлэ чааһа кэмигэр буоллар, дьон-сэргэ кэлбит. Хаптаҕай орто оскуолатын дириэктэрэ Ирина Кычкина оскуола мас дьиэтэ олус эргэтин, урут икки төгүллээн умайа сылдьыбытын, саҥа оскуола тутуута барыахтаах буолбута ырааппытын, оскуола ханнык да аныгылыы ирдэбиллэргэ эппиэттээбэтин эттэ. Кинини көрсүһүүгэ кэлбит олохтоохтор бары күүскэ өйөөтүлэр. Нэһилиэк дьокутаата Николай Попов нэһилиэккэ киһи ахсаана сылын ахсын аҕыйыы турарын туһунан сырдатта. Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэккэ оскуола дьиэтэ эргэрбит, кулууп дьиэтэ саахалланар туруктаах, сууллаары турар буолан, үлэлээбэтэҕэ ырааппыт. Үлэ миэстэтэ аҕыйах буолан, үлэлиир саастаах дьон Аллараа Бэстээххэ тэрилтэлэргэ, биитэр быстах үлэлэргэ үлэлииллэр эбит. Биири бэлиэтии көрбүтүм, киһи төһө да олорор усулуобуйата мөлтөҕүн үрдүнэн, дьон санаатын түһэрбэт – ким эрэ хаһаайыстыба тэринэн, ким эрэ ханна ыраах нэһилиэутэн тэйиччи үлэлииллэр, быһата үлэни өрө тутан, олохторун бэйэлэрэ оҥостон олороллор.
Оскуола дьиэтигэр салгыы киэһэ алта чааска «Хомусчаан» оҕону сайыннарарар уһуйаан-орто оскуолата уонна Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата холбоһон тэрийбит дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах тэрээһин буолан ааста. Олох киирэр аантан, сүҥкэн суолтаны дьиэ кэргэҥҥэ биэрэллэрэ киһи хараҕар быраҕыллар. Оскуола бэркэ симэммит, киирэр ааҥҥа эдэр үлэһиттэр үөрэ көтө көрсөн, кэлбит дьону бастаан регистрациялаан, кылаастарга илдьэн, төрөппүттэр үлэлэрин-дьиэлэрин туһунан, оҕолор үөрэхтэрин-үлэлэрин көрдөрөр анал стендалары көрдөрдүлэр, алаадьылаах чэйинэн, кофенан күндүлээтилэр. Иитии араас хайысхаларынан анал стендалары, матырыйааллары кылаастарынан бэлэмнээтилэр: бастакы кылаас – Үлэнэн иитии (Яковлева Нина Николаевна), иккис кылаас – оҕону кинигэни ааҕарга уһуйуу (Терентьева Ирина Игнатьевна), үһүс кылаас – Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ – дьиэ кэргэн лааҕыра (Готовцева Майя Григорьевна), 4 кылаас – Нэһилиэнньэҕэ полиграфическай өҥөнү оҥоруу (Захарова Виктория Николаевна), 5 кылаас – Гражданскай патриотическай тыыҥҥа иитии (Афанасьева Матрена Егоровна), 6 кылаас – Коллекциялааһын (Иванова Акулина Афанасьевна), 7 кылаас – Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ оҕо этин хаанын сайыннарыы, успуорка сыһыарыы (Васильевтар Павел Михайлович Мария Дмитриевна), 8 кылаас – Ыал буолуу – олох оҥостуу (Васильева Мария Борисовна), 9 кылаас – Аҕа ууһун төрүччүтүн үөрэтии (Васильева Мария Афанасьевна, Дьиэ кэргэҥҥэ оҕолору үлэнэн иитиини кытта сынньалаҥы дьүөрэлии тутуунан сайыннарыы ( Роза Иннокентьевна, Семен Дмитриевич Николаевтар), 11 кылаас - Дьиэ кэргэнинэн чинчийии ньыматын туһанан оҕону патриоттуу тыыҥҥа иитии ( Афанасьева Елена Павловна ).
Быһаччы эттэххэ, тэрээһин күүскэ ыытыллыбыта бу стендаларга ырылыччы көстөр. Мустубут дьону саалаҕа ыҥыран, тэрээһин туһунан сиһилии кэпсээтилэр. Дьиэ кэргэн олоҕо, тугунан дьарыктанара, оҕолорун хайдах иитэллэрэ, нэһилиэккэ хас биирдии оҕо хайдах киһи буола улаатан тахсара – барыбыт тус дьыалабыт буоларын, иитиигэ бары сомоҕолостохпутуна эрэ үтүө түмүгү ылыахпытын сөбүн туһунан тэрийээччилэргэ эттилэр, оҕолорбут бэйэбитин кытта тэбис тэҥҥэ дьиэҕэ-уокка, нэһилиэккэ үлэлэһэ сылдьан, билиилээх көрүүлээх үтүө үлэһит, олохторун хаһаайына буола үүнэллэригэр болҕомтобутун уурарбыт наадалааҕын бэлиэтээтилэр.
Хаптаҕай нэһилиэгэ үс дьорйоудаах – гражданскай сэрии дьоруойа - Иннокентий Алексеев (оскуола кини аатын сүгэр), Үлэ дьоруойдара - Гаврил Самсонов, Екатерина Новгородова буолаллар. Нэһилиэк аҕам саастаах олохтоохторо, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ бары дьоруойдар олохторун, үлэлэрин үтүөкэн холобурдарыгар улааппыт буолан, туох барыта үлэттэн тахсарын, үлэни сатыыр, кыайар эрэ буоллаххына, олоххун оҥостуоххун сөбүн билэллэр, өйдүүллэр.
Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо түһүлгэнэн тэрээһиннэри «Мэҥэ Кэскилэ» бырагыраама иитии кэнсиэпсийэтин алты хайысхатын хабан, үс секциянан тэрээһин үлэтэ барбыт. Секциялар үлэлэрин түмүгүнэн, оҕо иитиигэ туһуламмыт дириҥ ис хоһоонноох бастыҥ бырайыактарга, хас биирдии ыал тус-туспа ньымаларын, үгэстэрин бэлиэтээн, араас номинациялар олохтоммуттар: Оҕо иитиитигэр үтүө үгэстэрдээх дьиэ кэргэн, Удьуор үлэһит, Үлэни өрө тутар дьиэ кэргэн, Дьиэ кэргэн үгэһин утумнааччы, Ийэ-аҕа ууһун салҕааччы, Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн, Чөл олоҕу, успуорду көҕүлээччи, Патриоттуу өйдөөх санаалаах дьиэ кэргэн... Педагог уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн экспердэринэн настаабынньык учууталлар, иитээччилэр үлэлээтилэр:
1. Матрена Иванова - СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Учууталлар учууталлара, «Саха Сирин методиһа» бэлиэ хаһаайына,
2. Прокопий Зыков – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, тириэньэр,
3. Екатерина Гаврильева– СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна,
4. Лена Лукина – «За вклад в развитие культуры и искусства Мегино-Кангаласского улуса» бэлиэ хаһаайката, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуот маастара, педагогическай үлэ бэтэрээнэн,
5. Василий Соломонов – Хаптаҕай нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, «Мэҥэ Аат» бочуот кинигэтигэр киирбитэ,
6. Федорова Евдокия Ивановна - СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, «За вклад в развитие дошкольного образования» бэлиэ хайааһына, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ,
7. Ольга Заровняева - СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ,
8. Алевтина Егорова – РСФСР успуордун бэтэрээнэ, СӨ бочуоттаах ветерана,
9. Куприянова Валентина Климентьевна - СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «За вклад в развитие дошкольного образования» бэлиэ хайааһына.
Секциялар үс хайысханан үлэлээтилэр
Өй санаа өттүнэн уонна патриотическай тыыҥҥа иитии хайысха. Экспердэр Иванова М.П., Зыков П.И., Гаврильева Е.Р.. Манна биэс дьиэ кэргэн кытыннылар: Васильева Мария Борисовна –Ыал буолуу олох оҥостуу, Васильева М.А. - Аҕа ууһун төрүччүтүн үөрэтии, Афанасьева М.Е – Гражданскай, патриотическай тыыҥҥа иитии, Афанасьева Е.П. – Дьиэ кэргэҥҥэ чинчийии ньыматын туһанан оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии, Захарова В.Н. – Нэһилиэнньэҕэ полиграфическай өҥөнү оҥоруу. Бу секция тематын бэйэм өрө тутар, интэриэһиргиир буолан, талан сырыттым. Кыттыбыт дьиэ кэргэттэр бары сүрдээхтик кыһаллан үлэлээбиттэр. Афанасьева Е.П., Васильева М.А. үлэлэрин олус сөбүлээн, хайҕаан иһиттим. Кинилэр оҕолорун кытта, дьиэ кэргэнинэн араас литератураны элбэхтик хасыһан, төрүттэрин үөрэтэн, төрүччү оҥорон, чахчы дириҥник, хорутуулаахтык, чинчийэн үөрэтэллэр эбит диэн сыаналаатым.
Оҕону норуот култууратын нэһилиэстибэтигэр сыһыарыы, эт хаан өттүнэн күүстээх буоларга иитии хайысхата. Экспердэр Федорова Е.И., Лукина Л.Н., Соломонов В.П.
Лена Лукина секцияҕа кыттыбыт дьиэ кэргэттэр олус чаҕылхай дьоҕурдаахтар, кыһаллан бэлэмнэммиттин бэлиэтиир. Слепцова Л.П. – коллекциялааһын – норуот култууратыгар сыһыарыы ньымата. Иванова А.А. – Харысхаллаах буолуу. Терентьева И.Р. – Оҕону кинигэни ааҕарга уһуйуу. П.М., М.Д. Васильевтар - Васильевтар дьиэ кэргэттэригэр оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы уонна спортка сыһыарыы. Терентьева И.И. дьиэтин кэргэнэ киэҥ билиилээхтэрин уонна оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн кинигэни ааҕарга, дьиэ кэргэн иһигэр аахпыт кинигэ ис хоһоонун, кинигэ туохха үөрэтэрин ырыталларын, кинигэни теманан арааран былааннаан ааҕааһыны тэрийэллэрэ олус интэриэһиргэтэр. П.М., М.Д. Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ успуордунан утумнаан дьарыктаналлар эбит. Кинилэр эһэлэрэ биллэр мас тардьыһааччы, кэпсээҥҥэ сылдьар мадьыны этэ буоллаҕа. Дьиэ кэргэн чөл олоҕу тутуһан, эт хаан өттүнэн оҕолор бөҕө буолалларыгар сүрүн болҕомтону уураллар эбит.
Оҕону үлэнэн иитии уонна экологическай өйү-санааны иҥэрии. Экспердэр: Егорова А.Л., Заровняева О.П., Куприянова В.К.. Бу секцияҕа биэс дьиэ кэргэн кытынна: Яковлева Н.Н.– Үлэнэн иитии, Готовцева М.Г. – Көлүөнэттэн кэлүөнэҕэ (дьиэ кэргэн лааҕыра), Игнатьева Т.В. – Саха норуотун үгэһинэн дьиэ кэргэҥҥэ оҕону үлэнэн иитии, айымньылаах үлэҕэ сыһыарыы, Николаевтар С.Д., Р.Д. – Дьиэ кэргэҥҥэ оҕолору үлэнэн иитии уонна сынньалаҥы дьүөрэлии тутан сайыннарыы, Ефремова И.И. – Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ үлэнэн иитии уонна оҕо сынньалаҥа.
Алевтина Леонтьевна санаа үллэстиитигэр Хаптаҕайга бэйэлэрин сатабылларынан, дьоҕурдарын сайыннаран, элбэх ыал хаһаайыстыба тэринэн олороллорун эттэ. Олор истэриттэн Игнатьевтар – алта оҕолоох, уус төрүттэрин утумнаан мастан араас дьэрэкээн киэргэллээх оҥоһуктары уһанан оҥорор, үлэһит , уус талааннаах ыалы бэлиэтээтэ.
Секцияларынан бырайыактары ырытыы, сыаналааһын түмүгэр, кыттыбыт ыалларга анал ааттары иҥэрэн туран, нэһилиэк аҕа баһылыга Зыков Иван Прокопьевич 14 ыалга үстүү тыһыынчалаах сертификаттары туттартаата. Тэрээһин сүрдээх истиҥ иэйиилээх, үөрүүлээх быһыыга-майгыга, чахчы дьиэ кэргэн кыһаллыытыгар, олоҕор, үлэтигэр, ис санаатыгар киирэн, бары бииргэ буолан, бэйэ-бэйэни көҕүлэһэн, биир сыалы соругу туруорунан, өрө көтөҕүллэн, бырааһынньыктыы үөрүүлээх-көтүүлээх буолл. Түмүгэр улахан торт киллэрэн, мустубут дьону минньигэс аһынан күндүлээтилэр. Оҕолорбут, ыччаттарбыт үтүөкэн үлэһит дьон буола үүнэн тахсан, аймахтарын аатырдан, нэһилиэктэрин сайыннарар кыахтаах дьон буолуохтара диэн эрэл санаа өссө күүскэ бөҕөргөөтө!
Информация о материале
Зинаида Игнатьева
Зинаида Игнатьева
22.05.23 15:08
1853