Балаһыанньаҕа биллэриллибитин курдук, «Үөрэнээччи», «Эдэр ыччат», «Дьиэ кэргэн (алын кылаастар)» диэн үс бөлөҕүнэн кыайыылааҕы быһаардыбыт. Ону сэргэ сэҥээриини ылбыт буктрейлердарга анал ааттары иҥэрдибит. Уонна биһирэбил бириистэр эмиэ олохтоннулар. Быһата, кыттыбыттарга барыларыгар болҕомто уурулунна.
Усулуобуйа быһыытынан, кэлэктиибинэн кыттыы көҥүллэммит буолан, кыттааччыбыт ахсаана 500-тэн тахса буолла. Хоту улуустар көхтөөхтөрө сөхтөрдө. Булуҥтан, Өлөөнтөн, Абыйтан, Орто Халыматтан, Үөһээ Дьааҥыттан, Кэбээйиттэн, Томпоттон бэртээхэй үлэлэри ыыппыттар.
Кыайыылаахтар
Бары да кыһаллан ахан оҥорбуттар. Дьүүллүүр сүбэҕэ уустук соҕус буолбута буолуо диэн сэрэйиэххэ эрэ. Оттон дьон-сэргэ ханнык буктрейлеры ордук сэҥээрбитин билээри, ыам ыйын 23-24 күннэригэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саайтыгар онлайн-куоластааһыны ыыппыппыт. Дьэ, маныаха 317 ааҕааччы куолаһын хомуйан, Ньурба улууһун Күндээдэтиттэн Борис Габышев-Варламов «Биһик» диэн Д. Пономарев-Дьолуолаах сэһэнигэр устубут буктрейлера «Көрөөччү биһирэбилэ» ааты ылла уонна С.А. Новгородов аатынан «Айар» национальнай хампаанньаттан 5 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна.
Үөрүөхпүт дуу, соһуйуохпут дуу иһин, көрөөччү санаатын кытта дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта эмиэ биир буолан биэрдэ. Ол курдук, баалларын ааҕан таһаарбыппыт, улахан дьон бөлөҕөр Борис Габышев-Варламов кыайыылаах таҕыста. Киниэхэ Ил Түмэн дьокутаата, «Саханефтегазсбыт» генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев туруорбут ноутбуга ананна.
Саамай элбэх үлэ «Үөрэнээччи» диэн бөлөххө киирдэ. Кимнээх эрэ киинэ курдук оонньоон, сорохтор дьүһүйүү курдук туруоран, хайалара эрэ мультик курдук ойуулаан, ханныктар эрэ кинигэ бэлэм хартыыналарынан сэһэргээн, быһата, хааччах суох буолан, бэйэлэрин көрүүлэринэн айан, араас ньыманы туһанан, бииртэн биир хатыламмат буктрейлердары оҥорбуттар. Маныаха дьүүллүүр сүбэ ордук үлэлээҕин, хаачыстыбалааҕын уонна буктрейлер ирдэбилигэр барсарын учуоттаан, Дьокуускай куорат Саха гимназиятын VI кылааһын үөрэнээччитэ Аня Кириллина «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоҕо ойуулаабыт анимационнай ролигар бастакы миэстэни биэрдэ. Талааннаах кыыска «Ил Түмэн» бэчээт дьиэтиттэн планшет уонна эһиил олунньу 13-26 күннэригэр «Сосновый бор» лааҕырга сынньанар путевка бэрилиннэ.
Дьиэ кэргэнинэн кыттыыга Чурапчы улууһун Одьулуунугар олорор Максимовтар кыайдылар. Туйаара Семеновна уола Айсенныын Бүөтүр Тоборуокап «Аай-ай, Уой-ой, Ээй-эй» диэн көрдөөх остуоруйатыгар, кумааҕыттан кырыйан, буктрейлер оҥорбуттар.
Максимовтарга «СУ-77» диэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни салайар Петр Бурнашевтан принтердээх, сканердаах «Pantum» диэн бэчээттиир тэрили, ону таһынан Айсеҥҥа «Сосновый бор» сынньана барар путевканы туттардыбыт.
Кыайыылаахтаргэ үһүөннэригэр – «ҺӨҔҮҤ» диэн статуэтка (спонсор – «РОСТ» ХЭТ).
Чаҕылхайдар
Аны номинациялары билиһиннэрэр буоллахха, Сунтаар Элгээйититтэн Күннэй Кириллина, Н.Якутскай «Төлкө» трилогия романыгар олох киинэ тыйаатырыгар көрөр трейлербитигэр дьүөрэ буктрейлеры устан, «Бастыҥ таҥан оҥоруу» ааты ылла. Күннэй «Forward» спортивнай таҥас маҕаһыыныттан (дир. Н.М. Данилов) 5 тыһыынча суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна.
Кэбээйи Е.Е. Эверстов аатынан оскуолата олус көхтөөхтүк кытынна: 10 буктрейлеры куонкуруска ыыттылар. Онон кинилэргэ «Сосновый бор» 4 путевката ананна. Манна кылааһынан кыттыыны көҕүлээбит учууталбыт Антонина Петровна Тереховаҕа олус махтанабыт.
Уус Алдан улууһун Лөгөй кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Айыллаана Иванова Суорун Омоллоон «Күкүр Ууһугар» буктрейлера куоластааһыҥҥа элбэх куолаһы ылан, элбэх киһи сэҥээриитин ылбыт буктрейлерынан ааттанна. Айыллаанаҕа – путевка, итиэннэ саха тылын тарҕатыыга туруулаһар блогер, урбаанньыт Ирина Матвеева «Skintime» маҕаһыыныттан кэриэй кэсмиэтикэтин нобуора.
Т.Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай техникум иһинэн үлэлиир «Альтаир» театральнай устуудьуйа (сал. О.М. Яковлева) устудьуоннара Е.Неймохов «Хара мааска» сэһэнигэр букатын да киинэ курдук буктрейлеры устан, бэркэ артыыстаан, «Бастыҥ оонньуу» ааты ыллылар. Гуманитарнай чинчийэр институт туруорбут саха тылын 15 томнаах быһаарыылаах тылдьытынан наҕараадаланнылар. Бу кинилэргэ олус наадалаах бэлэх буолла. Саха тылын билэргэ дьулуһар нуучча оҕолорун хайҕыахха эрэ сөп.
Биһирэммиттэр
Покровскай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын бибилэтиэкэрэ Сардаана Кириллина көҕүлээһининэн, үөрэх бу кыһатыттан 3 буктрейлер куонкуруска киирбитэ. «Академия журналистов» куруһуок эдэр кэрэспэдьиэннэрэ П.Харитонов-Ойуку «Олох модьоҕото» сэһэнигэр ааптары, норуодунай суруйааччыны, бэйэтин кыттынаран, «Үйэлээх үлэ» диэн анал аакка тигистилэр. Оттон онуска үөрэнэр Милена Варламова бэйэтэ сценарийдаан, режиссердаан, сүрүн оруолга оонньоон, Оксана Гаврильева-Айсана «Дьоллоох буолуҥ, доҕоттоор» диэн кэпсээнигэр буктрейлеры бэркэ оҥорбут. Онон покровскайдарга 2 путевка бириис быһыытынан барда.
Ыраах Орто Халыма улууһун 3 нэһилиэгин оскуолата кыттыбыта хайҕаллаах.
Налимскайдар Эрилик Эристиин «Кэриэс туолуута» уонна Н. Лугинов «Сэргэ» сэһэннэригэр анаан ойуурга, тыаҕа тахсан устубуттар. Эчи, оонньууллара да үчүгэйин! Ойуһардаахтар бэйэлэрин ааптардарын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрдилэр: Е. Лаптев «Ыллыыр уулаах күөл номоҕо», Л.Лаптева «Идэлэр». Ону сэргэ 2 остуоруйаны устубуттар. Дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, худуоһунньук Надежда Комиссарова «Саха остуоруйаларын» уруһуйдарын биһирээтэ. Онон үһүс кылаастарга DNS цифровой уонна бытовой тиэхиньикэ маҕаһыыныттан 3 тыһыынча суумалаах сэртипикээт бэрилиннэ. Өлөөкө Күөл оскуолатын бүтэрээччилэр «Мааппаны» бэркэ туруорбуттар. Бэһистэр да «Мэхээлэчээн булчуттара» сэргэх. Онон Орто Халыма бу 3 оскуолатыгар 2-лии путевканы анаатыбыт.
Ороһулар «Иэйэхсит» түмсүүлэрэ Н. Якутскай «Олох оскуолата» сэһэнигэр, үһүскэ үөрэнэр Ирена Кардашевская пласталинынан «Туруйа уонна саһыл» остуоруйаҕа, «Мотуруоһа кылаата» диэн интэриэһинэй кинигэҕэ буктрейлердарынан ситиһиилээхтик кыттан, 3 путевканан, оттон кырачаан Ирена «ҺӨҔҮҤ» диэн суруктаах куруусканан (спонсор – «Камелек») наҕараадаланаллар.
Ити курдук, 2-лии, 3-түү үлэнэн кыттыбыт оскуолаларга путевка бэриллэр: дүллүкүлэргэ, верхоянскайдарга - иккилии, бэдьимэлэргэ, майаларга, баппаҕаайыларга – биирдии.
Дьокуускай куорат олохтоохторо Ньургун, Айыына, Саргылаана Еремеевна Кармановтар «Күөрэгэй» остуоруйаҕа сырдык сыдьаай аргыстаах, оҕолуу ыраас эйгэлээх буктрейлеры оҥорбуттар. Кинилэргэ «Аврора» мэдиссиинэ кииниттэн сэртипикээт.
Араас идэлээх эрээрилэр, көмпүүтэргэ, планшекка уруһуйдуулларын сөбүлүүр ыччат «Сообщество цифровых художников» диэн айар холбоһугу тэриммиттэр. Туйаара Стручкова, Василий Божедонов уонна Татьяна Григорьева идэтийбит таһымҥа буктрейлердарын иһин «Улуу Тоҕой» турбазаҕа сынньанар сэртипикээти туттулар.
Эр дьон кыттыытын бэлиэтиэххэ наада. Олортон биирдэстэрэ – Ньурба Маалыкайыттан Афанасий Потапов. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар» суругар буктрейлерын иһин – DNS сэртипикээтэ.
Билиҥҥи кэм кэскиллээх суруйааччыта Семен Маисов 50 сааһынан биир дойдулаахтара кини «Санаа сайдыыта» хомуурунньугар «Хоһоонньут дьоло» диэн буктрейлердара – Сэмэн Маайыһапка үбүлүөйүнэн бэртээхэй бэлэх. Олохтоох ааптардарын өрө тутар үгүлээттэри (Бүлүү) хайҕаан туран, путевка биэрэбит. Родион Данилов-Ородьумаан кыыһа Ангелина Данилова аҕатын «Кэрэх мас» айымньытыгар устубут буктрейлерын эмиэ манна сыһыаран бэлиэтиибит (бирииһэ –путевка).
Дьокуускайтан олус көхтөөх Сайдам, Сайынаара, Мария, Платон Саввиновтарга – Саха тыйаатырыгар 2 билиэт, Бүтэйдээхтэн (Мэҥэ Хаҥалас) Дьоруой Поповка анаммыт буктрейлеры бэлэмнээбит Сережа, Динара Прокопьевтарга – путевка, Амматтан Изабелла Егорова уонна Витя Афанасьев – кинигэ.
Амма Сатаҕайыттан Сережа Еремин «Дьулуруйар Ньургун Боотурун» бэрэпиэссэр Валентина Семенова биһирээтэ (бирииһэ – ҺӨҔҮҤ курууска), оттон Татьяна Хомоксонова бу оскуола VII кылааһын үөрэнээччитэ Дайаана Егорова Баһылай Харысхал «Тураҕааскы» сэһэнигэр тыаһын-ууһун хайҕаата (путевка). Галина Матвеева бэйэтин анал бирииһин (наушник) биир дойдулааҕар, кырачаан Сандаара Парфеноваҕа анаата.
Дьүлэй оҕолорго анаммыт оскуола-интэринээт иитиллээччилэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй «Хомус» хоһоонугар буктрейлердарыгар «Истиҥ иэйиилээх» анал ааты иҥэрдибит. Кинилэргэ Хомус түмэл-кииниттэн (дир. Д.Д. Бястинов) – хомус каталога. Инбэлииттэри реабилитациялыыр медико-социальнай интэриинээт-техникум уһуйуллааччылара Рината Новгородова, Кирилл Налыйдыров Саха тыйаатырыгар билиэттэринэн наҕараадаланаллар. Хамаҕатта саха-француз лиссиэйин үөрэнээччитэ Алексей Барашков, дьиэҕэ олорон үөрэннэр да, букатын 11 мүнүүтэлээх буктрейлеры оҥорон ыыппыт. «Кыайыыга дьулуурун иһин» номинацияҕа тигистэ уонна кинигэ бэлэх тутар.
Дьокуускайтан Туяра Федорова 4 үлэнэнэ кытынна. Бирииһэ – «ҺӨҔҮҤ» курууска уонна кинигэ.
Оҕо телестудиялара путевканан наҕараадаланаллар: Буурҕалаах Булуҥ Намыытыттан «Твинпикс», Нам улууһун I Хомустааҕыттан «Ыллык», Амма О.П. Иванова-Сидоркевич аатынан киинин «Репортер».
Эбии үөрэх уһуйааннара эмиэ көхтөөхтөр. Бүлүү куоратын Н.И. Протопопова аатынан киинин «Репортер» медиа-киинигэр уонна «Творцы» куруһуогар (2 устуука), Нам Бөтүҥүн «Хотойук», Саха тыйаатырын иһинэн «Күн оҕолоро» театральнай, Горнай Бэрдьигэстээҕин П.Д. Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэтин «Буктук» айар устуудьуйаларыгар – путевкалар. Бүлүүлэр «Хара кыталыгы» бэркэ оҥорбуттар. Бөдөҥ айымньыга дьоһун үлэ буолбут.
Кылааһынан кыттыы элбэх. Сунтаар политехническай интэринээт-лиссиэйин V «а»-ларыгар, Таатта улууһун Уолба Ленин аатынан оскуолатын бэһистэригэр, Үөһээ Дьааҥы улууһун Боронук тохсустарыгар, Өлөөн улууһун Харыйалааҕын сэттистэригэр – биирдии путевка. Дьокуускай куорат Чирээйэптэр ааттарынан Национальнай гимназиятын V «б»-ларыгар – кинигэ, Үөһээ Бүлүү өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-лиссиэйин уон бииристэригэр – DNS сэртипикээтэ, Дьокуускай куорат Саха политехническай лиссиэйин V «г»-ларыгар — «Айар» кинигэлэрэ.
Нууччалыы тыллаах оскуолалар холонон көрбүттэрэ хайҕаллаах. Ол курдук, Мииринэй Таас Үрэҕиттэн уонна Дьокуускай 32-с нүөмэрдээх оскуолатыттан кытыннылар. Кинилэргэ эмиэ – путевка.
Сунтаар Күүкэйиттэн Саян Петровка – «ҺӨҔҮҤ» курууска, Чурапчы Кытаанаҕыттан Күннэй Филатоваҕа – путевка, Таатта Дьохсоҕонуттан Ньургун Рожиҥҥа – кинигэ, Ньурба Маалыкайыттан Алексей Дмитриевкэ – путевка, Ньурба Хатыытыттан Санаайа Яковлеваҕа – путевка, Амма-Наахараттан Яна Егороваҕа, Наина Зыковаҕа –2 «ҺӨҔҮҤ» курууска, Ньурба Ынахсытыттан Эвелина Ждановаҕа – путевка, Мэҥэ Алдантан «аныгы эмтиэкэлэр» Толя Захаровка, Евгения Чириковаҕа, Айыына Васильеваҕа, Владик Адамчикка – путевка, Амма Чакырыттан наһаа үчүгэй ойуулук буктрейлеры оҥорбут Юлия Игнатьеваҕа – путевка, Абый Уолбутуттан Сандаара Слепцоваҕа – «ҺӨҔҮҤ» курууска, Покровскайтан Ганя Адамовка – кинигэ.
Улахан дьоҥҥо биһирэбил бириистэр: ураты сюжеттаах буктрейлердаах Юлия Рожина («ҺӨҔҮҤ» курууска + кинигэ), Ньурба Антоновкатыттан Анжелика Николаева («ҺӨҔҮҤ» курууска), Таатта Ытык Күөлүттэн Анна Савватеева (Саха тыйаатырыгар 2 билиэт), Ньурбаттан Мария Огочоева (Саха тыйаатырыгар 2 билиэт), Таатта Хара Алданыттан Ульяна Никулина («ҺӨҔҮҤ» курууска).
Бэлиэтээһиннэр
Тэрийээччилэр этиэхпитин баҕарабыт, сахалыы шриби туттуу олус сэдэх. Наһаа үчүгэй буктрейлеры устан баран, сахалыы буукубалары Ь, Е,5,У,Н диэн суруйбуккут. Оттон куонкуруспут итинник сыһыаны суох гынарга, төрүт дорҕооммутун, сахалыы саҥабытын харыстыырга туһуламмыта буолбаат? Ааттыын да ҺӨҔҮҤ эбээт! Ити итэҕэһи кэлэргэ учуоттанаарыҥ дуу…
Аны туран, киирбит үлэлэри ырытан көрдөххө, нууччалыы эттэххэ, саамай популярнай суруйааччы Николай Лугинов эбит. 15 буктрейлер кини айымньыларыгар оҥоһуллубут. Тимофей Сметаниҥҥа – 9 ролик.
Түгэнинэн туһанан, «Саха» НКИХ хампаанньа 3 ый устата тэлэбиидэнньэнэн уонна араадьыйанан күн аайы хаста эмэ төхтүрүйэн буктрейлер рекламатын көрдөрбүтүн-иһитиннэрбитин иһин тэрийээччилэр ааттарыттан махтанабыт.
Анисия ИЕВЛЕВА, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0