Алексей Еремеев Ил Түмэн бу сокуоннар барылларыгар кэккэ этиилэри оҥорбутун бэлиэтээтэ. Ол иһигэр, хотугу собуоска кыттааччылар кэрискэлэрин федеральнай координаторынан бигэргэтэргэ; бастакы категорияҕа киирэр таһаҕастарга сыананы, судаарыстыба өйөбүлүттэн тутулуга суох, субъект бэйэтэ олохтууругар; бастакы категорияҕа киирэр таһаҕастары тиэйэр-таһар, харайар тарыыбы, сыана эбиилигин быһаарарга итиэннэ оннук сыананы ааҕыы методикатын сүрүннээһиҥҥэ эбии боломуочуйаны субъектарга биэрэргэ этиллибитэ. Бу этиилэр өрөспүүбүлүкэ хотугу, Арктикатааҕы улуустарыгар таһаҕаһы тиэйии-таһыы уратыларын, территория киэҥин, суол-иис ырааҕын, дьыл кэмиттэн улахан тутулуктааҕын, таһаҕас тустаах анаммыт сиригэр диэри элбэх түһүмэҕинэн тиэрдиллэрин учуоттаан оҥоһуллубуттарын быһаарда.
Арассыыйа Федерациятын Уһук Хотугу оройуоннарыгар баар субъектар оттук-уматык сыанатыгар хааччыйыы-батарыы ороскуотун уонна эргиэн эбиилигин сыанатын бэйэлэрэ олохтуур кыахтаахтар эрээри, ыскылааттарга, базаларга ууруу-харайыы өҥөтүгэр тарыыбы олохтуур бырааптара суох. Оттон оттугу-уматыгы батарыыга идэтийэр тэрилтэлэр сүрүн дохуоттара чуолаан оннук өҥөлөртөн киирэр итиэннэ табаар (оттук-уматык) бүтэһиктээх сыанатын ыаратар.
Уһук Хотугу субъектар эбии боломуочуйаларыгар федеральнай бэрээдэк да, методика да суох. Арай, бу хайысхаҕа субъект бэйэтэ нуормаламмыт быраап аакталарын уонна методикатын оҥорор бырааптааҕын туһунан ФАС быһаарыыта эрэ баар. Дьэ ити иһин, субъектар бырааптара федеральнай сокуонунан бигэрэтиллиэх тустаах. Ону таһынан, хотугу собуос тирэх ситимин кэрискэтигэр киллэриллибит, уопсай туһаныллыбат тырааныспар-логистика инфраструктуратын эбийиэктэрин бас билээччилэргэ тустаах субъект эрэ буолбакка, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата эмиэ судаарыстыбаннай өйөбүлү оҥорорун туһунан сокуон барылыгар киирэрэ наада.
– Муниципалитеттар бэйэлэрин территорияларыгар хотугу собуос үбүлээһинин хааччыйар кыахтара суох. Бу федеральнай уонна субъект (өрөспүүбүлүкэ, уобалас, кыраай) таһымнаах прерогатива буолуохтаах, – диэтэ Алексей Еремеев.
Энергетикаҕа, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа туһаныллар, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар оттугу-уматыгы кутар, таһаҕаһы харайар база эргэрбитэ биитэр суоҕа сытыы кыһалҕаны үөскэтэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ньиэп бородуукталарын уонна аһы-үөлү тиэйии-таһыы оператордарынан «Саханефтегазсбыт», «Якутоптторг» АУо үлэлииллэр. Кинилэр Арктика улуустарыгар нефтебазалары, эргиэн-логистика кииннэрин тутуу, өрөмүөннээһин бырайыактарын олоххо киллэрэллэр. «Саханефтегазсбыт» быһа барыллаан 13 млрд солк суумалаах үлэни оҥордо. 2023 с. федеральнай бүддьүөттэн 300 мөл. солк көрүлүннэ. 2022-2024 сс. эргиэн-логистика кииннэрин тутууга федерацияттан 914,3 мөл солк көрүллүөхтээх.
Маны таһынан, бастакы категорияҕа киирэр таһаҕастары тиэйэр-таһар хотугу собуоска кыттааччылар өҥөнү оҥорууга, үлэни толорууга ситэ ылбатах дохуоттарын уонна (биитэр) ороскуоттарын сороҕын толуйуу бэрээдэгинэн, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата субсидия көрөрүгэр анаан, «бастакы категориялаах таһаҕаһы тиэйэр-таһар хотугу собуос кыттааччыларыгар федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр субсидия көрүҥүн чопчулуурга» диэн суруйарга этилиннэ эрээри, ылыныллыбата.
– Биһиги субсидия көрүллүүтүгэр ороскуоту толуйуу өттө чопчуланыан баҕарбыппыт. Кэллиэгэлэр Бүддьүөт кодексыгар сигэнэллэр да, ити мөккүөрдээх боппуруос. Билигин биһиги кэлэр сыл судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан сокуоҥҥа ороскуоту толуйуу строката баар буоларын ситиһэргэ салгыы үлэлиэхпит, – диэтэ Алексей Ильич.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалынан. Василий Кононов (Ил Түмэн) хаартыскаҕа түһэриитэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0