Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Абый улууһун  баһылыга Владимир Новиков Дьокуускай куоракка быйыл араас үөрэх кыһаларын бүтэрэр устудьуон оҕолору кытта көрүстэ. Кэпсэтиигэ СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын уонна Аартыкаҕа министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, Белай Гора бөһүөлэк баһылыгын э.т. Айсен Мыреев кыттыыны ыллылар. Кэпсэтии сүрүн  боппуруоһа - Аартыка эргимтэтигэр үлэҕэ ыҥырыы, чэпчэтиилэри билиһиннэрии.

Абый улууһун  баһылыга Владимир Новиков Дьокуускай куоракка быйыл араас үөрэх кыһаларын бүтэрэр устудьуон оҕолору кытта көрүстэ. Кэпсэтиигэ СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын уонна Аартыкаҕа министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, Белай Гора бөһүөлэк баһылыгын э.т. Айсен Мыреев кыттыыны ыллылар. Кэпсэтии сүрүн  боппуруоһа - Аартыка эргимтэтигэр үлэҕэ ыҥырыы, чэпчэтиилэри билиһиннэрии.

Ыччат, үлэ миэстэтэ, өйөбүл

Маннык көрсүһүү маҥнайгытын ыытыллар. Кэпсэтии сүнньүнэн ыччаттан боппуруостар, этиилэр киирдилэр. Устудьуоннар иннилэригэр тыл этэригэр улуус баһылыга иһитиннэрбитинэн, улууска араас хайысхаларга  исписэлиистэр тиийбэттэрэ бэлиэтэнэр.

- Хас биирдии бэйэҕит идэҕитин баһылаан, төрөөбүт дойдугутугар төннөргүт олус улахан суолталаах. Биһиги улуус, нэһилиэктэр дьаһалталара олохсуйаргытыгар, карьераҕытын улуускутугар оҥосторгутугар төһүү күүс буола сатыахпыт. Билиҥҥитэ исписэлиистэр, идэлээхтэр араас салааҕа тиийбэттэр, - диэн Владимир Вадимович эттэ. Кини  устудьуоннарга улууска ыытылла турар үлэ туһунан сырдатта, үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр эдэр исписэлиистэргэ баар өйөбүллэри сырдатта.

- Абый улууһа төһө даҕаны ыраах буоллар, хоту улуустар суоллара харсыһар сиригэр турарынан олорорго тоҕоостоох. Бары социальнай эбийиэктэр бааллар. Спорт саалатын тутууну быһаарыстыбыт. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар инфраструктура тупсан иһэр. Эһиилгиттэн түргэн интэриниэт үлэҕэ киириэ. Улууспут устун Индигир эбэ баар буолан – балыктааһын, бултааһын, ыраас, чэбдик айылҕа эмиэ умсугутар. Атын киин улуустартан, куораттартан кэлэн, эдэр ыччат үлэлиир буолла, - диэн эттэ.

Салгыы улуус баһылыга эдэр дьон баҕа санааларын иһиттэ. Ыччат иллэҥ кэмин туһалаахтык, көдьүүстээхтик атаарарыгар усулуобуйа тэриллиэхтээҕэр этиилэр киирдилэр.

— Бу уларыйыылар олоххо киирэллэригэр кэлэн кыттыһыҥ, тэҥҥэ салайан, этиилэргитин олоххо киллэриҥ, — диэн Владимир Вадимович бэлиэтиир. Маны тэҥэ, билиҥҥэттэн СӨ Аартыка министиэристибэтин кытары ыкса билсэллэригэр сүбэлээтэ.

Доруобуйа харыстабылыгар каадырдары аттарыы отделын начаалынньыга Степан Грязнухин Аартыка улуустарыгар быраастар, мэдиссиинэ каадырдара тиийбэттэрин санатта. Маныаха икки улахан федеральнай бырагыраама олоххо киирэн, төһүү күүс буолар. «Земскай быраас», «Земскай биэлсэр» бырагыраамаларынан быраастарга иккилии мөлүйүөн, биэлсэрдэргэ биирдии мөлүөйүөн  уу харчынан көмө кэлэр. Өрөспүүбүлүкэ иһинэн үлэлиир «Обеспечение качественным жильём и повышение качества жилищно-коммунальных услуг на 2020-2024 годы» судаарыстыбаннай бырагырааманан, 40 саастарын ситэ илик быраастар, биэс сыл Аартыка эргимтэтигэр үлэлээтэхтэринэ, биир хостоох кыбартыыра сыанатын 50%-нын ылаллар. Сыана орто көрдөрүүнэн быһыллар. Өрөспүүбүлүкэ ханнык баҕарар муннугар атыылаһар бырааптаахтар. Маны тэҥэ, хамнас даҕаны көрдөрүүтэ куһаҕана суох. Быраас орто хамнаһа 150 тыһ. солк. тэҥнэһэр, орто үөрэхтээх мэдиссиинэ үлэһитэ 76 тыһ. солк., мэдиссиинэ алын үлэһитэ 60-65 тыһ.солк. аахсар. Эһиил Абый улууһуттан тус сыаллаах үөрэхтээһин дуогабарынан, 4 оҕо исписэлиис аатын ылар.

- Урукку сылларга тус сыаллаах дуогабарынан үөрэнэн баран, аккаастанар түгэннэрэ эмиэ баар буолааччы. Былырыыҥҥыттан бу салааҕа күүскэ ылсан үлэлиибит. Сыаллаах үөрэх дуогабарынан, идэни баһылаабыттар барбат түгэннэригэр, суукка биэрэн үөрэммит үптэрин толуйтарабыт, - диэн кэпсиир Степан Грязнухин. - Өрөспүүбүлүкэ, федеральнай уорганнар өттүлэриттэн туһааннаах квота быһыллар, онно олоҕуран, үөрэх кыһатыгар миэстэ бэриллэр, - диэн эбэн эттэ.

Түмүгэр Степан Игоревич ханнык баҕарар салааҕа үөрэнэр устудьуоннар төрөөбүт улуустарыгар тиийэн, бэйэлэрин кылааттарын  киллэрсэллэригэр баҕа санаатын тиэртэ.

абый

Аартыка кэскиллээҕин өйдүөх тустаахпыт

СӨ Аартыка министиэристибэтин  миниистирин көмөлөһөөччүтэ Антон Янцен быйылгы выпускниктарга эрэлин биллэрдэ. Бэйэтэ Аартыка улууһун Булунугар үлэлээн кэлбит буолан, дьыала ис өртүн билэрэ көһүннэ. Аартыкаҕа киһи бэйэтин кыаҕын билинэн, үлэни түргэнник булар, сайдар, урбаанньыт буолар. Маны тэҥэ араас бырагыраамаларга кыттан, кыбаартыыра атыылаһар. Устудьуоннарга аартыка сайдыытыгар туһуламмыт араас бырагыраама киирэрин, үбүлээһин көрүллэрин кэпсээтэ.

- Аартыкаҕа тиэхиниичэскэй өттүнэн хаалыыны суох оҥорорго киэҥ хабааннаах туһаайыллыбыт үлэ ыытыллар. Бырамыысыланнаска, оҥорон таһаарыыга Аартыка кэккэ улуустара көхтөөхтүк үлэлииллэр. Ас-таһаҕас тиэйиитигэр “Якутоптторг” тэрилтэ атыы-эргиэн, логистика кииннэрин тутан үлэҕэ киллэрэр. Тустаах үлэ 2019 сылтан ыытыллар. Биир маҥнайгынан Абый улууһун киинигэр Белай Гораҕа тутуллубутун санатта.  Түргэн интэриниэтинэн хааччыйыыга эмиэ күүстээх үлэ барар. 

– Эһиэхэ, дипломнарын ылбыт эдэр исписэлиистэргэ, Аартыка сайдарыгар ураты оруол ууруллар. Төрөөбүт Абыйгыт улууһун сайдыыта эһиги санныгытыгар сүгүллэр. Ким даҕаны эһиги дойдугутун, эһигиттэн ураты күүскэ, бэриниилээхтик таптыа суоҕа. Манна улааппыт, иитиллибит, киһи буолбут эрэ ыччат туох баар кыаҕын-күүһүн уурара саарбахтаммат, - диэн тоһоҕолоон Антон Янцен эттэ.

Кэпсэтии түмүгэр Владимир Вадимович устудьуоннар исписэлиис буолан, төрөөбүт улуустарыгар эргиллэн тиийэллэригэр итэҕэйэрин эттэ. Оттон ыарырҕатар боппуруостарыгар көмө-тирэх буолуохпут диэн эрэннэрдэ.

- Төрөөбүт улуускутугар үлэлииргитигэр, сайдаргытыгар сөптөөх усулуобуйалары тэрийэ сатыыбыт, онон үлэ көрдүүр кэмҥитигэр, быһаарыы ыларгытыгар, Аартыка сайдан эрэрин, кэскиллээҕин өйдүөххүт диэн бигэ эрэллээхпин, - диэн улуус баһылыга үлэ көрдүүргэ тус бэйэтигэр тахсалларыгар сүбэлээтэ. Баһылыгы кытары атах тэпсэн олорон иккис кэпсэтиини ахсынньы ый ортотугар ыытарга былааннанна.

Хоту сир туруктаах сайдыыта исписэлиистэргэ

Бу суруйууга олоҕуран эттэххэ, дойдубут үрдүк сололоохторо Аартыканы каадырынан хааччыйыыга улахан болҕомтону уураллар. Санаттахха, Аартыка зонатыгар Саха Сирин 13 улууһа киирэр. Арассыыйа Аартыканы баһылыыр былаана бары өттүттэн сокуонунан хааччылыннаҕына эрэ, Хотугу сир олоҕо, киһитэ-сүөһүтэ, айылҕата харысхаллаах  буолара сэрэйиллэр. Онон бу сыллар усталарыгар, Аартыка сайдыытыгар аналлаах улахан мунньахтар, киэҥ кэпсэтиилэр тэрилиннилэр. Ол курдук, бу сыл кулун тутар ыйыгар Москубаҕа «Аартыка: туруктаах сайдыы» норуоттар икки ардыларынааҕы VII-с кэмпэриэнсийэ ыытыллыбыта. Тэрээһин кыттыылаахтара Аартыка оройуоннарыгар үлэҕэ ылыллар дьоҥҥо хамнастарыгар эбиликтэри олохтооһун боппуруостарын кэпсэппиттэрэ.  Саха Сирэ, үгэс курдук, улахан болҕомтотун Аартыка социальнай-экэнэмиичэскэй, чуолаан, киһи хапытаалын сайдыытыгар уурар. Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, Аартыкаҕа дьон тупсаҕайдык олороругар уонна идэтигэр таһымын олоххо туһанарыгар сөптөөх усулуобуйаны оҥоруохха наада. Оннук усулуобуйата суох сири-уоту салҕыы баһылааһын кыаллыбат. Бу ордук Саха Сиригэр сыһыаннаах (Саха сирин аҥаара Аартыка зонатыгар киирэр). Бу сир-уот эдэр исписэлиистэр тардыһар, үрдүк таһымнаах, каадырдарынан хааччыллыылаах кииннэринэн буолуохтаах. Үлэҕэ күргүөмү үрдэтэргэ уонна Аартыка оройуоннарыгар исписэлиистэри тардарга, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ үөрэх чааһыгар проректора Алексей Голиков этиилэри пленарнай мунньахха иһитиннэрбитэ. Кини эппит миэрэлэригэр  Аартыка оройуоннарыгар экэниэмикэ дьоһун суолталаах салааларыгар исписэлиистэргэ үс бастакы сылларыгар хамнастарыгар эбилик быһыытынан көҕүлүүр төлөбүрү биэрии, Аартыкаҕа уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын базаларыгар профориентация кииннэрин үлэлэтии, Аартыка сиригэр-уотугар эдэр исписэлиистэри өйүүр бырагыраамалары оҥоруу уонна үөрэнэр дьоҥҥо тус сыаллаах миэстэлэри элбэтии боппуруостара бааллар.

работники

Ыччаты – бырамыысыланнаска

Быйыл Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа  Саха Сиригэр бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр үлэҕэ ыҥырар мобильнай сыһыарыыны  сүрэхтээбитэ.  «Навахту.рф» мобильнай сыһыарыы 2020 сылтан Саха Сирин баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан тэриллибитэ.

- Кэнники сылларга тэтимнээхтик сайдар Саха Сиригэр олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска кытыннарыы, үлэлээх буолуу социальнай уонна экэниэмикэ туруктаах буолууларын дьоһун боппуруоһунан буолар. Бу бырайыак хайыы-үйэ бүттүүн Арассыыйатааҕы буолан эрэрэ үөрдэр. Онон бүгүн эдэр ыччат дойдубут атын эрэгийиэннэриттэн Саха Сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илин атын эрэгийиэннэригэр үлэлии кэлэр кыахтаахтар. Биһиги маннык бырайыактары салгыы сайыннарыахпыт, — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээбитэ.

«Навахту.рф» сыһыарыы хампаанньалар наадыйыыларын уонна Арассыыйа үрдүнэн хандьыдааттар резюмеларын тэҥинэн киллэриэҕэ. Киин эрэгийиэннэртэн ыччаты үлэҕэ ыҥыраары, Аартыкаҕа уонна Уһук Илиҥҥэ көһөн кэлэн, дойду Бэрэсидьиэнэ туруорбут соруктарын толорууга анаан бырайыагы сайыннараллар. Аартыкаҕа уонна Уһук Илиҥҥэ үлэлиэн баҕалаах каадырдар тустарынан чахчылары түмээри, Арассыыйа 19 эрэгийиэнигэр сыыппара филиаллара тэрилиннилэр.  Бырайыагы Госдума, Уһук Илин уонна Аартыка сайыннарыытын министиэристибэтэ, КРДВ уонна ПОРА (Аартыка сайдыытын бырайыактыыр офиһа) өйүүллэр.

Саха Сиригэр ситиһиилээхтик олоххо киирэр “Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска” бырайыак бырабыыталыстыба уонна Саха Сирин баһылыга Айсен Николаев өйөбүллэринэн, хампаанньаҕа 1600 киһини үлэҕэ киллэрдэ. Бу сыыппара улаатар. Онон олус дьоһун суолталаах бырайыак дьон эрэгийиэннэргэ хаалан үлэлииригэр уонна РФ атын субъектарыттан дьону ыҥырыыга көмөлөөх. Балтараа сыл устата хамаанда 13 тыһ. тахса киһини базаҕа киллэрдэ уонна Саха Сирин араас оройуоннарыттан 1217 киһини үлэҕэ ылыыны ситистэ. “Бырайыак олоххо-дьаһахха уонна экэниэмикэҕэ улахан көдьүүстээҕин көрдөрдө. Хас биирдии угуллубут 1 солк. сыл устата эрэгийиэҥҥэ 192 солк. төнүннэрэр. Ый аайы 100 мөл. солк. тахса үп Саха Сирин бары оройуоннарыгар хамнас быһыытынан дьиэ кэргэн дохуотугар киирэр. Арассыыйаҕа маныаха майгынныыр бырайыак ханна да суох», — диэн  Навахту.рф бырайыак ааптара Петр Чехордун бэлиэтээтэ.

“Навахту14.рф” бырайыагы 2020 сыл сэтинньи ыйга үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Бу бырайыак үлэтэ суохтары эрэ буолбакка, үлэлээх эрээри, үрдүк хамнаска көһүөн баҕалаахтарга көмөлөһөр аналлаах. Үлэни көрдөөһүн, докумуоннары бэлэмнээһин, үөрэтии босхо  уонна бырайыак цифровой платформатынан дьиэттэн олорон ыытыллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31