Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү икки ардыгар айан 500 солк. эбит буоллаҕына, ыам ыйыттан 800 солк. буолбут. Бу сыананы бастаан утаа Бүлүү таксиистара үрдэппиттэрин туһунан дьон этэр. Манна сүрүн оруолу коронавирус дьаҥа ылла дииллэр. Ыарыы туруоҕуттан үрдээтэ дииллэрэ хайдах эрэ өйдөммөт. Бастаан утаа ыарыы турбутун саҕана кэлии-барыы суох буолуохтаах диэн кытаанах саҥалар иһиллэллэрэ. Өссө суолу туора сыбаайа атаҕын ууруу иҥин баара. Ама, ити сыанаҕа дьайбыта буолуо дуо?
Сыана туһунан этэр буоллахха, 800 солк, биллэн турар, ыарахан. Холобур, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэ Дьокуускайтан 185 км ыраах сытар. Биллэн турар, барыта аспаал. Таксиистар дьону 500-600 солк таһаллар. Онтон Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү икки арда 80-ча км. Аспаала суох эрээри, куһаҕана суох суол. Ортотунан, массыыналаахтар ити икки ардын чаастан ордук эрэ айанныыллар. Таксиистартан ыйыталаспыппар, сорохтор сөптөөх сыана диэтилэр. Сорохтор, суобастара оонньуур курдук, ыарахан дииллэр. Биир таксиис (биллэр төрүөтүнэн аатын ыйбатым) 500 солк. сыананан дьону таһабын диэбитигэр, кэллиэгэлэрэ кыыһыран суоһарҕыммыттар эбит. Сорохтор коронавирус этэҥҥэ буоллаҕына, сыана оннугар түһүө дииллэр. Арай, коронавируспут аны кыһыҥҥа диэри «сырыттын». Били, куһаҕантан ас таһаарынар курдук буолан тахсаллар дии, убаастабыллаах таксиистарбыт. Онон манна икки улуус дьаһалтата орооһоро уолдьаспыт. Нэһилиэнньэ ити сыананы ыарахан диир, норуот хаһан да сыыспат, «Норуот хараҕа кыраҕы” диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар.
Дьон санаата
Анна Васильева, Бүлүү олохтооҕо:
- Сыананы ыам ыйын 9 күнүн кэнниттэн эмискэ үрдэппиттэрэ. Соһуйан эрэ хаалбыппыт. Дьиҥэр, сөбө суох сыана, кэлэ-бара 1600 солк. төлүүр үгүс дьоҥҥо олус ыарахан. Дьону таһааччылар бассаап бөлөҕөр бэнсиин, саппаас чаас ыарыы турарыттан үрдэттибит диэн куоһурданаллар эрээри, син биир үрдүк сыана. Бүлүү куорат уонна Үөһээ Бүлүү икки ардыгар, ортотунан, чаас кэриҥэ айанныыллар, аны туран, суол туруга үчүгэй. Онон 500 солк. саамай сөп этэ. Онон икки улуус дьаһалтата хайаан да орооһон сөптөөх тарыыбы олохтууллара буоллар диэн туруорсабын.
Айтал Алексеев, Бүлүү олохтооҕо:
- Чаастан ордук эрэ айаннаныллар сиргэ 800 солк. диэн, биллэн турар, ыарахан. Үчүгэйдик ааҕыстахха, 400 солк. буолуохтаах этэ дии саныыбын.
Георгий Степанов, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо:
- Бүлүү суолугар Чыбыыдаттан бэттэх Үөһээ Бүлүү өттүгэр Бүрээтийэттэн кэлбит биригээдэлэр экспериментальнай диэн оҥорбут суоллара алдьанан бүтэн эрэр. Ону өрөмүөннүөхтэрин наада диэн көрөбүн. Уопсайынан, ылан этэр буоллахха, суол үчүгэй. Суол тупсан истэҕин аайы таксиистар дьону таһар сыаналара тоҕо үрдээн иһиэхтээҕий?
Ольга Реева, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо:
- Төһө да бэнсиин сыаната үрдүгүн иһин 800 солк. диэн ыарахан. Маны муниципалитеттар дьаһалталара уонна социальнай харалта тэрилтэтэ хонтуруолга ылыахтарын наада. Түгэнинэн туһанан өссө этэр буоллахха, Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускайга барыы сыаната 3000 солк. тэҥнэһэр. Бу эмиэ ыарахан сыана. Суолбутугар сылын аайы өрөмүөн ыытылларын, аспааллыылларын үрдүнэн сыана үрдүү турара адьас өйдөммөт. Суол тубустаҕын аайы чэпчээн иһиэхтээх этэ буоллаҕа. Биһиэхэ, хата, төттөрү...
Василий Титов, Үөһээ Бүлүү олохтооҕо:
- Биллэн турар, үрдүк сыана. Муҥ саатар, 600-650 солк. эбитэ буоллар. Холобур, Үөһээ Бүлүүттэн Боотулуу 120 км, онно киһиттэн 700 солк. ылаллар. Бүлүү өрүһү паромунан туорууллар. Оттон Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү икки арда 80 км дии. Аны туран, Чыбыыда үрэх муосталаах. Өссө холобурдуур буоллахха, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэ Дьокуускайтан 185 км, сыаналара 500-600 солк. Дьэ тэҥнээн көрүҥ эрэ. Онон 800 солк. диэн ыарахан Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү икки ардыгар. Онон таксиистар өйдүүллэр ини диэн эрэнэбин.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0