Бу бары тѳлѳбүрдэр Кэлим страховой пуондаттан тѳлѳнѳр буолууларын, ол эбэтэр страховой усунуостар кэлим тарыыптарын киллэриини кытта сибээстээх. Саҥа киирии суумалары улаатыннарарга кѳмѳлѳстѳ эрээри, тѳлѳбүрдэр, урукку курдук, инники икки сылга орто хамнастан кѳрѳн ааҕыллыахтара диэн Социальнай пуонда иhитиннэрэр.
Онон 2025 сылга больничнай биир күнүгэр тѳлѳбүрү икки тѳгүлтэн ордук улаатынныарыахтара —2,7 тыh. солкуобайтан 5,7 тыh. солк. диэри. Муҥутуур кээмэйэ сууккаҕа 5674 солкуобай буолуоҕа. Билиҥҥитэ Арассыыйа олохтоохторо 2737 солк. ылаллар.
Хат буолууга босуобуйа 383,1 тыh. солкуобайтан 794,4 тыh. солк. диэри улаатыаҕа. Оттон дэкириэккэ олорооччуларга ыйдааҕы тѳлѳбүр 33,2 тыh. солкуобайтан 68,9 тыh. солк. диэри улаатыаҕа.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0