Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Эбэҥки култууратын, төрүт тылын харыстыыр, сайыннарар, тарҕатар уонна этнокултуура эйгэтинэн норуоту түмэр сыаллаах ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бакалдын-2024» национальнай бырааһынньык Кэҥкэмэҕэ бэс ыйын 7-9 күннэригэр буолан ааста.

Эбэҥки култууратын, төрүт тылын харыстыыр, сайыннарар, тарҕатар уонна этнокултуура эйгэтинэн норуоту түмэр сыаллаах ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бакалдын-2024» национальнай бырааһынньык Кэҥкэмэҕэ бэс ыйын 7-9 күннэригэр буолан ааста.

Айылҕа силигилии тыллар, кэҕэ кыыл чоргуйа этэр кэмигэр хоһуун дьонноох, күүстээх айылгылаах, үөрүнньэҥ майгылаах эбэҥки норуота кыһын устата көрбөтөх күннэрин уруйдуур, айхаллыы көрсөр бырааһынньыктарын кэрэ айылҕалаах бу үтүө сиргэ бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Бакалдыны эбэҥкилэр уутуйан олохсуйбут улуустара сыл ахсын уларытыһан, солбуйсан ыыталлар. Маннык сайыҥҥы өрөгөйдөөх тэрээһини улуустарынан ыытыы аҕыйах ахсааннаах норуоттар доҕордуу сыһыаннарын бөҕөргөтөр, ыкса алтыһыыларын түстүүр. Ол курдук, быйылгы Бакалдыны хотугу эргимтэ кэтэҕинээҕи,  муустаах байҕал кытылынан тайаан сытар Булуҥ улууһа үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытта.

2_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Бу күн Ил Түмэн дьокутааттара Елена Голомарева, Виктор Губарев, Александр Подголов, Николай Ноттосов, Сергей Сивцев, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттарын дьыалаларыгар, итиэннэ СӨ Аартыканы сайыннарыыга уонна Хотугу сир норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэлэрэ, Дьокуускай куорат дьаһалтата, «Алроса» уонна «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» хампаанньалар, улуустартан эбэҥкилэр ассоциацияларын бэрэссэдээтэллэрэ, улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара эҕэрдэлээтилэр. Маны сэргэ Красноярскай кыраай төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын эрэгийиэннээҕи ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Артур Гаюльскай уонна эбэҥки биллэр ырыаһыта Владимир Хоменко ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Бырааһынньык бастакы күнэ «Кэнкумэ бираду хигэчин» диэн сиэри-туому толорууттан, Бакалдын ыытыллар Кэҥкэмэ сиригэр-уотугар алгыс түһэрииттэн саҕаланна. Салгыы эбэҥки сиэринэн, «Нимат» үгэһинэн ыалдьыттары маанылаах таба этинэн күндүлээтилэр. Онтон киэһэ «Ая Бакалдын!» үҥкүү киэһэтэ буолла.

4_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Иккис күн «Дылача арчалдынин» күнү көрсүүттэн саҕаланна. «Чычыпкан нонуо» ыраастаныы сиэрэ-туома ыытылынна. Дьиэни уонна олорор сири-уоту харыстыыр «Сэвэк-Мо» туруорулунна. Ол кэннэ, бырааһынньыгы улуустар парааттарынан үөрүүлээхтик арыйдылар, Саха Сирин эбэҥкилэрин ассоциациятын былааҕын уонна Бакалдын эмбилиэмэтин күөрэттилэр. Бу күн оҕолор «Урикитту эвидерэп» былаһааккаҕа дуоһуйа оонньоотулар. Бырааһынньык кыттыылаахтара Хоту дойду норуоттарын таҥастарын уонна «Мутни букат» хаартыска быыстапкаларын сэҥээрэ көрдүлэр. «Аяврил гиркилдувэр» эҕэрдэ кэнсиэр дьон үөрүүтүн үрдэттэ. «Аятку урикит» оллооннору көрүү, «Алапчу дэвгэ» төрүт ас, «Долборды онёвур» аныгылыы истииллээх национальнай таҥас, «Дюган – мунти энэс» дьиэ кэргэн, «Аякчана-2024» кыргыттар, «Бэркэ Бэе-2024» уолаттар, Екатерина Саввинова-Саина репертуарынан «Звенящий голос Севера - Саины» ырыа куонкурустара дьону түмтүлэр уонна долгуттулар. Сымсалар, бэргэннэр, күүстээхтэр «Мауткат» маамыктаны быраҕыыга, «Куркат» мас тардыһыытыгар, «Нирукат» (Ловля хариуса) үрдүгү тэбиигэ, наартаны ойууга, «Норчан» хапсаҕайга, саанан сыалы ытыыга кииристилэр, илин-кэлин түһүстүлэр. Иккис күн аһаҕас халлаан анныгар «Girkil party» сынньалаҥ киэһэтинэн түмүктэннэ.

9_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

13_copy_copy_copy.jpg

Бакалдын үһүс күнүгэр «Булунньан Хоһуун» успуорт национальнай көрүҥнэрин күрэхтэһиитигэр 12 эр дьон биэс көрүҥҥэ (маамыкта быраҕыыта, наартаны ойуу, хапсаҕай, 200 миэтэрэҕэ сүүрүү, «Үс төгүл үс» ыстаҥа) күрэхтэстилэр. Маны сэргэ эбэҥки ырыатын маастарын П.Н. Николаев аатынан «Эведы икэлэн» эбэҥкилэр  эргиир үҥкүүлэрин этээччилэр куонкурустара ыытылынна. Бырааһынньыгы үөрүүлээхтик түмүктээһин кэмигэр уопсай түмүгү таһаардылар, кыайыылаахтары Ил Түмэн дьокутааттара Е.Х. Голомарева, С.С. Сивцев, Булуҥ улууһун баһылыга А.А. Андросов чиэстээтилэр, наҕараадалаатылар.

6_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

12_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

14_copy_copy.jpg

8_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов: «Былыырыҥҥы Бакалдыны Эдьигээн улууһа ыыппыта. Онно биһиги улууспут көхтөөхтүк кыттан, уопсай хамаанданан күрэххэ I миэстэни ылары ситиспитэ.  Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиҥҥэ, Аартыка улуустарын аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бырааһынньыгар кыайбыппыт улахан ситиһиинэн буолбута уонна быйылгы Бакалдыны ыытар чиэскэ тиксибиппит. Улууспут култуураҕа управлениетын салайар Ольга Горохова бэрэссэдээтэллээх тэрийэр кэмитиэти бигэргэппиппит. Бу  кэмитиэт сылы быһа бэлэмнэнэн, хайдах ыытары, тугу тупсарары, саҥардан биэрэри барытын толкуйдаан, былааннаан элбэх үлэни ыытта. Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Чусовской уонна салалтата өйөөммүт, үп-харчы көрөммүт, тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыытарга сыал-сорук туруорбуппут. Булуҥ улууһуттан төрүттээхтэр түмсүүлэригэр махталбын тиэрдэбин. Куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт төрөөбүт улуустарын кытары сибээстэрин быспаттар, куруутун өйөөн, ыйан-кэрдэн, күүс-көмө буолаллар. Улууспутуттан  култуура салаатын 9 үлэһитэ, миэстэтигэр тэрээһини бэлэмнииргэ анаан, хас да хонук иннинэ кэлбиттэрэ уонна кылгас бириэмэ иһигэр бэрт тахсыылаахтык үлэлээннэр, Бакалдыммыт үрдүк таһымнаахтык ааста, сыалбытын ситистибит. Ону бырааһынньыкка кэлбит дьон астыммыттара туоһулуур.

10_copy_copy.jpg

Бу бэлиэ  күн Александр Степанович Иванову санаан-ахтан ааһыам этэ. Кини аҕыйах ахсааннаах норуоттары, эбэҥкилэри, эбээннэри  түмэр Бакалдыны көҕүлээн, ыытыллар сирин боппуруоһун быһааран бүгүн омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр, култуурабытын бөҕөргөтөр бырааһынньыктаахпыт.

Быйылгы сылга биһиги, булуҥнар, өрөгөйдөөх үбүлүөйдэри бэлиэтиибит. Ол курдук, улууспут тэриллибитэ 100 сыла, Тикси бөһүөлэгин уонна Тикси муоратааҕы пуордун 90 сыллара. Онон салгыы элбэх улахан таһымнаах тэрээһиннэри бэлэмниибит», - диэн бар дьоҥҥо махталын, эҕэрдэтин тириэртэ.

11_copy_copy_copy_copy.jpg

«Бакалдын-2024» күрэхтэһиилэрин уопсай түмүгүнэн Уус Маайа улууһа кыайда уонна эһиилги «Бакалдын-2025» бырааһынньыгы ыытар чиэскэ тигистэ.

Антонина НЕУСТРОЕВА

Хаартыскалар ааптар уонна тэрийээччилэр түһэриилэрэ 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением