Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC

Саха Сирэ хатыламмат кэрэ кѳстүүлээх айылҕатынан, ытыктанар сирдэринэн дьон биhирэбилин ылар. Маннык сирдэргэ атын дойдулартан туристар кэлэллэрэ, олохтоохтор да сылдьаллара элбээтэ. Өрөспүүбүлүкэбитигэр туризм сайдыытын итиэннэ кыһалҕатын туһунан аан дойдутааҕы уонна ис айан «inYakutia» туроператорын төрүттээбит Михаил Местниковтыын сэһэргэспиппин ааҕааччыбар тиэрдэбин.

Саха Сирэ хатыламмат кэрэ кѳстүүлээх айылҕатынан, ытыктанар сирдэринэн дьон биhирэбилин ылар. Маннык сирдэргэ атын дойдулартан туристар кэлэллэрэ, олохтоохтор да сылдьаллара элбээтэ. Өрөспүүбүлүкэбитигэр туризм сайдыытын итиэннэ кыһалҕатын туһунан аан дойдутааҕы уонна ис айан «inYakutia» туроператорын төрүттээбит Михаил Местниковтыын сэһэргэспиппин ааҕааччыбар тиэрдэбин.

Саха Сиригэр элбэх кыра турфирма баар. Арассыыйа туроператордарын реестырыгар көрдөххө, өрөспүүбүлүкэбитигэр 30-ча туроператор үлэлиир. Оператордар фирмалартан уратылара диэн, кинилэр туризм эйгэтигэр сыһыаннаах тэрилтэлэри кытта ыкса алтыһан официальнайдык үлэлииллэр.

2_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

-- Чурапчыттан төрүттээхпин. 1986 с. Свердловскайдааҕы педүнүстүүтү бүтэрбитим. Онно икки сыллаах кууруска эбии үөрэнэммин, инструктор-сирдьит идэлэммитим. 1991 с. диэри оскуолаҕа учууталлаабытым. 1993 с. Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Онуоха диэри туризм эйгэтигэр үлэлээбэтэҕим. Куоракка бэйэм курдук айанныыр интэриэстээх дьоннуун билсэн, «Айанньыттар түмсүүлэрэ» диэн кулууп тэриммиппит уонна Саха Сирин кэрийэн барбыппыт. Айаннарбыт хаартыскаларын, оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ саамай киэҥник биллэр, ykt.ru саайтыгар таһаарар этибит. Бу саайт угуйук быһыытынан күүстээх өйөбүл буолбута. Хаартыскаларым дьон интэриэһин тардан, ТОП инники күөнүгэр киирбиттэрэ, саайт сүрүн сирэйигэр тахсар буолбуттара. Дьон ону көрөн: «Мин бу сиргэ сылдьыам этэ, хайдах барабыт?», - диэн ыйыталлара элбээбитэ. Онон дьон баҕатын учуоттаан, доҕорбун кытта кыттыһаммыт, 2012 с. «Нордстрим» диэн ааттанан туроператор буолбуппут. 2019 с. партнерум туспа барбыта, онтон мин «inYakutia» диэн тэрилтэни тэриммитим. Эрдэттэн Саха Сирин кэрийбит, анал үөрэхтээх уонна эргиэн да өттүгэр сыһыаннаах буоламмыт, маршруттарбытын оҥорорбутугар, үлэбитин саҕалыырбытыгар чэпчэки этэ. Эрдэ мунньуммут снаряжениебыт эмиэ төһүү күүс буолбута. Онон барыта хайдах эрэ, айылҕа анаан оҥорбутун, үөһээттэн анаммытын курдук үлэбитин чэпчэкитик саҕалаабыппыт.

Көхтөөх, спортивнай, экстремальнай уонна балыктааһын курдук туризм көрүҥнэригэр үлэлэһэбит. Урут саҕалыырбыт саҕана, дьон үксэ сайын сынньанара, кыһынын Өймөкөөҥҥө эрэ сылдьаллара уонна чугаһынан кыһыҥҥы туризм диэн суоҕа. Сайынын эрэ үлэлээн баран, кыһынын үлэтэ суох олорор ночооттоох буоллаҕа. Ол иһин кыһыҥҥы туризмы сайыннарарга сыал-сорук туруорбуппут. 2012 с. Өлүөнэ очуостарыгар кыһыҥҥы сынньалаҥы идиэйэлээн киллэрбиппит. Дьон маҥнайгыттан сэргии көрөн, кэрэхсэбил ылан, билигин үгүс киһи ол эҥэр сынньанар. Үлэбит биир ситиһиилээх түмүгүнэн ити буолар. Атын хайысхаларга балай эмэ маршрут оҥорбуппут. Үчүгэйэ диэн, биһиги Москуба агентстволарын кытта үлэлэһэбит. Кинилэр Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн туристары биһиэхэ ыыталлар. Кэнники кэмҥэ элбэх турист кэлэр буолла. Туристартан: «Туризм сайдыбыт сиригэр холоотоххо биһиэнэ хайдаҕый?» - диэн ыйыттахха үксүлэрэ, - «Эһиэхэ ордук», - дииллэр. Ити кэнники сылларга Саха Сиригэр туризм хаачыстыбатын таһыма үрдээбитин көрдөрөр.

Икки сыллааҕыта, конкуренциялаһар кыахтаах туризм индустриятын аныгы ырыынагын сайыннарар сыаллаах, «Саха Сирин туристическэй индустриятын ассоциациятын» тэриммиппит. Онно туризм эйгэтигэр үлэлиир 27 тэрилтэ киирэр. Бииргэ түмүстэхпитинэ атын дойдуларга тахсар быдан чэпчэки буолуо диэн санаанан салайтаран, бэйэ-бэйэбитин өйөһөн үлэлии сылдьабыт.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Билигин саҥа турфирмалар үлэлэрин хайысхаларынан эппиэттээх дьону туруоран, конвейернай систиэмэнэн үлэлэрин тэрийэллэр. Ким эрэ туристары булар, ким эрэ снаряженияҕа эппиэттээх, оннооҕор катамарааны сууйар-сотор туспа киһилээхтэр. Туристары тутатына туурдарынан ыытан иһэллэр. Биир өттүнэн бу харчы, дохуот киллэриитигэр табыгастаах систиэмэ. Иккис өттүнэн, маннык усулуобуйаҕа турфирма хаачыстыбаннай өҥөнү хааччыйар кыаҕа суох буолар. Ол курдук, туристар чопчу анаммыт дистанцияны бириэмэҕэ барар эрэ курдук буолаллар. Итинник ыгым тэтимҥэ турист холкутук, сынньалаҥнык сылдьыбакка, дуоһуйуу ылбат, сылдьыбыт сирдэриттэн үчүгэй, кэрэ өйдөбүл хаалбат. Оттон биһиэхэ сүрүнэ диэн, туристар  Саха Сирин туурдарыттан дуоһуйуу ылаллара буолар.

5_copy_copy_copy_copy.jpg

Саха Сиригэр туризм эйгэтигэр үгүс кыһалҕа баар. Маны быһаарарга кэккэ этиилэрдээхпин. Чуолаан, хоту сиргэ туризм сайдыытыгар болҕомтону ууруохха наада. Кэнники бу куорат чугаһынан дьүкээбили көрөөрү балай эмэ сырыттыбыт. Оттон хоту дьүкээбил, омуннаан эттэххэ, күн аайы тыгар буоллаҕа. Кытайдар, дьоппуоннар, кэриэйдэр «дьүкээбил уотун анныгар турбут киһи – дьоллоох киһи, оҕолоро эмиэ дьоллоох буолаллар» диэн өйдөбүллээхтэр. Ол иһин бу омуктар Скандинавия, Канада диэки бараллар. Маныаха ити барар туурдарыгар харчы бөҕөтүн төлөөн тиийэллэр. Дьиҥэ, каартанан да көрдөххө, Соҕуруу-Илиҥҥи Азия биһигиттэн бу турдаҕа дии. Онон маршруппутун чуолкайдаан, чопчулаан оҥордохпутуна, ити омуктарга логистика өттүнэн биһиэхэ кэлэллэрэ быдан табыгастаах буолуо этэ. Ол курдук, биир күнүнэн Саха Сиригэр көтөн кэлиэхтэрин сөп. Биһиги Аартыкабыт кытыла 2,5 тыһ. км. усталаах, ол тухары дьон тоҕуоруһан олорор сирдэрэ балайда. Аартыкаҕа туризм сайыннаҕына дьон олоҕо тосту уларыйыа. Онуоха үчүгэй бырагыраамалары оҥоруохха, олохтоох дьаһалталары кытта үлэлэһиэххэ наада. Норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба Аартыкаҕа туризм сайдыытын өйөөннөр, үбү-харчыны көрдөллөр хамсааһын тахсыа этэ. Тас дойдулартан бастакы туристар кэлэн сырыыларын, сынньалаҥнарын туһунан дойдуларыгар тиийэн кэпсээн, көрдөрөн тарҕатталлар  эрэ, атыттар истиһэ-истиһэ кэлиэхтэрэ. Онтон дьэ, туризм эйгэтигэр олохтоохтор кыттыһан барыахтара, холобура: «Бу Уйбаныаптар туристары көрсөн эбии харчыланан, дохуоттанан массыына ылыммыттар, мин эмиэ оннук тэринииһикпин», - диэн дьон толкуйданыа, ылсыа буоллаҕа. Бу курдук, дьүкээбил уотунан туристары угуйаммыт Аартыкаҕа туризымы сайыннарар кыахтаахпытын  туһаммакка олоробут. Итини соҕотох туроператор кыайбат. Үрдүкү салалта, олохтоох дьаһалта, туроператордар, хоту сир олохтоохторо бииргэ үлэлэстэхпитинэ эрэ кыаллар дьыала.

4_copy_copy_copy_copy.jpg

Туризм сайдыбыт сирдэригэр, Алтайга, Камчаткаҕа, Дагестаҥҥа чопчу туризм дьыалатынан эрэ дьарыктанар министиэристибэлээхтэр.  Татарстаҥҥа туризмҥа судаарыстыбаннай кэмитиэттээхтэр. Онон ити эрэгийиэннэргэ туризмҥа болҕомто олох үрдүк. Оттон биһигини урбааны, атыыны кытта холбоон кэбиспиттэрэ. Ылан көрдөххө, урбаан, атыы туризмтан быдан кыахтаахтар, салалта интэриэһэ барыта кинилэргэ барар. Биһиги буоллаҕына, болҕомто таһынан, кырыытынан хаалар курдукпут. Саха Сиригэр туризм сайдыытыгар агентство баар эрээри, мин санаабар, мөлтөхтүк үлэлиир. Урукку миниистирдэртэн Высоких Иринаны хайгыыбын. Кини туох эмит ыарахаттардаах ыйытыы турда да, туроператордары, урбаанньыттары ыҥыран, төгүрүк остуол оҥорон, быраактыктар санааларын истэр, сүбэлэһэр этэ. Ити курдук, салалта үлэлии сылдьар, туризм кыһалҕаларын билэр быраактыктары кытта ыкса, аһаҕастык үлэлэстэҕинэ эрэ үтүө түмүктэргэ кэлиэхпит. Аны туризм ис тутулун билбэт киһи салайарыттан элбэх сыыһа-халты тахсар. Онон туризмҥа анал үөрэхтээх, идэлээх исписэлиис салалтаҕа олороро буоллар, чыҥха атын көстүү буолуо этэ дии саныыбын.

Өссө биир сүрүн кыһалҕабытынан атын дойдулар туристара Саха Сирин үчүгэйдик билбэттэригэр сытар. Манна кэлбит туристартан: «Биһиги дойдубут туһунан туох өйдөбүллээх этигиний?» - диэн ыйыттахха, - «Тундра. Олени. Чум»,- диэн хоруйдууллар. Куйаар ситимигэр туристар көрдөбүллэрин (запросы) көрдөххө, Алтай, Бурятия, Камчатка туурдарыгар Саха Сирин туурдара, быһа холоон, 8 төгүл баһыйтараллар. Ол аата, биһиги эрэгийиэммит туһунан туристар билбэт буоланнар, интэриэһиргии да сатаабаттар. Кэлин блогердар кэлэн-баран дойдубут туһунан сырдата сатыыллар. Онон Сахабыт Сирэ туристарга биллэрин туһугар агентствобыт, министиэристибэбит, өрөспүүбүлүкэбит биир кэлим биллэрэр-иһитиннэрэр үлэни (продвижение региона) күүскэ ыытыахтаахтар. Маныаха көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр кыахтарын толору туһанан, Саха Сирин туһунан угуйар роликтары, киинэлэри уһулан тэлэбиисэргэ, араас куйаар ситимин ханаалларыгар көрдөрөр тоҕоостоох буолуо.

Сахабыт Сирин социальнай­-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туризм сүҥкэн оруолу оонньуур. Холобур, Дагестаҥҥа туризм сайдыаҕыттан, үс сыл устата экэниэмикэлэригэр өрө тахсыы бэлиэтэнэр. Кинилэр туризмҥа сүрүн болҕомтолорун ууран, үбү-харчыны тыыран, Москубаны кытта ыкса үлэлэһэн, маннык түргэн сайдыыны ситистилэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр туризымы сайыннарыыга дьиҥнээхтик үлэлиир үчүгэй бырагыраама уонна 10 сылы хабар халбаҥнаабат стратегия наада.

***

Сахабыт Сирэ атын тас дойдулартан туоҕунан да хаалсыбат кэрэ айылҕалаах, дьикти сирдэрдээх. Олорго туристар сылдьаннар дуоһуйа сынньаналларын туһугар хаачыстыбалаах, эрэллээх, куттала суох туурдары тэрийэр туроператордар элбии турдуннар. Тахсыылаах, ситиһиилээх үлэлэринэн Сахабыт Сирин сайдыытыгар төһүү күүс буоллуннар.

Салгыыта аныгыскы нүөмэргэ тахсыаҕа

Антонина НЕУСТРОЕВА

Михаил Местников хаартыскаҕа түһэриилэрэ

  • 2
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04