Биир ньыгыл хамаанда
Екатерина кыра уҥуохтаах, ол эрээри түргэн-тарҕан туттунуулаах, толлон турбат, үөрүнньэҥ майгылаах киһи. Кини Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн төрүттээх. 90-с сыллар ортолоругар балыыһаҕа санитарканан үлэлии киирбит. Онтон Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр үөрэммит. 2007 сылтан харах балыыһатын эпэрээссийэлиир салаатыгар сиэстирэлиир.
-- Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Биһиэнэ балыыһа атын салааларын курдук буолбатах, чопчу хайысхалаах буолан үчүгэй. Оннооҕор туттар малбыт-салбыт, улахан эпэрээссийэ үнүстүрүмүөннэригэр холоотоххо, 3-4 төгүл кыралар, - диэн Екатерина кэпсээнин саҕалыыр.
-- 2022 сыллаахха, Ил Дархан А.С. Николаев сорудаҕынан, харах балыыһатын сүрүн бырааһа И.П. Луцкан Донецкайга барар мэдиссиинэ биригээдэтин хомуйбута. Биригээдэҕэ терапевт, кардиолог, УЗИ бырааһа, невропатолог уонна офтальмолог-хирурдар, сиэстэрэлэр киирбиттэрэ, онтон кэлин харах быраастара эбиллибиттэрэ.
Бастакы сырыыга быраастар эрэ барыахтаахтар этэ. Онуоха, сиэстэрэтэ суох хирург кыайан үлэлээбэт буоллаҕа. Сиэстэрэ эпэрээссийэ хамаандатын солбуллубат чилиэнэ. Ол курдук, биһиги ыарыһахтары, эпэрээссийэлэри бэлэмниир эрэ буолбакка, мэдиссиинэ тэрилин, сэбин хомуйууга, көрүүгэ-истиигэ, эми-тому ааҕыыга, хааччыйыыга эппиэттиибит. Ол иһин, хирурум И.Н. Белолюбскай көрдөһөн, мин барсыбытым. Командировкаҕа хайаан да икки сиэстэрэ барабыт. Миигин кытта бастаан Людмила Рожина сылдьыспыта, онтон кэлин Айталина Хобусарова барсыбыта.
Билигин, үчүгэйэ диэн бэйэбит балыыһабыт быраастара барар буоллулар. Кинилэр ыарыһахтары көрөн бэлэмнииллэр. Бу иннинэ хирург ыарыһаҕы бэйэтэ көрөрө. Холобура, сарсыарда көрөр, эбиэттэн киэһэ эпэрээссийэлиир этэ. Онон олус ноҕуруускалаах уонна үлэ хаамыыта бытаан буолара.
Биһиги куруутун биир дьон командировкаланар буоламмыт, биир ньыгыл хамаанда буоллубут. 2022 сылтан саҕалаан Донбааска тоҕуста сырыттыбыт. Ол аата, кыбаарталга биирдэ баран кэлэбит. Антах ыарыһах аҕыйах буоллаҕына икки нэдиэлэ, элбэх буоллаҕына үс нэдиэлэ үлэлиибит.
Үлэ хаамыыта
– Үлэлииргэ усулуобуйа хайдаҕый?
-- Ил Дархан А.С. Николаев ыйааҕынан Кировскай куоракка Саха Сиринээҕи офтальмологическай балыыһа филиала аһыллыбыта.
Кировскай балыыһатын сиригэр үлэлээбэккэ турбут гинекология салаатын күнүскү ыстассанаарын дьиэтигэр биһиэхэ анаан олорор сир оҥорбуттара. Күҥҥэ үстэ аһаталлар, онтон киэһэтин бэйэбит астанабыт. Кировскайга уу кыһалҕата сытыытык турара. Сарсыарда 6-тан 8 чааска диэри ууну биэрэллэр, ардыгар олох да биэрбэттэр. Онон сороҕор туттар да уута суох буоларбыт.
Аан маҥнай барарбытыгар АБДь саҥа саҕаламмыт кэмэ этэ. Олох туох да суох дойдутугар тиийбиппит. Олохторо-дьаһахтара 80-с сылларынан тохтоон хаалбыт курдуга. Кировскайга холоотоххо Мариуполь эҥэр арыый да сайдыылаах эрээри, онно даҕаны урусхала элбэх. Ол да буоллар, олохтоох быраастар кыахтара тиийэринэн аппарааттарын, үнүстүрүмүөннэрин харыстаан хааллара сатаабыт этилэр.
Кировскай куорат балыыһатын эпэрээссийэлиир хоһугар үлэлиибит. Кинилэр биһиги тиийэр кэммитигэр былааннаах эпэрээссийэлэрин тохтотоллор уонна хосторун туран биэрэллэр. Онуоха, маннааҕы курдук, эпэрээссийэлииргэ барыта бэлэм буолбат. Сырыы аайы үлэлиир усулуобуйабытын саҥаттан тэринэбит. Тиийдэхпитинэ аппаратурабытын туруорабыт, онтон төннөрбүтүгэр малбытын барытын хомуйан биир сиргэ сааһылаан кэбиһэбит. Туттар матырыйаалбытын бэйэбит хааччынабыт. Аныгыскы тиийэрбитигэр туох наадатын ааҕабыт уонна сакаастыыбыт. Аан бастаан биир эрэ аппарааттаах үлэлиир этибит. Билигин иккис аппаарааттанаммыт үлэбит тэтимирдэ. Ол иннинэ, биир хирург аппараакка хаһан иккиһэ үлэлээн бүтэрин кэтэһэр буолара. Оннук бириэмэ бөҕөтүн сүүйтэрэрбит. Оттон бу сырыыга филиалбытыгар миэбэл сакаастаатыбыт.
Бастакы сырыыларбытыгар Кировскай олохтоохторун эмтээбиппит. Ол быыһыгар чугастааҕы куораттарга тахсыбыппыт. Холобура, Луганскайга тиийэммит урукку аппарааттар 2014 сылтан туралларын үлэлэппиппит. Ол кэннэ луганскайдар бэйэлэрэ хараҕы эпэрээссийэлиир буолбуттара. Иккис сырыыбытыгар Донецкайга сылдьыбыппыт. Мариупольга уонча хонук үлэлээбиппит. Быһа холоон 300-чэкэ эпиэрээссийэни оҥорбуппут. Даҕатан эттэххэ, биир барыыга ортотунан 400-500 эпэрээссийэни оҥоробут.
Маны таһынан, үлэбит уопутун олохтоох исписэлиистэри кытта үллэстэбит. Холобура, Торез, Пролетарск куораттартан быраастар, сиэстэрэлэр кэлэннэр хайдах ыарыһахтары көрөрү, эпэрээссийэлиири билсибиттэрэ, үнүстүрүмүөннэри, аппарааттары кытта үлэлииргэ үөрэммиттэрэ.
Истиҥник махтаналлар
– Нэһилиэнньэ олоҕо, санаата хайдаҕый?
– Хас эмэ сыл устата кыайан көмө ылбакка, эмтэммэккэ ыарыыларын улаатыннарбыт дьон бааллар. Ким саахардаах, ким хаан баттааһыннаах, ким сүһүөҕэ куһаҕан. Олохтоохтор үксүлэрэ сүһүөх ыарыылаахтар эбит диэн бэлиэтии көрдүм.
Биһиэхэ сүрүннээн кырдьаҕас дьон харахтарын хатараахтатын көрдөрөллөр. Кинилэр ортолоругар ыарыылара дириҥээбит дьон бааллар. Онуоха, бэйэбитин кытта илдьэ сылдьар хатараахтаны экстрациялыыр портативнай аппарааппыт ыарахан туруктаахтары эмтиир кыаҕа суох. Ол иһин кинилэри Ростовка ыыта сатыыбыт.
Бастаан тиийэрбитигэр олохтоохтор, этэргэ дылы, иннилэрин-кэннилэрин, ким диэкилэрин быһаарына илик дьон этилэрэ. Онон биһиэхэ сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллара. Билигин эпэрээссийэлэнэр, эмтэнэр буоланнар сымнаатылар. Маҥнай Кировскай эрэ олохтоохторо көрдөрүнэр этилэр. Онтон сыыйа, бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, чугас куораттартан кэлэн көрдөрөр буоллулар. Инньэ гынан, билигин тыыннаах, уһун-халыҥ уочаракка туран киирэллэр. Холобура, көрдөрөөччүлэр түүн 12 чааска кэлэн уочараттыыллар, 2-гэ испииһэктэрин бэрэбиэркэлииллэр, сарсыарда 5-тэн уочараттарыгар тураллар, онтон, дьэ, 8-тан бырааска киирэллэр.
Өр кэмҥэ көрбөккө сылдьан баран, көрөр буолбут дьон үөрүүлэрэ улахан буолар. Истиҥник махтаналлар. Бу буолар биһиги үлэбит үтүө түмүгэ.
Холкутуйуу, тулуур, булугас буолуу
– Маннык үлэлииргэ туох хаачыстыба нааданый?
– Биллэн туран, маннык сырыы кутталлаах бөҕө буоллаҕа дии. Хаһан кэлэн снаряд түһүөҕүн дуу, туох буолуоҕун дуу билбэккин, сэрэйбэккин. Маныаха, буола турары холкутук ылыныахха, кыраны кыһалҕа оҥостубакка, тутатына быһаарыныылары ылынан дьаһаныахха наада. Ардыгар сарсыарда 6-тан үлэлээн бараҥҥын, түүн 12-гэ бүтэҕин. Онон тулуурдаах буоллаххына сатанар.
Туох эмит тиийбэт буоллаҕына, тугу эрэ толкуйдаан, булан-талан суоҕу баар оҥороҕун. Холобура, портативнай микроскуоппут хамсаабат остуолга туруохтаах, онуоха уйуктаах миэбэлбит суох. Онон алдьаммыты туох баарынан абырахтыырга тиийэбит. Холобура, туумбаны хамсаабат оҥороорубут эҥин араас тимири булан скотчаабыппыт. Эбиитин таһырдьаттан кирпииччэ киллэрэн, салапааҥҥа суулуу-суулуу тирэх оҥорбуппут. Бу курдук булугас буолуохха наада.
Олох тупсар
-- Бу икки сыл иһигэр Донбааска туох эмит уларыйыы баар дуо?
-- Икки сыл иһигэр, кэтээн көрдөххө, олох-дьаһах быдан тупсубут. Дьоннор холкутуйбукка дылы буолбуттар.
ДНӨ-ҕэ мантан икки суукканан тиийэбит. Бастакы сырыыларбытыгар харабыллаах айанныыр этибит. Иннибитигэр-кэннибитигэр байыаннай массыыналар арыаллыыллара. Билигин балаһыанньа сымнаан, харабыла суох сылдьабыт. Кировскай балыыһатыгар Саха Сирэ Газель мааркалаах суһал көмө массыынатын бэлэхтээбитэ, онон айанныыбыт.
Бастаан тиийэрбитигэр уулуссаҕа дьон да суох буолара. Кировскайга Саха Сирэ наһаа үчүгэй сынньалаҥ пааркаларын, пантааннары, оҕо былаһааккаларын оҥорбута. Онно сынньанар дьон элбээбит. Урут суоллара суох буолан массыына да аҕыйаҕа. Билигин суол оҥоһуллан сырыы-айан бөҕөтө. Эрдэ кыракый бородуукта эрэ маҕаһыыннара баар буоллахтарына, билигин тутуу матырыйаалларын, таҥаһы-сабы атыылыыр улахан маҕаһыыннар арыллаллар. Ону сэргэ дьон санаата, сыһыана тупсар. Маныаха, Украина айылҕата олох ураты. Буордара үүнүүлээх буолан, кэтэх дьиэлээхтэр оҕуруот аһын, пурууктаны олордоллор.
Билигин Саха Сирэ Докучаевскай куораты көрүүгэ ылла. Онон биһиги Докучаевскай куоракка барабыт. Онно өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с нүөмэрдээх балыыһаттан травматолог, кардиолог, хирург саха быраастара үлэлииллэр. Кинилэр кыра эчэйиилээх саха уолаттарын бэйэлэригэр өр сытыаран эмтииллэр эбит. Холобура, биир дойдулаахпыт атын госпиталга эмтэнэ охсон, икки нэдиэлэнэн тахсар буоллаҕына, биһиэхэ ый кэриҥэ эмтииллэр. Антах Саха Сириттэн волонтердар элбэхтэр, ону таһынан суол оҥорооччулар, тутааччылар бааллар.
Умсулҕаннаах дьарык
-- Эн наһаа үчүгэйдик гитараҕа оонньуу-оонньуугун ылыыргын билэбин, өссө туох сөбүлүүр дьарыктааххын?
-- Оҕо эрдэхпиттэн ыллыыбын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын куонкурустарга кыттар этим. Кэлин уопсай түмсүүлэргэ эрэ ыллыыбын. Гитарабын номнуо Докучаевскайга ыыппытым.
Манньыаттары уонна сулуон статуэткаларын сөбүлээн мунньабын. Кэллиэксийэм дьоҕус да буоллар, сэдэх экземплярдар бааллар. Маны таһынан, иллэҥ кэммэр айылҕаҕа сылдьарбын ордоробун. Скандилыыбын, сплавтарга сылдьабын, сир астыыбын. Сахабыт Сирин саҕа кэрэ айылҕалаах дойду суох дии саныыбын.
– Баҕа санааҥ тугуй?
– Бу аймалҕаннаах байыаннай дьайыы түргэнник бүттэр. Улахан эчэйиилээх элбэх эдэр дьону көрөн киһи хараастар, кута-сүрэ айманар. Эйэлээх олох буола охсоругар баҕарабын.
***
Екатерина Ивановна үлэтэ сыаналанан, доруобуйа харыстабылыгар өҥөлөрүн иһин Арассыыйа судаарыстыбаннай наҕараадатынан - Лука Крымскай мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Екатериналыын кэпсэтэ олороммун, маннык, сылга хаста эмит, өр кэмҥэ дьиэлэриттэн арахсан, кыһалҕалаах дьоҥҥо күүс-көмө буолар, чахчы амарах санаалаах дьон биһиги ортобутугар баалларыттан киэн тутта санаатым. Итиэннэ, көрбөт дьону көрөр оҥорор, күн сырдыгын бэлэхтиир Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах килиниичэскэй балыыһатын биригээдэтигэр тулууру, ситиһиини баҕарабын.
Антонина НЕУСТРОЕВА,
хаартыскалар Е.И. Стручкова архыыбыттан
- 8
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0