Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Нөөрүктээйи нэһилиэгэр бэлиэ күн буолан ааста. Бу күн Василий Николаевич Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыгар тыаллаах күнү аахсыбакка дьон тоҕуоруһа муһунна.

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Нөөрүктээйи нэһилиэгэр бэлиэ күн буолан ааста. Бу күн Василий Николаевич Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыгар тыаллаах күнү аахсыбакка дьон тоҕуоруһа муһунна.

Саха АССР үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Мэҥэ Хаҥалас, Нөөрүктээйи нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Василий Николаевич Оконешников пааматынньыгын арыйар үөрүүлээх күнүгэр тапталлаах учууталбыт үөрэнээччилэрэ, бииргэ алтыһан үлэлээбит бэтэрээн учууталлар, бас-көс дьоммут салайааччылар, Василий Николаевич аймах-билэ дьоно, дьиэ кэргэнэ, оскуола бары үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа кыттыыны ыллылар.

d2d20fe1 1a41 4f20 85cf c16af1ed43e6

Пааматынньык ааптара оскуолабыт выпускнига, Василий Николаевич биир бастыҥ үөрэнээччитэ, Арассыыйа Архитектордарын сойууһун чилиэнэ, Нөөрүктээйи нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Сергей Иннокентьевич Лукин. Кини мустубут дьоҥҥо пааматынньык философиятын билиһиннэрдэ. Василий Николаевич кылаас иннигэр уруогун быһаара турара хас биирдии үөрэппит оҕотун өйүгэр-санаатыгар иҥэн хааллаҕа. Кини хайдах туттан-хаптан турара, оннооҕор таҥнар таҥаһа маарынныыр буолбут. Василий Николаевич техническэй деталлар проекцияларын көрдөрөр бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут босуобуйалааҕа. Ону кэрэһилиир туумба оҥоһуллубут. Бу турбут скульптураҕа Василий Николаевич учуутал эрэ быһыытынан буолбакка, саха  мындыр киһитин уобараһа дьэҥкэтик көрдөрүллүбүт. Кини кэрэни өйдүүр, хоһоонньут, уруһуйдьут, булчут, саха былыргытын билэрин туоһулуур туумбатыгар ньургуһун дьөрбөтө ууруллубут. Бу Аан дойдуга кэрэни өйдүүргэ үөрэппитэ ону кэрэһэлиир.

Пааматынньыгы мындыр толкуйунан, көмүс илиитинэн тутан-хабан оҥорбут Арассыыйа Скульптордарын сойууһун чилиэнэ ‒ Павел Чямпин. Олус эппиэтинэстээх, уустук, коллективнай  үлэ буоларын скульптор сырдатта. Үс ый сыбааһын, эскиз варианнарын оҥоруу, видеолары, хаартыскалары үөрэтии, чугас дьонугар көрдөрөн сүбэлэһии курдук үлэлэр барбыттарын сиһилии бэлиэтээтэ.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга салайааччыларбыт пааматынньык тутуутугар бары сыраларын ууран туран үлэлэспит дьоҥҥо махтал тылларын анаатылар. Василий Николаевич кэргэнэ Надежда Никитична, уолаттара Михаил, Василий, кыыһа Светлана үлэлэспит дьоҥҥо барҕа махталларын биллэрдилэр, бэлэхтэрин туттардылар.

Василий Николаевич сүдү талаана чочулларыгар, иитэр-үөрэтэр эйгэтин тэринэригэр бары көмөнү оҥорбут салайааччыларынан дириэктэр Матвей Мучин уонна завуч Раиса Антонова этиилэрин учууталбыт куруук махтана ахтара. Бу бэлиэ күҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Хотугу сулус” уордьан кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопастыбаннай диэйэтэлэ Матвей Васильевич кыттыыны ылла.

81cedd7a f3a7 4c28 9ffe 1eaaa5ade2cb

Василий Николаевич Нөөрүктээйи нэһилиэгин Дэки аҕа ууһуттан төрүттээх. Хаан аймаҕа  Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» уордьан кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева мустубут дьоҥҥо Василий Николаевич туһунан истиҥ-иһирэх тылларынан аҕынна, учууталбыт тапталлаах кэргэнигэр, олоҕун аргыһыгар Надежда Никитичнаҕа махтал тылларын анаата.  Мооро оскуолатыгар үөрэммиттэр ааттарыттан пааматынньык таһыгар олордорго акация мастары бэлэх аҕалбытын үөрүүлээх быһыыга олордуу тэрээһинэ ыытылынна.

Салгыы эҕэрдэ тылы оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов уонна улуустааҕы үөрэҕирии үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Скрябин эттилэр. Оскуолабыт быйылгы үөрэх дьылын бүтэрээччилэрэ, мустубут ыалдьыттар пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн ытыктыыр учууталбытыгар махтанан, сүгүрүйэн туран уурдулар.

b631522b 92d6 4810 8ac3 232c78d7d794

Тэрээһини оскуола гимнин хуор толоруута, улахан кылаас үөрэнэээччилэрэ В.Н.Оконешников «Төрөөбүт дойдум туохтан саҕаланар» хоһоонун ааҕыылара, Нөөрүктээйи нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын «Кэрэли» квартета «Учууталбар» ырыалара киэргэттэ. Тэрээһиҥҥэ «Айылгы» олохтоох норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ күүс-көмө буоллулар. Өрөгөй түгэни истиҥник дириэктэр Мусьяна Дмитриева салайан ыытта. Биир ситимҥэ үлэлэһэ сылдьар дьоммутугар махтанабыт.

Күһүҥҥү халлааммыт тыалынан кууһуран мустубут дьону тоҥоро быһыытыйбытын итии чэйдээх сандалы остуол абыраата. Оскуолабыт уораҕайыгар туспа ис хоһоонноох тэрэээһин салгыы ыытылынна. Оскуолабыт фойетыгар В.Н.Оконешников айымньылаах үлэтин быыстапкатын сэргии көрдүлэр. Сандалы остуол тула учууталбыт үөрэппит оҕолоро, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр киэн туттар выпускниктарбыт, архитектордар, худуоһунньуктар, инженердэр кыттыыны ыллылар, ытыктыыр учууталларыгар махтанан, сүгүрүйэн тыл эттилэр. Үйэ аҥаара Павловскай орто оскуолатыгар бииргэ алтыһан үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, бэтэрээн учууталларбыт, оскуолабыт мэссэнээттэрэ, нэһилиэк уопсастыбаннаһа үтүөлээх учууталбыт туһунан иһирэх тылынан аҕыннылар. Сүдү учууталбыт аатын үйэтитэр дьүһүйүү ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга, үөрэххэ дьулуурдаах, идэҕэ бэриниилээх буоларга ыҥыра-угуйа, сырдыы турдун.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением