Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Быйылгы үөрэх сылыттан кэлим федеральнай бырагыраама киллэриллэр, иитэр үлэҕэ, ол иһигэр, үлэнэн иитии тиһигэр болҕомто уурулунна. Үтүө уларыйыылар саҕыллан эрэллэринэн, ааспыт нэдиэлэҕэ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр агротехнологическай үөрэхтээһиҥҥэ анаммыт сүбэ мунньах ыытылынна.

Быйылгы үөрэх сылыттан кэлим федеральнай бырагыраама киллэриллэр, иитэр үлэҕэ, ол иһигэр, үлэнэн иитии тиһигэр болҕомто уурулунна. Үтүө уларыйыылар саҕыллан эрэллэринэн, ааспыт нэдиэлэҕэ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр агротехнологическай үөрэхтээһиҥҥэ анаммыт сүбэ мунньах ыытылынна.

Сүбэ мунньаҕы тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин бастакы солбуйааччы Анна Стручкова, агрооскуолалар сойуустарын бэрэсидьиэнэ Феодосия Габышева салайдылар.

Кэнсиэпсийэ барыла

Тыл бастакынан «АПК ресурсанан хааччыйыы киинэ» судаарыстыба хаһыанай тэрилтэтин дириэктэрин солбуйааччы Семен Плотниковка бэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 96 агрооскуола баар, олорго 14 тыһыынча оҕо үөрэнэр. Бу агрооскуолалар оҕону үлэҕэ үөрэтэллэр, үгэс буолбут дьарыктары таһынан мүөттээх ыҥырыаны иитии, сир аһын, эмтээх үүнээйилэри хомуйуу, ИТ-технологияны сайыннарыы, бизнес-бырайыактары оҥоруу курдук хайысхаларынан үлэлииллэр. Барыта холбоон 563 ынах сүөһү, 909 сылгы, 1 248 таба, 1 344 куурусса, бочугурас, 918 хаас, куруолук уонна 52 дьиэ кэргэн мүөттээх ыҥырыа баайдаахтар. Сайын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарын тэрийэн, оттууллар уонна оҕуроут аһын үүннэрэллэр. Онон бэйэлэрин остолобуойдарын хортуоппуйунан, оҕуруот аһынан, үүтүнэн-этинэн, мүөтүнэн хааччыйаллар, ордубутун нэһилиэнньэҕэ батараллар. Уопсай үөрэх бырагырааматын таһынан тыа сиригэр наадалаах идэлэргэ үөрэтии тэриллэр буолан, оҕолор ситии-хотуу аттестатын кытары мэхэньисээтэр, суоппар, столяр, иистэнньэҥ, сүөһүнү көрөөччү, табаһыт-радист, алын сүһүөх агроном, ЭВМ оператора о.д.а. идэлэри ылан тахсаллар.

Ол эрээри, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах үөрэх кыһатыгар киирии көрдөрүүтэ төрүт намыһах. Былырыын (быйылгы түмүк таһаарылла илик) агрооскуоланы бүтэрбит 13 эрэ оҕо АГАТУ-га киирбит. Аны үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр тыа сиригэр барыылара үөрдүбэт, АГАТУ-ну бүтэрбит эдэр исписэлиистэр 46 %-нара эрэ идэлэринэн үлэлиир эбиттэр. Дьэ итини барытын учуоттаан, агрооскуолалар, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникума уонна АГАТУ ситимнээхтик, хардарыта ситэрсэн үлэлииллэрин хааччыйан, оскуолаттан саҕаланан үрдүк үөрэх кыһатынан түмүктэнэр идэҕэ туһаайыы кэлим тиһигин олохтуур Кэнсиэпсийэ барыла оҥоһуллубут. Билигин сөбүлэһиигэ сылдьар эбит.

агрошколы.jpeg

Дьокутаат үтүө холобура

Ил Түмэн дьокутаата Тихон Скрябин оҕолорго, эдэр ыччаттарга тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр интэриэһи тардар, тыа сиригэр үлэни-хамнаһы тэринэн, дохуоттаныахха сөбүн туһунан өйдөбүлү иҥэрэр наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ:

– Бүгүҥҥү ыстатыыстыка чахчытынан, биһиги аспыт-үөлбүт 8 %-ын эрэ бэйэбит хааччынабыт, уоннааҕыта өрөспүүбүлүкэ таһыттан киллэриллэр. Ыччат олохсуйбат буолан, тыа сиригэр нэһилиэнньэ ахсаана көҕүрүү турар, оскуолаҕа киирэр оҕо ахсаана аҕыйаан иһэр. Биһиги быыбардааччыларбытын кытары мэлдьи көрсөбүт. Олег Марковтыын быйыл 150-ча үлэ кэлэктиибигэр сырыттыбыт. Дьон үксэ тыа сирэ эстэн эрэрин этэллэр, иккис өттүттэн бары кэриэтэ куоракка кыбаартыра ыла сатыыллар. Тоҕо диэтэххэ, дойдуларыгар кэскили көрбөттөр. Мунньахтарга сырыттахха, тырыбынаттан өрө күүрүүлээх тыллар иһиллэллэр эрээри, ол көдьүүһэ кыра. Онон бэлиитикэ тосту уларыйыан наада уонна ону оскуолаттан саҕалыахха.

Сайын 50 тыһыынча оҕону хабан, 540-тан тахса лааҕыр үлэлээбит, ол иһиттэн үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар оҕо 2 % эрэ хабыллыбыт, ону даҕаны волонтер хамсааһынынан. Дьокуускай куорат үөрэҕин салалтата ыыппыт ыйытыга көрдөрүнэн, үрдүкү кылаастар үөрэнээччилэрин 70 %сайын үлэлиэхтэрин, хамнас аахсыахтарын баҕаралларын биллэрбиттэр. Онон сөптөөх балаһыанньалары оҥорон, бырабыыталыстыбаны кытары үлэлэһэн, сайын оҕо 20 % үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар сылдьарын хааччыйыахха, үбү-харчыны онно туһаайыахха. Оҕону үлэҕэ сыһыарыаҕыҥ, үлэлэтэ үөрэтиэҕиҥ, тыа сиригэр үлэни-хамнаһы тэринэн, дохуоттаныахха сөбүн, алаас аныгы хаһаайыттара кинилэр буолалларын өйдөтүөҕүҥ, – диэтэ норуот дьокутаата.

Даҕатан эттэххэ, Тихон Скрябин «Өктөөп 50 сыла сопхуос» кэпэрэтииби салайар. Ини-бии Николаевтар ааттарынан II Дьөппөн оскуолатын (дириэктэр Дарья Скрябина) кытары ыкса үлэлиир, үөрэнээччилэргэ бизнес-бырайыактары оҥорторор, быйыл сайын хамнас көрөн, кэпэрэтиибигэр аҕыс оҕону үлэлэппит, ол туһунан видеокилиип оҥорбут. Инньэ гынан, үлэһит оҕолор саастыылаахтарын харахтарыгар харыс үрдүү түспүттэр, эһиил эмиэ үлэлиэх буолан үлэспиттэр. Ити курдук, интэриэһи тардан, сөптөөх усулуобуйаны тэрийдэххэ, оҕо туох да үлэттэн батымматын норуот дьокутаата өссө төгүл итэҕэппит.

хатас_-_1.jpeg

Кэпэрэтиип көдьүүһэ

П.И. Кочнев аатынан Тулагы оскуолата агрооскуола ыстааһын 2008 с. ылбыта. 2010 с. кэпэрэтиип тэринэн, үлэ тиэхиньикэтин атыылаһан, хотон уонна тэпилииссэ туттан, тыа хаһаайыстыбатын хас да көрүҥ үлэтинэн дьарыктанар. Былырыын (быйылгы түмүк тахса илик) 60 сэнтиниэр хортуоппуйу, 70 сэнтиниэр хаппыыстаны, 20 сэнтиниэр оҕуруот аһын хомуйбут. Күн бүгүн 5 ыанар ынахтаах, 27 сылгылаах, 400 бройлердаах, 150 өндүүктээх. Кыһын оҕолор «итии» аһылыктарын хааччыйарын таһынан, «Саха сиригэр оҥоһулунна» бириэндинэн эт ас арааһын астыыр. Москубаҕа ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Көмүс күһүн» быыстапкаҕа 2022, 2023 сс. ситиһиилээхтик кыттан, 17 мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Билигин халбаһыы сыаҕын тутта сылдьар. Күннээҕи үлэни наукаҕа ситимнээн, үөрэнээччилэр агролабораторияҕа күөх үүнээйини, сылгыны-сүөһүнү, көтөрү чинчийэллэр, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кытталлар.

Агрооскуола былырыыҥҥыттан «П.И. Кочнев аатынан Тулагы агрооскуолата» диэн муниципальнай аптаныамынай үөрэх тэрилтэтин быһыытынан эрэгистирээссийэлэнэн, бас билэр баайын-дуолун уонна устаабынан бигэргэммит үлэтин-хамнаһын хайдах тэринэрин бэйэтэ быһаарар кыахтаммыт. Ол эрээри, туспа бухгалтерията суоҕа үлэни атахтыыр эбит.

– Кэпэрэтиип көрдөрүүтэ үчүгэй буоллаҕына, олохтоох бүддьүөттэн үбүлэммэт кэккэ салаалары (холобур, оҕолор хамнастарын төлөбүрүн, күрэхтэһиилэргэ кыттыы ороскуотун) сороҕун уйунар кыах үөскүүр. Онон, хаһаайыстыба тэриммит агрооскуолалар Тыа хаһаайыстыбытын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин чэрчитинэн өйөбүлгэ тиксэр туһугар, кэпэрэтиип тэринэллэрэ көдьүүстээх эбит. Ити эрээри, агрооскуола үлэтин хас оҕо АГАТУ-га киирбитинэн сыаналыыр сатаммат, тоҕо диэтэххэ, биһиги сорукпут ханнык да идэни талбытын иннигэр, оҕуруот үүннэрэн биитэр сүөһү ииттэн айаҕын хааччынар кыахтаах, төрөөбүт алааһын, тыа сирин күндүтүк саныыр киһини иитии буолар, -- диэтэ агрооскуола дириэктэрэ Дмитрий Андросов.

Хатас_-_2.jpeg

П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас агрооскуолата эмиэ итинник хабааннаах үлэлиир, бородууксуйа араас көрүҥүн оҥорор. Быйыл 2 000 устуука эт кэнсиэрбэтин, 16 160 бакыат собо миинин (итии ууга суурайыллар), 18 000 арассааданы батарбыт! Хатастар оҥорор соболорун миинин анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар олус биһирииллэр.

Тыл эппиттэр бөдөҥ агрооскуолалар судаарыстыба өйөбүлүн ылар кыахтаах буоллахтарына, кытыы нэһилиэктэр дьоҕус кэмпилиэктээх оскуолалара онтон маталларын, биир кэлим бигэргэтиллибит бырагыраама, үөрэнэр кинигэлэр, босуобуйалар суохтарын бэлиэтээтилэр, Кэнсиэпсийэ кэпсээҥҥэ эрэ сылдьыбакка, олоххо киллэриллэ охсоругар баҕаларын эттилэр.

Хатас-_5.jpeg

– Быйылгы үөрэх сылыттан агрооскуолаларга методическай үлэни сүрүннээһин үлэтэ «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киинтэн С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарыы уонна идэни үрдэтии үнүстүүтүгэр бэриллиэҕэ. Онон кэпсэтиини манан эрэ бүтэрбэппит, алтынньы 18 күнүгэр стратегическай сиэссийэни тэрийэммит Кэнсиэпсийэҕэ киллэриллэр уларыйыылары чочуйуохпут, үөрэнэр кинигэлэри уонна босуобуйалары таһаарыыны үбүлээһин туһунан илдьиритиһиэхпит, – диэтэ агрооскуолалар сойуустарын бэрэсидьиэнэ Феодосия Габышева мунньаҕы түмүктүүрүгэр.

Хаартыскаларга Анна Сергучева (ТХМ), Николай Матвеев (П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас агрооскуолата) түһэриилэрэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением