Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC

Балаҕан ыйын 24-27 күннэригэр Дьокуускайга туруктаах сайдыыга V Норуоттар икки ардыларынааҕы хотугу пуорум буолан аастаю

Балаҕан ыйын 24-27 күннэригэр Дьокуускайга туруктаах сайдыыга V Норуоттар икки ардыларынааҕы хотугу пуорум буолан аастаю

Туруктаах сайдыыга хотугу пуорум 2019 сылтан саҕалаан, сыллата тэриллэр Хотугу сир уонна Аартыка туруктаах сайдыыларын кыһалҕатын уонна кэскилин дьүүллэһэр, тирээн турар кыһалҕалары быһаарыыга бүтүн аан дойду күүһүн бииргэ түмэр сыаллаах, норуоттар икки ардыларынааҕы эспиэрдиир былаһаакка буолар.

2015 с., Холбоһуктаах наассыйалар тэрилтэлэрин Генеральнай Ассамблеятын мунньаҕар 2030 сылга диэри туруктаах сайдыы 17 соруга бигэргэтиллибитэ. Туруктаах сайдыыга норуоттар икки ардыларынааҕы хотугу пуорумнар ол соруктары быһаарыы, олоххо киллэрии чэрчитинэн тэриллэллэр.

ф-_1.jpeg

2019 с. ыытыллыбыт I Хотугу пуорумҥа Хотугу сир уонна Аартыка эрэгийиэннэрин туруктаах сайдыыларын боппуруостара ырытыллан, ураты чорботуллар хайысхалар быһаарыллыбыттара. II Хотугу пуорумҥа Хотугу сиргэ уонна Аартыкаҕа тырааныспар инфраструктураларын сайыннгарыы боппуруоһа (9-с сыал), III Хотугу пуорумҥа килиимэт уларыйыыта уонна өр сыллаах ирбэт тоҥҥо дьайыыта (13-с сорук), IV Хотугу пуорумҥа эниэргиэтикэ боппуруостара (7-с сорук) көрүллүбүттэрэ.

Быйылгы, V Хотугу пуорум «Аартыка бигэ туруктаах олоҕо: эрэгийиэннэр, куораттар уонна холбоһуктар» бэбиэскэнэн ыытылынна. Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн итиэннэ 17 дойдуттан учуонайдар, экология, килиимэт эйгэтин эспиэртэрэ, судаарыстыбаннай үлэһиттэр, биисинэс уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кэлэннэр, аҕыс сүрүн хайысханан аттарыллыбыт 60 былаһаакканан үлэлээтилэр.

форум-_7.jpeg

Кэнсиэпсийэ оннугар стратегия?

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун сүбэтигэр «Арассыыйа Федерациятын Аартыкатааҕы түбэтигэр судаарыстыба бэлиитикэтин тирээн турар соруктара: сокуону оҥоруу туруктара, быраабы туһаныыга көрсүллэр кыһалҕалар, инники сайдыы кэскиллэрэ» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол тэрилиннэ.

Кэпсэтиини Төрүт Сокуон сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх юриһа Олег Мироновскай салайан ыытта. Сүүрбэттэн тахса киһи, сорохтор онлайн киэбинэн кытыннылар, бары даҕаны бииртэн биир интэриэһинэй иһитиннэриилэри оҥордулар.

Юридическай билим дуоктара Владимир Кряжков (Москуба) онлайн киэбинэн РФ Хотугу, Сибиирдээҕи уонна Уһук Илиҥҥи аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын бигэтик сайдыыларын саҥа кэпсиэпсийэтин ылыныы боппуруоһугар санаатын үллэһиннэ. 2009 сыллаахха ылыллыбыт кэнсиэпсийэ болдьоҕо 2025 сылга бүтэрин быһыытынан, саҥа кэпсиэпсийэ барыла оҥоһулла сылдьар эбит. Онуоха юрист тутуһара элбэх буолан биэрдэ. Ол курдук, барыл саҥа кэнсиэпсийэ биитэр эргэ кэпсиэпсийэ саҥа эрэдээксийэтэ буолара биллибэт, кэнсиэпсийэ 16 сыллаах үлэтин түмүгэ таһаарыллыбатах, ситиһиилээх уонна итэҕэс өрүт ыйыллыбатах. Сыныйан көрдөххө, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар бырааптарын сокуонунан араҥаччылааһын пууннара (төрүт дьарыгы сайыннарарга анаан сир учаастагын ылыы, бултуур, балыктыыр учаастактары тыырыыга ураты быраап, этнология эспэртиисэтэ, федеральнай суолталаах төрүт дьарык сирин-уотун тэрийии уо.д.а.) олоххо киллэриллибэтэхтэр. Саҥа барыл ону учуоттаан уонна тустаах федеральнай сокуоннарга дьүөрэлэһиннэрэн оҥоһуллуохтаах, ону таһынан суолтатын үрдэтэн, «РФ Хотугу, Сибиирдээҕи уонна Уһук Илиҥҥи аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын бигэтик сайдыыларын стратегията» диир ордук табыгастаах диэтэ.

ф-_хм.jpeg

СПОС бириинсибэ

Юридическай билим дуоктара, Сургут судаарыстыбаннай үнүбүрсиэтин бэрэпиэссэрэ Наталья Филиппова аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар төрүт дьарыктарын сайыннарарга билигин саҥа соруктар туралларын эттэ. Стратегияны былаанныыр федеральнай сокуоннары сэргэ эрэгийиэннэр бэйэлэрин сокуоннарын ылыналларыгар төрүт олохтоох хотугу омуктар сокуоннай интэриэстэрин хааччыйыыга эбии дьаһаллары көрөр наада эбит.

– Ааспыт өттүгэр биһиги хотугу омуктар төрүт дьарыктарын араҥаччылыахха диир буоллахпытына, билигин кинилэр табаны иитэр, бултуур-балыктыыр хаһаайыстыбалара саҥа тиэхиньикэлэринэн, аныгы технологиянан сэбилэнэн, күрэстэһэр кыахтаах бородууксуйа арааһын оҥорон таһааралларын ситиһэр итиэннэ сир баайын хостуур хампаанньалары кытары СПОС (интэриэстэрин, төрүт сирдэрин-уоттарын, култуурунай нэһилиэстибэлэрин таарыйар бырайыактарга сөбүлэҥи биэрэри-биэрбэти быһаарар) бириинсибинэн үлэлииллэрин тэрийэр ирдэнэр. Итинэн төрүт олохтоох хотугу омуктар болҕомто эбийиэгэ буолартан уурайан, Аартыка экэниэмикэтин сайыннарыы көхтөөх кыттааччыта буолаллар, – диэтэ Ханты-Манси аптаныамынай уокурук үтүөлээх юриһа.

Салгыы уокурук табаһыттарга көрөр чэпчэтиилэрин, көс оскуолалар итиэннэ федеральнай таһымҥа тахсыбыт «Факториялар тустарынан сокуон» туһунан кэпсээтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сирин-уотун 37,6 %-ын ураты харыстанар айылҕа территориятын быһыытынан докумуоннаппытын холобурдаан, Аартыка уйан сирин-уотун итинник ньыманан араҥаччылыырга биир идэлээхтэрин ыҥырда.

форум_-_8.jpeg

Тыын кыһалҕалар

Юридическай билим хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай бакылтыатын бэрэпиэссэрэ Макар Яковлев хотугу эрэгийиэннэргэ барыларыгар баар дьиэ-уот, суол-иис, дьоҕус авиация кыһалҕаларын таарыйда. Олорор дьиэ-уот пуондатын саҥардарга «Аартыка ипотеката» бырагырааманы оҥорор уолдьаспытын эттэ, хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын түргэтэтэр сыалтан, Ил Түмэн биирдиилээн олорор дьиэни хомуллар кэмпилиэктэринэн тутар туһунан балаһыанньаны федеральнай сокуоҥҥа киллэрэр көҕүлээһинин итиэннэ Федерация Сэбиэтигэр Ил Түмэн бэрэстэбиитэлэ Сахамин Афанасьев «кыһыҥҥы массыына суола» диэн өйдөбүлү федеральнай сокуонунан бигэргэтэргэ этиитин өйүүргэ ыҥырда.

– Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кыһыҥҥы массыына суола 10,5 тыһ. км усталаах, ити эрэгийиэн суолун 73,9 %-а буолар. Аартыка нэһилиэктэригэр ас-үөл, оттук уматык, бырамыысыланнай табаар барыта бу суолунан тиэрдиллэр. Дьэ бу суолу оҥорорго нуорманан ирдэнэр үп 30 %-на эрэ көрүллэр. Кэтэһиилээх «Хотугу собуос туһунан» федеральнай сокуон олоххо киирдэ, таһаҕас тирэх пууннара бигэргэтилинилэр. Аны Өлүөнэ муостата тутулуннаҕына, таһаҕаһы тиэйии-таһыы кээмэйэ хас эмит бүк улаатыаҕа. Мин манна өрөспүбүлүкэ бочуоттаах олохтооҕо Климент Иванов сэрэтэн эппитин хатылыахпын баҕарабын: бу сокуон бөдөҥ хампаанньалар уонна бизнесменнэр интэриэстэригэр буолбакка, Аартыка олохтоохторун тустарыгар үлэлиэхтээх.

Юридическай билим хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай бакылтыат дассыана Александра Шибина болҕомтону судаарыстыба ойуурга сыһыаннаах бэлиитикэтин быраап өттүнэн тупсарыыга туһаайда.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ойуур сирэ 256 мөлүйүөн гектардаах, атыннык эттэххэ, Арассыыйа Федерациятын ойуурун пуондатын алта гыммыт биирин ылар. Прокурор кэтэбилэ көрдөрөрүнэн, бу барҕа баайбыт федеральнай таһымынан араҥаччыланыыта, хааччыллыыта олус мөлтөх, айылҕабыт уратыта төрүт учуоттаммат, Арассыыйа орто балаһатын кытары тэҥ нуорманан үбүлэнэр. Ойуур баһаарын утары охсуһар сулууспа 1 200 байыастаах, хас биирдии киһи 5 мөлүйүөн гектардаах тыаны көрөр-истэр. Күөх тыаны баһаартан араҥаччылааһыҥҥа сылга 1 млрд 600 тыһ солк эрэ көрүллэрэ туохха да тиийбэт, уот турар кутталлаах кэмигэр үлэни-хамнаһы тэрийиигэ, көтөр аал өҥөтүн төлөбүрүгэр эбии дуогабардары түһэрсэр буолан, тэрилтэ сыл аайы 2 млрд солк иэскэ киирэргэ күһэллэр эбит.

ф-_к.jpeg

Иллэһиннэрии көдьүүһэ

Күннээҕи үлэҕэ, сир-уот, бас билии о.д.а. боппуруостарга араас мөккүөр үөскүүрэ баар суол. Ону суукка тиэрдибэккэ эйэнэн быһаарсыы көдьүүстээҕин Медиация киинин медиатора, устуоруйа билимин хандьыдаата Екатерина Корнилова бэлиэтээтэ. Аартыка олохтоохторугар юрист көмөтүн оҥорор, кинилэри медиативнай технологияларга үөрэтэр наадатын эттэ.

Түмүккэ киирбит этиилэринэн Быһаарыы ылылынна.

Хаартыскаларга Васиий Кононов (Ил Түмэн) түһэриилэрэ.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением