Европаҕа эдэр дьоннооҕор кырдьаҕастар быдан элбэхтэр диэбиттэрэ ыраатта. Биһиэхэ ити көстүү эмиэ кэлэн эрэр, статистиканы ылан көрдөххө, биэнсийэҕэ тахсыбыт дьон ахсаана эдэрдэртэн быдан элбэх. Өрөспүүбүлүкэҕэ 55 –ин ааспыт 214 362 аҕа саастаах дьон олороллор, оттон 18-35 диэри саастаах эдэр ыччат ахсаана кинилэртэн аҕыйах 213 394. Көстөрүн курдук, нэһилиэнньэ «кырдьан» иһэр, Арассыыйаҕа хас төрдүс киһи биэнсийэлээх. Росстат кэтээн көрүүтүнэн 2046 с. үлэлиир сааһын ааспыт дьон ахсаана 37,3 мөл. тиийэн, нэһилиэнньэ 26,9 % ылыаҕа, тэҥнээн көрдөххө, 1990-ус сылларга ити көрдөрүү 20% иһинэн этэ. Ол иһин биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэтэн иһэллэр.
Биэнсийэҕэ тахсар саас өссө үрдүөҕэ
Дойду үрдүнэн биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэппэтэхтэрэ буоллар, 2023 с. үлэлиир саастаах дьон 53,8% кыччыыр кутталлааҕа. Ол иһин 2028 с. дьахталлар 60-гар, эр дьон 65-гэр биэнсийэҕэ тахсар буолуохтара. Биллэн турар, аныгы мэдиссиинэ сайдан, олох хаачыстыбата тупсан, дьон ити саастарыгар диэри холкутук үлэлиир кыахтаахтар эрээри, биэнсийэлэрин ылбакка харчы өттүнэн улаханнык сүүйтэрэллэр. Холобур, 50-55 –гэр биэнсийэҕэ тахсыбыт дьон икки дохуоттаахтар: хамнастарын уонна биэнсийэлэрин ылаллар. Оттон биэнсийэҕэ тахсар саастара үрдэтиллибит дьоҥҥо ити кыаллыа суоҕа, аҥаардас хамнаска олорорго күһэллиэхтэрэ.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин көҕүлээһининэн сыл ахсын Кырдьаҕастар күннэригэр былаан быһыытынан, араас тэрээһин ыытыллар. Быйыл «Уһун үйэлэниигэ бары бииргэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл, социальнай үлэһиттэргэ сэминээр, тренинг, 50 аҕа саастаах дьон ортотугар «Үҥкүү алыптаах алыба» күрэхтэһии о.д.а. тэрээһин буолуоҕа, кыаммат кырдьаҕастарга дьиэлэригэр тиийэн көмө оҥоруохтара. Ону таһынан, хартыына быыстапката, хаартыска күрэҕэ, кэнсиэр, маастар-кылаас, кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа.
Биир үчүгэй сонун быһыытынан, Ил Дархан Айсен Николаев быйыл балаҕан ыйын 24 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, 100 саастарыгар диэри тиийбит өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар биир мөлүйүөн солкуобайы биэриэхтэрэ. Урукку өттүгэр кинилэр 100 тыһ. солк. ылаллар этэ. Онон "Үйэ саас" диэн бочуоттаах бэлиэ төлөбүрэ уон төгүл үрдэтилиннэ. Ил Дархан сорудаҕынан эһиил Дьокуускайга уһун үйэлэнии киинэ аһыллыахтаах, инникитин маннык кииннэр улуустарга тэриллэн үлэлиэхтэрэ.
Москуба куорат баһылыга Сергей Собянин «Москубаҕа уһун үйэлэнии» диэн бырайыагы алтыс сылын көҕүлээн ыытар. Дойду тэбэр сүрэҕэр үс мөлүйүөн кэриҥэ биэнсийэҕэ тахсыбыт аҕам саастаах дьон олороллор. Сааһырбыт киһи туох интэриэстээҕинэн көрөн куруһуокка сылдьан, саҥа сыал-сорук туруорунан, талаанын арыйан, сыанаҕа тахсан ыллаан, киинэҕэ уһуллан, дизайнерскай таҥаһы тигэн, саҥа доҕотторун булан, олоххо интэриэс үөскүүр. Онон кинилэр доруобуйалара тупсар, бэйэлэрин уопсастыбаҕа наадалаах, дьоҥҥо туһалаах курдук сананаллар.
Москубаҕа 10 сыл пропискалаах үлэлээбэт кырдьаҕастар биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр оҥоһуллар, уопсастыбаннай тырааныспарга, тыйаатырга, кэнсиэргэ босхо сылдьаллар, санаторийга путевканан хааччыллаллар, тиистэрин оҥоттороллоругар толуйуу харчытын ылаллар.
Кырдьаҕастарга – социальнай көмө
Оттон Сахабыт Сиригэр «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Аҕа саастаах көлүөнэ» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Социальнай өҥө кырдьаҕас дьоҥҥо олорор дьиэлэригэр, эбэтэр стационарга оҥоһуллар.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, соҕотоҕун олорор аҕам саастаах, кыаммат дьоҥҥо социальнай үлэһиттэр дьиэлэригэр тиийэн көрөллөр-истэллэр, көмөлөһөллөр. Социальнай хааччыйыы ыйыллыбыт кэмҥэ оҥоһуллуон сөп. Оттон кырдьаҕастар дьиэлэригэр, интэринээккэ олорор кырдьаҕастары суукканы эргиччи көрөллөр-харайаллар. Кинилэри кытта быраастар, уйулҕа үлэһиттэрэ, социальнай педагогтар үлэлииллэр. Ону таһынан, аҕам саастаах дьон сокуоннай бырааптарын көмүскүүргэ юридическай көмө оҥоһуллар.
Маннык хайысхалаах социальнай көмөнү ылыан баҕалаах дьон олорор аадырыстарынан Социальнай көмүскэл управлениетыгар биллэриэхтэрин наада. Дьокуускайга нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин хааччыйар тэрилтэ Ленин проспегын 4/2 дьиэтигэр, 100 №-дээх хоско баар, билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 42-40-44.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 55 саастарын ааспыт дьон уһуннук сүһүөхтэрин үрдүгэр чэпчэкитик дугуна сылдьалларын туһугар 22 муниципальнай тэрээһиҥҥэ уонна куораттарга 240 тэрилтэ аҕам саастаах дьону успуорка, ырыаҕа-тойукка, иискэ, туризмҥа о.д.а. бириэмэни сэргэхтик атаарарга уһуйуунан дьарыктанар. 2023 с. уопсайа 23 000 аҕа саастаах көлүөнэ хабыллыбыт.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин хайысхатынан “Үһүс саас оскуолата” уопсастыбаннай түмсүү успуорт, култуура, норуот уус-уран айымньытын тэрээһиннэрин көҕүлээн ыытар. 2024 с. бастакы аҥаарыгар 17 778 биэнсийэлээх дьон манна дьарыктанар, кинилэртэн 72% дьахталлар. Аҕам саастаах дьону кытта үлэлиир оскуола Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа уонна Горнайга салаалардаах. Ону таһынан, эрэгийиэннээҕи киин үрүҥ көмүс волонтердара 30 түмсүүнү тэрийэн, кырдьаҕастар олохторун сэргэхситэллэр.
Хаартыска СИА.
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0