Наар ыллыыр, оһуокайдыыр дьоммутун кытары мэлдьи чугастыы, уруу-аймах курдук санаһабыт. Биһиги түмсүүбүт кыттыылаахтара Любовь Федотовна Борисова уонна Григорий Спиридонович Павлов ыал буолан олорбуттара 30 сылын туолла. Любовь Федотовна биир бастыҥ куоластаах кыначчыппыт буолар. Хас биирдии этээччигэ сылайбакка батыһар. Оттон Григорий Спиридонович ырыаһыт, хоһоонньут, аны кэлин түһүлгэлээн этэр этээччи буолла.
Любовь Федотовна мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар, кэпсэтинньэҥ ийэ, эбэ. Ыал буолан бииргэ олорбуттара 30 сылынан эҕэрдэлээн туран, алаһа дьиэ хаһаайкатынаан көрсүһэн кэпсэттибит.
-- Мин кэргэмминээн Григорий Спиридоновичтыын иккиэн Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээхпит. Мин бэйэм Сургуулук нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Оскуоланы бүтэрээт, хомсомуол путевкатынан ыанньыксыттаабытым, сопхуоспут ыһыллыар диэри. Бастакы кэргэмминээн 19 сыл бииргэ олорбуппут, икки оҕолоохпут, бу олохтон эрдэ туораабыта. Тугу кистиэхпиний, иһэр-аһыыр буолан,эрэйдээхтик олорбуппут, кырбыыр этэ. Ол да буоллар, ыал буолбут киһи быһыытынан, үчүгэйи ыралаан,оҕолорум тустарыгар олорбутум. Кэргэним суох буолбутун кэннэ, кырдьаҕас ийэлэр сыыттаан, Григорийдыын ыал буолбуппут.
Григорий саҥата-иҥэтэ суох, тулаайах киһи сиэринэн муҥкук этэ. Билигин мэнээк саҥарбат, баарын-суоҕун биллэрэ сатаабат киһини, мин сабыдыаллаан буолуо, сыанаҕа тахсан ыллыыр буолла. Урут ким да истибэтигэр эрэ ыллыыр этэ. Урут оһуокайга хайдах да хаамары сатаабат киһи бэйэтэ холкутук этэр үҥкүүһүт буолла. Хоһоонньут, мэлдьи оһуокай түһүлгэтигэр ыллыыр. Григорийдыын холбоһуохпутуттан мин оҕолорбор, сиэннэрбэр аҕалыы истиҥник сыһыаннаһан, олорбуппут 30 сыла туолбутун билбэккэ да хааллыбыт. Оһуокайбытыгар наар сылдьабыт. Мин бэйэм эппэт эрээрибин, оҕо эрдэхпиттэн оһуокайы олус сэргиибин, ол иһин мэлдьи кынаттаһабын. 2016 сылга куоракка кэлиэхпититтэн «Оһуокай» түмсүүтүн кытары мэлдьи эҥэрдэһэн сылдьабыт.
Саас, халлаан сылыйда да, дойдубар тиийэн сэлиэнньэни ыраастыырга бөҕү хомуйууга үлэлиибин. Сэлиэнньэбит иһэ ыраас буоларыгар дьулуһабын. Онон сылын аайы эппиэтинэс ылынан, халлаан сылыйда да, дьүөгэлиирбинээн үлэлиибит. Быыһыгар сир астыырбын сөбүлүүбүн, дэйбиир оҥорор дьарыктаахпын, сахалыы таҥаспытын-саппытын бэйэбит дьаһанабыт.
Түгэнинэн туһанан, «Оһуокай» түмсүүтүн дьонун кытары биир санаанан, оһуокайга тардыһыылаахтар мустан сылдьарбыт олус үчүгэй. Дьон сиэннэрин кытта сайыҥҥы өттүгэр пааркаҕа кэлэн сылдьаллара көрүөххэ бэрт. Түмсүүбүт салайааччыта Александр Джурович Данилов салалтатынан пааркаҕа анал искибиэрдээхпит уонна өрөбүл ахсын куораппытыгар оһуокай ыытыллара олус үчүгэй. Улуустарга куорат киэнин курдук, өрөбүл аайы мустан оһуокайдаабаттар.
Кэргэмминээн оһуокайбытыгар ис дууһабытыттан үөрэн-көтөн кэлэбит. Григорий Спиридонович оскуолаҕа үлэлиир, өрөбүл күннэрбитигэр оһуокайдаан, ыллаан санаабыт сырдыыр. Оттон мин халлаан сылыйда да, Үөһээ Бүлүүбэр тиийэн ырааһырдыыга үлэлиибин. Бар дьон махтала, миэхэ эппиэтинэһи биэрэр. Онон дьиэ кэргэн олоҕо бэйэ бэйэни өйөһүүгэ сытар дии саныыбын. Григорий Спиридоновичтыын бииргэ олорбуппут 30 сылын туолла, өссө да ыйаахпыт хайдах төлкөлөөбүтүнэн, дьоммутун кытары өссө да олоро түспүт киһи диэн баҕа санаалаахпыт.
«Оһуокай» түмсүү саамай көхтөөх ыаллара Любовь Федотовна, Григорий Спиридонович өссө да уһуннук, биир санаанан олоруҥ!
- 11
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0