Оҕо оҕотуттан
Саха дьоно киһи төрдүн-ууһун билиэн баҕарар үгэһин тутуһан сэһэргээтэххэ, Сергей Сивцев 1985 с., сэтинньи 24 күнүгэр Дьааҥы улууһун саамай хотугу уһугар, Баатаҕайтан 20 көс ыраах сытар Эҥэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Тамара Константиновна сааһын тухары уһуйааҥҥа үлэлээн кэллэ, аҕата Афанасий Николаевич ОДьКХ-ҕа үлэлээбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Түөрт оҕоттон улаханнара буолан, Сергей үлэҕэ кыра сааһыттан эриллибитэ, булка-балыкка эһэтэ, билигин 90 хаарыгар үктэммит Константин Федорович Соловьев такайбыта.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар уол тустуунан дьарыктаммыта, кылааһыгар ыстаарысталаабыта, үрдүкү кылаастарга оскуола бэрэсидьиэнинэн талыллан үлэлээбитэ. Сайдыы орто оскуолатын 2003 с. бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятыгар экэнэмиис үөрэҕэр киирбитэ. Иллэҥ кэмигэр тустуунан дьарыктаммыта, ат сүүрүүтүн сэҥээрэн ипподромҥа судьуйалыыр бөлөххө үлэлээбитэ.
Үөрэҕин 2008 с. бүтэрэн, зоотехник идэлээх, Өлүөхүмэттэн төрүттээх кыыһы сүгүннэрэн, дойдутугар үлэлии тиийбитэ. Улуус баһылыга Виктор Павлов эдэр ыалы үөрэ-көтө көрсөн, Сергейи дьаһалта ааҕар-суоттуур управлениетыгар, Ольганы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар исписэлииһинэн анаабыта. Сергей Сивцев онно сыл аҥаара үлэлээбитин кэннэ тутуу, архитектура уонна ОДьКХ боппуруостарын салаатыгар көһөрбүттэрэ. 2012 сылтан улуус баһылыгын солбуйааччынан ананан, ОДьКХ, тырааныспар уонна тутуу эйгэлэрин сүрүннээбитэ.
Суол – олох хорук тымыра
Аартыкаҕа уонна хотугу улуустарга суолу-ииһи кииннээн көрөр-истэр, оҥорор «Аартыка суоллара» хаһыанай тэрилтэ 2014 сыл сэтинньитигэр тэриллибитэ. Генеральнай дириэктэринэн Владимир Чусовской анаммыта, кинини солбуйааччытынан улуус мэктиэлээһининэн Сергей Сивцев 2015 сыл тохсунньутуттан анаммыта. Ол туһунан маннык кэпсиир:
– Саҥа тэрилтэ быһыытынан үлэбитин ыраас кумааҕыттан саҕалаан, Аартыкатааҕы уонна хотугу 10 улууска тоҕус учаастагы, биир прораб учаастагын тэрийэн, билигин 8 178 км усталаах суолу-ииһи көрөбүт-истэбит. 304 үлэһиттээхпит, 270 араас тиэхиньикэлээхпит. Бу суолбутуттан 450 км төгүрүк сыл сылдьыллар суол. Баатаҕайтан Депутатскайга диэри 40-ча муосталаахпыт, сыллата иккилиини-үстүүнү өрөмүөннээн, 17 муостаны саҥартыбыт, сөргүттүбүт.
Кыһыҥҥы, кылгас болдьохтоох суолбут устата 7 700 км. (өрөспүүбүлүкэ кыһыҥҥы суолун 63 %-а), улуустар астарын-үөллэрин, о.д.а. араас табаардарын барытын дьэ бу суолунан тиэйэллэр-таһаллар. Урут өрүс мууһун хаарын ыарахан уйуктаах бульдозердарынан астарар буоллахпытына, кэлиҥҥи сылларга сэтинньиттэн саҕалаан чэпчэки ыйааһыннаах вездеходтары, «Бөлөрүүс» тыраахтардары туһанаммыт, суол арыый эрдэ аһылларын хааччыйабыт.
Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан бигэргэммит «Илиҥҥи меридиан» бырайыак чэрчитинэн, уһун болдьохтоох кыһыҥҥы суолу оҥоруу үлэтин саҕалаатыбыт. «Тополинай -- Прогноз – Дьааҥы» хайысханан күһүн эрдэ аһыллар, саас хойут сабыллар суол оҥоһуллуохтаах. Билигин көмүһү хостуур «Полиметалл» хампаанньа Томпо үрэҕэр муоста тута сылдьар. Салгыы уу харгыһа суох сирдэринэн хапытаалынай суол оҥоһуллуохтаах. Бу өр сыллаах үлэни эрэйэр бырайыак буолар.
Федеральнай сокуон быһыытынан, хас биирдии тырааныспар сылга биирдэ тиэхиниичэскэй көрүүнү барыахтааҕын учуоттаан, 2021 сылтан итиннэ эмиэ үлэлиибит. Диагностыыр тэриллээх түөрт «КамАЗ» массыынаны кыһын ахсын араас хайысхаларынан ыытан, миэстэтигэр тырааныспар туругун көрөбүт-истэбит.
Дьокутаат отчуота
– Сергей Афанасьевич, норуот дьокутаатынан талыллан үлэлээбитиҥ сыл буолла.
– Дойдум дьоно дьокутаат мандаатын итэҕэйбиттэрин иһин, махтанабын. Аартыкатааҕы быыбардыыр уокуруктан дьокутааттар иккиэбит, баартыйа испииһэгинэн мин, биир мандааттаах мажоритарнай систиэмэнэн Виталий Чикачев. Уокурукпутугар биэс улуус киирэр: Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Усуйаана, Аллайыаха уонна Аллараа Халыма.
– Быыбардааччыларгытыгар үлэҕитин отчуоттаатыгыт дуу?
– Отчуоттаан. Барыы-кэлии уустугун учуоттаан, Виталий Семеновичтыын сүбэлэһэммит, Бырабыыталыстыба отчуоттуур бөлөҕүн кытары Эбээн Бытантайга, Аллайыахаҕа үлэлээбиппит, онтон кыһыҥҥы суолу баттаһа Аллара Халыма улууһугар, Андрюшкиноҕа тиийэ сылдьыбыппыт. Дьааҥы улууһун нэһилиэктэринэн арааран, үстэ төхтүрүйэргэ былааннаан, саас ыраах нэһилиэктэргэ, сайын өрүс эҥээригэр сылдьыбыппыт, бу ахсынньыга улуус киинин уонна чугастааҕы нэһилиэктэри хабыахпыт.
– Дьон ордук тугу туруорсарый?
– Отчуоттуур уонна көннөрү да көрсүһүүлэргэ элбэх этии киирэр. Бу кэм устата миэхэ 200-тэн тахса сурук киирдэ, олорго барытыгар хоруйдаан, тустаах биэдэмистибэлэргэ ыйытык ыытан, туох кыалларынан быһаарса, кыһалҕалаахтарга көмөлөһө сатыыбын.
Дьон бастатан туран, айан харгыстарын этэллэр. Урут улуус иһигэр эриэйсэбэй «Ан-2» сөмөлүөт сылдьар буоллаҕына, билигин «Ми-8» бөртөлүөт көтөр, онуоха субсидия бүппүт аатырар, күн-дьыл туругуттан, пассажир ахсааныттан тутулуктанар, чопчу биир кыраапык суох. Аны улуус кииниттэн Дьокуускайга кэлэр бырайыас ыарахана салыннарар. Киин куоракка көтөн кэлии Аллараа Халыматтан 50 тыһ солк., Баатаҕайтан – 32-34 тыһ. солк.! Ас-таҥас сыаната биир оннук. Онтон сылтаан уонна онно эппиэттиир хамнас суоҕуттан көһөн барыы элбэх...
Тыын кыһалҕалар
– Эн төрүт салааларга, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах боппуруостарга күүскэ үлэлэһэҕин.
– Хотугу сир уонна тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларын билэбин. Урут хас нэһилиэк ахсын үүтү-эти тутан астыыр сыахтар баар буоллахтарына, билигин хартыына атын, сүөһү-сылгы ахсаана аҕыйыы турар. Хотугу улуустарга 2012 сылтан ыанар ынахха субсидия (45 тыһ. солк.) көрүллэр, Дьааҥы улууһа эрэ үүккэ үлэлиирин ордорбута. Тоҕо диэтэххэ, манна «Тымныы полюһа», «Яна-продукт» кэпэрэтииптэргэ тирэҕирэн, соҕотуопка тиһигэ бигэ. Ол эрээри, тоҕо эрэ киин улуустары кытары тэҥҥэ тутуллар, биир киилэ үүккэ 50-60 солк. көрүллэр. Оттон сыана, холобур, биир лиитэрэ сэлээркэ сыаната киин улуустардааҕар аччаабыта 17 солк. ыарахан. Дьэ бу араастаһыы үүккэ «олоруохтаах» дии саныыбын.
Эбээн Бытантай олохтоохторо сайыҥҥы өттүгэр үүт туттарыа этибит дэһэллэр. Ааспыт өттүгэр Лена Бочкарева бэйэтин кэтэх ынахтарын үүтүн астыы сылдьыбыта кэмигэр өйөммөтөх, билигин кини тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччынан үлэлээн эрэр, онон хамсааһыны таһаарыаҕар эрэл улахан.
Биллэн турар хоту эт, балык баар эрээри, оҕону битэмииннээх аһылыгынан хааччыйарга оҕуруот аһа эмэ ирдэнэр. Ол «күөх эриэйистэринэн» тиэрдиллэр итиэннэ... аҕыйахтыы устууканан түҥэтиллэр. Оскуола «итии аһылыгар» көрүллэр нуорма Дьокуускайга биир оҕоҕо 103 солк., хотугу улуустарга – 119 солк! Оҕолорбутун үчүгэй хаачыстыбалаах аһынан аһатыахпытын баҕарар буоллахпытына, хоту сыана Дьокуускайтан икки төгүл үрдүгэ учуоттаныахтаах.
Сыана ыарахана каадырынан хааччыллыыга эмиэ дьайар. «Земскэй луохтуур, биэлсэр», «Земскэй учуутал» бырагыраамаларынан бэл, чугас улуустарга үлэлии барааччы аҕыйах. Оттон Аартыкаҕа ким барыай? Ааспыт сиэссийэҕэ ыытыллыбыт парламент истиитигэр бу боппуруоска хоруйу истиэхпин баҕарбытым да, бириэмэ ыгымынан, биирдии эрэ ыйытыынан муҥурданыы буолбута, инньэ гынан улуустар дьаһалталарын хамнастарын эрэ ыйытан хаалбытым. Эдэр исписэлиис ити бырагырааманан көрүллэр биэс мөлүйүөнүн биэс сыл устата кэлэ-баара айаныгар даҕаны ороскуоттуур. Ону бүддьүөккэ учуоттуохха наада этэ.
Хаартыскалары Сергей Сивцев хааччыйда уонна Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0